Михаил Фомичтыын ыаллыы олорор буолан, кини айылҕаттан айдарыылаах киһи буоларын үчүгэйдик билэбин. Биирдэ кинилэргэ киирэ сылдьан, биир эдэр, модьу киһи кэннинэн чугуруҥнаан, ааны кэтэҕинэн аһан тахсыбытын көрбүтүм. Ол киһи ийэтэ Мэхээлэттэн ааттаһар этэ. Мин, төттөрү тахсан бараммын, салгыы тугу кэпсэппиттэрин билбэккэ хаалбытым. Кэлин истибитим, ол киһи арыгытын эмтэтэн баран, кини сэрэтиитин истибэккэ, бобуутун тутуспакка, төттөрү иһэн кэбиспит этэ. Онтон ыла убаҕаһын сатаан кыаммат буолан хаалбыт эбит. Уонна кэлэн, эмчити буруйдуурдуу тыллаһан, Мэхээлэни кыыһырдыбыт этэ. Нэһилиэкпит иһигэр киниэхэ эмтэтэ-эмтэтэ, харыстарын тутуспакка, төттөрү күүскэ иьэр дьоннор бааллара. Ону биирдэ табахтыы-табахтыы сэһэргэһэ олороммут: «Оттон ити дьону өйдөнөллөрүн курдук кыратык моһуоктуу түһүөххүн?» – диэн оонньуу-күлүү курдук эппиттээхпин. Онуоха кини: «Ээ кэбис, бииргэ үөскээбит, бэйэбит дьоммут буоллаҕа!» – диэбитэ…
Биирдэ биригэдьиирдии сылдьан, сиспин тоҥороммун, дьарҕаран улаханнык ыалдьыбыта. Онуоха ыксаан, Сергеев Лазарь Иванович уола Ваня илиитин дэҥнээн моһуогурбутун эмтэтэ барарыгар аргыс буолан, Уус-Алдаҥҥа, Бээрийэ кырдьаҕаһыгар Гурий Турантаевка эмтэтэ бара сылдьыбыппыт. Ол тиийэн чэйдии олордохпутуна, эмчит кэргэнэ хантан сылдьарбытын ыйыталаспыта. Уолбаттан кэлбиппитин истэн, кыыһыран мөхпүтэ: «Бэйэҕитигэр эмтиир киьи баарын кэннэ тоҕо кэллигит?!» – диэн. Биһиги онуоха мух-мах баран, тугу эрэ быһаардыбыт. Онтон эмтэнии саҕаланан, уолбут бастаан киирэн баран, түргэн баҕайытык төттөрү таҕыста. Илиитин, нэһиилэ иһигэр өйөөн, токуччу тутта сылдьыбыт киһибит, холкутук өрө көтөҕөр буолан, үөрэн-көтөн тахсыбытын сөхпүппүт. Хайдах эмтээтэ диэн ыйыталаһыыга, күттүөннээҕи сатаан быһааран кэпсээбэтэ. Онтон миигин Гурий кырдьаҕас көрөн баран: «Үс күн хонон-өрөөн эмтэннэххинэ сатаныыһы», – диэбитэ. Ону мин, оччолорго биригэдьиир, эмиэ даҕаны заправкаҕа солбуйан үлэлиир буоламмын уонна бэлэм массыынаттан хаалымаары, сөбүлэспэтим. «Оччоҕо түөннүүһүбүн», – диэн түөннээн эмтээбитэ. Кырдьаҕас Михаил Фомичтаах хайдах олороллорун ыйыталаспыта, кинилиин чугас аймах буоларын кэпсээбитэ. Уолбаҕа тиийэн баран, Мэхээлэҕэ кэпсээбиппэр, биһиги аймахтыыбыт диэн бигэргэтэн эппитэ. Ол курдук айылҕалаах дьон, бэйэ-бэйэлэрин көрсүбэккэ даҕаны сылдьан, син биир хайдах эрэ билсэ, арааһа сибээстэһэ олороллор эбит быһыылаах диэн өйдөөбүтүм.
Киниэхэ наһаа элбэх киһи кэлэн эмтэнээччи, Хаандыгаттан эҥин нуучча дьоно бөҕө кэлээччилэр. Миигиттэн: «Где здесь живет шаман?» диэн ыйытан үгүстүк ыйдарааччылар. Урут мин наһаа табахтыыр этим, ыаллыы олорор буолан, Мэхээлэ киирэн сэһэргэһэ-сэһэргэһэ табахтаһааччы. Онтон мин сыыйа-баайа табахпын бырахпытым, ону ыалым, атаһа Кириллин Уйбаанныын быраҕыа диэн итэҕэйбэккэ сылдьан, сөхпүттэрэ. Михаил Фомич: «Аны үс сылынан тыҥаҥ ырааһырыа», – диэбитэ».
Дьэ ити курдук, Михаил Фомич Чашкин аҕатын, удьуор өбүгэлэрин утумнаан, айылҕаттан аналын толорон, төһөлөөх ыарыһаҕы эмтээбитэ буолуой?! Кини үтүөтүн-өҥөтүн биир дойдулаахтара үрдүктүк сыаналааннар, Таатта улууһун бочуоттаах гражданинын аатын иҥэрбиттэрэ. Айдарыылаах эмчит өссө даҕаны бар дьонугар көмө-өйөбүл буола турдун. Саха дьоно, кини курдук дурда-хахха буолар айылҕалаахтарбыт баалларын тухары, кэлэр кэскилбитигэр эрэллээх, бигэ тирэхтээх буолуохпут.[3]
АЙЫЛҔАНЫ АРАҤАЧЧЫЛААЧЧЫ
Саха ньургуннарын, дьон түөрт кырыылаахтарын кытары бииргэ үлэлээһин
Уйбаан Буурсап биир бастакынан айылҕа харыстабылын, экология боппуруоһун сытыытык көтөхпүт, дьиҥ дьыаланан утумнаахтык үлэлэспит уонна бэчээт нөҥүө баар балаһыанньаны аһаҕастык, кырдьыгынан дьоҥҥо-сэргэҕэ арыйан тириэрдибит киһи буолар. Дьэ онтон ыла кини доҕотторо суруйааччы Василий Титов, суруналыыстар Иннокентий Захаров, Уйбаан Уххан, кэлин соҕус Дмитрий Бубякин, Александр Бурцев-Салҕааһын, о.д.а. ити тиэмэҕэ элбэхтэ суруйбуттара. Аан маҥнай И.С. Бурцевы «Чолбон» сурунаалга көрөр-билэр буолбут эбиппин. Кини саха норуотун, үөрэхтээхтэрин чиэһин, үтүө аатын көмүскээн турууласпыт патриот суруйааччы И.Е. Федосеевы кытары билсэрэ, сурунаалга кэлэ сылдьара. Мин оччолорго норуот суруйааччыта Далан сүбэтинэн «Хотугу Сулустан» («Чолбонтон») саҕалаан, бэчээт эйгэтигэр – кинигэ кыһатыгар үлэлии киирбитим дьылҕа хаан бэлэҕэ эбит.
80—90-с сыллар саҥаларыгар көҥүл санаа, омук кыһалҕата буолар тыын боппуруостары көтөҕөр, сымыйа буруйдааһыннартан көмүскэнэр, ааспыт устуоруйа «үрүҥ бээтинэлэрин» тириэрии, эрэпириэссийэлэнэн умнууга хаалбыт норуот чулуу дьонун сырдык ааттарын төнүннэрии киинэ буолбут Суруйааччы союһун уоргана «Чолбон» сурунаал этэ. Онно үлэлиир умнуллубат сылларбар саха бастыҥ суруйааччыларын, интэлигиэнсийэ, араас эйгэ чулуу бэрэстэбиитэллэрин билбитим, ыкса алтыһан барбытым. Ол дьиктилээх кэмнэртэн ыла Далан, Тумарча, Доосо, Эрчимэн, Бүөтүр Аввакумов, Сэмэн Руфов, Харысхал курдук биллиилээх суруйааччылардыын биир тэрилтэҕэ үлэлээн билсибитим. Софрон Данилов, Савва Тарасов, Моисей Ефимов, Гаврил Колесов, Багдарыын Сүлбэ, Дьөгүөр Алексеев, Баһылай Дарбааһап, Тэрис, Уххан, Дабыл, Уйбаан Ушницкай, Уйбаан Бурцев, о.д.а. саха саарыннарын кытары алтыһар дьолломмутум.
Оччолорго И. Бурцев, Д. Бубякин, о.д.а. экология боппуруоһун күүскэ көтөҕөн дьон-сэргэ ити кыһалҕаҕа болҕомтотун хатаабыт кэмэ этэ. Миигинниин биэс хааһах диэбиккэ дылы, «Кыым» хаһыакка (21.10.1989) В.Н. Егоров-Тумарча «Северные просторы» киин сурунаал 3 №-гэр «Дом под угрозой» диэн уопсай төбөнөн «Спроси у хозяина» экология проблемаларын сытыытык сырдатар суруйуутун сэҥээриини («Дьиҥ баарынан, кырдьыгынан») бэчээттэппитим. Эмиэ ити сылга Чурапчы Арыылааҕын Көмньө сайылыгар буолбут быһылаан туһунан суруйбуттааҕым. Ону бииргэ үлэлиир дьоммор көрдөрбүппэр, Доосо обургу: «Доруобуйа харыстабылын миниистирин аатыгар ыстатыйаҕын «Аһаҕас сурук» быһыытынан төбөлөө», – диэн өй укпута.
Уйбаан Бурцевтаах суруйууларыттан тэптэн, Саха АССР доруобуйатын харыстабылын миниистиригэр И.И. Местниковка аһаҕас сурукпар маннык эппит эбиппин: «Ытыктабыллаах Иван Иванович! Уларыта тутуу, иһитиннэрэн-биллэрэн иһии илгэлээх кэмэ буолан, «Кыым», «Молодежь Якутии», «Социалистическая Якутия» хаһыаттарбыт биллиилээх суруналыыстара, народнай депутаттарбыт өрөспүүбүлүкэҕа кутталлаах экологическай балаһыанньа үөскээбитин, кистэлэҥинэн ядернай дэлби тэптэриилэр ыытыллыбыттара ырааппытын, Бүлүү иэдээнин аахсыбакка, ГЭС-тэри уонна АЭС-тары тутарга былаанныылларын, өссө радиоактивнай тобохтору көмөр, кистиир миэстэни бэлэмниир курдуктарын туһунан суруйдулар, аһаҕастык кэпсээтилэр.
Саха сирин олохтоохторун үйэтэ ортотунан 48–55 сылга диэри кылгаата диэн олохтоох уонна киин бэчээккэ суруйар буоллулар. Тоҕо норуот доруобуйата алларыйда, үйэтэ кылгаата, ахсаана өнүйбэт буолла? Оттон соторутааҕыга диэри уһун үйэлээхтэрбит элбэҕинэн Союз үрдүнэн сураҕырар этибит эбээт! 1977 сыллаахха сайын Чурапчы оройуонун Арыылаах дэриэбинэтигэр ынырыктаах трагедия буолбута…
………………………………………………………………………..
Онон, ытыктабыллаах Иван Иванович, эһиги, норуот доруобуйатын харыстабылыгар турар эмп үлэһиттэрэ, киһиэхэ кутталлаахтык дьайар экологияны кэһии содулларын, өрөспүүбүлүкэҕа радиация туругун хонтуруоллуур, бэрэбиэркэлиир ханнык миэрэлэри ыллыгыт, туох үлэни ыытаҕытый? Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун доруобуйалара, дьылҕалара, инники кэскиллэрэ эһиэхэ итэҕэйиллэр, эһиги илиигитигэр баар. Мин ыйытар, ыалдьар боппуруостарбар, мунчаарар, дьиксинэр санааларбар дьон-сэргэ бары да таарыйтарар буолуохтаахтарын билэбин. Түмүкпэр бар дьоҥҥут, норуоккут туһугар кыһамньыгытыгар туохтан даҕаны толлубакка турунаргытыгар эрэлбин биллэрэбин («Саха сирэ». 1989 с.)».
Инньэ гынан, оччотооҕу бэрээдэк быһыытынан миниистир бэчээт нөҥүө эппиэттииргэ күһэллибитэ. Онуоха маннык эридьиэстээх түгэн баара. Биир дойдулааҕым, обком лектора, наука дуоктара, профессор Валентин Степанович Луковцев төлөпүөнүнэн: «Доҕоор, миниистир миэхэ эрийэн “эйиэхэ эппиэт суруйа олоробун” диэтэ. Онон эн биһикки бу курдук кэпсэтэн кэбиһиэх. Эн, аны буккуур тахсыбатын курдук Валерий Луковцев диэн ааккын толору суруйар буол», – диэн сиэрдээхтик эппитэ. Онтон ыла «Дэли» эҥин дэнэ сылдьыбыттааҕым.