Литмир - Электронная Библиотека
A
A

Михаил Ефимович, кэннигэр буолар сүпсүлгэни, аһылык күйгүөнүн аахайбакка, хаһыаттары көрүтэлээн баран, кириэһилэтигэр өйөнөн нухарыйардыы тиэрэ түһэн сыппахтаата.

Эдьигээн… Элбэҕи иэйэр, сүрэҕи-быары сылаанньытар сылаас, кэрэ да тыл буоллаҕа. Эдьигээни санаатар эрэ, оҕо сааһын умнуллубат түгэннэрэ тыыннаах хартыына буолан иннигэр элэгэлдьиһэн ааһаллар. Бастатан туран, аҕатын туһунан өйдөбүл. Аҕата кини баара-суоҕа биэстээҕэр өлбүтэ. Онон аҕам дьүһүнэ-бодото маннык этэ диэн чуолкай этэр кыаҕа суох да буоллар, кини туһунан өйдөбүл саамай күндү, чугас киһи быһыытынан өйүгэр-санаатыгар кыра эрдэҕиттэн хаһан да умнуллубаттык иҥэн хаалбыт. Ол, бука, төрөппүт аҕа амарах сыһыанын, сүрэҕин сылааһын олус кылгас кэмҥэ билэн, сүрэҕэр-быарыгар ситэ иҥэриммэккэ туоххаһыйа санааһынтан буолуо. Аҕатын туһунан чуолаан үс эрэ түгэни чопчу өйдүүр, олор Эдьигээни кытта ситимнээхтэр…

* * *

Тымныы хаҕыс тыал хотуттан сирилэччи үрэр. Ыаһырбыт хараҥа былыт халыҥ халҕаһата күнү-ыйы бүөлээн, хамныыры эрэ барытын саба баттыахтыы намыһаҕынан өрүс кыынньыбыт үрүҥ долгуннарын кытта силбэһэн, бииргэ устарга дылы.

Үрдүк долгун өрөһөтө сымала сыттаах улахан оҥочону мас сыыһыныы өрүтэ быраҕаттыыр. Оҥочо тумсугар түөртээх уолчаан биттэх мастан тутуһан, тымныы уу сабыта ыһарыгар кыһамматах курдук сымыһаҕын быһа ытыран, аҕата эрдии салбаҕынан үөмэхтэс долгуну быһыта охсон холкутук эрдэрин тонолуппакка одуулаһар.

– Тоойуом, куттаныма, кытаанахтык тутус. Билигин илиммитин көрөн балык ылыахпыт.

Аҕата, уолчаан санаатыгар, аһара күүстээх-уохтаах, сүрдээх улахан киһи, тор курдук хара бытыгын быыһынан сымнаҕас, сылаас мичээринэн имэрийэ көрөрө хаһан да умнуллубат, уостубат эрдээх санааны иэйэрэ. Кини аҕатын кытта балыктаһа баран иһэр. Ама тымныы тыал, күүстээх долгун мэһэй буолуохтара баара дуо аан маҥнай туһалыы, бултаһа баран иһэр киһиэхэ?

Дьэкиим, сылаас хараҕын кыракый уолчааныттан арааран, кэннин хайыһан көрбүтэ, Буор Тумус чугаһаабыт. Бэҕэһээ манна улахан тыал түһүөн иннинэ үрэх төрдүнээҕи хомо хаҥас дьабадьытын дьара кумаҕар хатыыска анаан уһаты түһэртээбит илимнэрин көрүөхтээх. Олохтоох кырдьаҕастар сүбэлэринэн үрдүк баҕайы туруулаах үс илимнээҕин, ортолорунан уһаты аҥаардаталаан, алта илим оҥорбута. Бу дойдуга силлиэ кэмигэр хатыыс аһылыгар буордаах чычаас кытылы талаһааччы. Ол иһин илими сүүрүк хоту уһаты үтүллүөхтээх, онуоха чычаас туруулаах илим ордук буолар.

Салаа үрэх кэҥэс бэлэһин быһа охсон уҥуоргу чанчыгы булаары, Дьэкиим хомону ис өттүнэн үөс диэки эрдиннэ. Үрэх сүүрүгүн өрө охсор күүстээх тыал сүүрүгү утары харсар, күүгэннирэ түллэҥниир модун долгун арҕас саалын иһирдьэнэн тумнан, кулгаах эрдии икки салбаҕын эрчимнээхтик эһитэ тардыалаан, аҕата оҥочотун хомо хаҥас кытылын диэки салайа тутта. Кытылга тиксибэккэ эрэ биэрэктэн биэс-алта саһаан иһирдьэ тохтоон, эрдиилэрин өрө көтөҕөн тыын ылан олоро түстэ. Үрэх хаҥас хочотун сыҥаһа сыыра иһит иитинии эргийэ иэҕиллэн, илин саҕах буһурук халлаанын хараҥа былытын кытта силлиһэн боруоран көстөр. Уҥа өттүнээҕи киэҥ алар сэдэх мастаах дэхси ньуурун кумах кырдалыгар Эдьигээн бөһүөлэгин самнархай дьиэлэрэ үрэх хааһын батыһа абына-табына кэчигирээн тураллар. Күнэ-ыйа көстүбэт силбик халлаан хараҥа ньуурун күөнүгэр хараара боруорар намыһах тутуулар санааны көтөҕүөх, өйү күүрдүөх туох да киһини кэрэхсэтэр көстүүлэрэ суохха дылы да, Дьэкиим туох эрэ көстүбэт күүс угуйар алыбар ылларан, бэйэтэ да билбэтинэн, хоту дойду олоҕор талаһан туран тардыспыта. Онно туох төрүөт буолбутун, туох санаанан салайтарбытын бу диэн чопчу этэр кыаҕа суох курдук эрээри, туохха эрэ үтүрүйтэрии, ханан эрэ кыһарыйтарыы баарга дылы быһыылааҕа. Ол быһа-хото холкуостааһын кэмиттэн ыла саҕаламмыта чуолкай. НЭП саҕана землеустроителинэн үлэлии сылдьан, дойдутугар Хатас нэһилиэгэр сир үллэһигин ыытан, Баҕарахха табаарыстыба тэринэн, хаһаайыстыбалаах ыаллар күүстэрин холбоон бэркэ үлэлээн испиттэрэ баара. Онтон отутус сыллар саҥаларыттан күһэйии сиэринэн тыа дьонун холкуоска холбооттооһун саҕаланыаҕыттан ыла олох-дьаһах сайдыытын ыпсыыта кыттыбат туруга күн-дьыл ахсын биллэр, харахха хатанар буолан барбытыгар өй-санаа туоххаһыйыыта, мунчаарыы, бэйэ үлэтинэн-хамнаһынан астыммат буолуу саҕаламмыта. Арааһа, ол да иһин буоллаҕа, хоту оройуоттарга балык промышленноһын сайыннарыы сыала-соруга государственнай политика быһыытынан туруоруллубутугар эдэр, эрчимнээх киһи саҥа, сонун сиргэ тиийэн үлэлиэх-хамныах баҕата батарымына, иллэрээ сыл, бу Мишата иккилээҕэр эрэ, Маарыйатынаан үс оҕолорун көтөхпүтүнэн баҕа өттүлэринэн Быков Тумуска киирбиттэрэ. Онтон бу Эдьигээҥҥэ балык собуота аһыллар буолбутугар дириэктэринэн ананан былырыын манна көһөн кэлбиттэрэ. Манна олохсуйбуттарын кэмсиммэттэр, дойду сиргэ билигин кураан дьыллар буоланнар олох-дьаһах ыарахан. Сэрии бара турарынан ханна баҕарар буоларыныы, таҥас-сап, олох-дьаһах манна да ыарахан эрээри, айахха аһыырга ас – балык баар. Аармыйаҕа ыытарга көрдөһөн сайабылыанньа биэрбитин манна үлэ фронугар сылдьаҕын диэн ыыппатахтара. Онон фроҥҥа анаан балык бултааһыныгар күүскэ турунан үлэлии сылдьаллар. Бэл бу кыракый Мишатын тымныйыа, ыалдьыа диэн кэрэйбэккэ, үөрэтэ-такайа таарыйа бэйэтин кытта илдьэ сылдьааччы. Бу түүн Быков Тумуска киирэр катерынан таарыйа Натаара балыксыттарын биригээдэтигэр бырахтарыахтаах. Онон дьонун нэдиэлэтээҕи аһылыктарын хааччыйар сыаллаах бу илимнэрин көрө кэллэҕэ.

Халлаан силбигирэн, сыыйа ибирдээн барда, ол оннугар тыала мөлтөөн, өрүс баала арыый намтыы быһыытыйда. Дьэкиим кытылы кыйа эрдэн, бастыҥа илимин алын уһугуттан саҕалаан илимнэрин көрөн бэрийбитинэн барда. Долгун баалын кытта өрө тустан, илимнэрин бэрт өр көрөн бодьуустастылар. Икки илим дьаакырдарын быата быстан бачымах курдук иирсэн хаалбыттарын балыктары майырдары сөрүү тутан тыыларыгар бырахтылар. Ол да буоллар бултуйуу баар, улаханныын-кыралыын сүүрбэччэ хатыыс иҥнибитин аҕата утуу-субуу араартаан оҕотун олох маһын аннынан түгэххэ быраҕаттаата.

– Сыччыа, дьэ балыккын көрө олор. Куотаары гыннахтарына, миэхэ этээр.

Уолчаана соруктаах аҕайдык, аҕатын сорудаҕын кыһаллан-мүһэллэн толоро сатыыр быһыынан, хаптаһын олох анныгар өрүтэ лаһыйар балыктары быыкаа атахтарынан төттөрү хаһыйа сатаан өрө мөхсө олорорун аҕата таптаабыт харахтарынан имэрийэ көрөн аһарда. Тоҥо-хата иһиэҕинээҕэр хамсыы-имсии олороро ордук бөҕө буоллаҕа дии.

Миша, быыкаа бэйэтигэр холооно суох боччумнаахтык туттан-хаптан, иннигэр сытар кураанах куулу ылан, олоҕун кэннинэн быгыалыыр балыктары хайан, биир кэм төттөрү-таары эргичиҥнии, мөхсө олордо.

– Аҕаа, мин куоттарыам суоҕа!

– Маладьыас, оҕом көмө бөҕө киһи буолбут дии.

Төттөрү эрдинэллэригэр баалга оҕустаран чугас сири уһаппатылар. Эмиэ кэлбит сирдэринэн, үрэх төрдүнэн быһа астаран, дьиэлэрин аннынааҕы сытыары биэрэккэ тигистилэр.

– Оо, ычча да! Бу оҕону бачча тыалга, тымныыга өрүскэ илдьэ сылдьыбыт дуу? – Маарыйа, сырдык сэбэрэлээх курбачыйбыт сытыы дьахтар, куударалаах саһархай суһуоҕун кэннигэр кэҕис гынаат, кэргэнин диэки күөх харахтарынан сэмэлээбиттии диэличчи көрдө.

– Ийээ, мин тоҥмотум ээ, балык аҕаллыбыт дии…

Оҕото, титирээтэр даҕаны, үөрэн чаҕылыспыт харахтарын көрөн, ийэтин ыраас сэбэрэтэ сырдыы түстэ.

– Ии, кырдьык даҕаны, оҕом аҕатыгар көмөлөспүт дии.

– Көмө бөҕө, сотору дьиҥнээх туһа киһитэ буолсу, – аҕата сылаас-сымнаҕас мичээринэн имэрийэ көрө турара боруҥуй дьиэ иһигэр сырдаан көстөр курдук…

…Эмп сыта курдаттыы тунуйбут, араас ыарыһахтарынан толору симиллибит балыыһа кыараҕас хоһун ыарахан салгыныттан таһырдьа тахсан ыраас салгыны дуоһуйа эҕирийэр үчүгэйин эриэхсит! Мишаҕа, ахтылҕаннаах уһун арахсыы кэнниттэн ийэтин, убайдарын көрсүөхтээх үөрүүтэ таһынан таһымнаан, төһө да былыттаах киэһэрбит халлаан турдар, аҕатын бигэ үрдүк санныттан тулата бүтүннүү сырдаан, киэркэйэн көстүбүтэ…

…Аҕатын туһунан тиһэх өйдөбүлэ үдүк-бадык, чуолкайа суох, курус. Куруук күлэ-үөрэ, кэлэ-бара сылдьар күүстээх-уохтаах, эрчимнээх, бөдөҥ-садаҥ аҕата тоҕо уһуннук ороҥҥо сытарын, ыараханнык өрүтэ тыынарын өйдөөбөт, дьиибэргиир курдуга. Биирдэ сытар хоһугар соҕотоҕун киирэн остуол үрдүгэр турар иһиттэн ыстакааҥҥа муорус кутан илдьэн үҥүлүтэрин чуолкайдык өйдүүр. Ол тиһэх өйдөбүл 1942 сыл аҕата суох буолар сайыныгар этэ…

4
{"b":"821346","o":1}