Кинини бодоруһан билсиэхпиттэн үгүстэртэн уратылаһар хаачыстыбатын ордук бэлиэтии-биһирии көрөбүн. Бар дьон, төрүт сир туһугар бэриниилээх, кыһаллыгас, эппит тылыгар туругас көнө майгытын. Байбал бэйэтин туһугар мөхсүбэккэ, наар атыттар тустарыгар кыһаллар-мүһэллэр түбүктээх. Дойдутун үлэһит, биллиилээх дьонун, суруйааччыларын ааттарын-суолларын үрдүктүк тутарга, үйэтитиигэ сыратын биэрэн сүүрэр-көтөр, туруорсар-кэпсэтиһэр идэлээх. Тус бэйэтинэн көҕүлээн, дьону түмэн үлэлээн үтүө түмүктэри ситиһэрин биир дойдулаахтара, чурапчылар, астынан кэпсээччилэр. Норуокка умнуллубат үтүөлээх саха саарыннарын, улуус киэн туттар туруу үлэһиттэрин, тэрилтэлэрин, билиҥҥи кэм бэлиэ дьонун бэчээккэ элбэхтэ сырдатта, кэккэ кинигэлэри таһаартарда. Олортон аҕыйаҕы аҕыннахха, Даланы педагог быһыытынан киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэр «Умнуллубат «Дьикти саас» оҕолоро» (2008), «Учуутал дьоло – үөрэнээччилэрин ситиһиилэригэр» (2012), Аан Дархан М.Е. Николаевка «Барҕа махтал Чурапчы дьонуттан!» (2014), Ил Дархан Е.А. Борисовка анаммыт «Боотур Уустан Ил Дархан» (2014) кинигэлэри саха дьоно биһирэбилинэн көрсүбүтэ. Үйэтитиигэ дьаныһан дьарыктанан, кини – сэрии ыар сылларын содулугар эстибит Мэлдьэхси нэһилиэгин Чоччууда алааһыгар уот кыргыска барбыттарга, Чурапчы көһөрүллүүтүн сиэртибэлэригэр өйдөбүнньүк уонна саха бастакы норуодунай худуоһунньуга П.П. Романов төрөөбүтэ 100 сылыгар мэҥэ комплекс оҥоһуллуутун сүрүн тэрийээччи.
Тыа сиригэр Суруйааччы сойууһун үлэтин, литератураны сырдатыыга, айар дьарыгы тарҕатыыга күүскэ үлэлиир. «Дириҥ уоттара» литературнай түмсүүнү уонча сыл устата салайан үлэлэппитэ. Саха омук чиэһин, кырдьыгын көмүскээһиҥҥэ олоҕун тухары охсуспут талааннаах суруйааччы Иван Федосеев-Доосо аата кини төрөөбүт Хоптоҕотун орто оскуолатыгар, сэрии туһунан бастакы «Көмүскэ уута» романы саха литературатыгар кэриэс кэбиспит буойун-суруйааччы, учуутал Алексей Бродников аата Төлөйгө «Аартык» норуот айымньытын дьиэтигэр кини быһаччы көҕүлээһининэн уонна улахан сыратынан, дьулурҕа дьулуурунан иҥэриллэллэрэ ситиһиллибитэ. Убай туттубут биир идэлээхтэрин Сэмэн Туматы, Тумарчаны, Роман (Сэмэн) Даниловы, Василий Петров-Айылы мэлдьи өрө тутан, үбүлүөйдэрин тэрийиигэ салалта, бар дьон өттүттэн харааннааһыҥҥа, өйөбүлгэ, сырдатыыга өр сылларга үлэлэһэн кэллэ.
Өрөспүүбүлүкэ, олохтоох нэһилиэнньэ интэриэстэрин көмүскээн туруулаһыыга Саха уопсастыбаннай киин, Саха конгреһын көхтөөх кыттааччытын быһыытынан уонунан сылларга үлэтэ – бэйэтэ туһунан киэҥ кэпсээн. Ол иһин аҥаардас соҕотох биир түгэни ойо тутан ахтан аһарыым. 2012 сыллаахха Арассыыйа национальнай өрөспүүбүлүкэлэрин салайааччыларын бэрисидьиэн диэн ааттаныыларын тохтотуу саҕаламмыта. Онуоха саха судаарыстыбаннаһын суурайтарбат туһугар көннөрү «баһылык» диэн тиэрмин оннугар «Ил Дархан» диэн омук ааспыт устуоруйатыттан силистээх анал ааты дьыала-куолу тылыгар, СӨ Төрүт Сокуонугар киллэртэрэр инниттэн улахан хамсааһын тахсыбыта. Дьүүллэһии үрдүк таһымҥа тахсыытыгар күүскэ үлэлэспит Ил Түмэн парламентарийдара Зоя Корнилова, Елена Голомарева, Оксана Винокурова нэһилиэнньэттэн, улуустан өйөбүл наада диэн көрдөспүттэрэ. Онуоха бу суһал соругу толорорбутугар маҥнайгынан П.П. Федоров-Сомоҕо улаханнык көмөлөспүтэ. Чурапчы биллэр-көстөр дьонун кытары сүбэлэһэн-дьүүллэһэн, кинилэр парламент спикерэ В.Н. Басыгысов аатыгар дьоһуннаах суругу киллэрбиттэрэ. Ол курдук, Дьааҥыттан В.П. Стручков-Дуулаҕа Дьуһаал эмиэ өйүүр ис хоһоонноох суругу тэрийэн ыыппыта. Онон билигин олоххо киирбит саха судаарыстыбаннаһа баарын бэлиэтиир дорҕоонноох «Ил Дархан» анал аат бигэргэниитигэр Павел Петровичтаах көмөлөрүн барҕа махталынан ахтабын.
Суруйааччы Сомоҕо бэлиэ сааһын илии тутуурдаах, өттүк харалаах көрүстэ. Бу саҥа бэчээттэнэр кинигэтэ икки түһүмэхтэн турар. «Саллаат уонна Таптал» диэн сэһэнэ саха уус-уран айымньытыгар өссө арылла илик тиэмэҕэ анаммыт. Саха сирин олохтоохторо сэриигэ кыттыыларынан, аармыйаҕа сулууспаҕа бэргэн ытааччы, тулуурдаах, барыга бары сыстаҕас, толоругас, бэйэлэрин кыанар-хотунар саллаат саллаат быһыытынан бэйэлэрин көрдөрбүттэрэ биллэр. Байыаннай чаас хамандыырдара, офицердара саха буолла да кыраҕы харахтаах ытааччы, уруһуйдьут, үчүгэй буочардаах писарь, спортсмен диэн уруккуттан олоҕурбут өйдөбүллээхтэр. Ол гынан баран, биһиэхэ саха ыччата аармыйаҕа сулууспалааһынын ойуулуур айымньы тоҕо эрэ баччааҥҥа диэри суох этэ. Биир төрүөтүнэн суруйууга аармыйа күлүк өрүттэрин хайдах даҕаны таарыйарга тиийиллэрэ эмиэ мэһэйдиир түгэнинэн буолбут буолуон сөп. «Дедовщина» мөкү көстүүтэ аһаҕастык киэҥ билиигэ тахсыбыта ыраатта. 1989 сыллаахха режиссердар А. Малюков «Делай – раз!», А. Рогожкин «Караул» киинэлэрэ бүтүн Сойуус көрөөччүлэрин долгуппуттара. Бу сонун айымньыга 70-с сс. ортолоругар саха уолаттара Чукоткаҕа сулууспалара ойууланар. Ааптар тыҥааһыннаах түгэннэри хото киллэрэн интэриэһи көбүтэргэ дьулуспат. Оччотооҕу ыччат чөл мөссүөнэ, сэмэйэ, бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаах, хардарыта көмөлөсүһэр сыһыана, килбик таптала, олоххо дьулуура табан көрдөрүллэр. Эдэр киһи көрсөр ыарахаттара олоххо бэйэ миэстэтин булунуу, идэни талыы, мунуу-тэнии, ардыгар быстах санааҕа алҕаһы оҥостон олоҕу уустугурдуу, табыллыбатах таптал курдук түгэннэрэ – ааҕааччыны тардыахтара. Сулууспалыыр араас омук ыччатын, урут-хойут аармыйаҕа ыҥырыллан ытык иэһи толорор саллааттар бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар араас, ардыгар хаҕыс даҕаны сыһыана, эр дьон бигэ доҕордоһуута айымньыга көстөр. Муустаах муора кытылынааҕы хахсаат, тыйыс айылҕа, чукчалар олохторун, дьарыктарын уратыта, киити, үрүҥ эһэни бултааһын ойууланар сэдэх түгэннэрэ кэрэхсэтэллэр.
Иккис түһүмэххэ ааптар айар, араас өрүттээх уопсастыбаннай үлэтин ырытар, кэрэһилиир суруйуулар киирбиттэр. Мэлдьи олох үөһүгэр «сырыттахха, кытыннахха сатанар» диэн бириинсиптээх, түмсүүгэ-сомоҕолоһууга угуйар дьулуурдаах дьон-сэргэ биһириир билиҥҥи кэм биир бэлиэ киһитин уобараһын бу матырыйааллар ситэрэн биэрэллэр.
2019 сылга бөлүһүөк, философия билимин хандьыдаата, литератураны чинчийээччи Егор Гаврильевич Винокуров «П.П. Федоров-Сомоҕо олоҕо уонна айар үлэтэ» дьоһуннаах монографияны суруйан бэчээттэппитин хайаан даҕаны ахтан ааһар үтүөкэн үлэһит киһиэхэ махтал бэлиэтинэн буолуохтун!
Сомоҕо диэн боһомо ааттаах суруйааччыттан билиҥҥи олохпут уратытын, олох тыын боппуруостарын арыйар өссө сонун айымньылары ааҕааччы кэтэһэр.
2020 с.
АТТЫБЫТЫГАР БААР АЙДАРЫЫЛААХ
Урааҥхай омук хабыр тымныылаах, уһун кыһыннаах хотугу тыйыс дойдуга тулуйан, торолуйан, ууһаан-тэнийэн, чөл туруктанан күн бүгүнүгэр диэри кэллэ. Онуоха сүрүн төрүтүнэн былыр-былыргыттан норуот эмчиттэрин утумнаан кэлбит үтүө үгэһэ буолар. Ол да иһин, саха киһитэ дьаҥы-дьаһаҕы, оһолтон-дэҥтэн эмтэнэн-томтонон этэҥҥэ аһаран, бырда быстыбатаҕа. Саха сирин үрдүнэн улуус ахсын араас ыарыыны, дьарҕаны эмтээн-томтоон, өрүһүллүбэт да ыарыыттан үтүөрдэн, бар дьон билиниитин, ытыктабылын ылбыт сүдү кырдьаҕастар бааллара, билигин даҕаны абыраллаах айдарыылаахтарбыт аттыбытыгар үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Норуот айылҕаттан айдарыылаах, үөһэттэн үһүйтэриилээх эмчиттэриттэн биир сүдүлэрэ Фома Петрович Чашкин – Куома Чааскын этэ. Кини олорбут кэмэ ойууну-олоҥхоһуту, отоһуту билиммэт, итэҕэлтэн, урукку үгэстэртэн аккаастаммыт бириэмэҕэ түбэспитэ. Онон дьону эмтиирин бобон, хаарчахтаан, хаста эмэ сууттаан, бэл хаайан, сор хаанын сордообуттара.
Таатта оройуонунааҕы «Коммунист» хаһыат 1948 сыллааҕы 04819 №-игэр (эппиэттиир редактор А.И. Бэстиинэп) Ф.П. Чашкин сууттаныытын туһунан иһитиннэрии тахсыбыт эбит. Онно оччотооҕу кэм тыйыс уораанынан аргыйар маннык хабыр тылы-өһү ааҕабыт: «…(оройуоннааҕы норуот суута) реакционнай идеяны тарҕаппыт Фома Чашкин дьыалатын көрдө. Гражданин Чашкин ыраахтааҕы былааһын саҕана ойууннуу сылдьыбыт, оттон 1946 сылтан ыла… Сууттанааччы… бэйэтин албын быһыытын суут… билинэргэ тиийдэ… Чашкины реакционнай тарҕатааччы быһыытынан көрөн суут 6 ыйга кыһалаҥ үлэҕэ приговордаата». Дьэ итинник эрэйи көрбүтүн үрдүнэн ытык аналын толорон, Куома барахсан хас эмэ тыһыынчанан киһини эмтээн-томтоон үтүөрдүбүт умнуллубат өҥөлөөх. Холобурга, сүүрбэһис үйэҕэ саха норуотун эһэ сыспыт сэллик ыарыыны кини адьас кыайа тутарын оччотооҕу мэдиссиинэ үлэһиттэрэ бигэргэппиттэрэ үгүс.