Уруут-урут, Саха сиригэр күөх уот саҥа көстөрүн саҕана, биэриилэр бары быһа эфир быһыытыгар-майгытыгар барар кэмнэрэ эмиэ баара үһү. Ол гынан баран кэнники, биһиги ол турунарбыт саҕана, «быһа эфир» диэн хаалтыстаах дьон хамсаабакка олорон төлөпүөнүнэн киирэр ыйытыыларга хоруйдааһыннара эрэ буолар этэ диибин, онуоха ол саҕанааҕы көрөөччүлэр бары туоһу буолуоххутун сөп. «12-с ханаал» итинник хартыынаны хамсаппыта, урукку саха тэлэбиидэнньэтин туһунан стереотибы алдьатан, экраҥҥа чэбдик тыал буолан сайа охсон киирбитэ, НВК уруккуга маарыннаабат «саҥа, сонун» көстүүлэнэригэр бастакы хараҥаччы буолбута. Хас биирдии ыытааччы-редактор нэдиэлэ аайы саҥаттан саҥа тиэмэни олус ыгым кэмҥэ толкуйдаан таһаарара ирдэммитэ. Итинтэн Анатолий Гоголев олус долгуйарын уонна бэлэмнэнэригэр ыарырҕатарын миэхэ этэн турар.
Мин бастакы биэриибин сахалыы ааттар тиэмэлэригэр анаабытым. Сүрүн ыалдьыппынан сүгүрүйэр дьоммуттан биирдэстэрэ – Багдарыын Сүлбэ кэлбитэ. Кэпсэтиини куорат саахсатыгар баран устубут сюжеппыт ситэрэн-хоторон биэриэхтээҕэ. Ол саҕана үлэлээбит саахса сэбиэдиссэйэ сахалыы ааттаныыны төрдүттэн утарар эбит этэ: «Оҕоҕо от-мас диэн хаалынньаҥ ааттары биэрэр туох үчүгэйдээҕий?» – диэн мин истиэхпэр бэрдэ суох этиини оҥорбута. Ону хайдах баарынан ыыппыппытын Багдарыын Сүлбэ көрөн олорон: «Омук кэскилин туһунан туох да толкуйа суох дьон ити курдук дьэ утара, туорайдаһа олороллор…» – диэн күүскэ саҥарбыта. Ол саҕана ааттарын уларытан, сахалыы аат, араспаанньа суруллуутун докумуоҥҥа киллэрэри бастакынан ситиспит дьоммут: Багдарыын Сүлбэ да, Алаас От да хайдахтаах утарсыыны көрсүбүттэрин, тус бэйэлэрин эрэ дьулуурдарынан, итэҕэллэринэн саҥа суолу солоон барбыттарын ол биэрииттэн өйдөөбүтүм.
Режиссерум Любовь Золотареваны кытта улам «амтаһыйан», бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн үлэлээн барбыппыт. Манна мин Сунтаар устуудьуйатыгар уонча сыл мэлдьи кэриэтэ быһа эфиргэ олорбут үөрүйэҕим таайбыта. Оттон Любовь Васильевна сүрүн ханаалга сүүрбэ сылы мэлдьи үлэлээбит буолан аптарытыаттааҕа, киэҥ уонна үрүт үөһэ хоннохтоох тэрилтэ үлэтин тэрээһинин ымпыгын-чымпыгын үчүгэйдик билэринэн уонна, биллэн турар, олус айымньылаахтык үлэлиир улахан профессионал быһыытынан, эрэллээх тирэҕим буолбута. Николай Иннокентьевич биһигини, омос көрдөххө ханан да ханыыласпыт дьону, тоҕо холбообута биллибэт, ол гынан баран, сыыспатах эбит диэх тустаахпын. Люба куоракка улааппыт буолан, көннөрү саҥарарыгар саха тылын кыбытан да ылбат этэ, онон дьиҥэ мин бастаан «тылы билбэт киһини кытта сахалыы биэриини оҥорор уустуктардаах буолуо, чэ, хайыахпыный» дии санаан аһарбыттааҕым. Онтум баара, режиссерум сахалыы өйдүүрүн ааһан, саха литературатын билэринэн, сахалыы ааҕарынан-суруйарынан тэҥнээҕэ суох киһи буолан соһуппута. Кини куоракка тоҥ нуучча эйгэтигэр да олорон, сахалыы куту сүтэриэ суохха сөп эбитин чаҕылхай холобура буолан миигин үөрдүбүтэ.
Биһиги бастакы тахсыыларбытыттан көрөөччүлэр болҕомтолорун киинигэр киирбиппит. Интернет форумнар саҥа тэриллэн эрэллэрэ, онно моһуок саҥа-иҥэ эмиэ тахсара да, куорат олохтоохторо үгүстэрэ сэҥээрбит этилэр. Кинилэр: «Айыбыын, «сахаларбыт» хайа бу туох буолан турдулар диэн соһуйдубут ээ. Олох омук тэлэбиидэнньэтин көрөр курдук сананныбыт», – диэн хайгыыр тылларын тиэрдэр буолан барбыттара.
Ол эрээри сотору кэминэн ол саҥа ханаалбыт туох эрэ докумуона биитэр үбэ-харчыта кыаллыбакка, сабыллан хаалбыта.
Мин 2003 сыллааҕы күһүн үлэ саҥа дьыла (сезона) саҕаланарыгар, «Кэпсиэ» бырайыагын өссө төгүл илдьиритэн толкуйдаан баран, дириэктэрбэр киирбитим. Николай Иннокентьевич «соҕотоҕун кыайыах буоллаххына» диэн туран, илиибэр былаах туттаран кэбиспитэ. Куорат иһигэр «12-с ханаал» саҕалаан испитин өрөспүүбүлүкэ ханаалыгар «Кэпсиэ» салгыыр буолбута.
НВК-ҕа «инициатива наказуема» диэн бэрдэ суох өйдөбүл дириҥ силистэнэн-мутуктанан сириэдийбит дойдута. Урут даҕаны, билигин даҕаны. Ылсыбыт буоллаххына – редактор барыта бэйэҥ дьулуургар. Кыайбат буоллаххына – тохтоо. Ким да эйигин итини оҥор диэн күһэйбэтэҕэ… Салалта итинник аһаҕастык этэр. Оттон сорохтор кэтииллэр: көрөн иһиэхпит… Оттон экран кэннигэр дьиҥ үлэни толорон түбүгүрэ сылдьааччы үгүс үлэһиттэр ханаал үлэтэ тупсарыгар ис сүрэхтэриттэн баҕарар уонна биэриини оҥорон таһаарар үлэ кыһалҕаларын өйдүүр-билэр буолан, саҥа саҕалааһыннары сэргиир уонна туох кыалларынан көмөлөһө сатыыр үгэстээхтэр.
Ол эрээри: «Өйдөөрүүй, Наташа, куорат олус кыараҕас ээ, биһиги аҕыйах биллэр дьон баарын эргитэ сылдьан көрдөрө сатыыбыт. Оттон эн биир биэриигэ дьоҥҥо сэргэтиэх хастыы эмэ киһини хайдах, хантан булан ыҥырыаххыный? Нереально, эн тыаттан кэлбит буолан өйдөөбөккүн…» – диэбит үөлээннээҕим эмиэ баара. Мин итинник этиигэ хоруйум бэлэм этэ: «Сыл аҥаара үчүгэйдик үлэлээтэхпинэ, биэрии ыалдьыттарын бэйэм көрдүүрүм тохтуоҕа, төттөрү кинилэр миигин көрдүүр буолуохтара. Уонна биэрии ситиһиитэ биллэр-көстөр эрэ киһини таһаарартан буолбакка, биллибэт-көстүбэт да дьонтон кэрэхсэбиллээҕи булан оҥорортон тутулуктаах буолуохтаах…»
«Тоҕо «Кэпсээ» буолбакка, «Кэпсиэ» диэн ааттааҕый?» – диэн бастаан ыйытар этилэр. Мин оҕо сааспар дьиэбит аана хайаан да «Кэпсиэ, туох сонун баар?», ардыгар «Туох кэпсиэ?» диэн истиҥ тылларынан аһыллара. Ону кытта тэҥҥэ дьиэ иһигэр туох эрэ олус иһирэх, туох эрэ кэрэ, киэҥ киирсэн кэлэр курдуга. Саха дьоно барахсаттар: «Миэхэ суох, оттон эйиэхэ туох баар?» – дэһэн, кэпсээннээхтэрин, сонуннаахтарын кыккыраччы мэлдьэһэн баран дьэ наллаан, хас эмэ чаанньык уута оргуйан бараныар диэри салҕана турар бараммат кэпсээннээх киэһэлэрэ саҕаланара… Ити туһунан кэнники Мандар Уустуун «Кэпсиэҕэ» бэркэ тапсан сэһэргэһэн турабыт: кэпсэтии – саха олоҕугар эрэ олус наһаа сайдыбыт, олоҥхо, остуоруйа тэҥэ олохпутун киэргэппит туспа көстүү эбит; кэпсээннээх киһи, син ырыаһыт, олоҥхоһут кэриэтэ аатырар-суолурар, күүтүүлээх ыалдьыт буолар. Дэлэҕэ да саха туһунан аан бастаан суруйбут айанньыттар ахтыыларыгар «Нуучча бааһынайын дьиэтигэр киир эрэ: эйигиттэн ырааппыта баһаарга ас-таҥас сыаната төһө буолбутун ыйытыахтара, оттон саха быста дьадайбыт да ыалыгар киирдэххинэ, ыраах баар дойдулар олохторугар, ыраахтааҕылар сэриилэригэр тиийэ ыйыталаһа, бэйэлэрэ хантан эрэ истибиттэрин кэпсии тоһуйуохтара…» диэн бэлиэтээһин баар буолуо дуо… Онон даҕаны саха, бастатан туран, кэпсээни эрэйэн эҕэрдэлэһэр идэлэннэҕэ. Нуучча доруобуйаны, чөл туругу баҕаран дорооболоһор, кытай киһитэ – бүгүн аһаабыккын-суоххун ыйыталаһа тоһуйар, турок эйэлээх кэлбитин этинэн нөрүөн-нөргүйэр, саха: «Кэпсиэ…» – диир.
Биэриибин ити аатынан таһаарыам иннинэ, «кэпсиэ…» диирим, баҕар, түөлбэ тыл буолуо диэн саарбахтаан ылбытым. Онон саха олоҕун энциклопедиятын быһыытынан сыаналанар Амма Аччыгыйын «Сааскы кэмин» өссө төгүл сыныйан аахпытым. Онуоха Бииктэр биэлсэр аан бастакы үөрэммит сахалыы тылларыттан биирдэстэрэ «кэпсиэ» буоларыттан саҕалаан, арамаан усталаах-туоратын тухары «кэпсиэ» эҕэрдэ тыла буола сылдьар: «Чэй ис надо, үчүгэй, кэпсиэ», – диир биэлсэр».
«Кэпсиэ» аҥаардас эҕэрдэлэһиигэ эрэ буолбакка «Эн кэпсээ» оннугар туттулларын аны Алампа хоһоонноруттан эмиэ булабыт:
Дохсун санааҕын,
Дорҕоонноох өйгүн
Доҕорум диэн,
Тоҕо кэпсиэ даа…
(***Эн эбиккин дуу…)
Киэҥ сир кэлтэгэй
Кэмсилгэнигэр кэлгиттэрэн
Кэхтибитиҥ буолаарай?
Кэриэс доҕоруом,
Кэхтибэккэ кэпсиэ.
(«Көмүс доҕорум»)
Кэҕэһэлээх кэпсээниҥ
Киэһэ-сарсыарда дьыбарга
Кэй чуор кулгаахпынан
Кэпсиэн ааһар буолла…
(«Таҥхаһыт»)
Оттон «Ордугу булаары олоҕун алдьаппыт» кэпсээҥҥэ Алампа дьоруойдара «кэпсээ» буолбакка, «кэпсиэ» дииллэрин хас да холобурун булуохха сөп: «Дьэ эрэ, кэпсиэ, – дии-дии, хаана ыгыстан кытарда, сиргэ сытар маһы ылан кыспыта буола олордо…»