Литмир - Электронная Библиотека
A
A

Үс аҥаар үйэттэн ордук кэм усталаах туоратыгар аҕыйах ахсааннаах дьоҕус омук бас-көс киһитин улуу Россия уонна бэйэтин олохтоох сирин, дьонун-сэргэтин туһугар ис сүрэҕиттэн ыалдьан, улахан омуктар бастаахтарын сабырыйар сиэрдээх тыллара, олох кыларыйар кырдьыгын ылыннарыылаахтык саралыы тардан этиитэ кырдьаҕас Кремль улахан саалатыгар ити күн аан маҥнай дуораһыйбыта. Тыһыынчанан депутат халыҥ кэккэтэ, хаһан да истибэтэҕин истэн, биир тылы көтүппэккэ иһиллээн иһийэн олорбута.

Тыл этиитин бэлэмниир кэмигэр Михаил Ефимович Россия автономияларын салайааччыларын кытта, тоҕоостоох кэмнэргэ түбэһиннэрэн, кэпсэтии таһаартыы сылдьыбыта. Онно бары даҕаны кыра буолан баран ССРС иһигэр киирсэр союзнай статустаах республика РСФСР-га киирсэр автономиятааҕар быдан киэҥ, көҥүл бырааптааҕын бэлиэтээн, олус кыһыйан-абаран, бэркиһээн кэпсэтэллэрэ. Ити курдук кини биир санаалаахтары бэйэтин диэки тардары, түмэри ситиспитэ уонна ити санаатын ким да иннинэ аан бастакынан, чаҕылхай сыыппараларынан холобурдаталаан туран, союзнай масштабтаах улахан аудиторияҕа салгыы иһитиннэриитэ киэҥ сэҥээриини ылбыта.

– Общественнай бородууксуйаны оҥорон таһаарар кээмэйинэн Саха сирэ Прибалтика, Орто Азия союзнай республикаларын эрэ буолбакка, бэл оннооҕор сорох сайдыылаах капитализм дойдуларын кытта биир таһымҥа турар. Ол эрээри, республика политикаҕа, экономикаҕа дьиҥнээх сувереннай көҥүлэ суоҕунан, бэйэтин төрүт сирин-уотун, сирин баайын, онтон да атын айылҕатын ресурсаларын бас билиигэ, дьаһаныыга уонна туһаныыга Конституциянан көрүллүөхтээх быраабын күөмчүлээһин түмүгэр онно сөптөөх былааһа да, экономическай боломуочуйата да суох. Ити маннык холобуртан көстөр: Союз уонна Федерация бас билэр тэрилтэлэрэ Саха республикатын бюджетын үбүттэн 16 % ылар буоллахтарына, кинилэр оҥорбут барыстарыттан 4,5 % эрэ киирэр. Союз предприятиелара оҥорор барыстарыттан киирэр үп үгүс республикаларга 20 % тэҥнэһэр, оттон Эстонияҕа – 84 %. Саха сиригэр промышленнай бородууксуйа 90 %-нын Союзка уонна Федерацияҕа бас бэринэр тэрилтэлэр сырье быһыытынан оҥороллор. Кинилэр дойду кииниттэн салаллаллар уонна олохтоох территория сайдыытыгар туох да көмөнү оҥорботтор. Агропромышленнай комплекс тэрилтэлэрин тэрээһинигэр, олохтоох промышленность, суол-иис ситимин сайдыытыгар кыттыыны ылбаттар, онон миэстэтигэр олох-дьаһах балаһыанньатыгар сөбө суох тыҥааһыны үөскэтэллэр. Соҕотох мантан эрэ, республика политикаҕа уонна экономикаҕа туох да бырааба суоҕуттан, саха омуга, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар, нууччалыы тыллаах нэһилиэнньэ национальнай сайдыыларыгар хаалыы таҕыста…

Маннык эридьиэстээн этэн баран, Михаил Ефимович чочумча тохтоон саала иһин кэриччи анааран көрөн аһарбыта, дьон үксэ сэргээн истэ, бэйэ-бэйэлэрин кытта санааларын үллэстэ олороллоро. Киһини бэркиһэтэр сыыппаралары аҕалтыыр кэмигэр сорохтор өссө саалаттан кинини өйөөн, реплика быраҕар саҥалара иһиллитэлээн ылбыта. Дьон болҕомтотун тардыбытын, сааланы сөптөөх соҕус тыҥааһыннаах турукка киллэрбитин өйдөөн, этиитин саамай суолталаах өттүн салгыы саҥаран барбыта:

– «Автономнай республика» диэн икки өрүттээх утарсыылаах термин, республика статуһун быһаарарга уонна Союһу кытта боломуочуйалары тыырсыыга сөп түбэһиспэт өйдөбүлү үөскэтэр. Маны Ленин билинэн турар. Кини 1922 сыл ахсынньы 30 күнүгэр, ССРС тэриллиитинэн сибээстээн, кэмсинэн маннык суруйбуттаах: «Автономизация туһунан хал буолбут боппуруоска сорунуулаахтык орооспотохпунан мин, арааһа, Россия рабочайдарын иннигэр улахан буруйдаахпын быһыылаах…»

Теория өттүнэн сөбө суох «автономнай республика» диэн өйдөбүл сыыһата ВЦИК анал комиссиятынан өссө 1926 сыллаахха билиниллибитэ. Өскөтүн «республика» диэн быһаарыы национальнай-территориальнай тэриллии государство быһыытынан өйдөбүлүгэр сөп түбэһэр буоллаҕына, олохтоох бэйэни салайыныыны туоһулуур «автономия» государство диэн тылы төрдүттэн сотон таһаарар.

Государство олоҕун форматын быһыытынан норуоттар сувереннай бырааптара билиниллиэхтээх. Онон сибээстээн, Саха АССР-га саҥардыллыбыт Россия Федерациятын иһинэн ураты формалаах Советскай Социалистическай Республика быраабын биэрэр боппуруос турарын булгуччулааҕынан ааҕабыт…

Саала иһигэр тыал түспүтүн курдук, олорор дьон халыҥ кэккэтэ суугунуу хамсаан ылбыта. Бу сырыыга биһириир да, сөбүлээбэт да саҥалар тэҥҥэ иһиллибиттэрэ. Михаил Ефимович, ону истибэтэх курдук, салгыы этэ турбута:

– Билиҥҥи кэмҥэ РСФСР национальнай государственнай тутулун системата уларыйыах тустаах. Биһиги көрүүбүтүгэр, бастатан туран, Федерация төрүт укулаата – норуоттар тэҥ буолууларын уонна тэҥ бырааптаныыларын дьиҥнээх өйдөбүлэ төннүөхтээх. Федерацияны саҥардыыны Российскай Федерация бэйэтин балаһыанньатын бэрээдэктээһинтэн саҕалыахха наада, ол эбэтэр федеральнай государство дуогабар нөҥүө сыһыаҥҥа олоҕурар. Оттон билигин РСФСР-га киирэр бары автономнай республикалар үөһэттэн ыйыы-кэрдии күүһүнэн, Декретинэн тэриллибиттэрэ. Өскөтүн биһиги Федерациябытын саҥардыахпытын уонна кини субъектара күүстээх буолуохтарын баҕарар буоллахпытына – оттон биһиги ону чахчы баҕарабыт – народнай депутаттар съезтэринэн, Российскай Федерация Верховнай Советын сессияларынан бигэргэтиллэр сокуоннарга уонна сокуоннар акталарыгар национальнай республикалар бырааптара, Федерация тэҥ бырааптаах субъектарын быһыытынан, билиниллэллэрэ наада.

Соторутааҕыта ылыныллыбыт ССРС бас билиитин туһунан сокуон 20-с ыстатыйатыгар автономнай республика РСФСР сокуонун иһинэн сиригэр-уотугар киирэр сири уонна айылҕа ресурсаларын бэйэтин уонна ССРС интэриэһигэр бас билэр, дьаһайар, туһанар бырааптааҕа ыйыллар. Оттон ССРС, союзнай уонна автономнай республикалар экономикаҕа сыһыаннаһыыларын туһунан сокуон 5-с ыстатыйатын быһыытынан, бу боппуруостар ССРС, РСФСР уонна автономнай республикалар икки ардыларынааҕы элбэх өрүттээх Сөбүлэһиилэринэн быһаарыллаллар. Онон ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтэ алмааһы уонна кыһыл көмүһү хостооһунунан дьарыгырар Саха АССР валютаҕа бородууксуйатын күн бүгүнүгэр диэри бүүс-бүтүннүүтүн ССРС бас билиитинэн ааҕар. Ол түмүгэр Саха АССР бэйэтин айылҕатын ресурсаларыттан кыратык эмэтик да буоллар өлүүлэһэн дьаһанар сувереннай быраабыттан эмиэ матар. Бу балаһыанньаны ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтэ, ылыныллыбыт сокуоннарга олоҕуран, саҥаттан көрөрүн модьуйабыт!

Саала иһэ ытыс тыаһынан хабылла түспүтэ. Трибунаттан түһэн миэстэтигэр тиийиэр диэри аара араас дьон кини илиитин тутан эҕэрдэлээн хаалбыттара. Оттон бэйэтин дьонун үөрүүлэрэ, өрөгөйдөрө муҥура суоҕа.

ССРС тиҺэх салалтата

РСФСР Верховнай Советын маҥнайгы сессията хас да түһүмэхтэрдээх бэрт уһуннук барбыта. Сессия кэнниттэн Михаил Ефимович ССРС президенигэр, ССКП КК Генеральнай секретарыгар М.С.Горбачевка приемҥа киирэргэ сорунан туран дьулуспута. Бэрт өр кэтэһиннэрэн, болдьохтоох кэмэ – от ыйын 20 күнэ үүммүтэ. Эрдэттэн бэлэмнэммит матырыйаалларын барытын саас-сааһынан паапкатыгар уган, Кремльгэ барбыта.

Дойдутугар курдук, манна эмиэ от ыйын өҥүрүк куйааһа таҥнары сатыылаан турара. Ол эрээри күн сыралҕанын, тууйуллаҕас салгыны баардылаабакка, бу аҕыйах мүнүүтэнэн дойду баһылыгын кытта көрсүөхтээх сүдү соруга атын кыһалҕаны барытын үтүрүйэн, өйүн-санаатын кынаттаах ыратыгар уйдаран, эбии эрчимирбиккэ, чэпчээбиккэ дылы буолан, Кремль ис тиэргэнин киэҥ уораҕайыгар эрэллээхтик үктэммитэ. Республикатын, дьонун-сэргэтин туһугар туруорсуохтаах сүрүн боппуруостарын, икки өрүккэ хардарыта туһалаах этиилэрин өйүгэр өссө төгүл бэрийэн, хат-хат тургута санаан көрдөҕүнэ, барыта өйдөнөр, оруннаах курдук. Ол хайдах ылыныллара, төһө сөпкө өйдөнөрө биллибэт. Бу иһэн кини былыргы өбүгэлэрин, Маһары Бөдьөкөбү, Соппуруон Сыраанабы, Сэһэн Ардьакыабы, санаталаан кэллэ. Ол барахсаттар дьоммут, омукпут туһа диэн быраман мындаа дойдуттан сыарҕа атынан айаннаан, сылы-сылынан кэтэһэн-манаһан, Федор Алексеевич, Екатерина II ыраахтааҕылары көрсөр чиэскэ тиксэн, син тылларын-өстөрүн иһитиннэрэн, аҕыйах да буоллар сорох өрүттэрин ылыннаран, сылдьыбыт сырыыларын, сыалларын-соруктарын ситиспит курдук сананан төнүннэхтэрэ. Онно холоотоххо, кини, аныгы цивилизованнай үйэ киһитэ, балаһыанньата чыҥха атына, ордуга биллэн турдаҕа. Үнүр съезд трибунатыттан тыл этэригэр правительство баһылыктара, Михаил Сергеевич бэйэтэ эмиэ бааллара. Кини тылын-өһүн хайдах ылынан, туох өйгө-санааҕа кэлбитэ билигин биллиэ буоллаҕа…

32
{"b":"821346","o":1}