Мэлдьи мичээр аргыстаах, холку бэйэлээх Өлөөн ньургун Далбар Хотунун кытта хара бастакы алтыһыахпыттан, кини ийэлии эйэҕэс, дьоҥҥо болҕомтолоох уонна уопсастыбанньыктарга хотугу киһи быһыытынан муударай, толерантнай сыһыаннааҕын бэлиэтии көрбүтүм. Ол курдук, былаас уорганнарын сорох чунуобунньуктарын өттүттэн гражданскай уопсастыба институттарын актыыбынай бэрэстэбиитэллэрэ атын санаалаахтар, оппозиция диэн күүркэтэн туоратыллар атарахсыта көрүллэр уустук кэмнэригэр, 2009–2010 сыллар диэки, дойду Аҕа Баһылыгын приемнайын салайарыгар биһиги, «Саха уопсастыбаннай киин» Иван Шамаев, Тумарча, Уйбаан Бурцев, Владимир Борисов о.д.а. уонна төрүт итэҕэл, култуура боппуруостарынан дьарыктанар «Тулаһа» түмсүү кыттыылаахтара, оччотооҕу парламент спикерэ В.Н. Басыгысовы кытта көрсүһүүбүтүн кини кыһаллан-мүһэллэн туран тэрийбитэ. Ол кэпсэтиигэ биһиги саха чулуу салайааччыларын аатын үйэтитии боппуруостарын көтөхпүппүт. Промышленноһы сайыннарыыга сүрүн олугу охсубут, бөҕө акылааты уурбут М.К. Аммосов бюһун кини аатын сүгэр ХИФУ филиалын иннигэр Мииринэй куоракка туруорууну, бырабыыталыстыба уонча сыллааҕыта И.Н. Барахов аатын киин куорат уулуссатыгар иҥэрэн, мэҥэ өйдөбүнньүк оҥорорго эрэннэриитин толороро уонна сотору төрөөбүтэ 115 сыла бэлиэтэниэхтээх норуотун хоргуйан өлүүттэн өрүһүйбүт И.Е. Винокуровка Дьокуускайга эмиэ өйдөбүнньүк баар буолуохтааҕын туһунан дьон-сэргэ туруорсууларын тириэрдибиппит. Үгэскэ кубулуйан эрэр Өрөспүүбүлүкэ Күнүн бэлиэтээһини сорох силовиктар, чунуобунньуктар өттүлэриттэн түорайдаспакка, устудьуон, ыччат кыттарын хааччахтаабакка, дьиҥ бырааһынньык быһыытынан өрөгөйдөөхтүк ыытыллыахтааҕын уонна улуустарга эмиэ киэҥник бэлиэтээн тэрийиини көҕүлээһин оҥоһуллуохтааҕын туһунан этиибитин Виталий Николаевич Басыгысов өйөөбүтэ. Онуоха Елена Христофоровна тус өҥөтө баарын дьон-сэргэ үксэ билбэт. Бэйэтэ хаһан даҕаны оннугу оҥордум, манныгы ситистим диэн кэпсэммэт сэмэй киһи.
Ону тэҥэ Национальнай концепция 20 сылынан сибээстээн, киин куоракка саха тылынан үөрэтэр оскуола, кылаас букатын тиийбэтин, «Айыы кыһата» оскуола уопута киэҥник тарҕаныахтааҕын, бу кыһа туспа дьиэнэн-уотунан хааччыллыахтааҕын туһунан кэпсэтии тахсыбыта (манна даҕатан аҕыннахха, кэлин «Айыы кыһата» саҥа, туспа дьиэлэнэригэр депутат Е.Х. Голомарева утумнаахтык үлэлэспитэ, дьоһун оруолу оонньообута). Олохтоох былаас уорганын үрдүк сололоох бэрэстэбиитэлин кытары сирэй көрсүһэн, итинник аһаҕас кэпсэтиини Елена Христофоровна, «АЛРОСА» хампаанньаҕа Саха сирин интэриэһин туруулаһан, пикеккэ сотору-сотору тахсар уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэриттэн сэрэнэ-сэрбэнэ сатаабакка, тус эппиэтинэһи ылынан, ис сүрэҕиттэн кыһаллан көмөлөспүтүн махталынан өйдүүбүт. Итинник хардыы оччолорго гражданскай хорсун быһыыга тэҥнээҕэ. Онтон ыла Өрөспүүбүлүкэ күнэ ыытыллыыта кэм киһилии барар буолбута.
Онтон атын бэйэм чопчу билэр түгэммин ахтарым сиэрдээх. 2012 с. Саха сирин судаарыстыбаннаһын, Төрүт сокуонун туруулаһыы мөккүөрүгэр өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнин аата көннөрү «баһылык» диэҥҥэ уларытыллар буолбутугар, уопсастыбаннас Арассыыйа Федерациятын национальнай субъегын судаарыстыбаннаһын статуһун намтаттарбат туһугар «Ил Дархан» диэн бэлиэтиир тиэрмин тылы сокуонунан Конституцияҕа киллэртэрэн, бигэргэтэр туһугар бэрт эриирдээх уустук, күүстээх үлэҕэ Зоя Корнилованы, Ульяна Винокурованы, Иван Шамаевы, миигин, уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрин оробуочай бөлөххө көхтөөхтүк кытыннарыыга Елена Христофоровна үөһэ ахтыллыбыт саха, нуучча ньургун кыргыттарын уонна Е.П. Жиркову кытта спикер А.Н. Жирков өйөбүлүнэн дьаныардаахтык үлэлээбитэ. Ити кини дьиҥнээх норуот депутатын, патриот быһыытынан позициятын чаҕылхай көстүүтэ этэ.
Өссө биир кини көҕүлэспит, тус бэйэтинэн ылсан, уопсастыбаннаска тирэҕирэн, олоххо киллэрбит үтүө дьыалатын санатыаҕы баҕарыллар… Ол үрдүк таһымнаахтык, сахаттан кимиилээхтик Арассыыйа, Саха сирин парламеннарыгар үлэлээбит З.А. Корниловаҕа, норуот туруорсуутунан, бэлиэ 75 сааһыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах гражданинын аатын иҥэриини көҕүлэһэн, күүскэ үлэлэһэн олоххо киллэриигэ Елена Христофоровна тус улахан өҥөлөөх. Ол өрөгөйдөөх түгэн дьиҥ чахчы норуотун, дойдутун туһугар өйүн-билиитин, күүһүн-сыратын, доруобуйатын биэрэн үлэлээбит судаарыстыбаннай, политическай диэйэтэлгэ салалта, норуот аатыттан сиэрдээх сыанабыл, барҕа махтал чыпчаал көстүүтүнэн буолбута. Атын да чөл-чиҥ уйулгулаах, киэҥ көҕүстээх бигэ личностар, туруу үлэһиттэр сиэрдэринэн, Е.Х. Голомарева туох да ыһыыта-хаһыыта, уруһуйданыыта суох, сэмэй бэйэлээхтик тустаах эбээһинэһин үтүө суобастаахтык толорорун, тирээн кэллэҕинэ, хорсуннук киирсэрин дьиҥ дьыалатыгар көрөн-билэн, бииргэ үлэлэһэн илэ-чахчы итэҕэйбит бэйэм билэр эрэ аҕыйах түгэннэрбин манна аҕынным. Оттон күннэтэ, сыллата ааспыт уонна билиҥҥи үһүс болдьохторго төһөлөөх үлэ, дьыала оҥоһуллубута, үлэлэнэ сылдьара буолуой?
Соторутааҕыта Ил Түмэн депутаттара М.Н. Христофорова, Ф.В. Габышева, о.д.а. көҕүлээһиннэринэн СӨ бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы С.В. Местников уо.д.а. кыттыылаах, төгүрүк остуолга парламент вице-спикерэ А.А. Григорьева: «Биһиги «Үөрэх туһунан» федеральнай сокуон саҥа редакциянан ылыллыытыгар Е.П. Жиркову уонна Е.Х. Голомареваны кытары национальнай субъектар бырааптарын көмүскээһиҥҥэ күүскэ үлэлэспиппит», – диэн бэлиэтээн эппитин үөрэ-биһирии истэн, киэн тутта санаабытым. Ити курдук үс болдьох тухары Елена Христофоровна бэрт элбэх боппуруостары туруулаһыыга утумнаахтык үлэлии сылдьар. Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар, арктическай улуустар нэһилиэнньэлэрин бырааптарын, интэриэстэрин туруулаһыыга, эгэлгэ элбэх кыһалҕаларын быһаарсыыга эбэҥки удьуордаах Саха сирин биир чулуу кыыһа ыытар сыралаах үлэтин-хамнаһын атыттар, биир идэлээхтэрэ киэҥник сиһилии сырдаталларыгар эрэллээхпин.
Уонна үөлээннээх саастаах көлүөнэм биир чулуу бэрэстэбиитэлин, ытыктыыр бэлиитикпин, уопсастыбаннай диэйэтэли бэлиэ сааһын үлүскэннээх үлэ үөһүгэр көрсүбүккүнэн истиҥник эҕэрдэлээн туран, өссө да таһаарыылаахтык, кимиилээхтик Саха сирин бар дьонун, Хоту дойдуҥ, өрөспүүбүлүкэҥ туһугар үлэлээ, тус олоххор, дьиэ кэргэҥҥэр дьоллоох буол диэн үтүө баҕабын этэн алгыыбын!
СЫРДЫК СЫДЬААЙДААХ
Былыр-былыргыттан тоһуттар тымныы будулуйан турдаҕына, балаҕан иһигэр көмүлүөк оһох барахсан бачыгырыы умайан сылааһынан угуттаан, сырдыгынан сыдьаайан күө бааччы астык, нуурал эйгэни үөскэтэн саханы абыраан кэллэҕэ. Син ол тэҥэ тулаларыгар үтүө сыһыаннарынан, эйэҕэс-сайаҕас, үөрүнньэҥ майгыларынан, кылгастык да алтыһан ааспыкка сырдык санааны саҕар, киһи киһитэ дэтэр дьоһун-мааны дьон олоҕу киэргэтэллэр. Өбүгэ айыы сиэрин-үгэһин иҥэриммит, көнө сүрүнүн утумнаабыт удьуор харалы биһиги кэммит биир биһирэмнээх бэрэстэбиитэлинэн суруйааччы П.П. Федоров-Сомоҕону ааттаатахха, бука, үгүстэр сөбүлэһиэхтэрэ.
Павел Петрович учууталын Далан алгыһынан уус-уран айымньы умсулҕаннаах чээл күөх хонуутугар киирбит кэмнэрин өйдөөн кэллим. Лоп курдук сүүрбэ сыл анараа өттүгэр саха ааҕааччыларын үөрдүбүт кэрэхсэбиллээх тэрээһини кинигэ кыһата, суруйааччылар, «Чолбон» сурунаал уонна бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ кыттыһан оҥорбуппут. Оччолорго, 90-с сылларга айар тыл аҕалара буолбут норуот суруйааччылара утуу-субуу олохтон баран, суруйар-айар дьоҥҥо үөһэттэн өйөбүл мөлтөөн, кинигэ бэчээттэниитэ аҕыйаан, литература сайдар хамсааһына аҕырымныы быһыытыйбыт кэмэ этэ. Дьэ, ол буом соҕус бириэмэҕэ, хоһоонньут кыргыттары сэргэ түөрт эдэр уонна саастарын үгэнигэр сылдьар лиҥкир эр дьон биир сылга кэпсээн, сэһэн кинигэлэнэн айар эйгэҕэ киирбиттэрэ ааҕааччыга соһуччу соҕус сонун түгэнинэн буолбута. Павел Федоров-Сомоҕо «Ол ыҥырар тырымнас уоттар», Константин Эверстов «Туман буолбут таптал», Уйбаан Ойуур «Буурҕа» уонна Василий Бочкарев «Өрөөбүт уоспун өһүлэн» кинигэлэрин бииргэ биһирэмнээннэр, киэҥ кэпсэтии дьоро киэһэтэ дьону-сэргэни сэргэхсиппитэ.
«Саҥа суруйааччылар аҕыйахтар, аныгы сонун тиэмэлэргэ үлэлээччилэр кэмчилэр дииллэр. Оннук буолбатаҕын бу көрсүһүүбүт көрдөрөр, – диэтэ бастакынан тылы ылбыт «Бичик» кылаабынай редактора. – Биһиги бу билсиһиннэрэр ааптардарбыт – хаһыакка-сурунаалга балачча бэчээттэммит, литератураҕа ис сүрэхтэриттэн баҕаран, бэринэн туран үлэлиир дьон. Онон кинилэр бастакы кинигэлэрин билиһиннэрэр ордук үөрүүлээх уонна бу үлэлэрэ быйыл саха уус-уран литературата төрүттэммитэ 100 сылын туолар кэрэ-бэлиэ үбүлүөйүн көрсө кинилэр ааҕааччыга дьоһуннаах бэлэхтэринэн буолар». Маннык иһитиннэриини хаһыакка биэрбит суруналыыс, суруйааччы С.Р. Данилов, салгыы П.Д. Аввакумов, Тумат, Харысхал, Г.В. Попов, В.А. Тарабукин, П.П. Флегонтов, о.д. а өрө көтөҕүллэн туран эҕэрдэлээбиттэрин, айымньылары ырыппыттарын сурукка тиспит эбит. Дьэ ити курдук хас да ааптары бииргэ сомоҕолоон, биһирэм кэпсэтии таһаарарга көҕүлээччинэн Байбал Сомоҕо буолбута. Театр артыыстарын В. Апросимовы, К. Михайловы, ырыаһыт Д. Тихоновы, Чурапчы Дириҥиттэн бэйэтэ салайар айар түмсүүтүн кытыннаран, тэрээһини киэргэппитэ. П.П. Федоров бастакы кинигэтэ ордук эдэр ааҕааччыны, ыччаты таарыйбыта бэчээккэ сэҥээриилэр ааттарыттан да өтө биллэр: эдэрдэр Матрена Борисова «Тырымнас уоттар» туохха ыҥыраллар?», Марфа Далбаева «Саҥа суолу арыйар айымньылар», Жанна Леонтьева «Сомоҕо сонун суолу тэлэр» диэн санаа үллэстибиттэрэ. Ону сэргэ Мария Сидорова, Иннокентий Окоемов, Данил Макеев, биллиилээх суруйааччылар Тумарча, Петр Аввакумов ааптар айымньылара олох сытыы, мөккүөрдээх түгэннэригэр толкуйдуурга ыҥырар суолталаахтарын бэлиэтээбиттэрэ. Онтон ыла айар эйгэ, ааҕааччылар өйөбүллэриттэн өссө тэптэн, Павел Петрович хонноҕо аһыллан тахсыылаахтык үлэлиир. Айар дьарыгы кини көхтөөх уопсастыбаннай үлэни кытта сатаан дьүөрэлиир.