Политическай тутул итинник мөлтөөһүнэ үүммүт үйэҕэ сүҥкэн экологическай уларыйыылары кытта дьүөрэлэһэр чинчилэннэ. Өскөтүн хас да кэлиҥҥи үйэҕэ сир экологията улаханнык уларыйбакка, омуктар үөскээбит сирдэригэр государство тэринэн олоро сатаабыт буоллахтарына, балысхан экологическай уларыйыылар сүүһүнэн мөлүйүөн дьону атыйахтаах уулуу аймаан, сыҕайан, Сибиир диэки көһөргө күһэйиэхтэрин сөп. Оннук түбэлтэтигэр Россия государство быһыытынан туруулаһан хаалара уустук. Оччотугар саха омук тарҕаммыт сиригэр-уотугар элбэх араас дьон тоҕуоруһуо. Онон атын айылҕа, быһыы-майгы, сыһыан, тутул олохтонуо. Оннук тутулга дьүөрэлээх саҥа стратегияны, өйү-санааны иҥэриммит көлүөнэни бэлэмниир сыал-сорук субу тирээн кэллэ. Онон ааспыт былдьаһыктаах сүүрбэ сыл бэйэтэ туспа кирбии, быыһык кэмҥэ бэлэмнэнии быһыытынан сыаналаныан сөп. Бу быыһык кэмҥэ саха омук туох-ханнык уларыйыыларга бэлэмнээх буолара эрэйиллэрий, ирдэниллэрий? Манна мин сэттэ араас ирдэбилгэ болҕомтону тардыам этэ.
Бастакы ирдэбил – айылҕа уларыйыыта. Билиҥҥи кэрчик экологическай кэми глобальнай сылыйыы кэмэ диэн анал үөрэхтээхтэр дакаастыыллар. Хотугу эргимтэҕэ олорооччулар ону тулалыыр эйгэлэрэ уларыйыытын кэтээн көрөн бигэргэтэллэр, кэрэһилииллэр. Ити айылҕа уларыйыытын саамай сэрэхтээх көстүүтүнэн Сир магнитнай полюстара хамсааһыннара буолар дииллэр. Ол олус күүһүрдэҕинэ муус ууллан, сир-дойду иэнэ тосту уларыйыа, оччоҕо олохпут эйгэтэ эмиэ тосту уларыйарыгар бэлэмнээх буоллахпытына сатанар. Ол эбэтэр айылҕа үөрэҕин дириҥник баһылааһыны уонна айылҕаттан быһаччы тутулуктаах дьарыктары солбуйар атын ииттинэр дьоҕурдары, тэрилтэлэри сайыннарыахха наада буолар. Саха бэйэтин «айылҕа тыынынан тыынан олоробун» диир өйдөбүлүн дьиҥнээх ис хоһооно дьэ онно арыллыа. Атын сиртэн кыһарыллан көһөн кэлбит дьон биһиги айылҕабыт уратытын билбэт, сатаан туттубат буолуохтара. Оччотугар биһиги, олохтоох омуктар буоларбыт быһыытынан, дьиҥнээх хаһаайыттар курдук дьаһанар туруктаах көрсүөхтээхпит.
Иккис ирдэбил – цивилизациялар хоту диэки сыҕарыйыыларыгар уонна харсыһыыларыгар бэлэмнээх буолуу. Бу урукку өттүгэр биһиги көрсүбэтэх үлүгэрбит. Былыыр-былыр кытай, монгол омуктар цивилизацияларын кытта алтыһан ааспыт буолуохтаахпыт. Онтон европейскай цивилизация нууччалыы көрүҥэ православиенан күөн түстэммитигэр буккуллубуппут. Билигин Россияҕа исламскай цивилизация быгыалаан эрэр, глобальнай диэн ааттанар американскай цивилизация сабыдыала күүһүрэн иһэр. Онуоха тилэх баттаһа улуу Кытайга охтуу эмиэ сыллата сэтэрэн иһэр. Онон цивилизациялар араас көрүҥнэрэ биһиги тиэргэммит иһигэр киирэн өй-сүрэх мөккүөрүн күөдьүттэр күөдьүтэллэр. Биһиги бэйэбитин ханнык да цивилизациялаах курдук чуолкайдык санаммаппыт, ол түмүгэр барытыгар тардыалаһа олорон өйбүтүн сүүйтэрэн, бэйэ дьоһунун ыһыктар куттал тирээтэ. Дьиҥинэн биһиги, Хотугу эргимтэ олохтоохторо, бэйэбит айбыт, тута сылдьар цивилизациялаахпыт – ол арктическай цивилизация. Ситэри эттэххэ, циркумполярнай, ол эбэтэр Хотугу эргимтэ тула тарҕаммыт цивилизация ураты көрүҥэ. Ону тутуһа сатаан сахалар элбэх эрэйи да, сэмэни да ылыналлар, тулууру да көрдөрөллөр. Дьиҥэр, ис-иһигэр киирдэххэ, бу да кинигэҕэ тиһиллибит докумуоннар өй-санаа харсыһыытыгар, хотугу цивилизация уонна атын цивилизациялар күөнтэһиилэригэр саха дьоно бэйэлэрэ тутуһар цивилизацияларын көмүскүүр дьүккүөрдэрин кэрэһилииллэр. Иччилээн үөскээбит төрөөбүт төрүт өбүгэ сир кыаҕынан өлбүгэҕэ тиксии, тыһыынчанан сылларга чочуллубут олох отуорун тутуһуу, омук дьоһунун сүнньүн – тылын, кут тууратын тутуһуу, инникигэ кэскили торумнааһын – бу барыта төрүт хотугу цивилизацияны көмүскээһин, кини эрэ маннык айылҕаҕа, сиргэ-уокка табыгастааҕын дакаастааһын. Маннык өйү-санааны ситэри өйдөөбөккөлөр, татым ычалаахтар омугумсуйууга, былааска өттөйүүгэ сыбыы сатаан, хаарыаннаах дьоммут сырдык тыыннарыгар турбуттара. Дьиҥинэн, Сир олоҕун хаамыытынан көрдөххө, бу киһи аймах олорор эйгэтин харыстааһын, айылҕа туругун алдьаныытын үмүрүтүү буолар. Оттон государстволар баар да буолуохтара, суох да буолуохтара, кинилэр омук историятынааҕар быдан кылгас дьылҕалаахтар. Онон саха омук бэйэтин олорор Хотугу эргимтэтин айылҕатын харыстааччыта, хаһаайына диэн сайдыы кэскилин ис тыынын быһыытынан өйдөбүлэ бу кэлиҥҥи сүүрбэ сылга чуолкайдык өйдөнөр буолла. Ону кэрэһилиир докумуоннар бу кинигэҕэ элбэхтэр.
Үһүс ирдэбил – киһи аймах аһаҕас аартыгар үктэнии. Өксөкүлээх эппитинии, Хотугу муус байҕал хоонньугар хорҕойо сыппыт дьокуут омук сүүрбэ биирис үйэҕэ аан дойду аартыктара балысханнык арыллыбыт ухханнарыгар кииристэ. Урут олоҥхоҕо эрэ аан дойдуну курдуу эргийэ сылдьыбыт бэйэтэ илэ сири-дойдуну оройунан көтүтэ сылдьар буолла. Бэл оһох холумтаныттан арахпатах саха дьахталлара тимир көлөнү миинэннэр аан дойдуну анаарар күүстээх-кыахтаах буоллулар. Маннык аһаҕас эйгэҕэ үктэнии омук туругар дьайар үтүҥтэ да, мөкүтэ да биллэн эрэр. Ыччаты билигин патриоттар уонна глобалистар диэн икки бөлөххө араарыахха сөп. Патриоттар Саха сиригэр олохсуйар баҕалаахтар, оттон глобалистар ханна кыалларынан быдан барыстаах, сымнаҕас айылҕалаах государстволарга сыстан олохсуйарга баҕараллар. Урукку көлүөнэ ыччаттар иннилэригэр маннык талыы тирээн турбат этэ. Муҥ кэҥээтэҕинэ, Советскай Союз сабардамынан тарҕаналлара. Оттон аныгы ыччат төһөнөн сайдыылаах да, соччонон дойдуларыгар батан олорбот, аан дойду киэҥ киэлитинэн тарҕанар кыахтаналлар. Онон төрөөбүт дойдуга тапталы, бэйэ норуотугар туһалаах буолар санааны иитэн таһаарар анал сыал-сорук турда. Онуоха биир туһалаах матырыйаалынан бу уларыйыы мүччүргэннээх кэмнэригэр туруулаһан мөхсүбүт саха ыччаттарын талыыларын туһунан кэпсиир кинигэ буолара саарбаҕа суох.
Төрдүс ирдэбил тас эйгэ уларыйыытыгар киһи ис кыаҕа дьүөрэлэһиитигэр туруоруллар. Ол эбэтэр аныгы кэм тэтимэ олус күүскэ уларыйда, киирбит-тахсыбыт, турбут-олорбут, иилэ хабан ылан туттан-хаптан иһэр киһи ситиһиилээх буолар үйэтэ үөскээтэ. Былыргы курдук сыта-тура толкуйдаан, араастаан эридьиэстээн, атах тэпсэн олорон быһаарсар кэм ааста. Онуоха дьүөрэлээх ээл-дээл, муҥкук, сыылба сырыылаах, бытаан айаннаах майгы эмиэ хааларыгар тиийэр. Түргэн-тарҕан туттуулаах, элбэх дьарыгы тэҥҥэ тутар, үгүс киһини кытта алтыһар, улаҕа санаатын булкуттарбат ис чиҥнээх киһи табыллар бириэмэтэ буолла. Онуоха дьүөрэлээн аныгы саха оҕото хамсаныыта, өйдүүр-толкуйдуур тэтимэ быдан түргэтээбитин психологтар бэлиэтииллэр.
Маны сэргэ аныгы тэтимнээх, күрэс былдьаһыылаах олох киһи эт-хаан өттүнэн чиргэл буоларыгар кытаанах ирдэбиллэри туруорар. Араҥ киһи соһуллан хаалар. Онон сайдыылаах диэн ааттанар государстволарга оҕону кыра эрдэҕиттэн чиргэл буоларыгар, эдэр ыччат спордунан күүскэ дьарыктанарыгар ураты болҕомтону уураллар, куһаҕан дьаллыктартан харыстыыллар. Оттон күөн көрсүөхтэрэ, былдьаһыахтара-атахтаһыахтара диэбит омуктарын ыччаттарын куһаҕан дьаллыкка сутуйа сатыыллар, быртах дьарыктарга сыһыараллар. Ол курдук, биһиэхэ, Россияҕа да, Саха сиригэр да, көлүөнэни көлүөнэнэн араҥ, содур, бэйэни кыайан салайынар кыаҕа суох турукка киллэрэргэ бу сүүрбэ сылга күүскэ туруммуттара. Онуоха киин былааспыт таах олорон биэрбитин түмүгэр ол ыччаппыт кэскилигэр ыар содулланна. Билигин төрөппүттэр, дьон саҥа өйдөнөн, пиибэ, арыгы, наркотик, проституция, криминал, араас быдьар быһыы тас көстүүтүн харах халтарыйар угаайытыттан дьэ босхолонуох, утарсыах курдук буолан эрэллэр. Ыччаты ыччат угуйар. Онон дьоһун сиэрдээх-майгылаах, туруулаһар кыахтаах ыччат дьону өрө тутан, биһирэмнээх холобур буолалларын ситиһэр сорук турда.
Бэһис ирдэбил олоҕу анаарар көрүү уларыйыытыгар сытар. Ол эбэтэр киһи олоҕо диэн киҥкиниир киэҥ куйаар эйгэтиттэн ситим тарпыт кут сайдыыта буолар диэн төрүт өйбүтүн-билиибитин саҥалыы сайыннарыы. Материалистыы мас курдук судургутук олоҕу анаарыы түмүгэр киһи олоҕун ураты кистэлэҥ анала суураллар, суолтата намтыыр, бэйэни салайынар кыаҕа кыаһыланар. Оттон төрүт сахалыы өйдөбүллэринэн ырыттахха, киһи ис кыаҕа – бараммат күндү барҕа. Ону тута сылдьар буолан саха ыччата барытыгар дьоҕурдаах, атын омуктар ыччаттарыгар күөнүн түһэн биэрбэт. Оннук күүһүгэр күүһү, кыаҕар кыаҕы, эрчимигэр эрчими эбинэр буолан, саха ыччата оччугуйтан да улаханы үөскэтэр, таһаарар кэскиллээх. Онон «кыра-хара омукпут» диэн бэйэни сэнэнииттэн тардыныахха, ыччаппыт кэскилин таҥнарымыахха. Суорун Омоллоон саханы «куттас омук» диэн эппит да буоллаҕына, кини, арааһа, төрүт кыаҕын батталга киэптэтэн, хас репрессия аайы көҕүрээн, алааһыгар бүгэн ордубут дьонун аһынан эппитэ буолуо. Куттас, кутуйах хороонун кэҥэтэр омук маннык үс мөлүйүөн квадратнай километр тухары тайаан сытар сири иччилээн, олох-дьаһах тэринэн иитиллэн олоруо суох этэ. Биһиги курдук ахсааннаах уонна онуоха дьүөрэтэ суох киэҥ сирдээх омук бүтүн аан дойду үрдүнэн суох. Айылҕата тыйыһын этэ да барыллыбат. Онон сиҥнэриилээх, сэнээһиннээх сыһыаҥҥа киирэн биэрэр ончу сатаммат. Хата, төттөрүтүн, дьэ эбии сэтэрэн, дьэ эбии кэҥээн кимиилээхтик киирсэн иһиллиэхтээх. Ол курдук саха интеллигенцията быыһык кэмнэргэ туруорсуулаах буолара. Бу кинигэ эмиэ ол кэрэһитинэн буолар.