Луковцев, Валерий Николаевич
Кэм кэрэһиттэрэ: уус-уран уочаркалар, ойуулааһыннар, ахтыылар, публицистика, интервьюлар, сыһыарыылар
УРАТЫ ДЬҮҺҮЙЭР НЬЫМАЛААХ
Бу саҥа кинигэ ааптарын Валерий Николаевич Луковцев-Дьурустааны мин отучча сыл устата билэбин. Кини бэйэтин баҕа өттүнэн, утарсарбын кэрэйбэккэ, миигинэ суох, «Биһиги, сахалар…», «Сказ о народе саха» диэн кинигэлэрбин презентациялааһыны тэрийэн, оччотооҕу тыҥааһыннаах сыһыаҥҥа көмүскэспититтэн ыла ордук бодоруһан, алтыһан, бииргэ үлэлэһэн кэллибит. Уларыта тутуу, саха государственноһын суолун тобулуу, сомоҕолоһуу уонна атааннаһыы, өйдөһүү уонна өсөһүү, туруорсуу уонна чугуйуу, эрэнии уонна кэлэйии, ситиһии уонна хотторуу – барыта баара бу уустук будулҕаннаах кэмнэргэ.
Ааспыт 30 сылы биһиги айдыбыт, туттубут: ситиһиитин уонна хотторуутун тэҥҥэ үллэстэбит. Политика аам-даам тумана саба түһэрин А. Борисов «Хаарыан хампа күөх кытылым» диэн театральнай айымньыта эрдэттэн сэрэтэн, биһиги кэлэр кэскил туһугар кыһаллыахтаахпытын көрдөрбүтэ. Саха интэлигиэнсийэтэ театральнай искусствоны сайыннарар араҥата суолдьут сулус буолбут суолтатын ыһыктыбакка сылдьар буолан, норуотун ис чиҥин бөҕөргөтөр, саҥа көлүөнэ ыччаттарга духовнай өйдөбүл, нүөл кырыс буолар.
Маны сэргэ ХХ үйэ иккис аҥаарыгар сахалыы төрүт өйдөөх, санаалаах, дьоһун майгылаах, саха олоҕун ис тыыныгар иитиллибит бөдөҥ суруйааччыларбыт сабыдыаллара үйэлэр кирбиилэригэр төрүт тутулбутун туура туттарбатахтара. Семен уонна Софрон Даниловтар, Далан, Болот Боотур, Моисей Ефимов, Иван Гоголев, Тумарча уонна литература кириитиктэрэ, чинчийээччилэрэ Василий Протодьяконов, Эрчимэн – саха саҥатын күүһүрдэн, дьулуһуутун, кыһалҕатын дириҥник эҥсэн ырытан, государственнай таһымнаах өйдөбүллэргэ таһаарбыттара.
Ити быыһык кэмҥэ саха чаҕылхай учуонайдара В.П. Ларионов, А.И. Кузьмин, М.К. Гаврилова, И.А. Аргунов, З.А. Корнилова, В.Р. Дарбасов, о.д.а. олох-дьаһах бутууруттан, политическай быһыы-майгы ухханыттан ылҕаан, саха ыччатын харыстыы сатаабыттара, суолун-ииһин ыйбыттара. Улугурбут политическэй система итэҕэстэрин-быһаҕастарын быһаарарга Михаил Иванов-Багдарыын Сүлбэ, Егор Алексеев, Уйбаан Федосеев-Доосо, Далан, Георгий Борисов, Уйбаан Ушницкай, Уйбаан Николаев, Дмитрий Кустуров өҥөлөрө улахан. Ааспытын иннигэр аны санаатахха, кимэн да киирсиилэр бааллара. «Саха омугу» тэрийбит Владимир Тимофеевич Николаев саха көҥүл санаата көнөрүгэр элбэх сыратын биэрбитэ. Бу кэмҥэ культура, журналистика уонна үөрэх эйгэтэ саха туһа, дьылҕата диэн инники күөҥҥэ тахсыбыта. Уйбаан Шамаев, Егор Жирков, Николай Максимов, Дьурантай, Тэрис, Уххан, Дабыл, Уйбаан Бурцев, Хомус Уйбаан, Оһуохай Уйбаан, Баһылай Парников, Кыталык Баһылай, элбэх учууталлар суураллыбат суоллары тэлбиттэрэ, саха сахатынан кэрэ диэн ис туругу бөҕөргөппүттэрэ. Политическэй эйгэҕэ аан бастаан көҥүл өттүнэн холонуу саҕаламмыта. Бастаан айылҕаны харыстааһын өттүнэн киирсэн, онно тирэнэн, араас холбоһуктар үөскээн барбыттара. Ол туһунан сырдатар «Көлүөнэ ситимэ быстыбатын, үгэс салҕанарын туһугар» (2009 с.) кинигэҕэ элбэх матырыйаал киирбитэ.
Итинник өрө күүрүүлээх, будулҕан буурҕа курдук тула ытылла турар кэмҥэ М.Е. Николаев курдук государственнай уонна сахалыы тускуллаах баһылыгы талан таһаараммыт, нуучча уонна саха ньургуннара В.М. Власов уонна К.Е. Иванов, бастаан Аан Дархаммытыгар кынат дайыыта буоланнар, турууласпыппыт. Дьэ, кырдьык, саха дьолугар төрөөбүт киһи диэн саныыбыт. Кини политикатын биир уратытынан буолар этэ: саҥа көлүөнэ интэлигиэнсийэни иитэн таһаарар туһуттан ыччат общественнай хамсааһыннарын быһаччы көҕүлээһин уонна өйөөһүн.
Ол иһин «Эдэр саас», «Эдэр интеллигенция» ыччат уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ быһаччы Президеҥҥэ туруорсууларын тиэрдэр, государственнай таһымнаах өйгө-санааҕа иитиллибиттэрэ. Оччотооҕу 25–30 саастаах ыччаттарга тирэнэн, биһиги Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин суверенитетын бөҕөргөтүү, сайдыы историческай хардыыта ситиһиллибитэ. Уонна билигин ол ыччаттартан санааларынан, дьыалаларынан сүүмэрдэнэн, норуот түс-бас, сис дьонун таһымыгар ситтилэр-хоттулар, бэйэлэрэ иитээччи, уһуйааччы, салайааччы буоллулар. Олортон биирдэстэрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин демократическай акылаатын тутуспут, сахалыы сайдыылаах өй-санаа, быһыы-майгы олохсуйарыгар төлөннөөхтүк туруулаһар интэлигиэнсийэ биир бэлиэ бэрэстэбиитэлэ, кырдьыгы-сымыйаны, үтүөнү-мөкүнү эндэппэккэ араарар уонна ону күөнүгэр түһэрэн дорҕоонноохтук быһаарар ураты дьоҕурдаах, сытыы, муударай өйдөөх-көрүүлээх. ылыннарыылаах тыллаах, халбаҥнаабат майгылаах доҕорбут Валерий Николаевич Луковцев.
Дьэ ханнык дьон быыһык кэм тургутуутун бодолорун, дьоһуннарын сүтэрбэккэ, дьэ ордук күүһүрэн, ситэн-хотон, хатарыллан ытыктанар, ыйар-кэрдэр суолталаах таһымҥа тахсаллар эбитий? Дьурустаан холобуругар көрдөххө, аан бастаан төрүт сахалыы эйгэҕэ-тыыҥҥа иитиллэн, онно идэтийэн, норуотун дьылҕатын ийэтин үүтүттэн иҥэринэн улаатыахха наада эбит. Валерий Николаевич эдэригэр даҕаны уолҕамчы, охсуһуук позициялаах буолбатах этэ, тугу да быһа-хото эппэт, наһаалаабат, нэмин буларга, иллээх быһаарыыны, майгыны тутуһа сатыыр. Бэрт бэрээдэктээх, номоҕон, оттомноох да буоллар, иһигэр күүстээх, иитиилээх буораҕы мунньуммут, үүннэрбит эбит. Бас-көс интэлигиэнсийэ сабыдыалыгар иитиллэн история кэрэһитэ, норуоппут харысхала, ис дьиҥинэн, суобаһын кырдьыгынан олорор, айар киһи. Олох чахчыларын тылынан-дьыаланан күүһүрдэн, историческай суолталаах факт, событие гынар катализатор оруоллаах. Бэйэтэ быһаччы политическай акциялары тэрийэр, ситиһэр, көҥүл туһугар туруулаһар хорсун саха саарына. Сөптөөх ирдэбилгэ туһаайыллан, саха көҥүлүн, түптээх олоҕун, кэскиллээх сайдыытын туһугар сытыы бөрүө буолан саҕылынна, политиканы уонна историяны алтыһыннарар суруналыыстыкаҕа биир бэлиэ көстүүнэн буолла.
Кини айар-суруйар идэтин ситиитин-хотуутун суолун биэтэктэрин таһаарбыт кинигэлэрэ чаҕылхайдык туоһулууллар: 36 сааһыгар, саха эр киһитэ ситэр-хотор кэрдииһигэр, «Балыырдаах 1986 сыл» диэн докумуоннарга олоҕурбут политическай публицистиката тахсыбыта. Бу кинигэ 1928 сыллаах Киин Комитет батталлаах уурааҕын ылыммат көлүөнэ үүммүтүн көрдөрбүтэ. Онтон аҕа дойду сэриитин кэмигэр сут-кураан содулугар ыалдьан, хоргуйан өлбүттэр сордорун-муҥнарын арыйан, үтүө ааттарын тилиннэрбитэ, биир дойдулаахтарын иннигэр ыар буруйдаах муус сүрэхтээх салайааччылары норуот, история дьүүлүгэр таһаарбыта. «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат» диэн, Кыайыы үбүлүөйдэригэр сөп түбэһиннэрэн, 2001, 2006 уонна 2019 сылларга таһаарбыт кинигэлэрэ архивнай докумуоннарга, дьон тыыннаах кэрэһэлиир кэпсээннэригэр тирэҕирбит историческай чахчылары арыйар политическай сытыы публицистика, историческай чинчийии, анаарыы холобурдара буоллулар.
Оттон «Кэм кэрдии уонна киһи» (2007 с.), «Көлүөнэ ситимэ быстыбатын, утум салҕанарын туһугар» (2009 с.) уонна «Норуот кыаҕа – көмүөл күүһэ» (2014 с.) диэн кинигэлэриттэн Валерий Николаевич ураты айар ньымалааҕын, сыаллаҕын-соруктааҕын, кини курдук атын ким да суоҕун билиммиппит. Ол кини уратыта туохха көстөрүй?
Олох тирээн турар уонна уларыйбат соруктарын көрдөрөр, ырытар, дакаастыыр, ситиһэр суолларын-иистэрин тобулуунан дьарыктанар дьоннору сырдатар, кинилэр үлэлэрин, айымньыларын ылҕаан, сүүмэрдээн, түмэн, саҥа турукка таһааран, биир кэлим дьүһүйүү, историческай документальнай айымньы гынан оҥорон таһаарар модун, ситимниир, тобулар интеллектаах, дьүккүөрдээх, дьулуурдаах, төлөннөөх сүрэхтээх, айар дьоҕурдаах. Кини истиҥник эҥсэр, дириҥник хорутар, ымпыгар-чымпыгар киирэр масштабтаах анализтыыр уонна синтезтыыр өйдөөх, ону хомоҕой, сытыы сахалыы тылга түһэрэр кыахтаах.
Маннык айылҕа дэлэгэй бэлэҕин, оҥоруутун, аналын сатаан сайыннарбыт киһи, биһиги үөлээннээхпит, бэйэтин кэмин тыын боппуруостарын, билиҥҥи олох тыгыалас тымырын, бириэмэ бэлиэ дьонун өйүн-санаатын, соругун сурукка түһэрэн ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр билиһиннэрэр. Кэлин чинчийээччилэр матырыйаал оҥостоллоругар анаан сорук оҥостон үлэлиир. Ол быыһыгар бэйэтэ сүрэҕэ сөбүлүүр, умсугуйар дьарыгынан уус-уран тылбааска ылсыһар. Сэбиэскэй литература классига Чингиз Айтматов аатырбыт сэһэнин, талааннаах суруйааччылар Андрей Геласимов, Владислав Авдеев, Виктория Габышева бөдөҥ айымньыларын саха ааҕааччытыгар тириэртэ. Уопсастыбаннай үлэҕэ син биир кыттыһар, төрөөбүт дойду, бар дьон туһугар уопсай дьыалаҕа бэйэтин сэмэй кылаатын киллэрсэр.