Ол иһин биһиги Валерий Луковцев-Дьурустааны үрдүктүк сыаналыыбыт, махтанабыт уонна уһун айымньылаах олоҕу баҕарабыт.
Ульяна Алексеевна Винокурова,
социология билимин дуоктара,
РАЕН академига
I ТҮҺҮМЭХ
САХА ОМУК ҮЙЭЛЭР КИРБИИЛЭРИГЭР[1]
Былдьаһыктаах кэмнэр хас үйэ аайы саха омук туһугар мүччүрүйбэт түөрэх түһэрэр ыгым түгэннэри үөскэтэллэр. Олох уларыйыытын ис дуорааныттан «күн-хаан күһэйэр, күһэҥэ быстар кыһалҕата тирээн кэллэҕинэ», дьылҕа хаан тургутуутун өбүгэлэр тыыннарынан ис тыыннаммыт, «өргөс кылааны өрө үүннэрэн… хатан тимир халтарыйар, ыстаал тимир сынтарыйар ыйыллаҕас санааны ылынан, арайбакка-чачайбакка, мөлтөөбөккө-ахсаабакка… биири эрэ бигэтик саныыр…» туруу дьон күөннэринэн көрсөллөр.
Саха омук историятын сурукка-бичиккэ киирбит өрүттэрин сааһылаан, өлбөт-сүппэт стратегиятын үөһүн таба тутан сыыйан араарар буоллахха – бу өйүнэн инникини өтө көрө сатааһын, онно арыллар саҕахтарга чөл туруктаах тиийэргэ дьулуһуу. Онон ааспыт кэмнээҕэр, билиҥҥи түгэннээҕэр кэскил быдан суолталанар. Ол да иһин көрбүөччүлэр, ичээннэр, инникигэ дьулуһааччылар – саха сүгүрүйэр, ытыктыыр дьоно буолаллар. Кэлэри баардыы гынарга дьулуһуу – саха менталитетын уратыта. «Ыраламмытыҥ ытыскар түһүө» диэн өйгөр оҥорон көрөн дьулуспутуҥ эрчимнээх санаа батаһа буолан, илэ тиийэн кэлэр кыахтаах диэн итэҕэллээхпит. Онон ыччат, эдэр киһи иннин быһа этэр сэттээх-сэлээннээх. Ыччаты сырдыкка, үтүөҕэ, кэрэҕэ уһуйар ыралаах норуот педагогиката чочуллубута. Омук кэскилин туһугар сырдык ыралаах туруулаһыы сүппэт-оспот туруктаах. Биһиги да көлүөнэбит ыччат, эдэр уонна орто саастаах дьоно, интеллигенцията орто туруу бараан дойдуга көдьүүһэ суох көлдьүн күүрээн буолбата. Ол биир туоһутунан бу күн сирин көрөн эрэр дьоһуннаах кинигэ буолар.
Бу кинигэҕэ тиһиллибит докумуоннар, ыстатыйалар элбэҕи санаталлар, өйгө-санааҕа былдьаһыктаах кэммит ис туругун тилиннэрэллэр. Түргэнник даҕаны барыта мүлүрүйэр, тумул нөҥүөттэн бүтэҥитик иһиллэр ой дуораанын ньиргиэрин курдук буолар эбит. Кинигэҕэ суруллубут чахчылар барылара биир тиһиккэ мунньулланнар, биир кэлим көстүү буолан историческай суолталаах кимиилээхтик киирсибит оччотооҕу интеллигенция ааспыт үйэлэргэ турууласпыт саха саарыннарын күөннэригэр ойууламмыт. Орто, эдэр көлүөнэ дьон далааһыннаах туруулаһыытыгар, бэйэтин дьоһунун тууратын тутарыгар, өбүгэ тыынынан салайтарыытыгар кини ааспыт көлүөнэлэр дьиҥ кырдьыктарын буларга, ону үйэтитэргэ дьулуспута. История кырдьыгын хасыһан буларга бэлэмнээх буолан, уларыта тутуу арыйбыт аанын өссө тэлэччи аһан, саха историятын ир суолун ирдээбитэ, тоҥ суолун тордообута. Халыҥ идеологическай көмнөхтөн төрүт дьоннорбут ааттарын-суолларын ыраастаан, кинилэр үтүө ааттарын, туруорсубут идеяларын билиҥҥи кэмҥэ сирдиир, салайар суолталаабыттара. Ол түмүгэр эрэллээх тирэх үөскээбитэ. Саха историята саха саарыннарын олоххо дьулуурдара быстыбаттык салҕанарыттан турара чаҕылхайдык көстүбүтэ. Көҥүлгэ, сомоҕолоһууга, бэйэни салайыныыга дьулуһуу – саха историятын интеллектуальнай традициятын ис туурата, умнуллубат-өспөт эрчимэ. Ону утумнаан, ону салҕаан, саха саҥа көлүөнэлэрэ үйэлэр кирбиилэрин дабайаллар уонна кэлэр көлүөнэҕэ кэриэс туттараллар. Оннук суолталаах бу кинигэ ис хоһоонугар тыктаран биһиги кэммит эдэр уонна орто саастаах интеллигенцията туохха ордук дьулуһан, тугу кыайан күөн туттарын, тугу сиппэккэ хом санаалааҕын кылгастык сыныйан көрүөххэ. Олох ыҥырар-угуйар көстүүтэ, итэҕэһэ-быһаҕаһа, үтүөтэ-мөкүтэ түгэҕэ биллибэт. Оттон киһи да, бүтүн омук да ычата кэмнээх-кээмэйдээх гына айыллыбыт, онон сирдээҕи олох отуорун хайа да бэйэлээх атыйахтаах уулуу дьалкытар анала суоҕа абырыыр. Барыта сүтэр-оһор, көннөрүллэр буолан, сиргэ олох салҕанар кыахтаах гына айыллыбыт. Онон кэлэр кэскил хас көлүөнэ аайы саҥаттан тыргыллар.
Саха сиригэр саҥа олох саҕаламмыта быйыл сүүрбэ сылын туолар. Бу историческай биэтэги Саха сувереннай өрөспүүбүлүкэтин төрүттээбит Михаил Ефимович Николаев Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Председателинэн талыллыбыт күнүттэн ааҕабыт. Бу сүүрбэ сыл устата саха көҥүлгэ, сомоҕолоһууга уонна бэйэни салайыныыга дьулуспут дьулуһуута хайа да үйэлэрдээҕэр ордук сытыытык турбута, туолбута уонна билигин саба баттанар куттала суоһаата.
Сүүрбэ сыллааҕыта социалистическай лааҕыр ыһыллан, киһи аймах геополитическай дьылҕата тосту уларыйбыта. Улуу Советскай Союз араас ньыманан холбообут тутула үрэллэн, биэс уонча саҥа государство үөскээн, омуктар нация быһыытынан сайдар, уйаннара-хатаннара тургутуллар суолугар үктэммиттэрэ. Сорохтор өссө эбии бытарыйан, атыттар сэрии уотугар киирэн биэрэн, угаайылаах сабыдыалга түбэһэн түөрэхтэрэ түҥнэстэн, эрдиитэ суох тыы курдук, ытылла сылдьаллар. Билиҥҥэ диэри чахчы көнөр-сайдар суолу туппут социалистическай лааҕыртан босхоломмут биир да омук, нация суох. Политологтар этэллэринэн, өссө да ситэри арахсыы, үүммүт үйэ ирдэбиллэригэр дьүөрэлээх омуктар-нациялар аныгылыы тутуллара үөскүү-сайда иликтэр. Күүс өттүнэн сир ресурсаларын үллэстии баарын тухары, киһи, омук бэйэтин дьоһунун харыстыыр, туруорсар кыаҕа суоҕун тухары киһи аймах сайдыыта харгыстана туруоҕа. Оттон Россия бу сайдыы суолун төрдүн да тута илик. Онон биһигини өссө да уһун унньуктаах айан күүтэр. Хайа да көлүөнэ дьаныардаах турунуулардаах, быһаарыылаах талыыттан мүччү түһүө суоҕа. Олох хамсыыра хаһан баҕарар икки сирэйдээх, онтон сырдык өттүн талар тустаахтарга тирээбит кэмигэр уустук буолар.
Сир планетатын олоҕун кэрдиис кэмнэрин уратыларыттан киһи аймах олоҕо быһаччы тутулуктаах. Биһиги, Хотугу полюс чугаһыгар ирбэт тоҥ муустаах сиргэ олохсуйбут омуктар, айылҕа туругун хаамыытынан салайтарабыт. Тыһыынчанан сылга бэйэ ис кыаҕар тирэнэн олох олорор ньымалары тобула сатаабыппыт. Онтон кэлиҥҥи үйэлэргэ сабардыыр государство тутулугар олорор ньымаҕа үөрэнэ сатыыбыт.
Ааспыт кэмнэр кэрискэлэрин сыыйа-баайа ырыттахха, саха ситиһиилээхтик, кимиилээхтик туруулаһара, бэйэтин кыаҕын эбэн иһэрэ ырылыччы көстөр. Дьылҕа хаан тургутууларыгар өлбөт үөскэ үйэлэри уҥуордуур далаһа быраҕарга өркөн өйдөөх, эрдээх санаалаах, оҕуруктаах ньымалары сатабыллаахтык айар күөн туттар салайааччылардаах буоламмыт, быста-быста салҕаммыт эбиппит. Ханнык да кэмҥэ «кэмэ оннук» диэн саптан кэбиспэккэ, дьон-норуот туһа диэн туруулаһар бас-көс дьоннордоох буоламмыт, хайа да омуктааҕар киэҥ сири сабардаан, төрүт омук уратытын барытын ботуччу тутан олордохпут.
Сэһэн Ардьакыап, Күлүмнүүр, Платон Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Барахов, Илья Винокуров, Михаил Николаев чахчы да саха үрүҥ тыынын өрүһүлтэтэ, суон тулааһын буолбут дьон. Ол сүрүн дакаастабылынан кинилэр саха омугу бытаныыттан, өлүүттэн-сүтүүттэн, сааттан-сууттан быыһаабыттара буолар. Кинилэргэ тосхойбут былаас боломуочуйаларын норуоттарын туһугар туһаайан, үрдүкү былаас дьаһалтатын төрөөбүт норуоттарын көмүскээһиҥэ хайыһыннаран, өлөр өлүү, кэхтии маҥалайыттан көмүскээн ылбыттара. Кинилэр саха салалтатын сүрүн ньымаларын чочуйбуттара. Ол эйэлээх уонна туруорсуулаах стратегия, норуот туһатыгар былааһы үлэлэтии, дьон кыһалҕатын быһаарыы, баһылык тус ытык иэһэ диэн уонна кэлэр кэскилгэ олук охсон хаалларыы курдук киэҥ дириҥ стратегияны тутуһан хоннохтоохтук-хорутуулаахтык дьаһаныы. Маннык эрэ хайысхалаах былаас дьон итэҕэлинэн күүһүрэр, сүппэт-оспот суола эндирдээх олох хайысхатын ыйар. Ол да иһин эдэр көлүөнэ олох күөнүгэр эрчимнээхтик киирэригэр суолдьут сулус курдук инники көлүөнэлэр күөн туттубут дарханнарын ааттарын тилиннэрэн, кинилэр идеяларын, стратегияларын тутуһар. Ааспыт сүүрбэ сыл былдьаһыктаах кэмигэр саха дьонун, ыччатын чулуулара «Саха омук», «Саха кэскилэ» хамсааһыннары сэргэ «Эдэр саас», Эдэр интеллигенция түмсүүтэ, «Тобул», «Түгэн», «Түмэн» курдук ыччат араас араҥаларын түмэр, сайыннарар, көҕүлүүр тэрилтэлэри түмэннэр, уларыта тутуу ирдэбиллэригэр олорон биэрбэтэхтэрэ. Ыччат тэрилтэлэрин да ааттара чопчу тирээн кэлбит түгэҥҥэ сайдыы суолун тобуларга эдэр саас өйдүүн-сүрэхтиин күүрбүтүн, туруммутун туоһулууллар. Ол саҕана үс араас суол арыллыбыта: бастакыта – көнөр көҥүлү көрдөөн көҥү түһэн өрө туруу, бас батарынан баламаттык барҕарарга дьулуһуу; иккиһэ – олох орто сүүрүгүн тутуһан, салгыбакка-салпакка дьулуурдаахтык өксөйөн иһии; үсүһэ – олох долгуннарыгар саба оҕустарбакка хаптайан биэрэн бас бэринии. Билигин сүүрбэ сыл түмүктэригэр урукку социалистическай лааҕыр государстволарын олохтоохторо бары сыанабыл быһаллар. Барыларыгар да бу кэрчик кэмҥэ олохторун уйгута тупсубата, советскай цивилизация тутулла сатаабыт киэбиттэн тахсыбакка олороллор. Арай Илин Германия, Польша, Прибалтика өрөспүүбүлүкэлэрэ эрэ Арҕаа Европа цивилизациятыгар былыргыттан тардыһыылаах буоланнар, сүтүктээх курдук санамматтар. Саха дьоно, хас да үйэҕэ бэйэлэрин салайынар киэптэрин былдьаппыт буоланнар, тута толугур соҕотох хаалар кыахтара хайдах да суох этэ. Онон М.Е. Николаев баһылыктаах саҥа былаас хайысхатын саха эдэр интеллигенцията өйөөн, күүс-көмө буолан, саха барҕатын түөрэҕин түһэриигэ туруммута. Бу олох орто үөһүн тутуһууну талыы – саха ыччата сиппит-хоппут лидердэрдээҕин туоһута. Онуоха ыччаты түмэр анал государственнай орган – Ыччат министерствота тэриллэн, онно государственнай да ыйыылары, гражданскай да инициативалары сатаан дьүөрэлиир В.П. Ноговицын үлэлээн, анал ыччат политикатын концепциятын айан, олоххо киллэрэн, саҥа саха государствотын тутарга дьулуһар тыыннаах, сыаллаах-соруктаах ыччаты сайыннарыыга туһаайыллыбыта улахан сабыдыалламмыта. Маны сэргэ ыччат аныгылыы билиилээх-көрүүлээх, идэлээх буоллаҕына, бөҕө тирэхтэниэҕэ диэн анал департамент тэриллэн хас эмэ уонунан тыһыынча ыччат киэҥ эйгэҕэ тахсан, кэскиллээх идэлэргэ үөрэнэллэригэр ҥйҥбүл оҥоһуллан ыччаты кинилэр тустарыгар туһалаах былаас төрүттэммитигэр итэҕэппитэ. Алаһа дьиэ кэскилин тэринэн, оҕо-уруу төрөтөн ыал буолар ыччакка анал кредиттэр көрүллэннэр, Саха сирин киэҥ киэлитигэр саҥа дьиэлэр сандаарыспыттара. Ити барыта эдэр ыччат тэрилтэлэрэ уонна былаас дьүөрэлээхтик, итэҕэйсэн үлэлээбиттэрин үтүө түмүгэ. Ол сылларга саха омук кытыы сиргэ хаалыылаах таһымҥа хааллыбыт киэбиттэн эмискэ бэйэни государство таһымынан салайынар кыаҕа суоҕа. Онон суверенитет бастакы уон сыла киһи ис капиталын мунньунууга туһаайыллыбыта саамай сөптөөх социальнай политика хайысхата эбит диэн билигин эрэллээхтик түмүктүөххэ сөп. Ити кэмҥэ саха омук тыын ылан, сиппэтэҕин ситэрэ сатыырыгар кыах бэриллибитэ. Ол гынан баран, государствоны салайыыга эргиччи бэлэмнээх буолуу кылгас историческай кэмҥэ ситиһиллибэтэ эмиэ чаҕылхайдык көһүннэ. Ол биһиэхэ эрэ буолбатах, Россия бары аҕыйах ахсааннаах баттаммыт омуктарыгар эрэ буолбатах, бэл Илин Европа омуктара эмиэ уһуннук ыарыыланан, кыахтарын сайыннаран көнөр суолга үктэниэх кэриҥнээхтэр. Билиҥҥи туругунан экономикалара сатарыйан, дьонноро ыһыллан, сорохторо туспа государство да аатын былдьатыах курдуктар. Ол гынан баран, киһи бэркиһиэх, социологическай чинчийиилэр көрдөрөллөрүнэн, 44 европейскай омуктартан биир да омук ситиспит суверенитеттарын кирбиититтэн аккаастанар санаата суох, социалистическай лааҕырга төннөрү ыраламмат. Оччотугар ССРС ыһыллыытын аһыйар күүстэр аҕыйахтар, өссө ситэритин ити арахсыы билигин да ситэ бүтэ илик диэн сабаҕалыыллар. Улахан цивилизациялар киирсиилэригэр Россия бэйэтэ сиппит-хоппут цивилизация быһыытынан бэйэтин көмүскэнэр уонна үмүрү тардар кыаҕа ыһыллаҕас. Урукку өттүгэр киэбин таһынан тарҕана сатаабыта эмтэрийэн, дьиҥнээх төрүт сирдэрин сайдар кыахтарын хааччыйбакка, ис ньыгылын мөлтөтөр. Оннук политическай тутул киһи, омук харысхаллаах буолуутун хааччыйбат.