Бэлиэтэммитин курдук, И.С. Бурцев сүрүн идэтин, үлэтин таһынан суруналыыс, публицист, кыраайы үөрэтээччи, аҕа көлүөнэни, кэрэ-бэлиэ дьону, бэйэтин биир идэлээхтэрин, геология, геофизика, о.д.а. идэлэрин сырдатааччы быһыытынан эмиэ биллэр. Бэчээккэ элбэхтэ бэчээттэммитин таһынан таһааттарбыт кинигэлэрин ахсаана уоҥҥа тиийдэ. Үлэлээбит тэтимин ыһыктыбакка, аҥаардас кэлиҥҥи икки сылга «Бастакылар» (2020) уонна «Радиоактивная Якутия» (2021) кинигэлэри бэчээттэттэ. «Бастакыларга» кини аан маҥнай Саха сиригэр университет тэриллэн, сахаттан геолог идэтигэр күргүөмүнэн үөрэнэн, чулуу үлэһит буолбут аҕа табаарыстарын, үөлээннээхтэрин, дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэ илик геофизиктэр тустарынан сырдатта. Иккис кинигэтин тиэмэтин хомуурунньугун аата ыйа сылдьар. Ити курдук кини сылайары-салҕары билиммэккэ, үлэлии-хамсыы, суруйа-бичийэ сылдьар. Олоҥхо бухатыырыныы, кэннинэн кэхтибэккэ, сылайары-сындалыйары аахсыбат, сааһырыыны билиммэт эколог Уйбаан Бурцев эппит тылын энчирэппэт, туруоруммут соругуттан туораабат. Билигин даҕаны айылҕаны туруулаһар үлэтин-хамнаһын үгэнигэр сылдьар.
Ситиһиллибитинэн уоскуйбат, кэскили туруулаһар айыы бухатыыра
Мантан салгыы И.С. Буурсап үлэтин биир сүрүн хайысхатын, инники сүрүн соруктарын сырдатар ыйытыкка хоруйун улуу Арассыыйа биэс гыммыттан биирин ылар баһырхай сир баайдаах Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр, саха уонна хотугу төрүт омуктар, олохтоох нуучча нэһилиэнньэтин дьылҕатыгар олус актуальнайын уонна кини көтөхпүт проблемалара өссө да аһаҕас туралларын учуоттаан, ааҕааччы болҕомтотугар туһаайабыт:
– Иван Семенович, эн олоҕуҥ үгүс сылларын Сахаҥ сирин айылҕатын көмүскэлигэр анаатыҥ. Кэлин сылларга радиация – сир аннынааҕы ядернай эһиилэр уонна урут хостоммут аһаҕас халлаан анныгар хаалларан кэбиспиттэрэ тулалыыр эйгэҕэ, киһиэхэ-сүөһүгэ, кыылга-сүөлгэ олус кутталлааҕын, куһаҕан содулларын үөрэттиҥ. Олор тулалыыр эйгэҕэ буортулаах дьайыыларын аччатарга бэйэҕин харыстаммакка үлэлээтиҥ. Итини барытын соторутааҕыта суруйбут «Якутия радиоактивная» диэн дьоһун кинигэҕиттэн да билэбит. Кинигэҕэр радиация дьайыытын суох оҥорууга үлэ ситэ ыытыллыбата, бу олус уустук проблема өссө да кыайан быһаарыллыбата диэбиккин. Радиация дьайыытын туоратар управлениены Арассыыйаҕа аан бастаан Саха сиригэр тэриллибитин туох да төрүөтэ суох тохтотон кэбиспиттэрин эмиэ билэбит. Арай управлениеҕын иккистээн тилиннэрэр буоллар, аан бастаан туох үлэни ыытыаҥ этэй?
– Мин управлениены салайарбар анал лицензиялаах, үлэ ыытарга көҥүллээх киин научнай институттары, үгүс биллиилээх, ааттаах-суоллаах учонайдары кытта сибээс олохтообутум, үлэлэппитим. Олор «Росатом» үлэһиттэрин мөккүһүннэрбэт гына түмүктэри ылан испиттэрэ. Кинилэр үлэлэригэр олоҕуран, Саха сиригэр оҥоһуллубут 12 сир аннынааҕы ядернай дэлби тэптэрииттэн «Кратон-3» (1978 с.) уонна «Кристалл» (1974 с.) саахаллаах эһиилэр сирдэрин чөлүгэр түһэриигэ (реабилитация) бырайыак оҥотторбуппут. Хомойуох иһин, «АЛРОСА» АХ ити бырайыак ирдэбилин ситэ толорбото, тулалыыр эйгэҕэ куттал суоһуура тохтотуллубата. Мин кэннибиттэн радиация боппуруоһунан дьарыктаммыт Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ хонтуруолун кыайбата. Иэдээннээх саахалы таһаарбыт «Росатом» институтун (ВНИПИпромтехнология) итэҕэйэн ити үлэни толотторо сатаабыттарын, киниэхэ бас бэринэн кэбиспиттэрин түмүгэр итинник буолла.
Холобур, кэнники докумуоннар көрдөрөллөрүнэн, «Кристалл» эһиигэ «чөлүгэр түһэрии» кэнниттэн (12 сыл буолан баран) эһии сириттэн радионуклид тахсарын, алмааһы хостуур шахтаҕа кытта киирэрин, оттон күрүөлээбит остуолбалара сууллан эрэллэрин министиэристибэ бэйэтин сыллааҕы дакылаатыгар уонна атын учуонайдар үлэлэригэр суруллар. Кэтээн көрөргө аналлаах скважиналары бырайыак ирдэбилин тутуспакка ситэ үүттээбэтэхтэрин, радионуклиды аһарбат цеолиттаах ханаабаны оҥоро сорумматтарын туһунан үгүстүк сурулунна.
«Кратон-3» саахаллаах эһиигэ балаһыанньа өссө уустук. Ону Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин сыл аайы таһаарар дакылаата толору туоһулуур. Ол курдук, 2015 с. (чөлүгэр түһэрии кэнниттэн 8 сыл буолан баран) ити объекка үүнээйи (мас, муох, о.д.а.) уодаһыннаах радионуклид арааһын нуорматтан 5000 төгүл элбэҕи бэйэтигэр иҥэриммитэ суруллар. Оттон эһии буолаатын кытары радионуклидтаах былыт Марха сүнньүн барытын сабардаан, Бүлүүнү ааһа барбытын өрөспүүбүлүкэ синоптиктара архыып докумуоннарыгар олоҕуран сабаҕалаабыттара. Ол былыт суола үөрэтиллибэтэҕэ.
Ити аҕалыллыбыт холобурдар бу икки саахаллаах сиргэ чөлүгэр түһэрэр үлэ ситэ ыытыллыбатаҕын, тулалыыр эйгэҕэ, тыынар тыыннаахха куттал туоратыллыбатаҕын көрдөрөллөр. Бу сирдэргэ хаачыстыбалаах үлэ хайаан да бастакы уочарат ыытыллара эрэйиллэр.
Оттон Орто Ботуобуйатааҕы ньиэп, гаас сөҕүмэр баайдаах сиргэ 7 төгүл ядернай эһии оҥоһуллубута, онно радионуклидынан киртийии баара биллэр эрээри, ситэ чуолкайдаммата. Манна чинчийэр үлэ ситэ-хото ыытыллыбата, онон биһиги былааннаабыт, программаҕа киллэрбит үлэбит салҕаныахтаах.
Уран рудалаах сирдэр. Алдаҥҥа 1 мөл. тонна ураннаах рудалары үрэхтэр хочолоругар таһааран сытыараллар. Олор үрэхтэр ууларыгар, тулалыыр эйгэҕэ суураллан киирэллэр. Учуонайдар итини барытын киһи итэҕэйэр гына дакаастаабыттара да маныаха дьаһал ылыллыбат, үлэ ыытыллыбат. Билигин «Луннай» диэн учаастакка уран рудатыттан кыһыл көмүһүн уонна үрүҥ көмүһүн арааран, ылҕаан ылан баран, руданы эмиэ үрэх кытылыгар ыскылааттыыллара, онон сири дойдуну радиациянан киртитии салҕанара иһиллэр. «Луннайга» маны тохтотор дьаһаллар уонна атын кирдээх сирдэри ыраастыыр үлэлэр хайаан да ыытыллыахтаахтар. Аан дойдуга сири-дойдуну радиациянан маннык киртитии атын холобура суох, киртийии далааһына, куттала сөҕүмэр. Улахан, сыралаах, уустук, тэрээһиннээх, уһун кэми эрэйэр үлэ ыытыллыахтаах. Бу кыалла илик боппуруос Арассыыйа таһымыгар быһаарыллыахтаах.
Өлөөн сиригэр Томтор Таас диэн сэдэх элимиэннэринэн баай сир баар. Маннык баай аан дойдуга суох дииллэр. Бу баайы барытын өрөспүүбүлүкэттан былдьаабыттара, чааһынай илиигэ биэрбиттэрэ. Сотору хостуур, таһар үлэни саҕалыахтара. Сөҕүмэр сыаналаах сэдэх элимиэннэри кытта уран, торий уонна дьааттаах таллий баара биллэр. Олор төһөлөрүн-хаччаларын ааҕар үлэ хостооччулар түөрэ сүргэйиэхтэрин иннинэ ыытыллыахтаах этэ. Оннук үлэ баччааҥҥа диэри ситэ оҥоһулла илик. Бу баай Анаабыр өрүс тардыыларын баһыгар баар. Сири-уоту харыстаабакка тоҕо сүргэйэн бардахтарына, баай балыктаах маанылаах Анаабыр эбэ киртийэр, Томтор Таас тулатынааҕы таба мэччирэҥэ сүһүрэр куттала баар. Итини сэрэтэр, туоратар үлэ радиациятын, дьааттаах таллийын аан бастаан быһаардахха, хостооччуларга эттэххэ, туруорустахха эрэ кыаллар. Ити үлэ манна ыытыллара булгуччулаах.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «ЛитРес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на ЛитРес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.