Алтыс ирдэбил Одун хаан оҥоһуутун, Чыҥыс хаан ыйааҕын тутуһуу күрэҕэр көстөр. Ол эбэтэр омук быһыытынан бэйэ бодотун, аналын тутуһар кыахпытын тургутуу. Этиллибитин курдук, аһаҕас эйгэҕэ тарҕанан хаалыахха сөп, олорор сирбитигэр элбэх дьон ааҥнаан кэлиэхтэрин сөп, иинэҕэс, муҥкук ыччаттанан кэрэгэй кэскиллэниэххэ сөп. Бу барыта Одун хаан оҥоһуутун, Чыҥыс хаан ыйааҕын ситэри өйдөөбөккө таҥнарбыт содулугар арыллар өлүү маҥалайдара. Киһи аймах күн сирин дьоллоох иччитэ буолан айыллыбыт аналлаах. Ол тэҥэ саха омукка ананыллыбыт кыталыктаах кырдаллардаах хотугу дойду туругун туһугар сахалар үрдүк эппиэтинэһи сүгэллэр. Ол да иһин айылҕа харыстабылын дьаныһан туруулаһабыт, саамай ыалдьар, сомоҕолоһор чопчубут онно иитиллэр. Айылҕа чөл туругуттан сиэттэрэн олохпут уйгута, дьылҕабыт оҥоһуута түҥрэх тэбэр. Онон суверенитет диэн угуйуулаах көҥүл туруга айылҕаны харыстааһынтан саҕаламмыта уонна кииннэммитэ. Иитиллэр ийэ эйгэбитин таҥнарбатахпытына, Иэйэхсиппит кэлэйиэ суоҕа, Айыыһыппыт арчылыы сылдьыа. Оччоҕо кэхтии, иинии ыар тыына биһигини тумнуо. Айылҕа тыынынан тыыннанан хас биирдиибит үйэтэ уһуо, омук кэскилэ кэтириэ.
Сэттис ирдэбил – баһылыыр былаас уларыйыыларыгар туруулаһыы. Киһи аймах историятын анааран көрдөххө, төһөлөөх элбэх государстволар үөскээбиттэрэй уонна сууллубуттарай? Оттон кыахтаах омуктар саҥа хаан эбинэн, ааттарын салгыы салайан, өссө күүһүрэн иһэр буолар эбиттэр. Саха да саха ааттаммыта түҥ былыргыттан. Хаста да дьүһүн кубулуйан, олох стратегиятын уларытан, бу сүүрбэ биирис үйэҕэ үктэннэхпит уонна салгыы сайдыы стратегиятын тобулабыт. Билигин Россия учуонайдара саханы пассионарнай омук диэн билинэллэр. Саха стратегиятын биир уратытынан баһылыыр былааска сыстан, онтон кыах ыларга дьулуһуу буолар. Онтон сибикилээтэххэ, былаас да, государство да араастык уларыйдахтарына, саҥа кыах үөскүүрүгэр эрэл баар. Хаһан баҕарар араас уларыйыыларга омук чөмчөкөлөрө үс аҥыы хайдаллар: уруккуну тутуһааччылар, уруккуну утарсааччылар уонна орто сүүрүгү тутуһааччылар. Саха ортону ордорор, ол сүнньүн була сатыыр мөккүөр күрэҕэр сыыһа-халты да туттунуон сөп. Баһылыыр, тастан соҥноммут былааска төрөлөммүт оҕус курдук сиэтиллэр майгы-сигили биһиэхэ олохсуйбатах. Ол да иһин ис көҥүллээх буолан, баччалаах киэҥ, тыйыс сиргэ тарҕанан, туспа буруо таһааран ураты омук аатын ылан олордохпут. Оттон кэлэн иһэр далааһыннаах уларыйыыларга быыһык кэмҥэ мунньуммут уопуппутун ымпыктаан-чымпыктаан ырытан, сыыһатын-халтытын ылҕаан, туруулаһар ньымалары чопчулуох тустаахпыт. Оннук сыалы-соругу туруоран, бу кинигэни кэлэр кэрдиис көлүөнэ ыччатыгар уунабыт.
Кэнэҕэһин-кэнэҕэс киһи аймах омугунан буолбакка, өй-санаа, майгы-сигили кылааннаахтарынан салайтарар кэмнэрэ үүнүөҕэ. Оччоҕо эрэ сирдээҕи олох силигилиир кыахтаныаҕа. Онно дьоһуннаах дуоһунастарга, иилиир-саҕалыыр түмүк быһаарыылары ылынар тэриллиилэргэ саха ыччата күөнүнэн кыттарыгар эрэллээхпин. Тоҕо диэтэххэ, биһиги курдук айылҕа эриирдээх ирдэбилин этигэр-хааныгар иҥэрэн, эйэҕэс, сайаҕас, ньыгыл уйулҕаламмыт омук суох. Биһиги курдук көҥүл туһа диэн тоҥортон-хатартан толлубатах омук суох. Биһиги курдук аһаҕас киэҥҥэ тардыһар, аан дойду таһымынан үтүөнү, сырдыгы, кэрэни ыраланар омук суох. Биһиги курдук быста-быста салҕанарга үөрүйэх буолбут, баһылыыр омуктар быыстарыгар бэйэ бодотун үйэлэри курдаттаан ыһыктыбатах омук суох. Биһиги курдук Киэҥ Куйаар таҥаратыгар сүгүрүйэр, айылҕаҕа дьүөрэлээх киһи аймах киһилии майгытын үөскэппит итэҕэлин таҥнарбатах омук суох. Онон биһиги ис турукпут ыраас, аньыы, сэт-сэлээн мунньуллубатах, ол аата айылҕаттан да, киһи аймахтан да иэстэбил төрүөтэ суох. Хата киһи аймах алгыстаах үтүөнү күүтэр эрэл санаата тус хоту туһаайыллар. Ол аата, биһиэхэ, сахаларга, хотугу дойду хоһуун, дьоһун олохтоохторугар.
Өбүгэ үгэһинэн, өлбөт сүбэни омук бэйэтэ эрэ ситиһэр. Туораттан кэлэн абыраабыт, өрө тардыбыт суох. Арҕааттан-соҕурууттан үрэр хахсаат тыал астар туһа биллибэт. Онон хотугу муора хонноҕор хорҕойбут саха омук дьылҕата былыргыттан быйылгыга да, кэнэҕэски да өттүгэр иитэн таһаарбыт сайдам саҥа көлүөнэтиттэн, үүнэр ыччатыттан тутулуктаах. Иитиллибит – иэстээх.
У.А. Винокурова,
«Көлүөнэ ситимэ быстыбатын,
утум быстыбатын туһугар» кинигэ (2009)
киирии тылыттан
САХА НЬУРГУНА ДЬӨГҮӨР СУРКУОП
Туругу, соругу атыннык көрүөҕүҥ
Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүүс сылын кэрдииһэ бүттүүн дойду уустук үйэтин – үксэ будулҕаннаах, атааннаһыылаах, алдьатыылаах Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриилээх, ол кэннэ үөһээ өксөйүүлээх, онтон былаас эстиилээх, таҥнары түһүүлээх, кэлиҥҥи кэмҥэ саҥаттан өнүйэ сатааһыннаах иннэ-кэннэ биллибэт кэмигэр түбэстэ.
Бу билиҥҥи кэм уратыта – Арассыыйабыт инники көрүүтэ чопчута суох, сайдыы суолугар киирбиппит көстүбэт. Ол да буоллар, Сахабыт Сиригэр өрөспүүбүлүкэлээх омук хайаан да кэскили көрүүлээх, сыаллаах-соруктаах буоларбыт эрэйиллэр.
Баар балаһыанньаны анааран, кыһалҕаны ааҕар-суоттуур хараҕынан көрөн, сүбэни түмэн, уопсай өйдөбүл үөскэттэхпитинэ – иннибит диэки эрэллээхтик хамсаныахпыт.
Салгыы тус бэйэм санаабын, толкуйдаан таһаарбыт тобулбун дьон-сэргэ болҕомтотугар туһаайабын.
Сир баайын хостооһунугар – харыстабыллаах сыһыаны
Саха сиригэр сир баайын хостооччулар тулалыыр айылҕаҕа хоромньута, олохтоохторго охсуута суох үлэлиэхтээхтэр. Биһиэхэ үлэлиир аан дойдуттан капитал кыттыгастаах корпорациялартан холбоһуктаах омуктар ылыммыт экологияҕа стандартарын тутуһан үлэлииллэрин ирдиир кэммит кэллэ.
Бүлүү уутун киртийиитэ, Саха сирин арҕаа өттүн экологията аан дойдуга бөдөҥнөрүнэн биллэр аламаас уонна нефть-газ корпорацияларын айылҕаҕа сыһыаннарыттан тутулуктаах. Кинилэр уонна чох корпорацията, кыһыл, үрүҥ көмүһү, сурьманы, тимир тааһын хостуур улахан хампаанньалар бары цивилизациялаах дойдулар таһымнарынан экология ирдэбилин тутуһууга ыраас барыыстарыттан уон бырыһыан кэриҥин, онтон да үрдүгү туһаайыах тустаахтар.
Олохтоох былаас, эко-актыбыыстар уонна уопсастыбанньыктар өйдөөхтүк уонна сатабыллаахтык иннилэригэр тирээн турар соругунан экология нуормаларын уонна сир баайын хостооһуҥҥа харыстабыллаах сыһыан ирдэбилин туруорсаллара сөптөөх.
Хотугу сир экономикатын саҥа көрүҥэ үөскүөхтээх
Биһиги Сахабыт сирин уратыта – аан дойдуга бөдөҥүнэн биллэр алмаас, нефть, газ, чох корпорациялара баар да буоллаллар, бу көмүс хостооһуна өрө көппөс гыммыт кэмэ да кэллэр, бэйэтэ олохтоох бырамыысыланнаһа суох кэриэтэ олороругар буолар. Олохтоох бырамыысыланнас бүтүн министиэристибэтэ баар буола сылдьыбыт сэбиэскэй кэмин санаан кэлэр тоҕоостоох буолла.
Урбааны кэҥэтэри уонна саҥа оҥорон таһаарыыны үөскэтэри көҕүлүүр дьаһаллар ситэ көдьүүһэ суохтар. Тутуу индустрията көрдөрөн туран мөлтөөтө. Алдан, оннооҕор Нерюнгри олохтоох оҥорон таһаарар тэрилтэлэрэ ситэ кыаҕыран испэттэр. АЛРОСА салайар аппараата Мирнэйтэн Новосибирскайга дьиҥэ, сөбө суохтук көһөрүллүөҕүттэн Мирнэй, Удачнай, Айхал куораттар алмаас корпорациятыгар үлэлээбэт атын олохтоохторо быраҕыллан хааллылар. Киин куораппытыгар – Дьокуускайга үүнэн иһэр үлэһит ыччат бэйэтин дохуот киллэринэр дьарыгын тэринэрин көҕүлүүр толкуйдары тобулуохтаахпыт. Ону тобулан үлэ миэстэтин, саҥа дохуоттаах дьарык көрүҥнэрин элбиирин ситиһиллиэхтээх.
Олохтоох бырамыысыланнас, урбаан, бэйэ оҥорон таһаарыыта кыаҕын ыларыгар усулуобуйа, өйөбүл суоҕун тэҥэ.
Сир баайын хостуур улахан хампаанньалар оҥорон таһаарыылара кэҥээн, барыыстара быдан бөдөҥөөн иһэр. Ону тэҥэ кинилэр салалталара олохтоох дьонтон тэйэн иһэр.
Төһө да саҥа бас билээччилээх, саҥа салалталаах буолбуттарын иһин, хас биирдии бөдөҥ корпорациялары, улахан хампаанньалары Саха сирин дьонугар-сэргэтигэр сирэйдэринэн хайыһыннарар сыалы-соругу туруорунуоҕуҥ.
Биһиги сирбитигэр аҥардас АЛРОСА эрэ баар буолбатах. «Транснефть», «Газпром», «Сургутнефтегаз» курдук аан дойду ырыынагар тарбахха баттанааччылар эмиэ бааллар. Чоҕу хостооччулар эмиэ аан дойдуга тахсыылаахтар. Күндү тааһы, көмүһү хостооччулар сэбиэскэй кэмнээҕи көрдөрүүнү аһардылар, барыстара баһаам – көмөлөһөр иэстээхтэр. Бары Саха сирин сайдыытыгар кыттыһар кыахтаахтар.