– Таптыыр кыыһым атын уолга кэргэн тахсыбыта. Ол иһин кыргыттар диэки көрбөт да этим, ону билэр дьонум суорумньулаан, билиҥҥи кэргэмминиин билиһиннэрбиттэрэ. Олоробут үчүгэй. Оҕолоннубут. Холку баҕайы олох, туохтан да улаханнык долгуйбаккын эҥин, – диир.
– Арай ол урукку кыыһыҥ «кэл миэхэ, алҕас эйигиттэн барбыппын» диэтин? – диибин.
Киһибит чочумча саҥата суох турар, онтон:
– Ким билэр… Арааһа, суох буолуо… Эрээри, баҕар…
Көр, таптал син биир тарда турар эбит этэ.
Дьэ, ити курдук бэлэмнээх биэриибин саҕалаатым. Кэпсэтиини дьон син сэҥээриэ, тута да буолбатар, биирдиилээн даҕаны эрийэн кэлиэхтэрэ диэн санаалааҕым. Төлөпүөммүт атын хоско турар, саҥа администраторынан үлэлээн эрэр кыыска «сюжет кэмигэр ыйытыылары киллэрэн биэрээр» диэн сорудахтаатым. Ол саҕана пейджердэнэ илик кэммит эбит.
Арай кэпсэтэ олоробут, үгэс курдук күрэхпин биллэрдим, опроһум ааста, сюжетым ааста, арай көрөөччүлэрбиттэн ыйытыы суох. Хайыахпыный, били кэлбит дьахтарбын кытта олох туһунан уһатан-кэҥэтэн кэпсэтэрбэр тиийдим. «Зал иһин толорор музыка…» диэн ырыанан эҥин эргийэн, эҥсилгэннээх кэпсэтии буолар хабааннанна. Хата, киһим айаҕа син аһылынна. Өссө биир тойуксуттаах этим, кэргэн тахсыбатах кыыс суланар ырыатын (тылын бэйэм суруйан биэрбитим) толоруохтааҕа. Дьиҥэ, бастаан оннук ис хоһоонноох тойугу толоруон баҕарбатаҕа, онтон үөрэтэн, эрчиллэн көрөн баран: «Толорор эбиппин, кырдьык, кэргэн тахсыбатах элбэх кыргыттар ааттарыттан ыллыыбын, норуодунай театрга оруол толоро турар курдук. Уобарас буолабын. Бэйэм иккис кэргэммэр олоробун», – диэн, күлэ-күлэ, сөбүлэспитэ. Эрчиллэрбитигэр олус үчүгэй этэ. Арай доҕоор, онтум быһа эфир кэмигэр бастаан саҕалаан иһэн тылын таһы-быһа умнан кэбистэ. «Туох ааттаах табыллыбат киэһэбит буоллаҕай?!» – диэн испэр ыксыы саныы-саныыбын, тойуксуппун быыһаан ыллаҕым дии. Кини кэнники Туймаада ыһыаҕар үҥкүү тылын этэн массыына бириис сүүйэн турар. Көрүстэхпитинэ, ол биэриини саныы-саныы, күлсээччибит.
Һуу, дьэ, биир чааспыт кэмниэ-кэнэҕэс бүттэ. Күһэллэммин, оннооҕор «көрөөччүлэр ыйытыылара» диэн бэйэм эрдэ бэлэмнээбит биир-икки ыйытыыбын биэрэргэ кытта тиийдим. Тэлэбиидэнньэ үлэтигэр итинник эрдэ бэлэмнэммит ыйытыыны биэрэр албас, ньыма баар, дьиҥэ, ону мин туттубат буола сатааччыбын. «Көрөөччүлэр ыйытыы алҕаска да биэрбэтилэр, тоҕо бэрдэй?» – диэн санаалаах устуудьуйаттан тахсан төлөпүөннээх хоско бардым. Арай администраторым көтөх муҥунан кумааҕыны суруйбут, дэлби тиритэн, кытаран хаалан баран өссө да кимниин эрэ кэпсэтэ, ыйытыы ыла олорор!
– Хайа, ыйытыы бөҕө киирбит эбит дии, тоҕо киллэрэн биэрбэтиҥ?
– Оттон эрий да эрий буолаллар батта, киһи туруупканы уурар да кыаҕа суох…
Чахчы, көрөөччүлэрим барахсаттар хаһааҥҥытааҕар да көхтөөхтүк, аналы булбакка соҕотох сылдьыыны саха омук биир уһугулаан турар улахан кыһалҕатын быһыытынан көрөн эгэлгэ да этиилэри эппиттэр, ыйыппыттар, туруорсубуттар этэ! Саҥа үлэлээн эрэр администратор кыыс төлөпүөнтэн хайдах да арахсар кыаҕа суох биир чаас устата быыстала суох ону суруйа олорбут!
Бу биэриигэ олус уйаҕастык Мииринэй, Нерюнгри куоракка олорооччу саха эдэрчи дьонуттан: дьахталлартан да, эр да дьонтон киирбит этиилэри мэлдьи саныыбын. Кинилэр өрөспүүбүлүкэҕэ олорор, 25-тэн үөһэ саастаах, соҕотох сылдьар саха дьонун туһунан кииннэммит биир бааны оҥоруохха, суорумньуну судаарыстыба суолталаах үлэ чэрчитигэр киллэриэххэ эҥин диэн туруорсубуттар этэ. Уонна биһиги биэриибит, чуолаан мин, соҕотох дьону түмэр хамсааһыны саҕалаабытым курдук ылыммыттар, өйдөөбүттэр эбит этэ: олох хойукка диэри онтон-мантан төлөпүөммүн булан «били суорумньу үлэлиир дуо?» диэн ыйытааччылар… Ону таһынан, салалтабытыгар эмиэ тиийэллэр эбит. Биирдэ дириэктэрбит Николай Иннокентьевич: «Тоҕо уонна ким мин төлөпүөммүн суорумньуһут нүөмэрэ диэн биэрдэ? Сүгүн үлэлэтэллэрин аастылар…» – диэн күлүү аҥардаах эппитин истибиппит.
Төһө да «күлүү аҥардаах» диэбитим иһин, ити биэрии дьон сүрэҕэр тиийбитэ кэргэннэнэр саастаах дьон сулумах сылдьыылара аҕыйах ахсааннаах омукка улахан кыһалҕа эрэ буолбатах, иэдээн эбитин көрдөрөр. Ол да иһин дьон-сэргэ өр кэмҥэ кэтэспит кэпсэтиилэрэ аһаҕастык тахсыбытыттан долгуйбуттар уонна туох эрэ хамсааһын буолан эрэр диэн эрэҥкэдийиэхтэрин баҕарбыттар…
«Саас кэллэ – кус кэллэ!» «Чэ, сахаҕа сааскы кустан ордук кэрэхсэтэр туох да суох», – диэбитэ саас кэлэн эрдэҕинэ биир киһи. Кырдьык даҕаны! Ол гынан баран, биһиги режиссербунаан иккиэн дьахталларбыт, булт диэн дьарыкка дьөрү чугаһаан көрбөтөх дьоммут. Аны чуолаан булт туһунан кэпсиир атын биэриилэртэн холобур ылыахпытын, ол саҕана булка аналлаах биэрии суох этэ. Аркадий Алексеев айан туһунан биэриилэригэр куһу-куобаҕы биирдэ эмит кыбытарын аахпатахха. Ол да буоллар, биһиги туруммуппут. Кэмэ-кэрдиитэ да тоҕоостооҕо: саас тыына биллэн уонна соҕуруу ханна эрэ көтөр ыарыыта туран, кус көҥүллэнэрэ – көҥүллэммэтэ, хаһыстан саҕаланара уостан түспэт таайбараҥ кэриэтэ буолбут кэмэ этэ.
Үөрүүнү кытта ыҥырыыбытын ылынан Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин үлэһиттэрэ уонна охотовед идэлээх эр дьон биэриибит ыалдьыттарынан буолбуттара. Көрөөччүлэри кычыгылатар «туох эрэ» биэриибитигэр баар буолуохтааҕа. Онуоха биһиги «булт маҕаһыыннарыгар тахсан, бириис көрдөөтөхпүтүнэ хайдаҕый?» диэн санаанан умайдыбыт. Ким эрэ билэр киһитэ «Царская охота» маҕаһыыҥҥа үлэлиир буолан биэрдэ, кини биһигини маҕаһыын салалтатын кытта ситимнээтэ. Онно дии, бирииспитигэр бүнүікүл туран, бүтүн Саха сирэ биир киэһэни быһа сааскы кус туһунан түөрт устуруокалаах күпүлүөт суруйаары өрүкүйэн ылбыта!
Маҕаһыын ирдэбилин быһыытынан, кинилэргэ баар табаардары рекламалыахтаахпыт. Мин оператордаах режиссерум баран устан кэлбиттэрин көрөбүн: кус кэмэ чугаһаан, кырдьык, маҕаһыыҥҥа киһи аалыҥнас. Дьахталлар кытта бааллар. Ордук биир, дириҥ толкуйга түспүт курдук көрүҥнээх атыылаһааччы дьахтар киһи болҕомтотун тардар. Оператор кинини чугаһата-чугаһата устубут. Ол саҕана бултуурга кэтэр анал таҥастар саҥа кэлэн, киэҥник тарҕанан эрэр кэмнэрэ этэ. Мин саныыбын: арай маҕаһыын рекламатын эмиэ «сахатытан», оонньотон биэрдэххэ? Ити камера объективыгар бэйэтэ да билбэтинэн хабыллан хаалбыт дьахтар сирэйэ олус да элбэҕи кэпсиир… Эмискэ мин билэр-билбэт дьахталларым эрдэрэ кустуу бараары тэринэллэрин, ону кинилэр хайдах атааралларын туһунан эмиэ да кыһыйар, эмиэ да таптыыр арыттаах саҥаралларын иститэлээбитим кулгаахпар кутуллан киирэр: «кини ол куска барар ороскуотун оннугар хас да киилэ окорочок атыылаһан баран күөстэммитим ордук этэ», «аны куһаҕан ол-бу таҥаһынан ойуурга барбат буолбуттар ээ, булка сылдьар толору көстүүм киниэхэ наада», «айуу-айа… сымыйанан үөрбүтэ буолабын, биир чыркымайдаах кэллэҕинэ…» о.д. а…Ити өйбөр киирэн кэлбит этиилэртэн, маҕаһыын табаардарыттан уонна дьахтар дириҥи толкуйдаабыт харахтарыттан таҥыллыбыт кылгас сюжет-кэпсээн тахсан кэлбитэ: дьахтар эрин кустуу барарыгар тэрийэрин туһунан. Дьон ордук: «Баччааҥҥа диэри туох да үөтэлээҕи толкуйдаабатах төбөтүгэр саҥа бэргэһэ өссө ылабын дуо? Ханньайбыт эргэтинэн да сырыттын!.. Ол эрээри… кини эрэ эргэ бэргэһэлээх сылдьыа дуо…» – диэнтэн күлбүттэр этэ. Дьахтар барахсан эрин син биир саҥа таҥастаан-саптаан ыытарын курдук ис хоһооннообуппут. Реклама да оҥоһуллубута, көрөөччүлэрбит сүргэлэрин да көтөхпүппүт. Мин ол сюжеты биир таба тайаныым, айар булумньум курдук саныыбын.
Хоһооммут күрэҕигэр кыайыылааҕы быһаарар олус уустук этэ: ол курдук элбэх күпүлүөт киирбитэ. Биэрии кэнниттэн нэдиэлэни быһа ыыппыттара. Оннооҕор аймахтарым, миигиттэн кытаанах бобуу баарын үрдүнэн, тулуйбакка кыттыбыттар этэ. Хойукка диэри: «Кус туһунан биэриигэр хоһоон суруйан ыыппытым, саатар ааҕан иһитиннэрбэтэҕиҥ», – диэччи дьону көрсөбүн. Хайдах да барытын ааҕар кыах суоҕа. Биһирэбил бириистэрбитигэр ол саҕана саҥа тахсан эрэр «Байанай» сурунаалы түҥэппиппит. Биир көрөөччүм наһаа үчүгэй тыллардаах күпүлүөтү ыыппытын өйдүүбүн: «Сыттык түүтэ… Таптал түүнэ…» диэн курдук.
Билигин көрдөхпүнэ, биир биэрии иһигэр бэйэбитигэр гонорара уонна тэрилтэбитигэр туһата суох элбэх босхо рекламаны ыытар эбиппит: «Царская охота» төһө да бүнүікүл туруорбутун иһин, кырата суох харчыны төлүөхтээҕэ буолуо, «саа тыаһа баар буоллун» диэн өссө спортинг туһунан сюжет устубуппут – эмиэ тустаах федерацияҕа өҥөнү оҥоруу эбит, аны булт этинэн бүлүүдэлэри бэлэмниир рестораны кэпсээбиппит уонна «Байанай» сурунаалы күүскэ билиһиннэрбиппит олох да быһаччы рекламаҕа киирсэр буолуохтаах. Билиҥҥи эбитэ буоллар, бастаан былааннаабыт тыыннаах биэриибит санаата хампаанньа салайааччытын көҥүллүүр – көҥүллээбэт быһаарыытын, онтон реклама-коммерция салаата ол табаардаах тэрилтэбитин кытта торгуйдаһар унньуктаах сэриилэрин нөҥүө ааһан, кылаана кыларыйан, уоҕа-күүрээнэ уостан, муоһа-туйаҕа тостон, бобуллара бобуллан, сотуллара сотуллан сыккырыыр тыына эрэ хаалан экраҥҥа тахсыа эбитэ буолуо. Эбэтэр олох да тахсыа суох этэ. Ол да иһин айар үлэһиттэр бүрүкүрээтийэни тулуйбаппыт быһыылаах. Тыыннаах кыым сөҕүрүйэрин, үлэлиэх баҕабыт ханнан хааларын аһыйабыт.