Литмир - Электронная Библиотека
A
A

Олохпут биһиэнэ оллурдаах да буоллар,

Оһох оттунан, оҕо төрөтөн,

Баччаҕа диэри бииргэ олорон

Этэҥҥэ кэлбиппин дьолбунан ааҕабын.

Маҥнай көрсүһэр түгэммэр

Ыал буолуом да диэбэт этим мин,

Ырааҕы, уһуну төлкөлөөн

Ырабын оҥостор кыах суоҕа.

Чэпчэки олоҕу ол сахха

Батыһар санаабыт да суоҕа.

Ас-таҥас кырыымчык да буоллар,

Кимнээҕэр дьоллоохпут дэнэрбит.

Тапталбыт кыымынан сирдэтэн,

Өктөмҥө тахсаммыт холбоһон,

Дьоллоох киэҥ ыллык суолунан

Барыахпыт дэспиппит биһиги.

Доҕорум, үөрэҕин салҕаары,

Омскай куоракка барбыта,

Оттон мин үлэһит буоламмын

Бороҕон диэн сиргэ тиийбитим.

Ол курдук үс сылбыт ааспыта,

Үөрэҕин бүтэрэн кэлиитэ,

Оля диэн оҕолоох көрүстүм,

Олохпут салҕанан барбыта.

Эдьигээн куоракка тиийэммит

Түбүктээх күннэри көрсөбүт,

Хоту сир олоҕо ыараханын

Бары да биһиги билбиппит.

Ол онно Танябыт барахсан

Аан маҥнай күн сирин көрбүтэ,

Балтыбыт Даарыйа батыһан

Күүс-көмө, өйөбүл буолбута.

Түөрт сылы үлэлээн бараммыт

Дьокуускай куораты булбуппут,

Комсомол хорохоото, партия байыаһа

Дьиэҕэ да көстүбэт буолара.

Түбүктээх олохпут быыһыгар

Дьол, үөрүү да баара,

Хомойуу, хоргутуу таарыйар

Саппах да күннэрэ бааллара.

Барытын кэпсиэҕи уһуна бэрт буолуо,

Онон мин кэпсээммин тохтотон,

Бүгүҥҥү күммүтүн таарыйа

Сылааһын этиэхпин көҥүллээҥ.

Олохпут дьоллооҕун туоһута –

Улахан оҕобут Олябыт,

Татыйык диэн күндү сэгэрбит,

Арылхай кустукпут Максиммыт.

Нап-намыын сиэн кыыспыт Марина,

Кыракый чуорааммыт Катюша,

Тирэхпит, эрэлбит, тапталбыт –

Оҕолор этэҥҥэ буоллуннар.

Күһүммүт кэлбитин көрсүһэ,

Доҕоруом, сиэрдээхтик олоруох,

Бар дьоммут алгыһын ылынан,

Эппиэттээн сылааһы сыдьаайыах.

Сүрэх сылааһа, санаа иэйиитэ толору этиллэр иһирэх тыллардаах, төһөнөн судургу, боростуой да, соччонон истиҥ бүтүн ыал олоҕун историята, харахха арыллар хартыына хоһооно ама ханнык көнө санаалаах, сытыары майгылаах саха киһитин кутун туппат, долгуппат буолуой? Кимҥэ да биллэ-көстө сатаабатах, куруук күлүккэ сылдьыбыт саха омук сэмэй далбар хотуна дьиҥнээх сахалыы уһун-киэҥ санаалаах, уйаҕас-нарын куттаах-сүрдээх, сытыары-сымнаҕас көнө майгылаах дьиэ кэргэн амарах ийэтэ, эбэтэ буоларын аныаха диэри истибит-билбит аҕыйах буолуо.

Дора Никитична, өйө-санаата аһыллан, туох да иҥнигэһэ-тутулуга суох чугас дьонун, сиэттэрин туһунан салгыы кэпсиир. Кини дьиэ кэргэттэрин, олоҕун туһунан истиҥ ахтыыта биһиги барыбыт олохпут, историябыт сорҕото. Бас-көс дьоммут дьиэ кэргэттэрин, хаан уруу аймахтарын бэйэбитигэр сыһыара, чугаһата тутан көрөрбүт биһиги дьиэтээҕи эйгэбит сыһыанын ситимниир, бөҕөргөтөр.

– Улахан сиэммит уон аҕыһын туолан эрэр, 11-һи бүтэрдэ, үөрэххэ киирээри сылдьар. Орто сиэн пиэрибэйи бүтэрдэ, аҕыһа буолан эрэр. Кырабыт, уолбут оҕото, үһүгэр сылдьар. Уол, Михаил диэн ааттаах, – Дора Никитична тэтэрээтин арыйбахтыы, эмиэ да ытыһынан имэрийэ олордо.

«Ыал ийэтинэн, эр киһи дьахтарынан» диэн сахалар мээнэҕэ этиллибэтэх, киэҥ өйдөбүллээх өс номохтоохпут. Өскөтүн биһиги бас-көс киһибит – бастакы президеммит холоонноох доҕорун, олоҕун аргыһын сахаттан атыны талбыта буоллар, кини норуотун дьиҥнээх уола, патриота буолуо этэ дуо диэн олохпут быһыытын-майгытын, омукпут иэрэҥ-саараҥ санаатын сиэрдээх ыйытыыта үөскүүр. Коммунистическай идеология, сэбиэскэй тутул ханнык да конституциятыгар, сокуоннарыгар суруллубатах национальнай республикалар бастакы сэкирэтээрдэрэ хайаан да улахан омуктан ойохтоох буолуохтаахтар диэн үһү-бадах курдук кистэлэҥ эрээри, олоххо бигэтик туттуллар үгэс үөскээн сылдьыбыта биллэр. Ону туоһулуур холобурдар ааспыт олохпутуттан көстөллөрө өртөн буолбатах.

Ыал ийэтин итии чэйин астына иһэн, сахалыы сайаҕас кэпсээнин дуоһуйа истэн, ыалдьыт, бэйэтэ эмиэ ыал ийэтэ, бүгүҥҥү күннээҕи үгүһү билбитэ туохха түмүллүөн сөбүн иһигэр буһара, ырыта-сыымайдыы олордо.

Кини иннигэр олорор саха ыалын көннөрү дьахтарыттан, ийэтиттэн, эбэтиттэн туох да атына суох, үүттээх итии чэйдээх, истиҥ, сылаас тыллаах-өстөөх, сахалыы быһыылаах-майгылаах, өйдөөх-санаалаах уонна саамай киһиэхэ чугаһа санаата-оноото, кыһалҕата эмиэ дьиэ иһинээҕи, оҕо-уруу, кэргэн, аймах-билэ, хаан уруу дьонун тула иэйэр-куойар, хоһоон айар аһаҕас куттаах-сүрдээх Дора Никитична киниэхэ, боростуой суруналыыска, итэҕэйбит олоҕун кэпсээнэ норуот духуобунай баайа-дуола, олох оскуолатыгар буһуу-хатыы чаҕылхай холобура буолар.

Туох суоҕай кини олорон кэлбит чэпчэкитэ суох уустук, үрдүккэ дьулуурдаах, тулуурдаах олоҕун суолун сырдык, киэҥ аартыгар? Утуу-субуу үөрэхтэрин бүтэрэн, тапталларын, олохторун холбоон ыал буолан, үлэ үөһүгэр, олох муудараһыгар уһаарыллыы. Бу судургу ааттаталааһыннаах Дора Никитична биографиятыгар саамай уустук, ыарахан миэстэнэн, арааһа, олох оскуолатын муудараһын күннэтэ көрсөр ыарахаттарын чиэстээхтик туорааһын бүппэт-бараммат түбүктэрэ буолуохтаах. Бэйэтэ хоһоонугар хоһуйбутунуу, үлэттэн ордубакка дьиэтигэр көстүбэт кэргэнин, дьиэ-уот хаһаайынын эр киһи үлэтэ, оҕо иитиитэ барыта кини намчы санныгар сүктэриллибитэ. Маны барытын, бэйэтэ этэринии, «кириэпкэй соҕус», ол эбэтэр оҕо эрдэҕиттэн үлэҕэ-хамнаска эриллибит уонна спордунан дьарыктаммыт буолан тулуйбута. Бэйэтин тустаах үлэтэ, ону таһынан нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын быһаарсар ким да ыйааҕа-дьаһала суох киниэхэ соҥноммут эбээһинэһэ, дьон ордугургуур хатыылаах тыла-өһө, дьиэтээҕи үлэ, оҕо-уруу көрүүтэ-истиитэ – бу барыта мунньуллубут эт-хаан, өй-санаа, ньиэрбэ ыар сүгэһэрин уйуу диэн дьиҥнээх олох оскуолата, кытаанах экзамена, муудараһа буолбатах дуо?

Кэргэннии, доҕордуу Дора, Михаил Николаевтар эт-хаан, өй-санаа, быһыы-майгы өттүнэн биир иитиилээх, тэҥ сайдыылаах дьон буоланнар, бэйэлэрин омуктарын саамай үчүгэй хаачыстыбаларын: норуокка, дойдуга бэриниилээх, чиэһинэй, сүрэхтээх, үлэһит буолууну, эппиэтинэһи, тулууру, сэмэй быһыыны – барытын иҥэринэн, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, өйөһөн, норуоттарын, дьоннорун-сэргэлэрин туһугар үтүмэн үгүһү оҥоро, үлэлии-хамныы сырыттахтара. Суруйар киһи иэһэ, үлэтин-идэтин соруга маны барытын туох баарынан, тугу да уларыппакка, энчирэппэккэ норуокка, ааҕааччыга тиэрдии буолуохтаах.

Иккис түһүмэх

Өрө көрүү

Хорсун хардыылар

Михаил Ефимович олох укулаата, баһылыыр система тосту уларыйар, урукку ыһыллан, саҥаны олоххо киллэрэр тыырыллыбатах суолу тэлэр уустук, ыарахан кэмнэригэр куруук ааспыт историяттан тирэх, бүгүҥҥү күн боппуруостарыгар эппиэт көрдөөччү…

Ыраахтааҕы былааһа, олохтоох баайдар саха дьадаҥытын талбыттарынан баттаан-үктээн олороллорун көрө улааппыт, бэйэтэ алын дьадаҥы араҥаттан эрэйи-кыһалҕаны эҥээринэн тэлэн киһи-хара буолбут Былатыан аҕа көлүөнэ саха үөрэхтээхтэриттэн атын, саҥа кэмҥэ төрөөбүт, атын өйүнэн-санаанан салайтаран, уоттаах-төлөннөөх өрөбөлүүссүйэ суолун тутуспут киһи буолар. Тустаах кэм ирдэбилэ, олох уларыйыыта-тэлэрийиитэ дьиҥнээх чаҕылхай личностары ол курдук инники күөҥҥэ таһаарар, сайыннарар, история хаамыытын иилэһэр-саҕалаһар эппиэтинэһи сүктэрэр.

Кулаковскай интеллигенцияҕа туһаайан суруйуон сыл иннинэ төлөннөөх Былатыан Ойуунускай уон сэттэтин туолбута. Кини сыылынай марксистар сабыдыалларынан өйүн-санаатын, эдэр эрчимин сытыы кылаассабай охсуһуу идеяларыгар анаабыта. Учуутал семинариятыгар бииргэ үөрэнэр доҕоро Максим Аммосовтыын ыччат лидердэрэ, өрөбөлүүссүйэ буолан саҥа былаас олохтонуутугар эдэрдии эрчиминэн үлэлээн, эдэркээн саастарыгар бүтүн уобалаһы салайар дьон буолбуттара.

1921 сыллаахха кулун тутар 20 күнүгэр Москваҕа Кремль дыбарыаһыгар бассабыык партия Х съеһэ аһыллыбыта. Съезкэ Саха сириттэн Ойуунускай уонна Барахов кыттыбыттара. Бу мунньахха көрүллүбүт үгүс боппуруостары сэргэ партия национальнай политика боппуруоһун туруорбутун Ойуунускай олус үөрэ, биһирии истэн, ахтыытыгар маннык суруйбута: «Ол кэнниттэн турбута партия икки сэбиэскэй былаас икки омук омугу баттаабат, урут баттаммыт омуктар партия ыйбыт социализм ыллыгынан өрө көтөҕүллэн сайдалларын туһунан. Национальнай боппуруос туһунан большевик партия политикатын билээт, автономия ылар санааны сананныбыт Барахов биһикки…

26
{"b":"821346","o":1}