Оттон биһиги Уйбааммыт аатын ылбыт абаҕатын, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр үөрэх эйгэтин үлэһитэ буолан иһэн, эдэр сааһыгар кылгас үйэлэммит И.А. Бурцев туһунан «Уйбаан» диэн 2016 с. Илин Үрэх Бурцевтарын төрүттэрин-уустарын, аймах-билэ дьонун сырдатар бэрт иһирэх ис хоһоонноох кинигэни таһааттаран турар. Онно Макеевтаахха сыһыаннаах биир дьикти түгэни Уйбаан Сэмиэнэбис ахтар. Илин Үрэххэ кинилэр тыымпыттан былыргы саха боотурун куйаҕын – түөскэ кэтэр ылтаһынтан оҥоһуллубут хатырык куйаҕы уонна икки тимир дуулаҕа бэргэһэни булбуттар. Ону эһэтэ үөрэхтээх Уйбааннарыгар тиксэрбитэ Санкт-Петербург куорат музейыгар хараллыбытын чугас аймахтара талааннаах устуорук учуонай Федор Васильев «Военное дело якутов» кинигэтин бэлэмнииригэр туһаммыт, Х – ХIV үйэлэргэ сыһыаннааҕын бэлиэтээбит.
Уола үстээҕэр эрэ сэриилэһэ сылдьан былаҕайга былдьаммыт аҕатын Сэмэн ааспат аһыытын санатар «Саллаат дьылҕата», «Аҕам саата» суруйууларыгар ойууланар түгэннэр аахпыты эрэ долгуталлар: «Тастыҥ эдьиийдэрим кэлин кэпсииллэринэн, өлбүтэ дьиҥнээхтик чуолкайдана илигинэн буолуо, киһилэрин син биир күүппүттэр, сэмээр, таска таһаарбакка эрэ. Оннооҕор идэһэлэрин этиттэн хаһааналлара үһү… «Өлүүлээн биэрбит кустарыгар биир эмис баҕайы улахан сара көҕөн баарын эһэм тоҕо эрэ сиэппэтэҕэ… (аҕатын үөлээннээхтэрэ «кыттыгас» оҥостон куска илдьэ сылдьан баран, кыра уолга чаастаан биэрбиттэр. – Ааптар). Эһиилги сайыныгар эһэм тастыҥ быраата, сэрии кыттыылааҕа Н.Д. Бурцев Эбэттэн күүлэйдии тахсыбыта. Эһэм ааспыт сайын бултаабыт кустарбыттан, булууһуттан таһааран, буһаттарбыта… Бу 1952, эбэтэр 1953 сыл сайына бадахтаах. Кус аҕабар ананан булууска ууруллубут буолуохтаах дии саныыбын.
«Сыыһа биллэриилэр кэлэллэрэ үһү», «сураҕа суох сүппүттэр көстөллөр» эҥин диэн кэпсээннэр дэлэй эбиттэрэ буолуо. Дьонум дууһаларын түгэҕэр, сүрэхтэрин-быардарын хайа эрэ муннугар өр сылларга таска быктарбакка иитиэхтээн, саһыаран илдьэ сылдьыбыт эрэллэрин кыыма хаһан бүтэһиктээхтик өспүтүн этэр күчүмэҕэй. Биири билэбин – кинилэр өр да өр күүппүттэрэ. Ити биһиэхэ эмиэ бэриллибитэ диибин, ордук миэхэ уонна аҕам эдьиийигэр Прасковья Афанасьевнаҕа». Саллаат Сэмэн кэргэнэ, хоһуун үлэһит, сытыы тыллаах-өстөөх бүгүрү киһи, Фекла Васильевна Турантаева, 25 саастааҕар эрэ огдообо хаалан баран, хос кэргэн тахсыбакка, эрин дьонун кытары олорбут. Кырдьаҕастары көрөн-харайан үйэтин моҥообут.
Арай ол кылгас үйэлэммит саллаат Сэмэн аатын ааттатар уол оҕону сэриигэ барыан иннинэ кыл мүччү кэриэтэ хаалларбатаҕа буоллун диэн ыйытык үүйэ-хаайа тутар. Оччотугар Уйбаан Буурсаптан атын, кини курдук геофизик, геолог идэлээҕинэн, Мииринэйгэ 60-с сыллартан «Ботуобуйа» экспедициятыгар үлэлээн, Мииринэй тыатын барытын кэрийбит уонна үлэтин сүнньүнэн салалтаҕа туруорса, киирсэ сатаан баран суруналыыс талааннаах буолан, «уларыта тутуу», «гласность» диэн ааттаммыт демократия көҥүл салгына биллээтин кытары сытыы суруйуулары оччотооҕу обком уоргана «Кыым» хаһыакка бэчээттэтэн «айдааны таһаарбыт» киһи көстүө эбитэ дуу? Бороҕон улууһун олоҥхоһута Дмитрий Михайлович Говоров хоһуйбут Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕөтүн кэриэтэ тохтоон-чугуйан хаалбакка дьүккүйэн, Уйбаан Буурсап «судаарыстыба сэкириэтэ» аатыран кистэммит сир аннынааҕы саахаллаах ядернай дэлби тэптэриилэр, айылҕаҕа, кыылга көтөргө, олохтоох нэһилиэнньэҕэ суоһар кутталынан суоһуур, хостонон баран аһаҕас халлаан анныгар хараллыбакка хаалбыт уран рудатын дьапталҕаларын, кимиэхэ даҕаны биллэ илик Саха сиригэр баар кистэлэҥ ядернай полигон туһунан киэҥ билиигэ аһаҕастык таһааран, олор содулларын туоратыыны туруорсубута.
Бастакылартан биир бастыҥнара
Уйбаан Сэмиэнэбис сэрии тулаайаҕа, эһэҕэ-эбэҕэ иитиллэн, өбүгэ төрүт үгэстэрин, олоҥхо саҕаттан олоҕуран, тутуһуллан кэлбит айыы киһитин кодексын урукку сэбиэскэй иитиини кытары дьүөрэлээн ылыммыт аҕа көлүөнэ ыраас дууһалаах, көнө санаалаах, көмүскэс сүрэхтээх бэлиэ бэрэстэбиитэлэ. Удьуор утумунан аартыгы арыйааччы, саҥаны саҕалааччы буолбута үгүс. Ылсыбытын ыһыктыбат, мэһэйтэн-харгыстан харыастан хаалбакка, дьэ эбии тэптэн, өрө баран туох эрэ түмүгү хайаан даҕаны ылан, туруоруммут сыалын-соругун ситиһэн тэйэр дьүккүөрдээх.
Сахаттан биир бастакынан геофизик-геолог идэтигэр күргүөмүнэн киирэн үөрэммиттэртэн, үлэлээбиттэртэн кинини эмиэ ааттыахха сөп. Аармыйаҕа үс сыллаах сулууспа кэнниттэн 1962 сыллаахха геолог халыҥ хамаандатын үөрэтэн таһаарбыт, онтон ону тохтотон, саҥа геофизиктары бэлэмниир соруктаммыт Алдан техникумугар үөрэнэн идэ ылар. «Геофизик идэтэ соторутааҥҥы кэмҥэ диэри Саха сиригэр эрэ буолбакка, дойду бүттүүнүн үрдүнэн даҕаны бэрт сэдэх идэнэн биллэрэ. Геофизика биһиги дойдубутугар отутус сыллардаахха геология биир салаатын быһыытынан үөдүйэн баран, билиҥҥи кэмҥэ сайдан, кэҥээн, бэйэтэ туспа наукаҕа кубулуйда. Судургутук эттэххэ, минераллар уонна хайа боруодалара магниттарынан, өлүү ыйааһыннарынан, электричествоны аһарыыларынан, радиоактивностарынан уонна да атын өрүттэринэн бэйэ-бэйэлэриттэн уратылаахтарыгар бу наука олоҕурар. Геофизика гаас, ньиэп, таас чох, тимир рудата, хорҕолдьун, кыһыл көмүс, алмаастаах кимберлитовай туруупка уонна да атыттар ханна, төһө дириҥҥэ сыталларын көрдөөһүҥҥэ аналлаах» диэн кини идэтин туһунан бэрт дьэҥкэтик быһаарбыта.
Араас омук ааттаахтарын ортотугар сирдэриэхтээҕэр, сүрэҕинэн-бэлэһинэн, кыайыгас үлэһитинэн, билиитинэн-көрүүтүнэн, булугас сытыы өйүнэн инники күөҥҥэ сылдьан күүскэ үлэлиир. Тахсыылаахтык үлэлии сылдьан, ордук Мииринэйдээҕи кэмигэр, дьиҥ сахалыы мындыр өйүнэн, омсолооҕу, итэҕэһи-быһаҕаһы кытары эйэлэһимтиэтэ суоҕунан сир баайын хостооччулар үлэлиир истииллэрин, хотугу сир уйан айылҕатыгар көһүүн, бэл алдьатыылаах сыһыаннарын сөпсөөбөт буолан барар. Бырамыысыланнас сир баайын хостуур хампаанньаларын салалтата, кистэлэҥ сир аннынааҕы саахаллаах ядернай дэлби тэбиилэри оҥорбуттар, айылҕаҕа тахсар хоромньуну бохсор, содулун аччатар, туоратар, чөлүгэр түһэрэр туһугар миннэрин да тартаран көрбөттөрүн иһиттэн билэр, ону өйө-санаата ылыммат. Ордук урукку Садын оройуонун Бүлүү муоратын анныгар тимирдиллибит Туой Хайа бөһүөлэгин (Олимпиада призера Александр Иванов төрөөбүт-үөскээбит төрүт дойдута) олохтоохторун иэдээннээх дьылҕата уйулҕатын көтүппүтэ. Остуоруйаҕа кэпсэнэрдии сиэдэрэй оттоох-мастаах, эгэлгэ сэдэх үүнээйилэрдээх, өлгөм бултаах, сир астаах айылҕа маанылаах дьикти кэрэ миэстэтэ, сир үтүөтэ далай уу түгэҕэр хаалбытын өйө-сүрэҕэ ылыныан баҕарбата. Төрүт сирдэриттэн толору хааччыллыылаах бэлэм дьиэҕэ-уокка тиийиэххит диэн албыннаан, күһэлэҥ быһыытынан көһөрүллүбүт, олохторо огдолуйбут, Арыылааҕынан эҥин үтүөх-батаах сылдьар туой хайалар дириҥ кутурҕаннара, муор-туор дьылҕалара Уйбаан аһыныгас сүрэҕин аймыыра. Кинилэргэ сиэрдээх сыһыаны ирдэһэр баҕаламмыта. Систиэмэҕэ уларытыы киллэрэр кыаллыбатын, сир баайын хостооччулар үлүгэрдээх ыраас барыһы ылартан хаһан даҕаны аккаастанар баҕалара суоҕун өйдүүр. Таас эркиҥҥэ төбөнөн сааллар тэҥэ, туруорса-киирсэ сатаан баран, бэчээт, кырдьыктаах тыл күүһүнэн туруулаһар толкуйу булунар.
1967–1971 сылларга Саха сиринээҕи территориальнай геология салалтатын экспедицияларыгар үлэлиир. Ити сылларга СГУ-ҕа кэтэхтэн үөрэнэн, инженер-геолог идэтин ылар. 1973–1983 сс. «Якутскгеологияҕа» уонна «Якуталмазка» геофизик, геолог уонна научнай үлэһит быһыытынан ситиһиилээхтик үлэлиир. Онтон икки сыл «Вилюйгэсстройга», салгыы «Кыым» хаһыакка спецкорреспонденынан ыҥырыллар. Дьэ онтон ыла уу да ылбат, уот да сиэбэт курдук санаммыт «Якуталмазтар» уйаларыгар ууну киллэрэн барар. 1986 сылга Мииринэй уонна Бүлүү бөлөх оройуоннарыгар тулалыыр эйгэни харыстааһын, экология боппуруостарын аан бастаан утумнаахтык, сытыытык хаһыакка көтөҕөр. Кини дьаныардаах туруорсуутунан ССРС НА СС институтун, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ кыттыылаах хамыыһыйаны өрөспүүбүлүкэ салалтата тэрийэр, алмаасчыттар айылҕаҕа таһаарбыт хоромньуларын туоратар, ол кэннэ харыстабыл миэрэлэрин ыларга модьуйар. Муус дьэ хамсаан барар.
Бобууттан чаҕыйбакка, хаарчахтан хаайтарбакка тоҕо көтөн, кистэлэҥҥэ тутуллубут сэдэх докумуоннары сатаан ирдэһэн булан, киэҥ билиигэ таһааран, олохтоох исписэлиистэри түмүүнэн муҥурдаммакка, урукку Сэбиэскэй Союзка, Арассыыйаҕа биллэр А.В. Яблоков, о.д.а. курдук биллиилээх академиктары, учуонайдары кытыннаран, мөккүһүннэрбэт дакаастабыллары оҥорторон, радиация содулларын туоратыыга анал судаарыстыбаннай тэрилтэ тэриллэригэр кыах биэрбит, сүрүн оруолу толорбут И.С. Бурцев курдук ытык өбүгэлэрин, төрөппүтүн аатын дорҕоонноохтук ааттаппыт айыы аймаҕын араҥаччылааччы, күн улууһун көмүскээччи баарынан биһиги, сахалар, бука бары киэн туттабыт.