Литмир - Электронная Библиотека
Содержание  
A
A

Аҕабыт аҕыс оҕотун иитээри, күүскэ үлэлиирэ. Мииринэйтэн «Дружба» эрбии, ити арааһа 1953–1954 сс. буолуо, аҕалан ким-хайа иннинэ үлэлэтэн туттубута. «Москва» уу мотуорун, тус-туспа олбохтоох, көлөөскөлөөх «Иж» мотоциклы 60-нус сыл саҥатыгар ылыммыта. Пуонданан «Запорожец» массыына атыыласпыта.

Элгээйиттэн мас тыытын соһон собуостанан, таһаҕас аҕалара. Биһигини адьас кыра эрдэхпититтэн от-мас үлэтигэр үөрэппитэ. Миигин кыра сааспыттан, ньырамсыта сатаабакка, бары үлэҕэ илдьэ сылдьан такайбыта. Ол курдук түөрт-биэс сааспар сырыттахпына, айаас акка олордон турар. Алта саастаахпар уоннаах эдьиийим Раяны кытары аҕабыт Лэппэчикээн диэн үрэх баһыгар от үлэтигэр илдьэ барбыта. Уон биирдээхпэр иккиэ буолан симментал сүүнэ улахан оҕуһунан сайылыктан сайылыкка холбуллубут үүтү таһарбыт. Ардахха бырыы да бадараан суолунан, бырдахха-оҥоойуга сиэтэн ойуур быыһынан, эрэйдээх суолунан үлэлээбиппит. Ити курдук олох эрдэттэн үлэҕэ-хамнаска эриллэн буһууну-хатыыны ааспыппыт, ханнык да үлэттэн толлон турбат буола улааппыппыт.

Биирдэ үүт тиэйэ сырыттахпына, оҕуһум атаҕын анныттан куртуйах оҕолоро көтөн тахсан үргүтэннэр, көлө сүөһүм туора ыстаммыта. Онно сыарҕа анныгар түһэммин, илиибин дэҥнээбитим. Инньэ гынан, уонча хонук үлэлээбэккэ олорбутум. Ити уон-уон биир саастаахпар. Тэһийбэккэбин, ыраах тыаҕа үлэлии сылдьар аҕабар өйүө илдьэн биэрэргэ сананным. Тиийэрим саҕана арай көрдөхпүнэ, халлааҥҥа кыра баҕайы хап-хара былыт тахсыбыта. Аҕам: «Түргэнник дьиэҕэр бара охсууй!» – диэн бэркэ ыксаабыттыы этээт, көхсүбүттэн үтүрүйбүтэ.

Мин аҕам биэрбит плаһын бүрүнээт, дьиэм диэки түһүнэн кэбистим. Күүстээх дохсун ардах түһэн ньирилэттэ, тыал улам эбиллэн, силлиэҕэ кубулуйда. Сиһи быһа барыыбар иннибэр-кэннибэр мас бөҕө охтон барчаланна. Нэһиилэ этэҥҥэ мүччү-хаччы түһэн, хонууга таҕыстым. Бөһүөлэккэ тиийбитим пиэрмэ дьиэлэрин сарайдарын силлиэ тыал көтүтэн, үлтү сынньан кэбиспит этэ.

Ийэм Зинаида Александровна Токуева Күүкэйтэн төрүттээх. Манна даҕатан аҕыннахха, ити сиртэн уонтан тахса учуонай, билим дуоктара, академик, ол иһигэр фольклорист В.В. Илларионов, этнограф Р.И. Бравина, экономист Е.Г. Егоров, о.д.а. тахсыбыттара. Өрөспүүбүлүкэ вице-бэрэсидьиэнинэн үлэлээбит А.К. Акимов эмиэ онтон төрүттээх. Ийэм ийэтинэн төрүттэрэ Крыжановскайдар. Макар Крыжановскай диэн кини таайа. Төрдүлэрэ Польшаҕа бастаанньа кэнниттэн көскө кэлбит киһи. Икки бырааттыылартан биирэ болдьоҕо бүтэн, дойдутугар төннүбүт. Иккиһэ католик итэҕэллээх киһи, анал көҥүл ылан, «туора урдус» кыыһын ойох ылар. Бэйэтэ уус идэлээх киһи эбит. Дьэ, кинилэртэн Крыжановскайдар тэнийэллэр.

Ийэм төрдө Ойуун ууһа диэн ааттаналлара. Ааттаммат кырдьаҕастар бааллар дииллэрэ. Өрт уота кинилэр бэйэлээх эргиирдэрин сиэбэт эбит, дьон тиистэрэ ыарыйдаҕына көрдөһөн-ааттаһан туран, кыра маһы эмти тардан ылан эмтэнэллэрэ үһү диэн кэпсээччилэр. Сэттэ оҕо төрөөтөҕүнэ үһэ ойуун, түөрдэ мас, тимир уустара буолаллар эбит. Эбэтэр сэттэттэн түөрдэ – ойуун, үһэ – уус. Сэрии сут-кураан сыллара мэһэйдээн, аҕата өлөн, сэттис кылааһын ситэ бүтэрбэтэх. Ол эрээри үөрэҕэр олус дьоҕурдаах эбит. Айылҕаттан талааннаах, үчүгэй куоластаах ырыаһыт буолан, 1957 сыллаахха Москваҕа Аан дойдутааҕы ыччаттар фестивалларыгар кыттыыны ылар дьолломмута. Биир дойдулааҕа, саха сүдү киһитэ С.А. Зверев-Кыыл Уола Туйаарыма Куо тойугун толорорго бэлэмнээн илдьэ барбыт. Ийэбит кинигэни таптаан ааҕара, биһигини оҕо эрдэхпититтэн эмиэ ааҕарга үөрэппитэ. «Молодая гвардия», «Подвиг», «Смена», «Советский Экран», «Охота», «Роман-газета», «Хотугу сулус» сурунааллары, элбэх хаһыаты суруйтарара. Почтаҕа биһиги түөлбэҕэ баар сурутуу 90 бырыһыана биһиэнэ буолара. Нууччалыы үчүгэйдик саҥарара, элбэх частушкалары билэрэ, сценаҕа ыллыыра. Ордук сөбүлээн «Катюша» уонна «Капитан Гастелло» ырыалары толороро. Төрөппүттэрбит биһигини киинэҕэ илдьэ сылдьаллара. Ийэм дьүөгэлэрэ, эмээхситтэр көрдөһүүлэринэн, киинэ саҥатын тылбаастыы олорооччу. Кини аахпытын, истибитин өйүгэр умнубаттыы хатыыр дьоҕурдааҕа. Дневник сурунарыгар дьон аатын, араас сыыппаралары бэлиэтэнэн иһэр, хос-хос хатылаан өйүгэр хатыыр дьоҕурун сайыннарар-эрчийэр идэлээҕэ. Урутаан эттэххэ, кыыһыгар Наташаҕа аҕыс уон аҕыс сааһыгар диэри олорон, күн өйдөөх сылдьан, олохтон бараахтаабыта.

Уон алта саастаахпар, ийэбит огдообо хаалбыта. 1981 сыллаахха күһүн, атырдьах ыйын бүтүүтэ, аҕабыт түөрт уон аҕыс сааһыгар Элгээйиттэн мотоцикл коляскатын, буочука бензини тиэйэн иһэн, күүстээх тыаллаах, долгуннаах күн эбэҕэ ууга былдьаммыта. Дьиҥэр, кини ууһут киһи этэ, Бүлүү эбэни төттөрү-таары харбыыр идэлээҕэ. Илиитин дэҥнээбит буолан, «Вихри» аҥаар эрэ илиитинэн салайа сылдьыбыт этэ. «Кэлэн ылан бардылар…» – диэбитэ оччолорго ийэм. Аҕыс оҕотун соҕотоҕун иитэр-улаатыннарар, үөрэттэрэр кыһалҕаҕа түбэспитэ.

– Оччоҕо, эн, олдьот сааскыттан ыла бэйэҥ иннигин эрэ буолбакка, дьиэ кэргэн бүтүннүүтүн туһугар кыһалла-мүһэллэ, дьиэ үлэтин-хамнаһын барытын дьаһайа үөрэммит эбиккин. Кыра эрдэххиттэн хар үлэҕэ буһан-хатан, спордунан дьарыктанан, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, ыарахантан толлубат киһи буолан, үрдүк үөрэххэ хаһан киирбиккиний?

– Ийэбитигэр көмөлөһөн, сүөһү, хотон, дьиэ ис-тас үлэтин бэйэбит көрөрбүт. Оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммиппинэн, СГУ ГРФ үөрэҕэр туттарсарбар аттестатым баала үрдүк буолан, түөрт экзаментан иккитин эрэ туттаран киирбитим. Инньэ гынан, абитуриенныыр сайыммар университет тутар-өрөмүөннүүр учаастагар кровельщиктаан, хамнас ылан эбиммитим.

Сиэйэҕэ 9—10 кылаастарга үөрэнэрбэр Василий Ананьев-Чороонноох Баһылай уонна Игорь Дмитриевич, кмс, эрчийбиттэрэ. Уаров Ванялааҕы кытары Тойбохойунан, Элгээйинэн, совхоз, оройуон уонна араас ыаллыы улуустар хамаандаларын кытары күрэхтэһиилэргэ кыттарбыт. Онтон оскуоланы ситииһиилээхтик бүтэрэн, СГУ ГРФ-гар үөрэххэ киирбитим. Университекка үөрэҕим быыһыгар Александр Тыасытов уонна «Спартак» кулуупка Артур Кравченко тренердэргэ дьарыктаммытым. Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар Союз улахан куораттарыгар элбэх күрэхтэһиилэргэ кыттыбытым. Саамай улахан ситиһиим – Бүтүн Союзтааҕы турнирга иккис миэстэҕэ тахсыбытым. Боксаҕа ССРС спорка маастарыгар хандьыдаат буолбутум. Маастар нуорматын армияҕа барарбынан толорбокко хаалбытым.

Галялыын 1983 с. ыал буолбуппут. I-кы курсу бүтэрбиппит кэннэ армияҕа ылбыттара. СГУ бронята уһуллан, 150 студент бары бииргэ барбыппыт. Биир курска үөрэнэр уолаттарым Оҕотоойоп Сэмэн, Луковцев Ганя, Кривошапкин Игорь, Винокуров Владик о.д.а. бааллара. Сэмэнниин биир взводка түбэспиппит. Үчүгэйдик сулууспалаабыппыт. Монголияҕа артиллерийскай полк танковай дивизиятыгар сулууспалаабытым. Комсорг, взвод командирын солбуйааччы буолбутум. Бииргэ сулууспалыыр уолаттарбытыттан Игорь Дудо диэн молдован уола: «Миэхэ кэлиҥ, барыгытын виноградынан, яблоконан күндүлүөм!» – диэн киһиргиирэ. Атын даҕаны соҕуруу дойду Кавказ, Украина уолаттара киниттэн хаалсыбаттар этэ. Онно биирдэ мин кыһыйан: «Онтон мин эһиги ити фруктаҕытын самородок көмүскэ бүтүн вагонунан, састаабынан атыылаһан ылыахпын сөп!» – диэн күүскэ эппиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла. Дьоннорум киэптэтэн, бары саҥата суох баран хааллылар. Онтон киэһэ утуйаары сытан: «Бэйи эрэ, мин тоҕо ити курдук эттим? Сымыйаччы курдук көстүбэт инниттэн тугу эрэ толкуйданнахпына сатаныыһы… Арай геолог буолбакка, хайа инженерин идэтин ыллахпына, кырдьык да көмүс хостуохпун сөп ээ,» – диэн ону-маны эргитэ санаатым. Уонна ити армияҕа сылдьан илдьиритэн толкуйдаабыт санаабын олоххо киллэрэргэ быһаарыммытым.

Сулууспаттан дойдубар кэлэн баран, ГРФ-тан докумуоммун төттөрү ыламмын, ИТФ-га горняк идэтигэр биэрдим. Үөрэҕим араастаһыытын 18 предмети биир ый иһигэр саҥалыы ситиһиилээхтик туттараммын, үрдэтиилээх стипендияҕа көстүм. Галя үөрэҕин бүтэрэн, Томпо Нежданинскай руднигар үлэҕэ анаммыта. Онон мин заочно кэтэхтэн үөрэххэ көспүтүм. Маҥнай шахтаҕа крепильщик үөрэнээччитинэн, онтон бэрт сотору крепильщигынан үлэбин саҕалаабытым. Саха киһитэ шахтердары кытары бииргэ үлэлииригэр кинилэри үлэҕэ сатабылынан, өйүнэн биитэр күүһүнэн лаппа баһыйар буоллаҕына, тэҥҥэ сылдьар кыахтаах. Мин кэллэктииби кытары уопсай тылы булан, проходчигынан үлэҕэ ылалларыгар кэпсэппитим. Бастаан уоппускаҕа барбыт үлэһити солбуйан үлэлээн барбытым. Кыайар-хотор буоламмын, күүскэ үлэлиирим, иннэ гынан олоҕурбут нормативтарын аһаран кэбиһэммин, үрдэтэннэр, бииргэ үлэлиир дьоммуттан кынчарылла сылдьыбытым. Оччолорго кинилэр хамнастара 1200 солк. тиийэрэ. 4 сыл иһигэр бэһис разрядтаах проходчик буола үүммүтүм. Онтон икки сыл дэлби тэптэриигэ көһөн үлэлээн, эмиэ бэһис разряды ылбытым. Ити курдук араас омук дьонун ортотугар инники күөҥҥэ сылдьыбытым. Кэлин шахтаҕа бииргэ үлэлээбит дьонум «быстах крепильщиктыырыгар 50-нуу шпуру соҕотоҕун оҥорор этэ, ону биһи эккирэтэн аҥаарыгар да тиийбэт этибит» диэн кэпсииллэр эбит этэ.

7
{"b":"827524","o":1}