Биэриибит аата ол кэмнээҕи олох харса-хабыра суох тэтимигэр сөп түбэһэрэ, ол да курдук ис хоһооннооҕо: «Мииринэй оройуона Саха сириттэн араҕыа дуо?» диэн. Ити иннинэ уопсастыбанньыктар күүстэринэн Бүлүү өрүһүн көмүскүүр хамсааһын тэриллэн, аан бастаан бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн экология, онтон да атын олохтоох омук кыһалҕаларын таарыйар кэпсэтиилэр аһаҕастык көтөҕүллүбүт кэмнэрэ этэ. Сунтаар демократия биһигэ буолан турара.
…Култуура дьиэтин иккис этээһин биир улахан хоһун устар сир – устуудьуйа оҥорбуттар, тимир атахтартан киһи утары көрбөт сырдык лаампалара тыкпыттар. Ыҥырыллыбыт ыалдьыттар: Сунтаар сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Григорьев, суруйааччы Валерий Мекумянов уонна өссө кимнээх эрэ, түөрт киһи баар курдук өйдүүбүн. «Ол остуолга олороҕун, маны көрөн саҥараҕын» диэн эттилэр. Мин микрофоннаах остуолга олорон баран иннибэр тэлэбииһэр уурбуттарын көрдүм. Арай ол тэлэбииһэр экраныгар олус да олус номоҕон, кэрэ да диэххэ сөп, дьахтар олорор. Тугу эрэ толкуйдуур курдук, саҥата суох. Өссө сыныйан көрбүтүм: дьахтарым мин курдук таҥастаах, мин курдук баттахтаах… мин курдук туттар… илиитин хамсатар… Бай, олох да бэйэм олорор эбиппин буолбат дуо! Мин итиннэ тэлэбиидэнньэ диэн киһиэхэ дьиктини тосхойор остуоруйа алыптаах дойдутугар маарынныыр эйгэ эбитин соһуччу арыйбытым. Бэйэбин хаһан да үтүө дьүһүннээхтэргэ киллэрбэтэҕим, киллэрбэппин даҕаны, ол эрээри – ол мин билбэт монитор диэн тэрилбэр, лаампалар сырдык уоттарыгар сатабыллаахтык тыктарыллан олорор кэрэ дьахтарга маарыннаан ылыахха сөбүн билбитим. Кырдьык, экраҥҥа олорор киһи дьүһүнэ устуудьуйаҕа уоту хайдах сатабыллаахтык туруоралларыттан тутулуктаах. Онно олорор киһи соччото суохтук көстөрө – сыччах режиссер уонна уоту туруорааччы буруйдара. Ону мин ол саҕана билбэт этим.
Киирии тылы уонна биэриим ис хоһоонун арыйар ыйытыылары эрдэттэн бэлэмнэнэн кэллэҕим дии. «Саҕалаа» диэн сапсыйааттарын кытта туох эрэ төлө барбытыныы, саҥам-иҥэм чөллөрүйэн, өйүм-санаам аһыллан, хаһааҥҥы эрэ үйэттэн камера иннигэр үлэлээн кэлбит киһилии туттан-хаптан биэриини ыытан барбыппыттан бэйэм да испэр сөҕө санаабытым. «Хайа, бу миэнэ эбит буолбат дуо?» диэн санаа кыыма кылам гынан ылбыта.
Сунтаарга олохтоох устуудьуйа бастакы, устуоруйаҕа киирэр быһа эфирэ ити курдук саҕаланан, икки-үс чаас барбыт буолуохтаах. Көрөөччүлэр тохтоло суох ыйытыылара, ыалдьыттар сытыы кэпсээннэрэ, хоруйдара биэрии сөҕүрүйэн көрбөккө үрдүк күүрээннээхтик барарын түстээбиттэрэ. Түмүгэр «мииринэйдэр арахсыахтарын баҕарар буоллахтарына, бэйэлэрэ бардыннар, сирбитин хааллардыннар» диэн буолбута. Уоттар умуллубуттара. Бары остуолтан хомунан туран истэхпитинэ үөрэн ымайбыт Василий Осипов киинэҕэ оонньуур курдук, илиитин сибиитирэтигэр сууралаан соттоон-соттон баран кэлэн утары ууммута: «Тэлэбиидэнньэҕэ ананан төрөөбүт эбиккин».
Кэнники да син балачча хайҕалы истэн кэллэҕим. Ол гынан баран ити Вася, Василий Петрович, кэнники судургу «Отец» («Отец Сунтарского телевидения») диэн ааттаммыт Василий Осипов эппит истиҥ сыанабыла олоҕум тухары умнуллубаттыы өйбөр-сүрэхпэр хаалбыт. Кини «дьиҥнээх тэлэбиидэнньэ курдук» үлэлиэн ис сүрэҕиттэн баҕата миигин кынаттаабыта. Кэнники санаан көрдөхпүнэ, ол «диплома суох инженер», – мин бастакы салайааччым, көрдөрөн кэпсиир үлэҕэ ирдэбилин, ыйыыларын-кэрдиилэрин, такайыытын курдугу бу тухары уонна биир эмит идэлээх да, уопуттаах да киһиттэн истэ илик эбиппин…
Сунтаар улууһун култуураҕа салаатын оччолорго Зинаида Яковлевна Иванова салайар этэ. Миэхэ ыйга хас эрэ күн өрөөн айар үлэбинэн дьарыктанарбын көҥүллүүр дьаһал таһааран сүрдээх үчүгэй көмөнү оҥорон эрэрин эппитэ. Быһыыта, тэлэбиидэнньэҕэ баран хаалыа диэн сэрэммит. Ол да үрдүнэн, сотору буолаат мин хаан-уруу култуурабыттан уурайан, хантан да үбүлэнэрэ, хайдах да үлэлиэхтээҕэ биллибэт саҥа тэрилтэҕэ көһөн, үлэ үөһүгэр төбөм оройунан түспүтүм.
Уларыта тутуу кэмин ааспыт дьон өйдүүр буоллаххыт, ол хастыы да ыйынан хамнаһы көрбөт, олох-дьаһах да, сиэр-майгы да сатарыйыыта тургуппут кэмнэрин. Устуудьуйа үлэһиттэрин хамнаһын улуус дьаһалтата култуура үлэһиттэригэр тэҥнээн үбүлүүр буолбута эрээри… Кэ-
тэһиилээх хамнас кэлбит күнүгэр тиийдэхпитинэ… докумуоҥҥа киллэрэри умнан кэбиспиппит, онон эмиэ биир ый күүтүҥ диэн буолааччы. Эбэтэр бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара син ботуччу соҕус үрдээн барбытыгар, биһиэхэ үрдэппэт этилэр. «Эһиги тэрилтэҕит улуус бүддьүөтүгэр киирбэт, бачча ыла сылдьаргытыгар махтаныҥ…»
Ол оннугар үлэлиирбитигэр туспа ханааллаах этибит. Төһө баҕарар уһуннук тугу да көрдөр диэбит курдук. Василий Осипов оннугар сотору мин дириэктэр буолан хаалбытым туох да соһуччута суох, буолуохтаах буолбутун курдук этэ. Үлэбитигэр үлүһүйэн хойукка диэри тэрилтэҕэ сылдьан хааларбыт, дьиэ-уот диэн умнуллара. Бары кэриэтэ кэргэннэрбититтэн арахсыбыппыт, онон кэргэннээх эдэр киһини үлэҕэ ылбат буола сатыырым – эмиэ арахсыа диэн. Улуус устуудьуйаларыттан бастакынан НВК ханаалыгар сүүрбэ мүнүүтэлээх биэрии оҥорон таһаарбыппыт. Улуус устуудьуйаларын бастакы бэстибээлин кыайыылаахтара буолбуппут. Аан бастакынан туспа счеттаах юридическэй сирэй быһыытынан тэриммиппит. Айар үлэбитинэн көрөөччүлэрбит сүрэхтэрин туппуппут эрээри, ону-маны көрдөрдүлэр, саҥардылар диэн хаһыаттанар да, сууттанар да түгэннэрдээх этибит. Ол тустаах кэмигэр сүрдээх ыарыылаах этэ да буоллар, миигин үлэни тэрийэргэ, уустук түгэннэртэн сөптөөх суолу тобулан тахсарга үөрэппит, буһарбыт-хатарбыт кэм эбит. Дьэ итинник бэлэмнээх киһи өрөспүүбүлүкэ сүрүн ханаалыгар кэлбит эбиппин.
4. ЫАЛДЬЫТТАР
Быһа эфир ыалдьыттартан быһаччы тутулуктаах. «Хантан итинник киһини булан таһаардыҥ?» эбэтэр «Ити киһини билэр курдук сананар этим да, дьэ олох атын өттүнэн эргитэн таһааран соһуттуҥ дии?» диэн сөхпүт ыйытыылары элбэхтэ истэбин.
Кырдьык, сорсуннаах булчукка дылы, суруналыыс ардыгар эмиэ «байанайдаах» сырыыланар. Ордук, «Кэпсиэ» бастакы таһаарыыларыгар бэртээхэй ыалдьыттар түбэспиттэрэ биэриибит оннун-тойун буларыгар тирэх буолбута. Кэнники ыалдьыттары бэйэбит буолбакка, ыалдьыттар бэйэлэрэ биһигини көрдөөн булалларын, тылланан кэлэллэрин эбэтэр ким эрэ кими эрэ «сыбааттаан» биэрэрин курдук таһымҥа тиийбиппит. Ону таһынан, ыалдьыты көрдүүргэ мин бэйэм биир ньымалаахпын: кинигэ маҕаһыыннарыгар сырыттахпына кэнники тахсыбыт сахалыы кинигэлэри көрөбүн. Онно болҕомтобун ордук публицистикаҕа эбэтэр наукаҕа хабааннаах суруйууларга уурабын. Дьэ маннык кинигэлэр ааптардара тус бэйэлэрэ ураты санаалаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдээри иитийэхтээбит толкуйдаах буолаллар. Ол да иһин үлэлэрин күн сиригэр таһаараллар буоллаҕа. Ону таһынан кинилэр көтөхпүт тиэмэлэрэ биэрии ис хоһоонун төһө баҕарар төрөтөр: кэлэр биэрииҥ туохха ананыахтааҕын таба туттаҕыҥ ол. Бу дьону көрдөөн булар кэбэҕэс: кинигэ тахсыбыт издательствотыгар эрийиэҥ эрэ кэрэх. Аны ханнык эмит түмсүүлээх түһүлгэлэргэ сырыттахпына, эмиэ «матырыйаал» көрдүүр курдукпун. Ким эрэ тугунан эрэ кэрэхсэттэҕинэ, киһи да күлэр, «ымсыыран» киирэн барабын уонна бэйэм тиийэммин билсэн, эмиэ биэриибэр ыҥырааччыбын.
Хомойуох иһин, «Кэпсиэҕэ» үлэлиирим тухары ол түмсүүлээх түһүлгэлэргэ түбэһэрим, сөбүлэһэн тиийэрим биирдэ эмэ буолааччы. Тоҕо диэтэххэ, үксүн өрөбүлэ суох үлэлээбитим: чэппиэргэ, бээтинсэҕэ сюжеттарбытын устабыт, бу киэһэлэргэ уһуллан кэлбити мин тута көрөн, монтажка бэлэмниибин, куорат хойукку уулуссатынан сүүрэ-хаама былаастаах үлэм – дьиэм–үлэм – дьиэм маршрутунан баран иһэн сюжеттар сценарийдарын толкуйдуубун; режиссербунаан субуота, өрөбүл киэһэлэри монтажка аныыбыт, онон элбэх ыҥырыылартан, көрсүһүүлэртэн, айаннартан булгунарга күһэллэрим. Оннооҕор чугас аймаҕым үбүлүөйүгэр тиийбэккэ, улаханнык сэмэлэнэн турардаахпын. Бэнидиэнньиккэ устуудьуйаҕа «олоруубар» бэлэмнэнэбин (ол күн буолар планерка-мунньахха биирин үксүн ол иһин тиийинэн сылдьыбат этим), тылбын-өспүн чочуйабын, ыалдьыттарбын кытта кэпсэтэбин, кэлэр нэдиэлэтээҕи биэриибин толкуйдуубун, тэрээһин үлэтин үмүрүтэбин. Дьахтар үксэ өрөбүл күн суунар-тараанар, оҥостор буоллаҕына, мин ону бэнидиэнньиккэ гынабын. Оптуорунньук сарсыарда сэриигэ баран эрэр киһи курдук хомунан дьиэбиттэн тахсабын. Күнүс генеральнай репетиция курдук ыытааччыбыт. Бу тэрээһин бастаан саҕалыыр сахха олус көмөлөөх буолар эбит этэ. Дьэ уонна киэһэ 21.00 чаастан быһа эфиргэ тахсабыт, сарсыныгар, сэрэдэҕэ, кыратык өрүүбүн.