Онон, биэриим аатын сөпкө тобуллум диэн (урут Сунтаарга үлэлии сылдьан, «Сонуннары» итинник ааттаан таһаара сылдьыбыттаахпын) эрэллээхтик сананан үлэбин саҕалаабытым. Бу биир чаастаах биэрии быһа эфир быһыытыгар-майгытыгар барара тэрилтэ уопсай үлэтигэр-хамнаһыгар, ороскуотугар чэпчэтиини киллэрэр: өскө суруллан (бастаан устуллан, онтон таҥыллан) баран ыытыллара буоллар, икки-үс бүк элбэх үлэлээх, элбэх киһи кыттыылаах буолуохтаах, элбэх ороскуоттуур матырыйаал (устар кассеталар, уот-күөс туттуллуута, о.д.а.) бараныахтаах этэ. Тоҕо диэтэххэ, ол түгэҥҥэ биэриигин барытын баҕаҥ хоту тохтото-тохтото, хас эмэ төгүл сатаныар диэри хаттаан саҥара-саҥара уһулаҕын, онтон ону көрөҕүн, ордугун-хоһун, сатамматах өрүттэрин быһан таҥаҕын, төһө кыалларынан тупсараҕын, музыкалыыгын, тыастыыгын-уустуугун, онтон дьэ биирдэ эфиргэ биэрэҕин. Эппиккэ дылы, «ньалҕаарыччы тараан-тараан, оҥороон-оҥорон, киэргэтэн-тупсаран» баран. Оттон быһа эфиргэ тахсыы – туох кэлээхтиэй, биирдэ кэлэҕэйдээбитиҥ, биирдэ сөтөллүбүтүҥ хайдах баарынан көрөөччүгэ тиийээхтиир буоллаҕа. Онон тэрилтэ ити өттүгэр сүүйэр. Оттон көрөөччүлэр иннилэригэр биир бииргэ тахсар ыытааччыттан уонна биирдэ саҥараат онтун көннөрөр кыаҕа суох майгыга уһуллар ыалдьыттан улахан бэлэми, хомуллууну, дьоҕуру ирдиир.
Киин тэлэбиидэнньэҕэ уонна омук хампаанньаларыгар, биллэн турар, итинник биэриилэргэ үлэлиир ааттаах-суоллаах ыытааччылар гонорардара куйаар буолар дииллэр. Бу ыытааччыны тула үлэһиттэр халыҥ аармыйалара: продюсердар, режиссердар, кэрэспэдьиэннэр, редактордар, администратордар, стилистэр, көстүмүөрдэр солото суох түбүгүрэллэр.
Оттон биһиги саҕалыырбытыгар НВК-ҕа хайдах этэй? Биир киһи редактор, ыытааччы, кэрэспэдьиэн, администратор, ардыгар продюсер эбээһинэстэрин соҕотоҕун толороро. Сирэйи-хараҕы оҥостууну, таҥаһы-сабы көрүнүүнү эмиэ бэйэтэ тобулара. Биир режиссер биэрии сюжеттарын устууну, таҥыыны, устуудьуйаҕа барар үлэни, эфир кэмигэр дирижер курдук хас да оператор, ыытааччы, аппаратнай үлэһиттэрин салайыыны барытын соҕотоҕун толороро. Ол аата – икки киһи. Билигин, туох кистэлэ кэлиэй, быһа эфирдэри бүтүн хамаанданан: устуудьуйаҕа иккилии ыытааччы буолан, өссө «салайааччы» диэн, экраҥҥа көстүбэккэ сылдьан кинилэри дьаһайар-бэрийэр соло-
лоох туспа үлэһиттэнэн, сюжеттары устарга анал кэрэспэдьиэннэнэн, анал сыһыарыллыбыт администраторданан, биэрии кэмигэр ыйытыылары тутааччы туспа ноутбуктаах киһилэнэн олороллорун көрдөхпүнэ, үөрэ даҕаны уонна кыратык… ордугурҕуу саныыбын. Ол ити эфир хайдах сыранан тахсарын эттээх тириибинэн билбит киһиэхэ бааламмат ини дии саныыбын.
Билигин оччотооҕуттан үлэлиир биир идэлээхтэрим: «Бастаан саныырбыт: «Кэпсиэ» аҕыйах олус үчүгэй биэриини оҥорон баран тохтуо. Тиэмэлэрэ да саҥаттан саҥа айыллан иһиэхтэрэ суоҕа уонна үлэһиттэр, биллэн турар, эстиэхтэрэ диэбиппит. Онтубут арай сылтан сыл баран испиккит. Хайдах эрэ билиниэх, ытыктыах санаабыт кэлбитэ», – диэн, хайдах баарынан этэр буолбуттарыттан испэр астынабын. «Хотугу сулус» телерадиокомпания салайааччыта Татьяна Гоголева: «Эн кэлэҥҥин барыбытын өрө тардыбытыҥ, бары биэриилэрбит хаачыстыбаларын тупсарарга кистии-саба күүскэ кыһаллан барбыппыт…» – диир.
Оттон хампаанньа салайааччыта Харлампий Дьяконов: «Ити ылбыт тэтимҥитин кытаатан тута сатааҥ. Эһиги, айар дьон, түһүүлээх-тахсыылаах буолааччыгыт, онон мин сэрэнэ саныыбын», – диэбитэ. Салайааччыттан биирдэ итинник өйөбүлгэ маарынныыр этиини истэн турардаахпыт. Ол эрээри, билигин санаатахпына, мин биир, эмиэ да хайҕаллаах гынан баран, эмиэ да бэйэм туспар охсуулаах итэҕэстээх эбиппин: ол үлэбин барытын тус бэйэм эрэ иилиирим-саҕалыырым, тэрилтэ мунньахтарыгар сылдьыбатым (соло да суох курдуга), ханнык эрэ түгэннэри хампаанньа салалтатынан быһаартарары ирдэспэтим. Бэркэ буоллаҕына икки ыйга биирдэ тустаах дириэктэргэ киирэммин сүрүн түгэннэри быһаартарарым уонна барытын бэйэм өйбүнэн-санаабынан, сырабынан солоон, инним диэки бара турарым. «Бэйэҥ кыайыах буоллаххына» диэн былаах туттарбыттарын хайдах баарынан толорор киһи буолбуппун. Инньэ гынан, салалтаҕа киирэн-тахсан баар-
бын биллэрбэт эбиппин, ол майгыбын салалта тула сылдьалларын сөбүлүүр, «олус аатыран эрэр» Сайаҕа үтүөнү санаабат дьон бэйэм утары туһаайалларыгар тиэрдибиппин. Холобур, Саҥа дьыл саҕана: «Бириэмийэ бөҕө ыллыгыт дуу? Итиччэ элбэх чааһы толорор дьоҥҥо ботуччу биэрдэхтэрэ?» – диэн ордугурҕуур хабааннаах ыйыталлар. «Ханнык бириэмийэ?..» – «Оттон үлэһиттэргэ сыл түмүгүнэн бириэмийэ түҥэппиттэрэ дии…» Оннук сураҕын эрэ истэн матыы элбэх этэ. Биэриим мэлдьи «Сонуннар» кэннилэриттэн киэһэ тоҕус чааска тахсар. Ол иһин саҥа бырагырааманы көрө барбакка, быһа эфиргэ дьону ыҥыран баран, ох курдук оҥостон устуудьуйабар олоробун. Арай биһигини холбооботтор. Ыйыталаһан билбитим, бырагыраамаҕа 22.30 чааска туруорбуттар. АСК диэн эфиргэ тахсааһыны хааччыйар салаа бырагырааманы эрэ билинэр. Ханнык эрэ хатылааһын уһун-киэҥ биэрии кэнниттэн үлэ дьоно утуйбуттарын кэннэ били сыралаһан бэлэмнээбит саҥа биэриибин дьэ таһаарабын, бүтэн баран ыалдьыттарбын атаартаан, дьиэбин түүн үөһэ булабын. «Холбос» уопсайыгар саатар кытаанах баҕайы вахтердар олорор этилэр, түүн 12 чаас кэнниттэн ааны аспакка элбэхтик сордообуттара…
Оннук, дуона суох курдук эрээри, биир күдьүс көхтөөх үлэни бүдүрүтэр, ардыгар мөлтөтө да сыһар элбэх моһоллор көстөн иһэллэрэ. Ону мин тутатына туораттарары, ирдэһэри эмиэ ситиспэт эбиппин. «Һуу, хата биэриим онтон энчирээбэккэ таҕыста ээ, этэҥҥэ буоллубут» диэбит курдук, аһаран иһэр этим.
Мин уонча сыл Сунтаар устуудьуйатыгар үксүн быһа эфиргэ олорбут уопутум, үөрүйэҕим быыһаабыта диэн эттим. Ол эрээри оннук үөрүйэх, кырдьык, хас эмит ыйынан-сылынан кэлэр дуо? Эбэтэр итиниэхэ айылҕаттан дьоҕур эмиэ баар буолар дуу?
3. АНАЛЫ БУЛУУ
Ити ыйытыыга хоруйдаары мин 1991 сылга төннүөхпүн баҕарабын. Төһө да дойдуга ыһыллыы араллаана буола турдар, олох сайдыытын саҥа, сонун, чэбдик тыала оччотооҕу эдэр дьон өйдөрүн-сүрэхтэрин өрүкүтэрэ. Өрөспүүбүлүкэ хас да улуустарыгар олохтоох тэлэбиидэнньэлэр диэн тэриллэн үлэлээн барбыттара. Бу устуудьуйалар салалта толкуйунан буолбакка, биир-икки энтузиаст дьон кыһамньыларынан «аллараттан инициатива, көх быһыытынан» тэриллибиттэрэ. Ол дьонтон үгүстэрэ, таах даҕаны, эстээри турар хомсомуол райкомугар тирэҕирбиттэр этэ. Устуудьуйалар бастаан Мэҥэ Хаҥаласка, Үөһээ Бүлүүгэ үлэлээбит сурахтара иһиллибитэ. Өтөр буолбатаҕа, Сунтаарга Василий Осипов уонна Владимир Спиридонов диэн «диплома суох инженер», «төбөлөөх» уолаттар видеокиинэлэри көрдөрөн барбыттара, эҕэрдэлэр, биллэриилэр баар буолбуттара. Олохтоохтор олус сэргээбиттэрэ, бэйэ тэлэбиидэнньэлэнэрин туһугар харчы хомуйар түгэҥҥэ да, кырыымчык хамнастарын сыыһыттан кырыйан ылан бэрсэллэрин кэрэйиэ суох курдуктара. Улуус дьаһалтата, баһылык Александр Петров саҥа сүүрээни өйөөн, саҥа тэрилтэ кэскилигэр эрэнэн бастакынан тирэх буолбутун, уолаттар Москванан, Киевинэн баран аппаратура ылан кэлбиттэрин туһунан сэргэх кэпсэтиилэр тахсаллара. Миэхэ ол салгынынан кэлэр «хартыыҥка» хайдах оҥоһуллара, экраҥҥа хайдах бэриллэрэ өйбөр олох батан киирбэтэ, ити тэрилтэ дьоно миигиттэн олус ыраах, уустук эйгэҕэ сылдьар курдуктара.
Арай биирдэ Василий Осипов анаан-минээн дьиэбэр кэлэн соһутта. «Биһиги дьиҥнээх тэлэбиидэнньэ курдук үлэлиэхпитин баҕарабыт. Аан бастаан «быһа эфир» диэни ыытаары гынабыт. Устуудьуйаҕа саҥара олорор дьон тута экраҥҥа көстөллөр, көрөөччү кинилэргэ дьиэтиттэн телефонунан ыйытыы биэрэр. Ыалдьыттарыҥ буоллаҕына тута хоруйдууллар. Ол эрээри онно сатаан саҥарар, ыытар киһибит суох. Эйигин хайдах эрэ кыайыа дии саныыбын…»
Миэхэ ити ыҥырыы соһуччу этэ эрээри… Киһи, ордук айар киһи буолуо, муунтуйбут, муҥурдаммыт курдук кэмнэнэр. Төһө да мин идэбинэн култуура эйгэтигэр бэркэ үлэлии-хамсыы, суруйааччылар ортолоругар «эдэр, талааннаах…» диэн кэрэхсэнэ сылдьар кэмим буоллар, бэйэбиттэн тоҕо эрэ астыммат буолбут, олохтон туох эрэ эмиэ саҥаны, күүрээннээҕи күүтэ-эрэйэ сылдьыбыт кэмим быһыылаах. Мин, биирдэ да видеокамера диэни чугастан көрбөтөх, устуудьуйа диэн тыл ис суолтатын билбэт, суруналыыстыкаҕа чугаһаан көрбөтөх киһи, ити этиигэ, буолаары буолан быһа эфир ыытааччыта буоларга кэтэмэҕэйдээн көрбөккө сөбүлэһэн кэбиспитим. Айылҕаттан килбик бэйэм – тоҕо? Билбэппиттэн эбитэ дуу эбэтэр киһи аналын, кырдьык, сүрэҕинэн таайара дуу?