Ити кэмҥэ мин саҥа дьиэбэр көһөн олорор этим. Биир сарсыарда эрдэ баҕайы тастан кэлэн балкоммун оҥорон тиҥийэн-таҥыйан барбыттарыттан уһуктан кэллим. Балкоммуттан сахалыы саҥа иһиллэр, туттуу-хаптыы, тыас-уус бөҕө. Салгыы төрдүс этээскэ тахсыбыттарын көрбүтүм уонна Александров «балконнары оҥорууга саха уолаттара ылсан сылдьаллар» диэбитин өйдөөн кэлбитим. Тутууга үлэ итинник үллэһиллэр эбитин урут хантан билиэмий?
Мин итини тоҕо кэпсиибиний? Ханнык баҕарар суруналыыс түбэһэ түһэн суруйбут, көрдөрбүт дьоруойдардаах. Ханнык эрэ тэрилтэ кыһалҕаларын сырдаппыт, ис иһигэр киирэн кинилэр үлэлэрин ымпыгын-чымпыгын да үөрэппитэ элбэх буолар.
Мин итини «Кэпсиэ» кэнниттэн дьоруойум олоҕо саҥа таһымҥа тахсыбытын иһин суруйабын. Арай Уйбаан: «Мин олоҕум, дьиҥэ, олус ураты ээ. Толору кэпсиир, суруйар буоллар, элбэх ыччакка үөрэх да буолуо этэ. Оҕо сылдьан үчүгэй үөрэнээччи буолбатах этим. Атаҕа суох аҕабар көмөлөһөн тыа киһитин хара үлэтигэр күүскэ эриллэн улааппытым. Ол кэммин ат сүүрдээччи оҕо буола сылдьыбытым сүрдээҕин киэргэппитэ. Саха атыгар тапталбын хайдах этиэхпин, кэпсиэхпин билбэппин. Саҥа киһи-хара буолан иһэммин, биир түгэнтэн тэһииркээн дьэллик баран бырадьаагалыы да сылдьыбытым. Тоҕо эрэ култуурунай-сырдатар училищеҕа киирэн, кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитим. Арыгыны да амсайбытым. Онтон сылгыга өр умсугуйан үлэлээбитим. «Элгээйи» сопхуос ыһыллан, үллэстии буолбутугар санаам түспүтэ аҕай. Онтон хас да буолан күүспүтүн түмэн, коммерция суолунан дөбөҥнүк барбыт, Москваҕа кытта маҕаһыыннана сылдьыбыт кэмнээх этибит. Массыына сүүрдэн аҕалыынан эмиэ дьарыктана сылдьыбытым. Ол тухары барыта мүччүргэннээх сырыы, биир уол оҕо ханна төрөөн өлбөтөҕөй, биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай, диэх курдук. Кэнники бу куоракка кэлиэхпиттэн мас тутуунан дьарыктанан бардым, санаам наһаа сытар үлэтэ буолан, дьоллоох курдук сананабын… Эн итини кэпсээтэхпинэ суруйуоҥ суоҕа дуо?» – диэн олох миэхэ эриллэн хаалла.
– Айыкка! Бэйэм да санааларбын, иэйиилэрбин тиһэр солом суох. Ол эн хаста милииссийэҕэ түбэспиккин суруйарбар кинилэр погоннарыттан саҕалаан хаайыы иһэ хайдах буоларыгар тиийэ билиэхтээхпин. Оччоҕо эрэ итэҕэтиилээх айымньы тахсар. Үлэтэ бэрт дии!
– Оттон мин барытын кэпсиэм ээ…
– Ээ, оттон ону бэйэҥ суруйдаххына хайдаҕый?
Киһиэхэ «кыра да наада» диэн этии дириҥ ис хоһоонноох. Ардыгар биир этиинэн өй-санаа уган биэрии, киһи бэйэтигэр эрэлин уһугуннарыы олох саҥа долгуна түллэн сайдарыгар олугу уурар. Сотору буолбатаҕа, Уйбаан Александров «Дьолгун туораттан көрдөөмө» диэн сэһэн дуу, арамаан дуу саҕаланыытын суруйбут тэтэрээтин туппутунан миэхэ кэлбитэ. Хайдах да кылгас кэпсээн буолбатах, 50-с сыллардаахха төрөөн, саҥа үйэҕэ үктэнэригэр олох бары кэрдиистэрин ааспыт саха эр киһитин олоҕо түөрэ ойууланыахтаах улахан жанрга ылсыы киэбэ бэлиэтэммит этэ. Биллэн турар, грамматикатыгар да, тылы туттууга да улахан эрэдээксийэни эрэйэр үлэ этэ эрээри, кэпсээн ис хоһооно уонна санааны этэр истиилэ кэрэхсэбиллээхтэринэн, киһини умсугутар айымньы тахсыах кэриҥнээҕэ.
– Бу эн илиигинэн суруйбуккун ким эрэдээксийэлээн ньаҕайдыы олоруой. Суруйуом диэн санааҕын уурбут буоллаххына, компьютерга бэчээттииргэ үөрэннэххинэ табыллар… – диэбитим.
Суруйааччым олох сотору ноутбук кыбынан кэллэ, хайыы-үйэҕэ бэчээттииргэ үөрэммит. Ол ноутбугун үрдүгэр айымньы хас да баһын эрэдээксийэлээн биэрдим. «Мантым кинигэ буолан тахсыан баҕарабын. Өссө мас тутуу туһунан эмиэ кинигэ бэлэмниэхпин баҕарабын…» «Сурунаалларга илдьэн көрдөрүөххүн, баҕар, бэчээттиэхтэрэ», – диибин. Салгыы дьоруойум бэйэтэ суолун солонон, хаһыаттарга, сурунаалларга ыстатыйалары уонна айымньытыттан эмиэ бэчээттэтэн барда. Айымньыта бастаан тахсарыгар мин киирии тыл суруйбутум.
Ыстатыйаларыгар тутуу эйгэтигэр баар быһыыны-майгыны сымната сатаабакка, хайдах баарынан суруйар, ол иһин бастаан сонурҕаан бэчээттээн иһэн, сахалыы судаарыстыбаннай биир хаһыаттаахпыт кинини таһаарбат буолбута. «Ким эрэ бэчээттиирин – бэчээттээбэтин кэтиир эрэйэ бэрт эбит. Кырдьык, ити санааларбынан кинигэ таһаарыыһыбын», – диэн этиилээх аны кэллэ. «Кинигэ бэлэмниир унньуктаах үлэ уонна ол биир таһаарыынан бүтэр. Санааларыҥ сырыы ахсын эбиллэн иһэллэрин быһыытынан, сурунаал ордук буолуо», – диэтим. Ити саҕана ылсыбытын хайаан да толороругар эрэнэр буолбут кэмим.
Мин Сунтаарга компьютерга таҥыллар бастакы хаһыаты кылаабынай редактордаан таһаара сылдьыбытым. Онно саҕалыырбытыгар хаһыат үлэһиттэрэ: «Бэчээт суруналыыстыката диэн тэлэбииһэргэ саҥара олорор буолбатах», – диэн мин кыайыа суохпун быһа этэр бадахтаан элбэхтик саҥарбыттара. Ол эрээри «Сунтаар сулуһа» хаһыаппыт олус тахсыылаах буолбута, бар дьоҥҥо бэркэ сэргэппитэ, оттон миэхэ үлэ сүҥкэн үөрүйэҕин уонна үөрүүтүн бэлэхтээбитэ. Билигин да хаһыат, бэчээт үлэтин санаам кыайа-хото тутар. Онон Уйбаан Александровка «Тиэргэн» диэн сурунаала тахсарыгар күүс-көмө буолбутум. Сирэйигэр «Дьиэлээх киһи – дьоллоох киһи» диэн этиини кынаттыыр тыл – девиз курдук суруйбуппут. Тутуу үлэтигэр сыһыаннаах рубрикалары толкуйдаспытым.
Ханнык баҕарар сурунаалы хаартыска тыыннаах оҥорор. Үлэ-хамнас туһунан сурунаал – килэбэчигэс тастаах сурунааллартан уратыта биллэр. Манна уотунан-күөһүнэн киэргэтэн устар, кэрэ көстүүнү айар аналлаах фотограф буолбакка (кыах баар буоллаҕына, оннук киһи баара үчүгэй бөҕө этэ), үлэ ис хоһоонун билэр, ону ымпыктаан-чымпыктаан сатаан түһэрэр фотограф үлэлиэхтээх. Александров сурунаалыгар бэйэтэ фотографтыырыгар тиийбитэ. Кэнники үчүгэй хаартыскалары таһаарар буолбут.
Бу сурунаал тахсыыта мин базальт собуотун дириэктэрэ, Ил Түмэн дьокутаата, тыйыс тымныылаах дойдуга сылаас дьиэ тутуутун туругурда сылдьыбыт Егор Петрович Жирковка үлэни-хамнаһы сырдатар сурунаалланыаххытын сөп диэн этии киллэрэрбэр төрүөт буолбута. «Сылаас дьиэ» сурунаалы бэйэм редактордаан таһаарбытым, баҕам хоту саха үлэһит омук буоларын бигэргэтэр үтүө дьыалаҕа кыттыспытым. «Тиэргэн» даҕаны, «Сылаас дьиэ» даҕаны тутуу эйгэтигэр биллэр, бар дьоҥҥо туһалаахтарынан биһирэнэр, ситими быспакка бэчээт ырыынагар тахса турар сурунааллар буола сылдьыбыттара. «Тиэргэн» тохтуу-тохтуу билигин да тахсар.
2013 сыллаах сайын Ил Түмэн дьокутааттарын быыбарыгар Уйбаан Александров Сунтаардааҕы биир мандааттаах уокуруктан дьокутаакка хандьыдаат быһыытынан туран, миигин өссө төгүл соһуппута. Итинник дьон бэлиитикэҕэ чугаһыыллара сөп, хайаан да бэйэлэрэ дьокутаат эбэтэр чунуобунньук буолан барбаталлар, ол дьон эйгэлэригэр киирэн, санааларын, толкуйдарын тиэрдэр кыахтаналлара биһиги олохпут салаллыытыгар үчүгэйтэн атыны аҕалбатыгар эрэнэбин. Билигин кини күтүөт буолан олорор Намыгар уонна төрөөбүт-үөскээбит Элгээйитигэр оҕуруот аһын үүннэрэр бөдөҥ хаһаайыстыбалары салайар, үлэ холобурун, үлэ умсулҕанын үүнэр ыччакка иҥэрэр, сатабылын тиэрдэр сурунаалы, кинигэни бэйэтэ көрөн-истэн таһаарар. Кини онтон да атын былаана элбэх: ат сүүрдээччи уол туһунан киинэ уһуллуута, саха сылгытын туһунан сокуону байытыы, «Дьолгун туораттан көрдөөмө» арамааны бүтэрии…
«Күлүк өҥө». «Дьолу туораттан көрдүүр» дьон бааллар ээ. Биһиги бастакы биэриилэрбититтэн биирдэстэрэ дьол туһунан өйдөбүлгэ анаммыта. Дьон үксэ дьол туһунан туох санаалааҕа биллэр. Ол иһин дьон санаатын ыйыталаһа (опрос) барар эдэр доҕотторбор (ол күн миэхэ Марианна Тарасова көмөлөспүтүн чопчу өйдүүбүн): «Туймаада» маҕаһыын таһыгар наһаа элбэх саха буомжалара сылдьаллар. Олортон кытаатан ыйыта сатааҥ эрэ. Бука, дьол туһунан атыны ол дьон этиэхтэрэ…» – диэбитим. Дьэ доҕоор, сирэйэ-хараҕа буорайбыт биир киһи эдэр кыыс ыйытыытыгар: «Биэс солкуобайда аҕал эрэ. Оччоҕо мин дьоллонуом…» – диэбит. Ол киһибитин туох да киэргэтиитэ суох хайдах баарынан биэриибитигэр киллэрбиппит.
Ити кэнниттэн мин хаста да ол олох күлүк өттүгэр сылдьааччылары биэриим далыгар киллэрэн, көрдөрбүтүм. Кинилэр бэйэлэрин тустарынан эрэйдээх-буруйдаах кэпсээннэрэ, олохторугар билбит бары иэдээннэрэ дириҥник «бэчээттэнэн» хаалбыт сирэйдэрэ мин өйбөр-санаабар билигин да дөрүн-дөрүн күөрэйэн кэлэллэр. Биир «оҕобун ыраахтан уоран көрөөччүбүн, киниэхэ ийэҥ өлбүтэ диэн эппиттэрэ», – диир дьахтар баара; биир английскай тыл учуутала, кыбартыыраны кытта ситимнээх аферистарга түбэһэн үс хостоох таас дьиэтиттэн уулуссаҕа үүрүллүбүт дьахтар баара; биир сахата да – омуга да, тыллааҕа да – тыла суоҕа да, өйдөөҕө да – өйө суоҕа да биллибэт, саҥа таһааран иһитиннэрбэккэ ньимийэн баран сылдьар эмээхсин баара…