Михалева Наталья Владимировна-Сайа
«Кэпсиэ» кэннэ аһаҕастык
Аан тыл
– Сайа! Тохтоо, тохтоо! – пиибэ атыылыыр киоска аттыттан сирэйэ ыраахтан кытаран көстөрүттэн сылыктаатахха, биллэ холуочуйбут, Бэйиэт диэн аатынан бэйэтин улаханнык ааттаммыт билэр киһим далбаатаммытынан ситэн кэлбитэ: – Сайа! Тоҕо эйигин абааһы көрөллөрүй? Эйигин 80 бырыһыан саха киһитэ муҥура суох таптыыр, оттон 20 бырыһыан саха киһитэ муҥура суох абааһы көрөр… Таптыыр – тоҕо диэтэххинэ, эн дьиҥнээх талааҥҥын! Абааһы көрөр – эмиэ талааныҥ иһин! Эн мэһэйдиигин, талааҥҥынан харахтары аалаҕын…
Ити көрсүһүү 2004 сыллаахха этэ. Мин тугу да кыайан булан хоруйдаабатаҕым, арай сирэйим ол биллэ холуочуйбут Бэйиэт буолбатах бэйиэт киэниттэн итэҕэһэ суох кытаран, дьон хараҕын утары көрөр кыаҕа суох умса туттан, «Холбос» уопсайыгар икки кыыспынаан киһи соччо ымсыырыа суохтук сир таһааран олорор быыкаайык хоһум диэки сүүрэр-хаамар былаастаах куоппутум. Ити кэмҥэ мин саха тэлэбиидэнньэтигэр «Кэпсиэ» биэриини иккис сылбын таһааран эрэр, үлэ түбүгүнэн уонна үлэ үөрүүтүнэн эрэ тобус-толору олохтоох киһи этим. Бэйэм буоллаҕына 40 саастаахпын, син олох аһыытын-ньулуунун амсайбыт, оллурун-боллурун аахпыт саҕа сананарым. Идэм быһыытынан кыайа-хото тутар, сөбүлүүр эйгэбэр ыарырҕатан көрбөккө күн солото суох түбүгүрэрим. Дьон-сэргэ ол үлэбин хайдах ылынарын-ылымматын туһунан өссө улаханнык толкуйдуу барбакка, санаам хоту айан, үлэлээн… Хоһоон суруйар курдук, бииртэн биир биэриилэри таһаартыырым: иэйэн, умсугуйан, тиритэ-хорута сыралаһан… Оттон ити соччо бодоруспатах да буоллар, билэр киһибиниин көрсүһүү… Бастакы санаам «Тоҕо элбэҕэй! 20 бырыһыан! Абааһы көрөллөр? Туох иһин?» диэн этэ.
Билигин 2017 сыл. «Кэпсиэ» биэрии саха экраныттан сүппүтэ ыраатта. Уулуссаҕа мин диэки ыйытардыы көрбүт хас биирдии харахха «Хайа, «Кэпсиэбит» аны тахсыа дуо?» диэн уларыйбат ыйытыыны аахпыт кэмим кэннибэр хаалла. Саха киһитин хас бырыһыана эбитэ буолла! Аахпаппын, ааҕа сатаабаппын. Ол эрээри билэбин: барыгытыгар да буолбатар, баһыйар үгүскүтүгэр баарбын биллэрбиппин, санаабынан сайбыппын, иэйиибинэн тиийбиппин, кэпсээмминэн кэрэхсэппиппин… Билэбин ол быыһыгар: биирдиилээн ким эрэ биһирэбилигэр киирбэтэхпин, ким эрэ сулуһун соһуччу уоппунан суһуктуппуппун, кини ыра гыммыт ыраах чыпчаалыгар эмискэ баар буолан мэһэйдээбиппин… Өйдүүбүн, Орто дойдуга өссө да баарбын, ол иһин ону барытын холкутук ылынабын: баалаабаппын, баайсыбаппын, улуутумсуйбаппын. Хайҕалга, махталга хараҥарбаппын, хопко, холуннарыыга өһүрбэппин.
Эһиги миигин таптыыр да, абааһы да көрөр бырааптааххыт, эһиги онуоха олохтон ылбыт көҥүллээххит.
Ол оннугар мин эһиги саҥа таһааран да, саҥарбакка да ыйыппыт биир түгэҥҥитигэр быһаарыы биэрэр бырааптаахпын, соҕотох тылынан туруору хоруйдаммат уустук хардабын кэпсээҥҥэ киллэрэн кэрэһилиир иэстээхпин. Эһиги ыҥырыыта суох эрээри кэтэһиилээх ыалдьыккыт буолан дьиэҕитигэр киирбит, «Кэпсиэ, сахам дьоно!» диэн сахалыы саҥалаах, сайаҕас эйгэлээх иһирэх киэһэлэринэн кэрэхсэппит кэмнэрдээҕим иһин…
Ардыгар саныыбын, ол 2002 сыл ахсынньытыттан 2008 сыл сэтинньитигэр диэри дьон тэҥинэн арыый холкутук сылдьан үлэлээбитим буоллар, төһө эрэ уус-уран айымньылары, баҕар, улахан арамааны да айан-суруйан кэбиспит буолуом этэ, диэн. Ол гынан баран, олоҕум-дьылҕам ити кэмҥэ тоҕо эрэ миигин таас дьааһык иһигэр олорон тыыннаах тылынан кэпсиир-кэпсэтэр аналлаабыт. Баҕар, ол сахха өйбөр оҥорбут дьоммун, айан таһаарар олохпун ойуулуурбунааҕар ол тыыннаах тылынан тыллыым сахам дьонугар ордук тоҕоостооҕо, туһалааҕа эбитэ дуу?
Оттон айымньылар… Хоһоон мэлдьи баара, баар. Кини айар киһи солотуттан-билэтиттэн иҥнибэккэ, олоҕо-дьаһаҕа хайдах туруктааҕыттан тутулуктаммакка баар буоллаҕына – баар, суох буоллаҕына – суох. Оттон арамаан суруйуутугар ол кэмҥэ арыый ситэ-хото илик буолуом. Оннук да быһыылаах, саҕалыы-саҕалыы илиис быһаҕаһыттан, тэтэрээт аҥаарыттан, файл ортотуттан тохтоон хаалбыт суруйууларым хаһан эргиллэн кэлэрбин кэтэһэн сыталлар, аргыый аҕай таһаҕастаах сыарҕам ыараан иһэрин санаам таһымныырынан билэр курдукпун. Онон кинилэри да эттээн-сииннээн сүөкүүр кэмим кэлиэ диибин. Ол иннинэ бу – олоҕум ордук үтүө кэмин уонна үрдүк сыратын аныы сылдьар идэм туһунан испэр иитиэхтээбит санааларбын таспар таһаарар бото-болдьох кэлбит курдук.
Тэлэбиидэнньэҕэ идэтийэн үлэлиир суруналыыстар оҥорбут биэриилэрин эргитэн, ахтыы кэпсээн оҥорор үгэстээхтэр. Мин санаабар, ол суруналыыс сыратын толуйбат сымсах үлэ буолан тахсар. Тоҕо диэтэххэ, экраҥҥа көстөр биэриигэ эн тыл күүһүн толору туһаммаккын, тыл көстүүнү ситэрэр-хоторор эрэ ньыма быһыытынан туттуллар. Холобур, күн тахсан эрэр көстүүтүн «күн тахсан эрэр…» диэн тылгынан этэн, кэпсээн биэрбэккин. Көрөөччү эн да быһаарыыта суох экраҥҥа туох буоларын эт хараҕынан көрөн олорор буоллаҕа дии. Манна көстүүнү сөпкө талыллыбыт музыка киэргэтэн биэриэ, оттон тыл олох да туттуллуо суоҕун сөп. Ол иһин биһиги сценарийбытыгар ити түгэн туһунан туох да суруллубакка хаалар. Онон дьэ бу биэрии кумааҕыга түһэр түгэнигэр өҥө-талбата өлбөөрөр, киһини тардар күүһүн сүтэрэр. Аны кэпсэппит киһиҥ туох диэн хоруйдаабыта суруккар киирбэккэ, биэрии иһигэр хаалар. Онтуккун хос эргитэн иһиллээн, сурукка тиһэриҥ моһуоктаах да, түбүктээх да. Онон биэриини кэпсээҥҥэ кубулутууга хоһуттан ол кэмҥэ төннөн, иэйиигин уһугуннаран, күүскэ түбүгүрэн, көстүүнү уус-уран тыл күүһүн кытта силбиир ньыманан ситэрэн-хоторон биэрдэххинэ эрэ ааҕааччы кэрэхсиир үлэтэ тахсыан сөп оҥоробун. Хаһыат суруналыыһа ити түгэҥҥэ ордуктаах буолан тахсар: суруллубут – суоруллубат, хаалбат бэлэм хаһаастаах хаһыат суруналыыһа диэн кини буолар.
«Кэпсиэ» хасааһа дьэ кэмчи. Оччолорго лиэнтэҕэ устар этибит, онтубутун олус кэмчилээн биэрэллэрэ. Онтон нэдиэлэ аайы барар уһун биэриигэ туохтаах кассета тук буолуой, барыта салгыҥҥа хаалан иһэрэ. Эбэтэр сотторо-сотторо үрдүгэр устаҕын. Кэнники өйдөнөн, аҕыйах түгэни харыстаан хаалларбыппыт уонна сорох сюжет алҕаска, ханнык эрэ кассета быыһыгар-ардыгар ордубуттарын билигин була, түмэ сатыыбын. Баҕар, хойутун хойут биэриилэрим дьоруойдарын саныыр-ахтар лис курдук үлэ тахсар кыахтаах. Миигиттэн кыбартыыраҥ пааспара ханнаный диэтэхтэринэ дэбигис була охсон биэриэм суоҕа, ол оннугар 2003 сыллаахха тахсыбыт биэриим туһунан ыйыттахтарына, сүрдээх кичэллээхтик толоруллубут кумааҕылары оруу охсон биэрэр кыахтаахпын. Оттон айар киһиэхэ кыра да кэрчик сурук санаа-оноо тиллиитигэр олук буолар идэлээх.
Ол эрээри мин ити сылларга көрдөрөр үлэнэн үлүһүйэн, тугу да суруйбатаҕым диэбэппин. «Күөх ньургуһун» сэһэн, «Аата суох сибэкки» хоһооннор уонна кэпсээннэр хомуурунньуктарын таһынан дьон көрдөһүүтүнэн хас эмэ ахтыы кинигэлэрин, кыраайы үөрэтиигэ, устуоруйаҕа хабааттаах үлэлэри көрөн-истэн, хомуйан таһаарбытым; бэйэм аата-ахса суох ахтыылары, кэккэ кинигэлэргэ киирии тыллары, хаһыакка ыстатыйалары, чинчийэр хайысхалаах үлэлэри суруйбутум. Ол суруйууларым эгэлгэ таһаарыылар быыстарыгар киирэн муна-тэнэ сылдьалларын бу публицистикам бастакы хомуурунньугар эмиэ мунньан-тараан, олоҕум, айар үлэм быстыспат сорҕотун быһыытынан эмиэ киллэриэхтээх эбиппин.
Онон, бу кинигэм киэҥ ааҕааччыга ананар, ону таһынан тэлэбиидэнньэ суруналыыһын судургута суох идэтин талбыт, бу эйгэҕэ туох эрэ умнуллубаты оҥоруом дии саныыр эдэр киһиэхэ аһаҕас уруок курдук, эмиэ туһалаах буолуон сөп. Ону таһынан… хампаанньа салалтата сотору-сотору уларыйар үгэстээх. Үксүгэр бу эйгэни улаханнык билбэт дьон кэлэн оруо маһы ортотунан хамсанан бараллара баар суол. Кинилэр туох-ханнык иннинэ көрөөччү туһа диэн үлэни-хамнаһы тэрийэллэрин оннугар, аІаардас үрдүкү салалтаҕа сөп буолларбын диэн өйү-санааны тутуһан, айар үлэ бохсуллар быһыытын-майгытын олохтоон кэбиһэр идэлээхтэр. Инньэ гынан ааһа түһэн, ордук бэриниилээх буола сатаан, көмөлөһүөх оннугар төттөрүнү оҥороллоро элбэх курдук көрөбүн. Ол иһин дьон былаастан тэйэр, эрэммэт, итэҕэйбэт буолар. Түмсүөх оннугар, ардыбыт өссө атан иһэр. Киэҥник иһитиннэрии тэрилтэлэрэ былаас уонна норуот икки ардыгар сиэрдээх сыһыан олохтонуутун тэрийэр иэстээхпит.