Арай биирдэ хампаанньабыт салалтата (Харлампий Назарович саҕана) Таатта улууһун кытта бииргэ үлэлииргэ сөбүлэсиһии түһэрсибитин чэрчитинэн, айар үлэһиттэри улуус нэһилиэктэринэн ыҥыран ыалдьыттаттылар. Биһиги бөлөхпүт Дэбдиргэ диэн ыраах дэриэбинэҕэ барар буолла. Олохтоохтор олус үчүгэйдик күндүлээн-маанылаан көрсүбүттэрэ. Төннөрбүтүгэр нэһилиэк баһылыга дьэрэкээн ойуулаах, улахан баҕайы маллаах иһити көтөҕөн таһааран: «Биһиги НВК сахалыы куттаах-сүрдээх биэриилэрин оҥорооччуларга махталбыт бэлиэтин – бу олохтоох маастар Парасковья Матаннанова тикпит туос иһитин бэлэхтиибит. Бөлөх салайааччыта маны бэйэтэ көрөн, тэлэбиидэнньэ туһугар сулууспалатыа», – диэн баран, бөлөхпүт салайааччытыгар, оччотооҕуга улуус телестудияларын дирекциятын салайбыт Иннокентий Готовцевка туттаран кэбистэ.
Айаммыт уһун. «Уазик» инники олбоҕор салайааччыбыт дьэрэкээн туос иһити араҥаччылыы көтөҕөн олорор. Мин буоллаҕына, бу иһит хайдах «тэлэбиидэнньэ олоҕор, үлэтигэр-хамнаһыгар сулууспалыан» сөбүн толкуйдуубун. Бэрэсидьиэммит кэбиниэтин киэргэтиэххэ сөп буолуо. Эбэтэр Готовцев салайааччы буолан сылдьыбыт айанын үтүө өйдөбүлүгэр дьиэтигэр илдьэ бардын. Эбэтэр биир эмит биэрии бэйэтин символа-бэлиэтэ курдук устуудьуйаҕа туруорар мал гыныан сөп. Ол биэрии хайаан да сахалыы тыыннаах буолуохтаах. Кини кута-сүрэ бу маллаах иһит курдук түҥ былыргы өбүгэни кытта ыкса ситимнээх, кэрээбэт кэрэ санаанан сайар, бараммат истиҥ кэпсээнинэн салҕанан иһэр буолуохтаах.
Оттон… «Кэпсиэҕэ» туруорар соруктарым итинник буолбатахтар дуо? Ол эрээри устуудьуйам оҥоһуута маллаах иһит турарыгар барсыбат ээ. Эмискэ «Черный ящик!» диэн санаа өйбөр охсулунна. «Поле чудес» биэриигэ Леонид Якубович: «Приз в студию!» – диэтэҕинэ, хара дьааһыгы көтөҕөн киирээччилэр дии. Ол иһигэр баҕар, күлүү гыммыт курдук, хаппыыста сахсаллан сытара буолуо эбэтэр дьол туругуруутун туоһута буолан, массыына күлүүһэ кыайыылаахтык кылбачыйа сытара буолуо… Ыытааччы хара дьааһык хаппаҕын аһыар диэри оонньооччу онно туох баарын билбэт. Оттон биһиги эмиэ оонньотобут дии… Ол эрээри онно хаһан да хаппыыстаны угуохпут суоҕа, онно хайаан да сахалыы кинигэ уонна биирдэ эмэ бриллианнаах оҥоһук курдук күндү маллар угуллуохтара!
– Иннокентий Иннокентьевич! Мин биллим, маллаах иһит саха көрөөччүтүгэр хайдах туһалыырын! – нуктаан испит салайааччыбын сиэҕиттэн тардыалаан уһугуннарабын уонна толкуйбун кэпсээн массыына иһин толорон кэбиһэбин.
Массыына иһинээҕилэр бары сөбүлээн күйгүөрэ түһэллэр. Итинник, «Кэпсиэ» биэрии көрөөччүлэригэр утары уунар бириистэрин харайарга ананан тигиллибит курдук, иһиттэммитэ…
«Тиктим 2003 сыл. Таатта. Матаннанова Парасковья Петровна. Дэбдиргэ» диэн иһиппит түгэҕэр сурук баар. Дьиҥэ, айар киһи кыайан тэриммэккэ хаалан, саамай элбэхтик толкуйдаабыт, иһигэр иитиэхтээбит санаатын, иэстээх курдук өйдөөбүт түгэнин кыайан ситэрбэккэ, толорбокко хаалара баар эбит. Мин киниэхэ, Парасковья Петровнаҕа, ааттаан-суоллаан тиийиэхтээх, кини туһунан кэпсиэхтээх, кинилиин кэпсэтиэхтээх этим эбээт… Ол эрээри дэбдиргэлэртэн ыҥырыыны кэтэһэн дуу, күн тура-тура түбүктэн түбүгү үмүрүтүү үгэнигэр дуу ити санаа туолбакка хаалбыта. Бэйэбин «ырааһырда» сатаан, ардыгар саныыбын манныгы: биһиэхэ массыына биэрэн командировкаҕа ыытыы диэн сүрдээх сэдэх буолааччы. Арай үрдүкү салайааччыбыт тылын биэрбит дьонун уста барарга камера да, командировка да, сөмөлүөккэ билиэт да олус кэбэҕэстик баар буола охсооччу. Мин үксүгэр дьон, тэрилтэ, нэһилиэк, улуус ыҥырыыларынан баран үлэлиир буоламмын, ыҥырааччылар бэйэлэрин көлөлөрүнэн сылдьа сатааччыбын. Аан бастакы оннук айаммыт Томпо улууһун Кириэс Халдьаайытыгар этэ. Аны хонуктаах командировкаҕа барар түбэлтэҕэ кэлэр нэдиэлэҕэ хатылааһыны эрэ туруораргар тиийэриҥ: тоҕо диэтэххэ, нэдиэлэттэн икки күн көҕүрээтэҕинэ, саҥа биэрии сюжеттарын ситэн оҥоро охсубаккын. Чэ, ол эрээри ити бэйэм бэйэбин буруйдуурбуттан куотуна сатыыр толкуйдарым ааспаттар-арахпаттар диирбэр тиийэбин. Дьиҥ-чахчы туруммутум буоллар, Дэбдиргэҕэ таксинан да айаннаан, хайаан да тиийиэхтээх этим, тиийэр иэстээх этим…
«Ноо». Саха киһитэ сэргээбитин бигэргэтэр, кэпсээччини тэптэрэн биэрэр саҥа аллайыыта. Маннык ааттаах рубрика биэриибин син уһун кэмҥэ киэргэтэ сылдьыбыта. Ханнык баҕарар тиэмэни арыйарга ис хоһоону өссө дириҥэтэн, сытыырҕатан биэрэр тэттик иһитиннэриилэр баар буолаллар. Ону бэйэҥ тылгар холбуу сатыы олоруохтааҕар сөптөөх көстүүлэринэн тиэрдэр көрөөччү өйүгэр-санаатыгар быдан ырылхайдык киирэр буоллаҕа. Холобур, харчы тиэмэтигэр анаабыт биэриибитигэр хаһан, ханна, хайдах харчылар баар буола сылдьыбыттарын тустарынан киһи эрэ соһуйа истиэх түгэннэрин «Ноо!» рубрика кэпсээн кэбиһэр. Сэрии туһунан биэриибитигэр нуучча «Ураа!» хаһыыта Петр I ыраахтааҕы дьаһалынан, кини калмык сэриитэ кимэн киирэригэр туттар «Ураай!» хаһыытын сөбүлээбититтэн үөскээбитин уонна калмыктар ураайдара биһиги уруйбутунуун уруулууларын туһунан эмиэ «Ноо!» рубрикаҕа табыллан кэпсиигин: экраҥҥа бастаан Аҕа дойду сэриитигэр атаакаҕа киирэн иһэр саллааттар көстүүлэрэ, онтон былыргы калмыктар аттаах сэриилэрин ойуута, Петр I мэтириэтэ, былыргы нуучча аармыйата, онтон саха боотурдарын үҥкүүтэ бу кэпсээн икки мүнүүтэтин саптаҕына дьайыыта ордук күүстээх буолар.
Бу рубрикаҕа биһиги көр-күлүү театрын артыыстарын кытта бэркэ тапсан үлэлээбиппит. Кинилэр диэтэх дьон, сценарийы кэпсээтиҥ да, айан-оонньоон, киһи эрэ айаҕын атан олорон көрүөх түгэннэрин туруора охсон кэбиһэллэрэ. Мурун туһунан биэриигэ мунна хаһыҥырыыр эрин кытта эрэйи көрөн утуйа сатыыр дьахтары, о.д.а. «Ералашка» маарынныыр устуулары сорох көрөөччүлэр умнубатах буолуохтаахтар.
6. ТАБА ТАЙАНЫЫЛАР. ТИЭМЭЛЭР
«Хайа, толкуйдаабыт рубрикалара үксэ аара суолга көөрөттөн түһэн испит холоон да биэрии эбит», – дии саныаххыт, баҕар. Ол эрээри «Кэпсиэ» дьону тардыбыт сүрүн ньымата – кэпсэтэр тиэмэни, биэрии тосхолун таба тайанан булуута эбит. Холобур, ити «мурун туһунан биэрии» диэтим дии. Ити тиэмэ биһиэхэ лор-быраас сүрүн ыалдьыт буола кэлэриттэн сылтаан толкуйдаммыта. Төһө да хаптаҕай буоллар, бу тыыннаран-тыбыырдан сылдьар муннубут барахсан туһунан, түөрэ хаһан кэпсээн бардахха, бараммат сэһэн буолуох курдуга…
Олохпут эгэлгэ көстүүлэригэр, айылҕаҕа, киһи киһиэхэ сыһыаныгар, дьоҕурга-талааҥҥа, тэрилтэлэр үлэлэригэр, тылга-өскө, хамныыр-харамайга, философия өйдөбүллэригэр, айымньыларга… туохха-туохха анаабатахпытый, биһиги биэриибит ис хоһоонун?!
Ол эрээри саха дьонун саамай долгутар, кинилэр сүрэхтэрин ыппытынан киирэр тиэмэлэр бааллар эбит этэ.
Устуудьуйаҕа олорон, мэктиэтигэр, көрөөччүлэртэн дирдиргэс сүүрээн субу тиийэн кэлэрин билэргэ дылы этим. Оннук буолбута, биһиги аІаардас сылдьар, олох устун бииргэ хаамсар доҕордорун булбатах дьон кыһалҕаларын туһунан кэпсэтиини тэрийбиппитигэр. Оннук буолбута, түөрт устуруока күпүлүөтү суруйууга бүнүікүл бириистээх сааскы кус булдун туһунан биэриибитигэр; оннук буолбута, Дьокуускай куоракка саха тыллаах оҕо саада, оскуола элбиирин туруорсар төрөппүттэр бөлөхтөрүн таһаарар биэриибитигэр; оннук буолбута, бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Ефимович Николаевка анаммыт таһаарыыбытыгар; венгр уола Чоба кыттыылаах омуктар сахалыы саҥаралларын көрдөрөр биэриибитигэр; эбэтэр дьикти дьоҕурдаах, ойуун таттарыылаах ураты киһи соһуччу этиилэрин истэрбитигэр, маҥнайгы таптал туһунан долгуйа ахтарбытыгар… онтон да атын түгэннэргэ.
«Аналлааҕым ханнаҕыный?». Бу биэрии итинник эрэ ситиһиилэниэ дии санаабатаҕым. Саатар Дьокуускайга үлэлээн эрэр суорумньу кулуубун салайааччыта кэлиэх буолан баран, бэйэтин оннугар олох да атын, бастаан ыйыталастахха иилэн тугу да кыайан хоруйдаабат дьахтары ыыппыт этэ. Онтон санаам түһэн, эрэлим эрэ эрдэттэн оҥорбут сюжеттарбар хаалбыта. Онно өйдүүрбүнэн, опрос табыллан таҥыллыбыта уонна биир суорумньу нөҥүө холбоспут киһини күүстээх ирдиир (сыскной) агентствоттан итэҕэһэ суох үлэлээн буламмыт, ылбыт интервьюбут баара. Ол киһибит «сирэйбин көрдөрбөт буоллаххытына» диэн ирдэбиллээх уһуллубута. Онон кинини бэйэбит кэбиниэппит түннүгэр туруорбуппут, уоту умулларбыппытыгар кини сирэйэ күлүгүрбүтэ, ол оннугар түннүгүнэн көстөр кырыаны бүрүммүт хатыҥнар ордук сырдаабыттара, хайдах эрэ таайтарыылаах баҕайы көстүү тахсан кэлбитэ. Ол туран бу отутуттан тахсыбыт эр киһи: