Биир эдэрчи киһи мин кэпсээбэтэхпинэ ким кэпсиэй диэбиттии оҥостон олорон «тыаҕа үлэ суох, үлэ баара буоллар, бачча элбэх киһи маннык сылдьыа суох этэ» диэн ис хоһоонноон чобуо баҕайытык тыл эппитэ, ыйытыыларбытыгар хоруйдаабыта. Арай ол интервьюну көрдөрбүппүт сарсыныгар дьэллик сылдьааччылар быстах хонон ааһар дьиэлэрин дириэктэрэ эрийэр:
– Көр, били эһиэхэ кэпсээбит киһибитин милииссийэлэр кэлэн тутан бардылар. Икки сыл көрдөбүлгэ сылдьыбыт киһи эбит. Улахан уорууга кыттыгастаах үһү…
– Оо, – диибин, – милииссийэлэр эмиэ тэлэбииһэр көрөллөр эбит дуу? Оттон ол уорбутуттан тугу да иҥэриммитэ көстүбэт этэ дии…
– Оннук ээ. Киһи буруйу оҥорбутугар хоруйдуохтаах эрээри, хайдах эрэ бэйэм хоноһом буолан дуу, аһына санаатым ээ, – дириэктэр, үкчү мин ол түгэҥҥэ тугу саныы турарбын бигэргэппиттии, этэр.
Оннук буолар ээ. Хайдах эрэ эн биэриигэр ыалдьыттаан ааспыт киһи хайаан да үчүгэй буолуон баҕараҕын. Туохха эмэ түбэспит сураҕа иһилиннэҕинэ, курутуйа саныыгын…
«Ньургуһун ыһыаҕа». Тэлэбиидэнньэ уонна араадьыйа дьиэтэ урут төһө да үс эрэ этээстэннэр, быттыга-хонноҕо ордук элбэх, ылбычча киһи муммакка, мунаарбакка санаабыт сиригэр тиийбэт дьиэтэ этэ. Биһигини, «кэпсиэлэри», араадьыйа дьиэтигэр туоруур холлоҕоһу, «кыһыҥҥы саады» ааһа баран, уһуннук түһэн-тахсан тиийэр ыраах баҕайы түгэх хоско олохтообуттара. Омос санаатахха, «атах-бытах» үлэһит оннук хоспоххо тиксиэхтээх курдук. «Куһаҕаннык санаабат инигит? Бу урукку телерадиокомитет эрдэхпитинэ муҥутуур тойоммут-хотуммут олорон ааспыт кэбиниэттэрэ этэ. Улаханнык толлон, бэйэ бодобутун тардынан киирэр хоспут этэ», – диэбитэ Николай Иннокентьевич. Ол эрээри ити кэбиниэппит миэхэ олус табыгастаах хос буолбутун бэлиэтиэхтээхпин.
«Кэпсиэ» экраҥҥа тахсан, көрөөччүгэ биһирэтэн истэҕин аайы, миигин кытта билсиэхтэрин, тугу эмэ кэпсиэхтэрин баҕалаахтар олус элбээн барбыттара. Хас биирдиилэрин кытта кэпсэттэхпинэ, миэхэ үлэлиирбэр чаас да хаалыа суох курдук этэ. Ити, бастакы көрүүгэ, оннук улахан моһуок буолбатах курдук эрээри, үлэһит киһиэхэ син биир иһэ истээх кыһалҕа буолар. Ол кыһалҕаттан биһиги хоспутугар тиийэр суол мунааҕа быыһаабыт эбит. Дьон ыйдара-ыйдара кэлэн иһэн син биир булбакка, төннөн хаалбыт түгэннэрэ элбэҕин кэнники хас да оннук кэпсээннээх дьоҥҥо «тутулламмын» билэбин. Кэбиниэппит оннук чиэски сиргэ турарынан туһанан, ардыгар мин онно хоно хаалааччыбын… Ол саҕана дьиэм диэн «Холбос» уопсайын биир хоһо, онно кыргыттарбын кытта үһүөн олоробут, утуйарбытыгар кыараҕаспыт. Мин «Күөх ньургуһун» сэһэммин оннук, үлэбэр утуйа сылдьан суруйан бүтэрбитим. Олус солото суох буолан, дьиэм суоҕуттан улаханнык санаарҕаабакка да ол кэми аһарбыт эбиппин. Хайдах эрэ күлүүлээх-оонньуулаах, мүччүргэннээх түгэҥҥэ түбэһэн сылдьардыы, күүрээннээхтик уонна үөрэ-көтө олорбутум.
Саас этэ. Ньургуһун туһунан биэрии бэлэмниибин. Ырыаһыт, хоһоонньут ыалдьыттардаахпын, «Хара сир устун…» ырыа ааптардарын кытта мырааҥҥа уһуллубут сюжеттаахпын, устуудьуйаҕа остуолбар биир иһиккэ араҕас ньургуһун дьөрбөтө, биир иһиккэ Сунтаартан сөмөлүөтүнэн кэлиэхтээх күөх ньургуһун дьөрбөтө туруохтаахтар. Барыта бэлэм курдук да, туох эрэ сиппэтэҕин сүрэҕим таайар: ньургуһун туһунан өссө туох эрэ дьикти, ураты кэпсээн баар буолуохтаах… Дьэ оннук сиппэтэх санаалаах олордохпуна, ааны тоҥсуйдулар. Тыый, ким булан кэллэҕэй? Арай биир эдэр дьахтар киирэн кэллэ: «Уо, дьэ буллум ээ! Эрэйинэн киһи булан кэлэр сиригэр олорор эбиккит… Көр, быйыл мырааҥҥа хаһааҥҥытааҕар да элбэх ньургуһун үүммүт. Дьонум Хатыҥ Үрэххэ олороллор: ийэм сааһыран баран холбоспут кэргэниниин. Ол кэргэнэ уус идэлээх. Ньургуһун маннык хойуутук үүммүтүн бэлиэтээн ыалларын ыҥыран «Ньургуһун ыһыаҕа» диэни тэрийэн ыыттылар…»
– Эн эрэ миэхэ итэҕэс этиҥ…
– ???
– Эн курдук киһини кэтэһэн олорбутум ээ, – күлэбин.
Итини тоҕо суруйарым буолла? Хайдах эрэ өйбөр хаа-
лан хаалбыт: хоспут, ньургуһун, соһуччу киирэн кэлбит эдэр дьахтар уонна Хатыҥ Үрэх мыраанын бүрүйэ үүммүт араҕас ньургуһун тыалтан долгуҥнаан ылар намчы көбүөрэ, сааһыран иһэн дьоллорун булбут эр киһилээх дьахтар олоҕу уруйдаан ыспыт ураты ыһыахтара…
«Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн». Айар талаан диэн айымньыны эрэ айар күүс буолбатах. Олоххо көрсөр атын да түгэннэргэ ол ис кыаххар угуллубут күүскүн уһугуннарарга, туттарга тиийэр түгэннэриҥ баар буолаллар.
Биирдэ миэхэ тиис оҥорооччулар кэллилэр. Кинилэр тыа улууһуттан куоракка саҥардыы кэлбиттэр, ол да буоллар син кэбиниэт тэринэн, үлэлээн эрэр эбиттэр. Тиис оҥорорго саҥа, Америкаҕа оҥоһуллубут матырыйаалы туттар буолан эрэллэрин, ону дьоҥҥо кэпсээн көрдөрүөхтэрин баҕаралларын эттилэр. Мин тоҕо эрэ бу дьоҥҥо көмөлөһүөхпүн баҕардым. Быһаччы стоматология туһунан кэпсээтэхпитинэ, биллэн турар, «реклама» диэн бохсуллабыт. Саҥа атаҕар тура сатыыр тэрилтэ кырата суох харчыны төлүүрүгэр тиийэр. Мин буоллаҕына көмөлөһүөхпүн баҕарбытым диэтим дии.
Толкуйдуубун. Тиис. Тиис быһаччы толорор туһатыттан ураты, киһи сэбэрэтин киэргэтэр аналлаах. Үчүгэй тиистээх киһи мичээрдээн сандаарыс гынарыттан ордук кэрэ көстүү туох баар үһү, бу олоххо? Оччоҕо тиис мичээри кытта биир ситим өйдөбүл буолар. Аны мичээри, стоматологияны уонна биһиги биэриибитин ситимниир тугу эрэ булан, айан таһаарбыт киһи… Сахаҕа мичээр туһунан киэҥник биллэр туох эмит этии дуу, ырыа-хоһоон дуу баар буолуохтаах. Кэбиниэппит түннүгүнэн өҥөйөн турар хатыҥнар саһарбыт сэбирдэхтэрэ мэник тыал таарыйбытыгар күн уотугар оонньоон күлүмүрдэһэн ыллылар… Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн! Бу сырыыга уулуссаҕа ыйытыыларбытыгар дьону доппуруостаабат эбиппит: бу сырыыга мин устудьуоннарым кинилэри мичээрдээн көрдөрөллөрүгэр көрдөһөр эбиттэр! Биэрии саҕаланыытыгар «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн!» диэн күрэх оҥорор эбиппит. Ол күрэххэ уһуллубут дьоммутун биэрии ортотугар өссө биирдэ хатылаан көрдөрөбүт уонна түмүккэ саамай истиҥ, кэрэ мичээрдээх киһини быһаарабыт уонна бирииһин – тииһи эмтэтэргэ толуон бэлэхтиибит.
Итинник мичээр күрэҕин идиэйэтэ үөскээн, стоматологиябытын ол быыһыгар «кистээн» олус табыллыбыт биэриини бэлэмнээн турабыт. «Кэпсиэҕэ» ыалдьыттаабыт дьоммун эбэтэр ханнык эрэ биэрии үөскээбит төрүөтүн ардыгар итинник биир-биир ис сүрэхпиттэн истиҥник ахтан-санаан кэлэбин… Ардыгар, кырдьык да, «Когда б вы знали, из какого сора Растут стихи, не ведая стыда…» диэн тыллардаах Анна Ахматова хоһоонун бигэргэтэр курдук буоларбыт. Арай «стихи» оннугар «передачи» диэхпит эбитэ буолуо.
«Кэпсиэ» сырдаппыт элбиих-элбэх хайысхаларыттан ахтылҕан курдук кылгастык санатан аһардахха, итинник.
7. ОҔОЛОРДУУН КЭПСЭТИИ – УУСТУК СОРУК
Киһи «тылын сүөрэргэ», «хоммут уоһун хоҥнорорго» биир эрэллээх албаһынан кини оҕо сааһын туһунан, оҕо сылдьан ханнык оонньуулары оонньообутун, ким буолуон баҕарбытын туһунан ыйытыы буолар. Дьэ, бу ыйытыыны биэрдэххэ, ыалдьыт киниэхэ туһаайыллыбыт камералары умнар, долгуйбута ааһарга дылы буолар. Элбэх киһини кытта кэпсэтэн ааспыт буоламмын, киһи оҕо сылдьан кырдьык, улааттаҕына ким буолуохтааҕын оонньуур эбит дуу, диэн түмүккэ кэлэн сылдьабын. Холобур, Ил Түмэн хас да төгүллээх дьокутаата, Судаарыстыбаннай Мунньах солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ буола сылдьыбыт норуот суруйааччыта Андрей Кривошапкин оҕо сылдьан өрүс таастарын дьон оҥортоон, кэккэлэччи олордуталаан, мэлдьи «мунньахтатан» тахсар эбит. Артыыс аналламмыт дьон үксүгэр таҥас быыґы сцена быыґа оҥостон, онтуларын аһар-сабар эбиттэр, соҕотоҕун да сылдьан өйдөрүгэр баар «көрөөччүлэригэр» анаан ыллыыр-туойар эбиттэр. Биир медик ыалдьытым уулаах испирииһинэн куукуланы укуоллуу сатаан баран, сыттыгы киһи этигэр маарыннатан «укуоллаан» ийэтиттэн мөҕүллэрин кэпсээн күллэрбитэ.
«Опрос» рубрикабытыгар оҕолору соруйан саҥарда сатыыр этибит. Дьэ, кинилэр киһи үөйбэтэх тылларынан биэриини сэргэхсиппит түгэннэрэ элбэх. Холобур, «Ханнык ырыаны уонна ырыаһыты сөбүлүүгүн?» диэн ыйытыыны көмөлөһөөччүлэрим оскуолаларыттан дьиэлээн иһэр хороччу улаатан эрэр уолаттар бөлөхтөрүн тохтотон биэрбиттэр этэ. Оҕолор биллэн турар, Джида ырыаларын сөбүлүүллэрин туһунан эппиттэр. Онтон: «Бэйэҕит ыллааччыгыт дуо? Биир эмэ ырыата ыллаан иһитиннэриҥ эрэ…» – диэн буолбут. Биир ордук сытыы уол: «Бэйэм кыайан ыллаабаппын. Оол Баххан сатаан ыллыыр. Баххан, кэл, кэл! Тэлэбииһэргэ ыллаан биэр!» диэн ханна эрэ, камера кэннигэр сылдьар уолу илиитинэн далбаатаан ыҥыра сатыыр. Баххан буоллаҕына кэмчиэрийэн объектив иннигэр көстүөҕүн олох баҕарбата. Били уол: «Ыллаарыый доо, эн?! Ханна наадата суохха ыллаа да ыллаа буолуоҕуҥ, оттон ханна наадалаахха ыллаабаккын!» – диэн кырдьык да ис сүрэҕиттэн кыһыйан, уоһа чорбойо-чорбойо атаһын ааттаһа, дьаҕырыйа турбута билигин да харахпар бу баар. Ити түгэни биһиги хайдах баарынан быспакка эрээри эфиргэ ыыппыппыт. Мин устуудьуйаҕа олорон тыһыынчанан саха дьоно ол оҕолор саҥаларыттан тэбис-тэҥҥэ күлэн саһыгырыы түспүттэрин илэ көрөргө дылы гыммытым.