Бүттүүн Арассыыйа Төрүт Сокуонугар баар «Сир итиэннэ сир баайа туһааннаах төрүт омуктар олохторун-дьаһахтарын тупсарарга тирэх быһыытынан туттуллуохтаах» диэн сүрүн балаһыанньа үлэлиэх тустаах.
Онно биһиги былааспыт кыһалларын, уопсастыбаннас кыттыһарын, ирдиирин эрэйэр кэм үөскээтэ.
Тыа сирэ – омукпут дьылҕата
Саха дьонун уонна хотугу омуктар төрүт дьарыктарын, өбүгэ сиригэр бырааппытын көрөр, бултааһын уонна балыктааһын туһунан сокуоннары өйөөһүн уонна анал программалар күүһүрэллэрин ситиһэр сорук турар.
Бу хайысхаҕа судаарыстыба бэлиитикэтин саҥардыыга ураты суолтаны орто саастаах дьону, өбүгэлэрин уонна төрөппүттэрин дьарыгын салгыыр эдэр ыаллары, ынах, сылгы, таба иитэр дьону өйөөһүҥҥэ ууруллуохтаах.
Үүнэн иһэр үлэһит ыччат өбүгэтин сирин-уотун харыстаан илдьэ хаалыахтаах, тыа хаһаайыстыбатынан уонна булдунан дьарыктанар учаастагы, нэһилиэстибэ быһыытынан кэлэр сири бэйэтин өйүн-сүрэҕин ууран туран баһылыырга дьулуһуохтаах. Саха сирин үрдүнэн сиртэн уонна ойууртан, ол иһигэр сир баайдаах хайалартан быһа астаран ыларга бэриллибит кыаҕы тахсан иһэр көлүөнэ туһаныах тустаах.
Аныгы кэм ирдэбилигэр сөп түбэһэр олоҕу-дьаһаҕы тэринэр уонна тыа сиригэр сайдыыны аҕалар туһуттан дьоҕус тэрилтэлэри, олохтоох тутуу индустриятын базаларын тэрийэр сөптөөх (бэйэтигэр бетону уонна бетон блоктары оҥорон таһаарар тэриллээх; бытарытар уонна араарар тэриллээх кумах уонна щебень таас ылар карьердаах). Оччоҕо улахан кыамталаах массыыналаах олохтоох дьоҥҥо эбии үлэ үөскүөҕэ. Бу саас-сайын эмискэ тутуу матырыйаалыгар, бурууска, эрбэммит маска сыана икки төгүл, онтон тахса үрдээн, саҥа дьиэ тутуутун ороскуота аһара барда. Кэтэх ыал дьиэтин бурууһун маһынан тутуохтааҕар, таастан туттара ордук чэпчэки буолан эрэр.
Чугас, тэйиччи даҕаны баар хайабыт тааһын таҥастаан таһаарар технологияны баһылыыр кэскиллээҕин өйдүөҕүҥ, хамсаныаҕыҥ. Манна Алдан эҥэр үөскээн, тахсан сытар диопсид уонна дунит боруодалары, улуустарга баар атын таастары туһаҕа таһааран, үйэлээх, сылааһы үчүгэйдик тутар тутуу матырыйаалларын бэйэбит оҥорору ситиһиэҕиҥ.
Цивилизация хаалынньаҥыттан тахсары ситиһиэххэ
Биһиги сайдыылаах олох таһымыттан (цивилизацияттан) хаалан иһэрбитин кыбыстыбакка эрэ билинэр кэммит кэллэ. Дьокуускай куорат 17-с кыбаарталыгар онон-манан туалеттар таһырдьа тураллара – цивилизация биһиэхэ суоҕун көрдөрөр.
Улуус кииннэригэр, дэриэбинэлэргэ төһө дьиэҕэ сылаас туалет суох да – оччонон цивилизация суох.
Икки этээстээх мас дьиэлэргэ электричество тардыытын туруга мөлтөҕүттэн баһаардар буолаллара цивилизация ирдэбилигэр сөп түбэспэт.
Киин куоракка уулусса кытыытынан ардах уутун аһарар канализация суоҕа аныгы кэм таһымыгар тахса иликпитин туоһулуур.
Уулусса аайы таас тротуардаах буолары итиэннэ бадараан, быыл куоракка, улуус кииннэригэр суох буоларын ситиһэр сорук туруохтаах.
Биһиги бу хаалыыбытын кистии-саба сылдьыбаппыт ордук. Баары баарынан аахсан, ааҕан-суоттаан онтон хайдах тахсары толкуйдуох-тобулуох тустаахпыт.
Цивилизация хаалынньаҥыттан тахсыы – билиҥҥи кэм ирдэбилэ. Бу – былаас бары араҥатын иннигэр турар аныгы ирдэбил.
Куорат уонна улуустар бүддьүөттэрэ ааһан иһэр сыллааҕы ороскуоту толуйарга аналлаахтар. Кэскиллээх былааннар үбүлээһиннэрин манна көрдөрөр күчүмэҕэй, кыаллыбат тэҥэ.
Онон бу улахан кыһалҕаҕа сытыы болҕомтону тардан, дойду киин былааһын кыттыһыннаран, кинини кытта Дьокуускай уонна атын куораттар мас кыбаарталларын саҥардан тутуу федеральнай тус соруктаах программатын оҥорон-чочуйан олоххо киллэрэри ситиһиэххэ.
Республика 100 сылын кэрдиис кэмин кэннэ цивилизация хаалынньаҥыттан уон сыл иһинэн букатыннаахтык тахсар дьоһун соругу туруорунар сөптөөх.
Сайдыы суолун тутуһуу – быыһанар ньыма
Мин сайдыы туһунан толкуйдуоҕуҥ, сайдыы туһугар хамнаныаҕыҥ диэн ыҥырабын.
Сайдыы бэлиитикэтин бигэргэтэр, урбаан уонна производство саҥа көрүҥнэрэ үөскүүллэрин баҕарыаҕыҥ. Арассыыйа олохтоохторо бары судаарыстыба экономикаҕа уонна бырамыысалыннаска бэлиитикэтэ хаһан саҥа ис хоһооннонорун кэтэһэр.
Биһиги бары дойдубут сайдыы киэҥ суолугар эрэллээхтик киириэн итиэннэ саҥа технологияларга олоҕурбут олох-дьаһах, уопсастыба тутулугар көҥү көтөн тахсыан баҕарабыт. Саха сирин олохтоохторо оҥорон таһаарыы дьоҕус тэрилтэлэрин үөскэтиинэн уонна бэйэ дохуоттаах дьарыгын кэҥэтиинэн хайаан да дьарыктанарбыт ирдэнэр. Мин көрүүбэр, мантан салгыы кэмҥэ Саха сирин орто саастаах хас үһүс олохтооҕо, хас иккис эдэр киһитэ дохуот киллэрэр бэйэ дьарыгын булуммут, оҥостубут буолуохтаах.
Саҥа үйэ – саҥа технологиялары баһылааһын, онуоха олоҕурбут саҥаны оҥорон таһааран ырыынакка эргинии кэмэ. Саҥалыы көрүүлээх урбаанньыттар уонна көҥүл тыыннаах, дьоҕурдаах эдэр дьоммут хорсун санааларынан Саха сирэ Азиатскай-Тихоокеанскай ырыынакка тахсар ураты суолларын тобулуохтара диэн эрэнэбин. Онно Саха сирин минералларын уонна хайатын боруодаларын туһаҕа таһаарыы тирэх буолуоҕа. Холобур, уокка умайбат тутуу матырыйааллар уонна техническэй суолталаах бородууксуйалар.
Биһиги суол арахсыытыгар турабыт.
Эбэтэр иннибит диэки хардыылыыр бэйэбит ыллыктарбытын булан, киэҥ сайдар суолга тахсыахпыт, эбэтэр хаалынньаҥ буолуу уонна дьадайыы биһигини эһиэ.
Ийэ тыл, төрүт култуура – баар буолуубут мэктиэтэ
Дойдубут төрүт омуктарын тыллара уонна култууралара – биһиги Арассыыйабыт чэлгийэр тыына, харысхаллаах баайа буолар.
Кинилэри барыбыт бүттүүммүт баайын быһыытынан харыстааһын, сайыннарыы уонна омуктар култуураларын дьүөрэлэһиннэрии – норуоттар бэйэ-бэйэлэрин өйдөһүүлэрин уонна Арассыыйа биир сомоҕо буолуутун мэктиэтэ диибин.
Биһиги 2009 с. «Үөрэҕирии туһунан» федеральнай сокуоҥҥа киирбит уларыйыылар содулларын умнубаппыт. Ол уларыйыыларга сөп түбэһиннэрии диэн ааттаан республика сокуонуттан национальнай-региональнай компонент туһунан ыстатыйаны суох гынаары ыгыы-түүрүү буолбута. Онно бастаан Ил Түмэҥҥэ биһиги саха норуотугар, хотугу омуктарга тыын суолталаах сокуоммут сүнньүн туруулаһан көмүскээбиппит. Федеральнай сокуону оҥорооччуларга кытта сабыдыаллаабыппыт.
2018 сыл сааһыгар Ил Түмэн 5-с ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутааттара мин үөрэнэр тылы талыыга көҥүлү, төрөөбүт тылы үөрэтэр быһыыны-майгыны хааччыйар тэрээһини бүрүкүрээттии быраабылаҕа хаайан хааччахтыыры, үөрэх тылын талар быраабы оскуола таһымыгар эрэ киллэрэргэ сорунууну Төрүт Сокуоҥҥа олоҕуран утарбыппын өйөөбүттэрэ.
Ил Түмэн ити күүстээх быһаарыытын салгыы Госдумаҕа туруулаһыннара миигин ыыппыта. Ол түмүгэр үөрэнэр тылы талыы көҥүлүн уонна республикалар судаарыстыбаннай тылларын таһымын түһэрии сатамматын туһунан биһиги туруорсуубут өйөммүтэ уонна аахсыллыбыта.
Билиҥҥи кэмҥэ аны уһуйаан саастаах, бэһис-алтыс кылааска тиийэ саха оҕото төрөөбүт тылыттан күргүөмүнэн тэйэн эрэр. Бу ааннаабыт кыһалҕа элбэх ыалы, нэһилиэк аайы дьону долгутар.
Манна саҥа дьаһаллар наадалар. Төрөөбүт тылы сыыппара эйгэтигэр тоҕо анньан киллэрии суһаллык үбүлэниэх тустаах оҕо аймах компьютергэ, төлөпүөҥҥэ ийэ тылынан ааҕар, оонньуур, көрөр кыаҕын уталыппакка, салгыы бириэмэни сүтэрбэккэ хааччыйыахтаахпыт. Ону оҥорор, айар, олоххо киллэрэр дьоҕурдаах дьон үлэлэрэ быһаччы уонна киэҥник үбүлэнэрин ситиһии – бу тыын суолталаах сорук буолар.
Доруобуйа харыстабылыгар, социальнай бэлиитикэҕэ ураты болҕомтону
Билиҥҥи кэм уратыта – пандемия уонна кини тарҕанарын тохтотор охсуһуу үөрүйэхтэригэр олоҕуран, доруобуйа харыстабылын ситимин төрдүттэн тупсарар сорук турар.
Ураты болҕомтону тыа сирин уонна аччыгый куораттар олохтоохторугар бүддьүөт уонна страховка суотугар төлөбүрэ суох хаачыстыбалаах медицинскэй көмө оҥоһулларыгар ууруохтаахпыт.
Ол туһугар ылыллар сокуоннар сарбыйыыга түбэспит медицина үлэһиттэрин ахсаанын чөлүгэр түһэриигэ туһуланыах тустаахтар. Өрөспүүбүлүкэ туруорсуулара дьон доруобуйатын көрүүгэ туһуламмыт федеральнай бырагырааммаларга киирсиэхтээх, доруобуйа харыстабылын судаарыстыбаннай уонна муниципальнай ситимнэрин салгыы сайыннарар дьаһалларга кыттыахтаах.