«Сөрүүн сүөгэй курдук…» Күндэ эппитинии, «сөрүүн сүөгэй курдук…» төрөөбүт төрүт тылым туругуруон, саргыта салаллыан, дьылҕата сырдыан баҕарабын. Мин эрэ буолуо дуо, ордук суверенитет, национальнай оскуола концепцията өйбүтүн-сүрэхпитин өрүкүппүт сүһүөх дьоно омук быһыытынан уратыбыт – ийэ тылбыт туһугар иэспитин сытыытык өйдүүр туруктаахпыт. Ол да иһин Дьокуускай куоракка олорор төрөппүттэр (аІаардас тыаттан көһөн кэлбиттэр эрэ буолбатах) 2000 сыллар саҕаланыыларыгар өрөспүүбүлүкэбит киин куоратыгар сахалыы үөрэтэр оскуолалар, оҕо саадтара элбиэхтэрин баҕаран, бөлөх тэриммиттэрэ. Сорохтор оҕолоро ол саҕана соҕотох саха гимназията баарыгар үрдүк үөрэххэ киирии курдук улахан тургутуу моһолун кыайан ааспакка, нууччалыы тыллаах оскуолаларга үөрэнэн саҕалаан эрэллэрэ, сорохтор оҕолоро оскуолаҕа киирэр саастара сотору туолаары сылдьар этэ. Бу дьону «Кэпсиэҕэ» таһаарбыт биэриим уратылаах этэ. Ол иһин өйдүү сылдьабын.
Биллэн турар, бу саханы барытын таарыйар улуу кыһалҕа туһунан кэпсэтии күүрээннээх буолбута. Көрөөччүлэр бэйэлэрин ыйытыыларынан, этиилэринэн ыалдьыт быһыытынан кэлбит үөрэҕирии министиэристибэтин, Дьокуускай куорат үөрэҕириигэ салаатын үлэһиттэрин отой «көмөн» кэбиспиттэрэ. Мин буоллаҕына биэриим бүтэр болдьоҕо бу кэлэн иһэр, кэпсэтиини хайа да түгэҥҥэ астыктык тохтотон, түмүктүүр кыаҕа суох буолуох курдукпун. АСК диэн устуудьуйабыт үөһэ өттүгэр өстүөкүлэ түннүк нөҥүө олорон биэриилэри эфиргэ таһаарары сүрүннүүр салаа баар. Онно «выпускающий режиссер» диэн эппиэттээх киһилээхпит. Сюжет көстө турар кэмигэр: «Уон чааска түмүктүүр кыахпыттан таҕыстым», – диэн илдьит ыыттым. Ол күн мин биэриилэрбин мэлдьи сөбүлээн, хайҕаан көрөр идэлээх, эмиэ төрөөбүт тылын, култууратын туһугар ууга-уокка киирэргэ бэлэм үтүөкэн киһи, Таатта Баайаҕатын кыыһа Моника Попова «выпускающайдыыр» этэ. Сотору буолан баран, «бырагыраамаҕа баар биир биэриини тохтоттубут, өссө чаас аҥаара кэпсэтэр үһүгүн» диэн илдьит кэллэ. Моникам барахсан туох эмит буолар түгэнигэр уоту бэйэтигэр ылынар курдук, хорсуннук быһаарыммыт этэ. Итинник, быһа эфири үлэһит бэйэтэ быһаарыы ылынан чаас аҥаардыы уһаппыт түгэнэ урукку өттүгэр баара эбитэ дуу? Бука, суоҕа буолуо. Дьиҥэ, тэлэбиидэнньэ үлэтигэр бырагыраама сокуон буоллаҕа дии. Болдьоххор бүппэтэххинэ саҥаран эрэр тылыҥ аҥаарыттан да АСК быһа баттаан кэбиһэр бырааптаах. Оннук буолуохтаах да буоллаҕа. Ол эрээри бу сырыыга сахабыт тылын туһугар бары ол сокуону кэспиппит. Сарсыныгар дириэктэрбит Николай Иннокентьевич да, салайааччыбыт Харлампий Назарович да сэмэлиир биир тылы эппэтэхтэрэ.
«Бастакы Бэрэсидьиэн». Ардыгар киһи хайдах да тумнан ааспат түгэннэрэ баар буолаллар. Холобур, 2007 сыллаахха сэтинньи 13 күнэ оптуорунньукка түбэспитэ, «Кэпсиэ» тахсар күнэ этэ. Кыбаарталлааҕы былааммын оҥоро олорон өйдөөбүтүм, бу күн Михаил Ефимович Николаев 70 сааһын томточчу туолар эбит. Дьиҥэ, улахан дьон үбүлүөйдэригэр Правительство сакааһынан киинэлэр да, биэриилэр да уһуллааччылар. Оннук үлэҕэ салалтаҕа чугас, кини итэҕэлин талаанынан буолбатаҕына, толоругаһынан ылбыт суруналыыс тардыллар.
Михаил Ефимовичка сыһыаннаах мин тугу эмит оҥоруохпун баҕарар этим. Сэтинньи 13 күнүгэр тахсар биэриибэр ытыктыыр киһим туһунан тугу да этэн хаалбатым эмиэ сатаммат курдук этэ. Онон, ити күннээҕи биэриибин Бастакы Бэрэсидьиэммитигэр аныырга санаммытым. Былааммын бигэргэтэллэригэр салалтабыттан (ол саҕана Руслан Васильев кэлбитэ) ким да, тугу да саҥарбатаҕа: бобуохтарын туттуммуттара буолуо, сэргиэхтэрин – итини кинилэр сорудахтаабатах түгэннэрэ этэ.
Биллэн турар, ол күн Бастакы Бэрэсидьиэн олоҕун, үлэтин кэпсиир, аналлаах бөлөх үлэлээбит документальнай киинэтэ экраҥҥа тахсыбыта. Мин биэриим ол киинэни кытта «Сонуннарынан» быысаґан тахсыахтааҕа. Биэриибит үгэс курдук, уулуссаҕа түбэһиэх дьон этиилэриттэн саҕаламмыта. Онно: «Улахан, былыргы устуоруйалаах судаарыстыбалар бэрэсидьиэннэрэ 70-тан үөһэ саастаах дьон буолааччылар. Кыах биэрэллэрэ буоллар, мин Өрөспүүбүлүкэ салайааччытынан билигин да Михаил Ефимовиһы талыам этэ…» – диэн этиилэр кытта дуорайбыттара. Манна диэн эттэххэ, Россияҕа бу кэмҥэ киин былаас регионнар салайааччыларын олохтоохтор бэйэлэрэ быыбардаан талар бырааптарын быһан, баарын туһунан тыйыстык биллэрбит, тыыны-быары ыкпыт кэмэ этэ. Ол киэһэ дьон-сэргэ бэйэтин Бастакы Бэрэсидьиэнин, суверенитет саха олоҕор суолтатын туґунан аһаҕастык уонна истиҥник кэпсэтэллэригэр кыах биэрэ сатаабытым.
«Саха сирэ омуктар харахтарынан». Билигин Дьокуускайга үөрэнэ, үлэлии кэлбит омуктары экраҥҥа таһаарыы сонун буолбатах, ол да үрдүнэн, кинилэр тахсыыларын көрөр мэлдьи сэргэх буолар. Оттон биһиги венгр уола Чоба Месароһы, кытай киһитэ, «Золотой дракон» рестораны бастаан үлэлэппит Федоры, ФЭИ-гэ преподавателлии сылдьар японканы, СГУ устудьуоҥката буолбут кореянканы, канадканы, саха тылын үөрэтэр элбэх оҕолоох немец эр дьонун оҕолорунаан көрдөртөөн барбыппыт бастакы буолан, төһөлөөх кэрэхсэбили үөскэппитин, күлүүнү-үөрүүнү күөдьүппүтүн ійдүүбүн. Чоба самолету – «көтөр аал», биэдэрэни – «солуур», ньуосканы – «хамыйах» диирэ уонна «сахалар бэйэҕит тыллаах эрээри тоҕо ону ситэри туттубаккытый» диэн сэмэлиир этэ. Омуктарбытыттан төттөрү үөрэнэр түгэннэрбит бааллара киһини сөхтөрөр.
Оттон Федор биһиги дойдубут Кытайы кытта «тымныы сэриитин» кэмигэр эдэркээн сылдьан кыраныыссаны туораабыт, Ньурба Маалыкайыгар өр кэмҥэ сыылкаҕа олорбут, онно ыал буолбут, оҕо төрөппүт киһи этэ. Кытайдары тылы сүрдээх ылынымтыа омук диибит да, кини төһө эмит саха тыатыгар, саха дьонун ортотугар саха кэргэннээх олорбут да буоллар, сахалыы да, нууччалыы да олус мөлтөхтүк саҥарара. Ыллыыр уонна хоһоон суруйар дьоҕурдааҕын иһин мин кинини «дойдутун олус суохтууруттан атын тылы ылынан быстыбатах айар талааннаах киһи эбит» дии санаабытым.
Федор икки кыыс оҕолоох. Улахана фортепианоҕа олус үчүгэйдик оонньуур, аҕатынаан кытайдыы ырыаны толорон иһитиннэрбиттэрэ. Кыра кыыс «Виртуозы Якутии» скрипачката этэ, устар кэммитигэр ханна эрэ кэнсиэртии сылдьар буолан кыайан кэлбэтэҕэ, аҕата онтон сүрдээҕин хомойбута. Мин ол киһини өйдөөн хаалбытым өссө биир түгэнтэн: кини Ленин төрөөбүт күнүгэр төрөөбүт күннээх, оттон саха кэргэнэ Мао Цзедун төрөөбүт күнүгэр сааһын бэлиэтиир. Дьэ дьикти дии. Кэргэнэ биэриигэ уһуллубатаҕа.
Саас сезоммутун түмүктүүрбүтүгэр бу дьылга көрдөрбүт ыалдьыттарбытын илдьэ тыаҕа сынньана барааччыбыт, онно Федор ас бөҕөтүн дэлэччи тардан, сыал ытар саатын илдьэ кэлэн биһигини чэччитэргэ үтүөкэн көмө буолан турардаах. Билигин кини Дьокуускайга көстүбэт, быһыыта, тапталлаах уонна ахтылҕаннаах дойдутугар төннүбүт.
Чобаны кэлин экраҥҥа таһааралларын түбэһэн көрдөхпүнэ, бииргэ төрөөбүт суруспун көрбүт тэҥэ буолабын. Миигин кытта аан бастаан билсэригэр кини: «Сунтаарга бара сылдьыахпын баҕарабын. Онно дьиҥнээх сахалар олороллор», – диэбитэ. Хайыай, сахалар тустарынан тахсыбыт бары литэрэтиирэни билсибит киһи буоллаҕа: Серошевскай «Якуты» диэн үлэтигэр дьиҥнээх сахалар ханна хаалбыттарын ыйбыт этэ дии.
Кини биһиэхэ киэһэ хойут уһулла кэлэригэр олус аччыктаабыт этэ, манна аһыыр сир баар дуо диэн ыйыппыта. Киэһэ хантан кэлиэй, буфеппыт хатаммыта ырааттаҕа дии. Быһа эфиргэ кэпсэтэ туран мин истэрбэр наһаа иэйиилээхтик: «Сакалыы ас үчүгээй наһаа. Арыылаах алаадьи үчүгээй. Чөчөгөйдөөх чэй үчүгээй», – диэхтээбитэ. Кини илин эҥээр ханнык эрэ улууһугар ыалга олорон саха тылын үөрэппит этэ, онно ити астары сібүлээбит быһыылаах. Биһиги сарсыныгар дуу, өйүүнүгэр дуу киниэхэ Тарбахов астаабыт алаадьытын кэһии ыыппыппыт. 2015 сыллаахха Санкт-Петербурга сылдьан кинини көрсүбүтүм. Эмиэ кэпсэтэн «Саха санаата» диэн биэриибэр устубутум. Саха тылын олох умнубатах этэ уонна, үөрүөм иһин, ол кэһии алаадьыны өйдүү сылдьар эбит этэ.
«Ураты дьоҕурдаах дьон». Биирдэ Бааһынай ырыынагар сылдьаммын сахалыы харысхал бэлиэлэрин уонна туох эрэ оттору эҥин буруолатан-тараалатан атыылыы турар уһун баттахтаах хара бараан киһини көрбүтүм.
Бу атыыһытым кини остуолугар чугаһаабыт, тугу эрэ саҥарбыт дьону улахан баҕайытык мөҕөр эбит: «Тоҕо баһыыба диигин?! Махтал диэ!» «Тоҕо дорообо диигин?! Ити нууччалыы саҥардыҥ!» Мин испэр күлэ да, сөҕө да санаатым: «Эчии, оттон атыыластыннар эрэ этэ, тоҕо да кинилэр хайдах саҥаралларыгар кыһалынна?» Чугаһаан көрбүтүм, сахалыы сөптөөхтүк саҥарарга (кини санаатыгар) таблицалары оҥортообут, онтун үөрэх пособиетын курдук быаҕа ыйаталаабыт уонна, кырдьык, атыытыгар буолбакка, ордук кинилиин кэпсэтэр дьон тылларыгар иҥнэ, болҕомтотун уура турар эбит. Мин чочумча ону кэтээн көрөн бараммын, хайдах эрэ бу киһини ытыктыах санаам кэллэ: «Көр, саха тылын туһугар көлөһүн-балаһын алла бу кыһалла турдаҕын! Киниэхэ маны гын диэн ким да сорудахтаабатах, бэйэтэ ис санаатыттан ытык иэһин курдук саха тылын соҕотоҕун да буоллар, туругурдарга туруммут!» Аны сир шарын уруһуйдаабыт, онно материктар үүт-үкчү киһи турарын курдук көрдөрүллүбүттэр. Төбөтө – хотугу полюс. Иһигэр – Кытай түбэһэр. Эр киһи ууһатар уоргана – Индия акыйааҥҥа үтэн киирбит тумус арыыта. Илиилээх, атахтаах. Саха сирэ буоллаҕына – бу сир киһи сүрэҕэ эбит!