Литмир - Электронная Библиотека
A
A

– Сир үллэһигин сөбүлээминэ, Амма улууһун баайдара бу ааспыт сайын Зедгенизов диэн милииссийэ начальнигын, уруккуттан бэйэлэрин кутурук киһилэрин кигэннэр, түөрт нэһилиэк ревкомнарын туттаран хаайыыга уктаран бараннар, кинилэр оннуларыгар бэйэлэрин дьоннорун туруортаабыттара уонна урукку бэйэлэрин сирдэрин охсуллубут оттору кытта төттөрү былдьаталаан ылбыттара. Ону тахсаммын миэстэлэрин буллартаатаҕым дии, – Былатыан туох буолбутун баарынан, кыһыытын-абатын кыатана соҕус да буоллар, омуннаах соҕустук тоҕо-хоро кэпсээн биэрбитэ.

– Ол миэстэлэрин буллараргар конкретно туох миэрэлэри тутуннуҥ?

– Кинилэр туруортаабыт дьонноруттан дьыалаларын былдьаан ылан урукку ревкомнарга төннөрбүтүм. Зедгенизовы тутан доппуруостаан баран Дьокуускайга утаарбытым. Бэйэм хаалан, баайдар сирдэрин дьадаҥыларга төттөрү үллэрбитим, күрээбит баайдары этиллибит болдьоххо кэлбэтэхтэринэ, сокуон тас өттүгэр биллэрбитим. Ревкомнарым кэтэр таҥаһа суох сылдьалларын көрөн, кыһыҥҥы итии таҥас хомуурун ыыталларын көҥүллээбитим.

– Да-а, крутые дела развернулись у вас, – Ярославскай эмиэ биллэ-биллибэттик мүчүҥнээн ылбыта.

Онтон Бараховы ыҥыттаран ыланнар, партия Сибиирдээҕи кэмитиэтин бюротун мунньаҕар Ойуунускай дьыалатын туһунан дакылааттатан баран Слепцов-Ойуунускайтан ЧК буруйдааһынын устарга, ууруулаах куоластаах делегат быһыытынан партия Сибиирдээҕи III конференциятыгар кыттар делегация састаабыгар киллэрэргэ уонна Бүтүн Россиятааҕы бассабыык партия Х съеһигэр сүбэ куоластаах делегатынан Москваҕа ыытарга диэн уураах ылыммыттара. Онон, алдьархайтан ас таһаарыммыт диэбиккэ дылы, эбиитин Москваҕа тиийэн съезкэ кыттан, Ленини илэ бэйэтин көрөн, тылын-өһүн, ордук национальнай политика туһунан этиитин олус биһирээн, онтон сиэттэрэн автономия боппуруоһун туруорса, бүтүн норуот дьылҕатын быһаарар дакылаат суруйан, ону туруулаһа бу кэлэн сыттаҕа. «Уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, иккис күн ат уорҕатыгар» диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ.

Сибиир ревкомун бэрэссэдээтэлэ Смирнов Москваҕа сылдьар кэмэ этэ, оттон партия Сибиирдээҕи кэмитиэтин бюротун саҥа сэкирэтээрэ Яковлев үлэтигэр кэлэ илигэ. Онон Чуцкаевка сүбэлэһэ киирбиттэрэ. Былатыан Саха сирин олоҕо бүгүҥҥү күннээххэ хайдаҕын, дьоҥҥо-норуокка, үөрэхтээххэ-үөрэҕэ суохха туох быһыы-майгы баарын, сэбиэскэй былаас турбутун кэнниттэн туох туһуттан Оросин уонна тохсунньу саагыбардара үөскээбиттэрин сиһилии кэпсээн биэрбитэ. Сибнац үлэһитэ Плич уонна Барахов истэ олорон сөбүлэһэллэрин биллэрбиттэрэ.

– Мин урут даҕаны саха норуотугар автономия кэлэрэ сөп диэн этэр этим. Олорор сирдэрэ бэрт табыгастаах, Саха сирин большевик партията күүстээх, онон салалтата суох буолуо диэххэ, куттаныахха сатаммат, – Плич сахаларга эрэллээҕин, өйүүрүн аһаҕастык эппитэ.

Кини этиитин хаба тардан ылан, Барахов:

– Автономия билигин кэлэрэ наадалаах, кэмэ бэрт тоҕоостоох. Национальнай боппуруос атаҕар турбатаҕына, кэҥээн-уһаан хааллаҕына, саагыбардар үөскүү туруохтара. Баҕар, бүтүн норуот даҕаны өрө туруон сөп, – диэн эбэн биэрбитэ.

Барыларын санааларын истэн баран, Чуцкаев Саха сиригэр аналлаах паапканы арыйан, докумуоннары бэрийбитинэн барбыта. Ытыллыбыт уонна көскө анаммыт дьон бириигэбэрдэрин ааҕан билсиһэн баран, Дьокуускайтан кэлбит телеграмманы көрдөрбүтэ. Ону ааҕан билбиттэрэ, букатын даҕаны кинилэри утары ис хоһоонноох буолан соһуппута: автономия туһунан Сибнац боппуруоһу туруорарын бассабыык партия Саха сиринээҕи тэрилтэтэ сөбүлээбэт, күн-түүн аайы саагыбардар тахса тураллар, партия күүһэ мөлтөх, сэбиэскэй былаас дириҥник олохсуйа илик диэн. Дьэ «бабат» дии түспүттэрэ.

– Саагыбардар тахса туралларын, сэбиэскэй былаас дьон санаатын өссө да тута илигин туһунан сөпкө этэллэр. Ол гынан баран автономия боппуруоһа онтон тутулуктаах курдук саныыллара сыыһа, онон автономияны биэриини кэпсэтиигэ ити этиилэр болҕомтоҕо ылыллыа суохтаахтар, – Былатыан туруорсар боппуруоһуттан харыс да халбаҥнаабат кытаанах санааны ылыммытын, сирэйэ-хараҕа тыйыһырбытын көрөн, Барахов кинини тута өйөөн тыл эппитэ.

– Автономияны өйөөбөт, норуот баҕатын утары санаалаах дьону Саха сириттэн атын дойдуларга ыытан үлэлэтэр сөп буолуох этэ. Ону эһиги өйдүүргүтүгэр баҕарабыт, – диэн түмүктээбитэ.

Эмискэ бүрүүкээбит тыҥааһыннаах түгэни балай да саҥата суох аһарбыттара. Чуцкаев, эр хааннарын ылыммыт саха дьонун чинчилиирдии эр-биир хардарыта одуулаан көрбөхтүү түһээт, эйэ дэмнээхтик хардарбыта:

– Чэ сөп, биһиги сорох дьону көрөн манна ыҥыртыахпыт. Ыам ыйын маҥнайгы күнүгэр манифест тахсарыгар сөбүлэһэбин.

Урутаан эттэххэ, ол дьыл манифест (амнистия) тахсыбатаҕа. Манифест автономия ылыныллыбытын кэннэ маҥнайгы бастаанньа дьонугар тахсыбыта. Онуоха таарыччы 1921 сыллаахха тохсунньутааҕы саагыбарга холбоспут дьон кытта амнистияҕа хабыллыбыттара.

Саха автономиятын боппуруоһун көрүүгэ аналлаах Сиббюро мунньаҕа 1921 сыллаахха муус устар 26 күнүгэр буолбута. Дакылааты Былатыан бэйэтэ оҥорбута.

– Сибиир ревкомун председателэ табаарыс Смирнов хайа да кыра омукка автономия кэлэрин сөбүлээбэтин истэ-истэбин, сахаҕа автономия кэлэрин туһунан дакылаат оҥорон эрэбин. Большевик партия ыйыытынан советскай былаас Октябрь өрөбөлүүссүйэтын маҥнайгы күннэригэр аан дойду кырахара омуктарын көмүскүүр, араҥаччылыыр, омук омугу баттаабат политикатын ылынна, онон хайа да омук көҥүлүн тутара, автономия ылара төрүт эбээһинэс буолуохтаах диэн эппитэ. Саха уобалаһа буоллаҕына, бырааба аччаан, Сибревкомун ууруутунан Иркутскай губернияҕа холбонон оройуон буолан хаалла. Онон советскай былаас национальнай политиката атаҕар турбакка саагыбардар үөскүү тураллар, – итинник, бэрэссэдээтэл аадырыһыгар хомуруйсуулаах соҕус киэҥ киирии тыллаан, дакылаатын чаас кэриҥэ ааҕан, Былатыан маннык баҕа санаанан түмүктээбитэ: – Саха автономиятын иһигэр Охотскай муора биһиги диэки биэрэгэ киириэхтээх. Оччоҕо сибээс баарын быһыытынан партия үлэтэ, советскай былаас ордук түргэнник атаҕар туран, салаллан-дьаһаллан иһиэх тустаах.

Олунньу ый саагыбарын дьонугар амнистия оҥоһуллара буоллар, партия да агитациятыгар, советскай былаас да үлэтигэр бэрт улахан көмөлөөх буолуох этэ. Онон манифест тахсыах тустаах.

Дакылаат бүтэрин кытта Хотимскай диэн киһи далбаатаммытынан ойон туран, харса-хабыра суох утары тыл этэн барбыта:

– Бу сахалар, син биир дьоппуоннар курдук, империалистическай өйдөөх-санаалаах, улахан кутталлаах норуот. Автономияланнахтарына, онно тирэҕирэн, советскай былааһы утары сэрии тэрийиэхтэрэ, Японияҕа холбоһуохтара. Автономия бэриллэрэ сөбө суох.

Былатыаннаах Исиидэр сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиспиттэрэ. Дьыалалара бөрүкүтэ суох хайысхаланаары гыммытыгар Былатыан бэйэтин сэмэлэнэ санаабыта, дакылаатын олус толоостук саҕалаан кэбиһэн, тойотторун өһүргэттэ быһыылаах. Смирнов, ону бигэргэтэрдии, кумааҕыларын остуол улаҕатын диэки хаһыйа анньан баран, икки илиитин холбуу тутан олорон, холку эрээри кытаанах куолаһынан сыыйан саҥарбыта:

– Табаарыс Слепцов-Ойуунускайы саха диэммин убаастаан эрэ дакылаатын бүтэттэрдим. Итинник тыл-өс сатаммат, Дьокуускайга баар коммунистар автономия кэлэрин сөбүлээбэт эбиттэр. Мин да санаабар, автономия биэрэр эрдэ буолуо. Оттон бу Слепцов-Ойуунускай табаарыс, быһыыта, саха үөрэхтээхтэрин, саха баайдарын илиилэригэр билиэн тутуллан сылдьар киһи быһыылаах, – Смирнов, сөмүйэтинэн дьөлө үүттүүрдүү, Ойуунускайы түөһүн тылынан супту ыйбахтаабыта.

Былатыан өһүргэнэн ойон турбутун бэйэтэ даҕаны билиминэ хаалбыта:

– Табаарыс Смирнов, дьыала ис дьиҥин билбэт эрээри, бас-баттах киһини буруйдуургун эрэ билэҕин. Саха баайдарын сокуон таһыгар этэн буруйдана сылдьаммын аны кинилэр билиэн илдьэ сылдьар киһилэрэ аатырдаҕым. Дьыалабын, бэйэбин быгыһын ыҥыттаран ылан, соторутааҕыта дьүүллээбиккитин умна оҕустугут дуо?

Этиһии аҥаардаах мөккүөр өрө күөдьүйбүтүн намырата сатаан, Барахов, Агеев тыл этэн көрбүттэрэ туһалаабатаҕа. Куоласка туруорууга икки киһи автономия бэриллэрэ сөп диэбиттэрэ, иккитэ сөбө суох диэннэр, куоластара тэҥнэһэн хаалбыта. Онон автономия боппуруоһа аһаҕас Москваҕа барбыта.

28
{"b":"821346","o":1}