Онтон ата бүдүрүйбүт. Сотору соҕус буолан баран. Кыыс атыттан сууллан түспүт. Ол түһэн, тыла суох буолан, өлбүт.
Баай ыал кыыһа туох да баһаан симэхтээҕэ, энньэлээҕэ эбитэ үһү. Ону ол алаас халдьыытыгар атын симэхтэри, дьахтар симэхтэри көмөн кээстэр. Онон сир аннынан ханан эрэ кылаат сытар диэн сабаҕалыыллара. Ханан сытара, ханан көмпүттэрэ букатын биллибэт.
Илин улуустар истиилэригэр кыыскытын күтүөккүт өлөрөн кээспит диэн тиийбит. Онтон илдьит ыыппыттар илин улуустар: «Сэп курдук сэрэнэн олоруҥ, ох курдук оҥостон олоруҥ. Биһиги сэриилээх тиийэбит», – диэн.
Онно күтүөт, сэриилэһэргэ бэлэмнэнэн, туттарбыт ампаара диэн кэпсииллэр. Дьэ, онно күтүөт сэриилэһэрдии бэлэмнэнэн, бу ампаары туттарбыта үһү.
Кырдьык да, тула өттө барыта чуолҕаннаах этэ. Ол уоттанан хаалбыт. Ол чуолҕана букатын сир кырсыгар тиийбит этэ. Дьэ онон, бу сир аата уларыйан, Ампаардаах Алаас диэн аатырбыта үһү.
Алексей Дмитриевич Артемьев-Мойук Өлөксөй (1911). Мэҥэ улууһа, Үөһээ Алтан нэһилиэгэ. Саҥкычах аҕатын ууһа. 1989 с. кэпсэппитим.
КҮРДЬЭХ КӨППҮТ
Былыр аҥаардас биир эмээхсин олорбут. Ити Күрдьэх Көппүккэ. Ол буоллаҕына соҕотох ынахтаах эбит. Саас хойутаан кэлбит. Ынаҕар хаар күрдьэн биэрэр үһү. Хонуу таһааран. Дулҕаҕа.
Күрдьэҕин батары анньан баран, сынньана олорбут. Онно күрдьэҕэр кэлэн кэҕэ эппит. Эмээхсин үөрбүт. Күөххэ үктэнэр киһи буоллум диэн. Ол гынан баран, ол түүн өлөн хаалбыт.
НАМ
Василий Николаевич Попов-Бочоох (1909). Нам улууһа, Хатырык нэһилиэгэ. Дьаакынаан аҕатын ууһа. 1982 с. кэпсэппитим.
СИЭЛЛЭЭХ ОЙУН
Сиэллээхтэр Өтөхтөрө диэн сир баар. Сиэллээх ойун, дьону бэтиэхэлээри итиэннэ ардах иҥин түһэрээри гыннаҕына (тууһут идэлээх эбит), киирэн, төбөтүн ууга уган баран илгиһиннэҕинэ, быыкаайык былыт тахсан баран, ардах түһэр идэлээх эбит.
ХАТЫРЫКТААХ САННЬЫЛҔА
Ити киһи Чурапчыга үөскээбит киһи эбит. Нэһилиэгин билбэппин. Бүөкээни диэн алааска үөскээбит. Бээтин аҕатын аата Күөттээни диэн эбит. Ийэтин аата биллибэт. Ити киһи биир сүрдээх улахан, киэҥ алаастаах эбит. Ол алааһын түөлбэтигэр олорор эбит. Саамай дьиҥнээх киинигэр. Ити кини алааһа биир улахан саар булгунньахтаах эбит. Ол булгунньаҕын хаҥас тэллэҕэр хотуттан ааҥнаан киирбит бөдөҥ томороон тииттээх тумул баар эбит. Ол тумулга кэлбит-барбыт дьон бары тохтоон, тоҕуоруйан, аһаан-сиэн бараллара үһү. Бу Күөттээни диэн оҕонньор сүөһүнэн байбыт баай-дуол киһи эбит.
Улахан уола Хатырыктаах Санньылҕа бэт эдэр сааһыттан ойун киһи буолбут. Ол киһи, ол ойуннаан, барытын чугастааҕыны билэн, эмтээн-томтоон, дьэ, Хатырыктаах Санньылҕа дуо диэн аатыран барбыт.
Иккис уола Лыгый Бөҕө диэн. Кини сүөһү-ас иитэр, хаһаайыстыба тэринэр, дьиэни-уоту көрөр киһи эбит.
Үһүс уола Адаҕымда Бэт наар бөдөҥ булду бултаан, тайаҕы, эһэни өлөрөн, дьэ, онон аһаан-сиэн, иитиллэн олороллор эбит.
Төрдүс уола Быһый Чөөкүмдэ араас күндү түүлээҕи, көтөрү-сүүрэри бултаан, онон дьонугар көмөлөөх. Куһу-куобаҕы, саһылы, солоҥдону, кырынааһы бултаан, аһаан-сиэн олорбут дьон эбит.
Кыыһа Көтөр Бүөбэх дьүһүнэ адьас харахтыын, кыламанныын туус маҕан эбит. Адьас хастаххай маҕан 1 дьахтар эбит. Таҥаһын буоллаҕына, кыһыҥҥытын бэргэһэлиин, үтүлүктүүн бүтүннүү маҕан куобаҕынан, кыһыҥҥы куобаҕынан, түүтүн таһыгар гына таҥнар эбит. Сайыҥҥы таҥаһа буоллаҕына, от-мас сибэккитин мунньан, ону тигэн, тайах, таба тириитин, ону сарыылаан, маҕан таҥаһы таҥнар идэлээх эбит. Итиэннэ кырынаас эҥин тириитин, мугучаах 2 тириитин таҥнар эбит. Үксэ ойуу оҥостор курдук кэпсииллэр этэ.
Дьэ, ити дьахтар тохсунньу ый тоҕус күнүгэр кыһын хас сыл аайы хадыһа оҥостон тахсар. Ол саар булгунньаҕын үрдүгэр тахсан хонор буолбут. Бу дьахтар, сайынын буоллаҕына, от ыйын 12 күнүгэр эмиэ ол саар булгунньаҕын үрдүгэр тахсан хонор идэлэммит.
Бу сүөһүлэрин, баайдарын иһигэр саамай бэлиэ икки сүөһү баар. Ол сүөһүлэриттэн бэлиэтэ диэн атыыр оҕус баар эбит. Ол атыыр оҕус сүүһүгэр туоһахталаах, икки өттүгэр саппыйалаах, кутуругун төбөтө үрүҥнээх. Биир ассыын, ол аата түөт чиэппэр, уһун муостаах. Кутуруга сиргэ сыһыллыбытын ордуга биир ассыын.
Сиргэ тиийэн баран, биир ассыын сыһыллар эбит. Итиэннэ иккис бэлиэ сүөһүтэ биир атыырдаах эбит. Ол атыыра кыталык элэмэс. Ол аата кугас элэмэс диэн буолар. Ити атыыр көҕүлүттэн үөһээ өттө, сиэлэ икки өттүнэн силэллэн түспүт, сиһэ бүтүннүүтэ эмиэ арҕаһын, моонньун, сиэлин курдук, сиһин икки өттүнэн хайдан, намылыйан түһэр уһун сиэллээх эбит. Кутуруга быһаҕаһыттан үөһээ өттө маҥан, такымыттан үөһээ өттө, аллараа өттө хара уонна уһун, суон хойуу кутуруктаах эбит.
Дьэ бу сүөһүлэнэн, байан-тотон олордоҕуна, аччыгый уола Быһый Чөөкүмдэ тыаҕа бултуу тахсыбыт. Ол тахсан, уон ордуга икки куобаҕы уонна саһыл, кырынаас, солоҥдо сүгэн киирэн иһэн, баараҕай булгунньах хаҥас тэллэҕэр баар тумул бөдөҥ тиит аннынан суолун устун киирэн истэҕинэ, улахан тиити үстэн бииринэн холобурдаах үрдүк, улахан, суон киһи барыйан көстүбүт.
Бу киһи Быһый Чөөкүмдэни: «Тохтоо эрэ, нойоон», – диэбит.
Быһый Чөөкүмдэ эргиллэ түспүт. Киһитин диэки. Киһитэ барыйан туран эрэ эппит: «Ааттаах быһый Быһый Чөөкүмдэ буоллаҕыҥ дии. Үс тоҕус түһүлгэтэ оҥор», – диэбит. Ол аата тоҕуста кылый, тоҕуста ыстаҥалаа, тоҕуста куобахтаа диэн. «Мин кэннигиттэн батыһан көрүөм», – диэбит.
Инньэ диэбитин кэннэ, Быһый Чөөкүмдэ, куттаммыта да бэт буолан, үс тоҕус түһүлгэни оҥорон түһэр. Куобаҕын, таһаҕаһын түһэрбэккэ эрэ, сүкпүтүнэн.
Били түһэн истэҕинэ, бүтэн истэҕинэ, кэнниттэн атах тыаһа либиргээн иһиллэр уонна сөҥ саҥа эмиэ иһиллэр: «Нойоон, биир сүөмү аһардым ээ. Аны эн мин киһим буолаҕын», – диир.
Инньэ диэбитин кэннэ, Быһый Чөөкүмдэ дьиэтигэр, таһаҕаһын сүкпүтүнэн, сүүрэн дэгэйэн киирэр. Аанын тэлэйэ баттаан, таһаҕаһын сүкпүтүнэн аҥаар атаҕынан аан боруогун атыллаан турдаҕына, киллэрбэккэ эрэ, тойон убайа Хатырыктаах Санньылҕа үс сырҕан эһэ тириитэ олбохтонон билирик ороҥҥо кэтэҕиттэн тардыһан тиэрэ түһэн олороро үһү. Өйөнөн. Кини эппит: «Дьэ, нойон, алдьархайы оҥордуҥ. Иин уутун курдук, иҥнэри үктээн киирдиҥ. Ити Үөһээ Халлаан Былытын уола түһэн турарыгар түбэһэ кэлэҥҥин, кылыйаҥҥын, ыстаҥалаан, куобахтаан, кыаттардыҥ. Ол кыаттарбыккын ити абааһы уола аны мин киһим диир. Онон, үс хонукка тохтотон бараммын, ити киһини илдьэ барабын диэн этэр. Сэргэҕэ дьэргэлгэн элэмэһим баанан турар. Ол үрдүгэр түһэҥҥин, төттөрү сүүрдэн таҕыс, тииккэ өйөнөн турара буолуо. Ону: Тойон убайбар киириэҥ үһү диэ. Оччоҕо батыһан киириэ”», – диир.
Ол ыккардыгар Хатырыктаах Санньылҕа суол ааныттан уҥуо ороҥҥо дылы хара эһэ тириитинэн сиргэ тэлгэтэн, уҥуо ороҥҥо үс хос сырҕан эһэ тириитин тэлгэттэрэн, үс баҕанаҕа сур бөрө тириитин салама ыйатан тоһуйар.
Быһый Чөөкүмдэ били аты миинэн тахсан Былыт уолун ыҥырар: «Тойон убайбар киириэҥ үһү», – диир. Диэт, атын төттөрү салайа баттыыр да, дьиэтин диэки тибилиннэрэр. Ол иһэн иһиттэҕинэ, киһи атаҕын тыаһа либийэр. Атын сэргэтин биир салаатыгар иилэ быраҕар да Быһый Чөөкүмдэ дьиэҕэ киирэр. Дьиэҕэ киирбитин кэннэ, аан тэлэллэ түһэр. Биир хара күлүк киһи киирэн кэлэн, уҥа ороҥҥо олорбут курдук күлүгэ көстөр.
Хатырыктаах Санньылҕа, ойон туран, түҥүрүн ылан, кыыран илгистэр: «Бу бырааппын ылыма. Хааллар. Ол оннугар мин атын тугу баҕарар биэриэм», – диир.
Кыыран бүтүүтүн түмүгэр – кэпсэтии. Абааһы уолунаан сөбүлэһэллэр икки өттүттэн. Сөбүлэһэннэр, тоҕус хонукка тохтотор буолар. Итиэннэ илдьэ барарын тохтоппот Абааһы уола.
Дьэ туран, кэпсэтиилэрин түмүгэ – үс суол муус ураҕаһынан үүрбэ үүрдэрэргэ диэн. Үүрбэ диэн сэттэ эргэ бара илик кыыс, сэттэ ойох ылбатах уол итиэннэ маҥан түүлээх үс сэттэ ынах сүөһү. Барыта эдэр, үс саастаах, икки саастаах сүөһү. Итиэннэ үс сэттэ сылгы сүөһү. Бу сүөһүнү үс муус маҕан таҥастаах, үс маҕан ураҕастаах, ол аата тэтиҥ маһы сулуттаран, бу сүөһүнү, бу икки сэттэ киһини барытын, ол ынахтары, сылгылары барытын, саар булгунньах тэллэҕинэн үстэ эргиттэрэн баран, тумул баараҕай тииттэр, абааһы уола тохтообут тиитин, аннынан хоту диэки үүрдэрэр кинэ кэпсэтэллэр.