Мантан аллара ытык кырдьаҕас туһунан икки кэрэхсэбиллээх ахтыыны киллэрэр тоҕоостоох. 2008 с. 83 саастаах Уолба олохтооҕо, үлэ, тыыл бэтэрээнэ Клавдия Гаврильевна Макарова ахтыытынан 1946 с. Ф.П. Чашкин Арсен, Ульяна Петровтар диэн куорат Горькай уулуссатыгар олорор ыалга хаайыыттан тахсарыгар хонон ааспыт. Ол туһунан бу курдук суруйбут эбит: «Мин оскуолаҕа хаһыс кылааска үөрэнэ сылдьарбын соччо чуолкайдык өйдөөбөппүн. Оччолорго балаҕан дьиэлээх этибит. Ол олордохпутуна, киэһэ арай ынахтарын көлүйбүт утуйар таҥастарын тиэйбит дьахтардаах эр киһи хоно киирбиттэрэ. Кыһын этэ. Ынахтарын синньигэр сыалдьа баайбыт этилэр уонна киэһэ хотоҥҥо тахсан хоноһо дьахтар ынаҕын ыабыта. Ити Куома Чааскын бастакы кэргэнинээн Хара-Алдаҥҥа баран иһэллэр эбит. Онно көрдөхпүнэ, боростуой таҥастаах, хатыҥыр оҕонньор курдук өйдүүбүн. Сарсыарда туран, ынахтарын көлүйэн барбыттара.
Иккис көрүүм. 1946 сыллаахха куоракка училищеҕа үөрэнэ киирбитим сурдьубунаан Танялыын. Аҕам аймахтарыгар Арсен Петровтаахха Горькай уулуссаҕа олорорбут. Арай үөрэнэн бүтэн кэлбитим, биир оҕонньор кэлэн олороро. Куома Чааскын хаайыыттан тахсан хоно кэлэн олороро. Арсен Петров Уолба ол иһин кэллэҕэ буолуо. Хаһан да астамматах ас астаммыт этэ. Маанылаан ахан хоннорбуттара. Сарсыарда Арсен өйүөлээн-таймалаан Тааттатыгар атаарбыта. Дьэ бу оҕонньор кэлэн хонуон биир хонук иннинэ мин таһырдьаттан киирдим. Эдьиийим Ылдьаана, оһоҕор сыста олорон, этэрбэс тигэ олороро. Оттон Уолба киһитэ Миитэрэй диэн киһи кинилэргэ олороро. Үлэтиттэн кэлэн, сонун саптан быстах утуйа сытара. Мин киирэрбин кытары бу дьоммут буккуллан аҕай турдулар. Ханна да суох ыты үүр да үүр буоллулар. Эдьиийим этэрбэһинэн, Миитэрэй сонунан. Мин дэлби куттанным. Мин көрдөхпүнэ ыт төрүт суоҕа. Инньэ диэбиппэр, миигин мөҕөн эрэ бүтэрбэтэхтэрэ. Оччолорго сэрии кэнниттэн куоракка «хара мааскалар бааллар» дииллэрэ, олор ыттарын киллэрдиҥ дииллэр. Ааны ас, ыты таһаар дииллэр, быстыам дуо, ааны астым. Ыты таһаарбыт курдук туттан олорунан кэбистилэр уонна «хара мааскалар ыттара, онон бу түүн хайдах утуйабыт, ынахпытын сиэтэн илдьэ бараллара буолуо» дэстилэр. Мин төбөлөрүнэн ыарыйдылар быһыылаах диэн дэлби куттанным. Күтүөтүм Арсен киэһэ үлэтиттэн кэлбитигэр: «Бу кыыс хара мааскалар ыттарын киллэрдэ, түөрт харахтаах хара ыт, – диэтилэр. Мин Арсеҥҥа сибигинэйэн: «Ыт төрүт суоҕа», – диэтим. Ол түүн мин төрүт утуйбатым, ынахпытын уоран барыахтара диэн. Сарсыарда турбуппут туох да буолбатах этэ. Куома Чааскын сарсыарда барбытын кэннэ эдьиийим Ылдьаана: «Ити оҕонньор бэриэччик ыта эбит. Ол иһин бу кыыска көстүбэтэх. Биһиэхэ мааныланан хоноору», – диир. Хаайыыттан тахсан иһэр киһи туох аанньа буолуой, куһаҕан баҕайы таҥастаах, хатыҥыр, хаһырыктыйбыт харахтаах оҕонньор олороро, тугу да улаханы кэпсэппиттэрин истибэтэҕим».
Аны Куома Чааскыҥҥа эмтэммит дьон ахтыыларыттан. Мин икки тастыҥ балыстарым Попова Пелагея Федотовна уонна Башарина Пелагея Игнатьевна иккиэн сэллик буоланнар, кистээн оҕонньорго эмтэнэ барбыттар. Кэһии арыгыларын Уолба маҕаһыыныттан ылбыттар. Оччолорго Уус-Тааттаҕа массыына сылдьыбат. Кыргыттар сатыы барбыттар. Оҕонньорго чугаһаан иһэн, киһи уҥуоҕар тахса сылдьыбыттар уонна биир баараҕай тиит аттыгар ииктээбиттэр. Оҕонньордорун дьиэтигэр киирбиттэр, онуоха оҕонньор: «Бу эһигини күүтэн олоробун», – диэбит. Чэйдэрин таппыттар. Кыргыттары чэйдээҥ диэн ыҥырбыт. Кыргыттар кэһии арыгыларын оҕонньорго биэрбиттэр. Онно оҕонньордоро: «Син кэһиилэнэр эрээригит, тоҕо дьиэҕититтэн-уоккутуттан аҕалбакка, Уолбаттан ыла сылдьаҕыт!» – диэбит. Киһи уҥуоҕар тахса сылдьыбыттарын, улахан тиит аттыгар көҕүрэттибиттэрин көрбүт курдук эппит. Оҕонньор тылыттан куттанан, Башарина Пелагея, Попова Пелагея атаҕын остуол аннынан быһа үктүү-үктүү «төннүөххэ, барыахха» диэн имнэммит. Ол да буоллар, төннүбэтэхтэр, эмтэппиттэр. Пелагея Попова көхсүбүтүн чупчуруйар уонна биһиэхэ ытыһыгар кып-кыһыл хамсыы сылдьар үөннэри көрдөрөр уонна этэр диир: «Мин үөннээх сөтөлү үчүгэйдик эмтиибин, – ыалдьар сирбитигэр уурунар гына туос биэрэр. – Балыыһа биэрэр эминэн эмтэнээриҥ, икки өттүттэн эмтэннэххитинэ, түргэнник үтүөрүөххүт», – диэбит. Кыргыттар иккиэн ыарыылара ааспыта».
Салгыы оччотооҕу оҕо, билигин П.А. Ойуунускай аатынан СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, 90-тан тахсыбыт биллиилээх аксакал суруналыыс Дмитрий Васильевич Кустуров «Дэҥҥэ кэлэ сылдьыбыт сүдү ыалдьыт» диэн ахтыытын киллэрэн, ааҕааччыларга билиһиннэрэбит:
«Холкуостар бастаан тэриллэллэрин саҕана биһиэхэ оччотооҕу Таатта оройуонун Кириэс-Халдьаайытыгар Харытыанаптартан ордук бас-көс ыал суоҕа. Турбут-олорбут ини-биилэр кыайаллара-хотоллоро, дьүһүннэрэ-бодолоро ырааһа, этэргэ дылы, киһи аҥаар кырыытыттан көрөр дьонноро этилэр. Убайдара Баһылай касыылканан от оҕустарааччы, лабагырыайканан бурдук быстарааччы, алта оҕус тардар малатыылкатын көрөн-истэн, бурдук астатааччы кини буолара. Иккис быраат Миитэрэй отчут-масчыт чулуута, мас ууһун бэрдэ этэ. Үһүс быраатын Сэргэйи, көрбөтөх киһим эрээри, Харытыанаптартан орто үөрэхтээх учуутал этэ дииллэрэ. Кини хомсомуол сылдьан холкуоһу төрүттэспит уонна олорор сирдэрин аатынан «Күндэ» диэн артыал дэппитэ үһү. Кини эдэркээн сааһыгар, сэлликкэ ылларан, өлөн хаалбыт эбит.
Төрдүс быраат Арамаан дьону арааран билиэхпиттэн холкуос бэрэссэдээтэлэ, өтөһүйэн уол оҕо этэ. Ол эрээри ыыс араҕас хааннаах, арылхай киэҥ харахтаах убайдарыттан атын, мотоҕор, кубаҕай сирэйдээҕэ. Тас көрүҥүттэн эбитэ дуу, хайдах дуу, дьон кинини Өтүөс Арамаан, өссө судургутук Өтүөс диэн ааттыыра. Кини, холкуос бэрэссэдээтэлэ киһи, оройуоммут киинигэр Ытык Күөлгэ төттөрү-таары сылдьара кэмнээх буолуо дуо. Ол сылдьан суолун ортотугар баар Уолбаттан биир төрүт-уус ыал – «Хаарыллар дуо» дэппит дьон кыыстарын кэргэн ылбыта.
Арамаан кэргэнинээн түөрт сыл устата олорор да, убайдарын үтүгүннэрбит курдук, айбыта кинини оҕо төрөттөрөн маанылаабатах. Чугас-ыраах сирдэринэн эргичийэн, кэргэнин илдьэн көрдөрө, сүбэлэтэ сатаабыт да, туһа тахсыбатах. Хомойуус да буоллар, хайыа баарай? Оҕоҕо баҕарара бэрдиттэн, сири-буору аннынан, аатырбыт аҕай отоһукка Куома Чааскыҥҥа тиийэргэ быһаарынар. Ол ытык кырдьаҕаһы хайдах гынан тылыгар киллэрбитин билбит суох.
Оччолорго мин, төрдүс кылааска үөрэнэр оҕочоос, сааскы биир үтүө күн, сүөһү көрөөччүлэр олорор дьиэбитигэр оттор маспыт бүттэ диэннэр көлө көрдөһө, ол Харытыанаптарга тиийбиттээхпин. Эбэ алааһын сыырын өрө сүүрэн, абаҕам Дьөгүөр оҕонньор балаҕаныттан чугас, тыа саҕатыгар турар дьиэҕэ көтөн түстүм. Онно дии, урут хаһан да харахтаан көрбөтөх киһим, аҥаар илиитинэн кэтэҕиттэн тардыстан, уҥа ороҥҥо сытар эбит. «Ээ, Куома Чааскыннара ити эбит» дии санаатым. Ол ыккардыгар Арамаан тоҕо кэлбиппин истээт да, «Пиэрмэ сэбиэдиссэйигэр баар, от тиэйээччи кэлбитэ буолуо. Биир оҕуһу көҥүллээтин», – диэт, көхсүбүттэн аан диэки үтүрүйдэ.
Дьиэбэр тиийбиппэр, ким-хайа иннинэ Бааска уол, Дьэбдьэкэ кыыс ыйыт да ыйыт буоллулар: «Хараҕа уоттаах», «дьиппиэрэн сүрдээх даа?», «таҥаһа хара?», «этэрбэһэ түнэ даа?». Ону баара кыыс ийэтэ: «Ыраахтан кэлбит улахан киһи туһунан ону-маны лахсыһымаҥ!», – диэн саба саҥарда. Кэлин истибиппитинэн, Арамааннаах утуу-субуу икки кыыс оҕоломмуттара. Сэттис кылааһы бүтэрээт, куоракка үөрэнэ киирэн-хайаан, ол кыргыттар туох дьон буолбуттарын субу диэн чуолкай билбэппин. Быһата, мин кэпсээбит Харытыанаптарбыттан билиҥҥи Томпо улууһун Кириэс Халдьаайытыгар, иитиэх уоллара Бүөтүртэн ураты, ыал буолан үөскээбит-тэнийбит суоҕун курдук өйдүүбүн. Кэм-кэрдии хамсааһына арыт итинник кэри-куру өрүттэнэр бадахтаах. Эбэ алааһын Илин Бас дэнэр сиргэ урут биэс уонча чилиэн хаһаайыстыбалаах бүтүн холкуос олорбута. Сүүрбэччэ дьиэттэн, биэс сүүсчэкэ сүөһү кыстыыр икки сүүнэ хотонуттан, холкуос хонтуоратыттан, үс маҥхааһайдаах бурдук куумунатыттан дьөрү биирдэстэрэ эмэ ордоохтооботох. Дьон олорботоҕун курдук барыта күөрэ-лаҥкы…
Саха тустаах кэмигэр аатырбыт отоһут Фома Чашкин үтүөнү санаан сылдьыбыт биир сирэ субу соторутааҥҥа диэри итинник бөрүкүтэ суох көрүҥнэнэн турара.
Бу ахтыыны суруйдум Эбэ алааһын Илин Баһын урукку олохтооҕо Миитэрэй Кустуурап