Өрүс чэлгиэниттэн дьагдьайыах курдук буолан, иккиэн үөһэ дабайдылар, балаакка ааныгар тиийэн сэгэтиэх курдук гынан иһэн, кыыс уол диэки ыйытардыы көрбүтүгэр, Бэргэн:
– Эн, чэ, киирэн оҥостон сыт, мин хойутуу…
Уол балааккаттан тэйэн, эмиэ хомо кытыытыгар киирэн, ууга таастары быраҕаттыы оонньуу сырытта. Оҕо эрдэҕинэ: «Ким хас алаадьыны оҥорор эбитий?» – диэн күрэхтэһэллэрэ, иҥнэйэн баран, хаптаҕай тааһы уу кырсынан халты барарыныы быраҕаттыыллара. Таас уу урсунуттан тэйитэлээн баран тимирэрэ, оччоҕо хас ии үөскээбитин аахсыы буолара. Ону санаан, Бэргэн хас да тааһы ууга тамнаата эрээри өйө-санаата балааккаҕа утуйаары хаалбыт Ксеньяҕа ханньары тартара турар. Билигин сыгынньахтанан сыттаҕа. Аан маҥнай Сэргэлээх уопсайыгар көрсөллөрүгэр кылгас халаат анныттан кыыс маҥан суон бөтөҕөлөрө, бууттара көстөллөрүн өйдөөн, сүрэҕэ күүскэ тэбиэлээтэ, тыынара кылгаата, хараҕа ирим-дьирим буолбахтаата, ол ахсын өссө кыһыйан-абаран туох түбэһэр таастары ууга кыыраталыы сырытта. Күөс быстыҥа оннук сылдьан баран, сүрэҕэ түөһүгэр батыа суохтуу бүллүргэччи тэбиэлиирин истэ-истэ, сыыры дабайан балаакка ааныгар тохтоон ылла уонна синим биир диэбиттии, бириһиэн ааны өрө тардан, иһирдьэ дьылыс гынна.
Кыараҕас балааккаҕа кыыс улаҕа хайыһан, спортивнай таҥаһын устубакка сытар. Уол хайыан да билбэккэ, утуйар мөһөөччүк үрдүгэр эмиэ таҥастыын тиэрэ түстэ. Киирэн эрэр күнтэн балаакка бириһиэн үрүтүгэр хатыҥ лабаатын күлүгэ тараадыйа түһэр, бочур сэбирдэхтэрэ тохтообокко мөхсөллөр. Сүрүн үөһүнэн ааһан иһэр борохуот тыаһа эмиэ аппа айаҕар күүскэ тыаһаан, ырыата-тойуга дорҕоонноохтук дуораһыйан ааста. Кыыстаах уол саҥарбаттар, иккиэн бэйэ-бэйэлэрин таарыйыахпыт диэн куттаммыттыы, балаакка утарыта кытыытыгар сыстыахтарынан сыһыннылар.
– Эн дьонуҥ хайдах… суох буолбуттарай? – диэн кыыс кэмниэ-кэнэҕэс кэһиэҕирбит куолаһынан ыйытта.
– Аҕам сайын оттуу сылдьан, итии да итии күн төбөтүгэр хаан туран, оттон ийэм оҕолонобун диэн, кырааската баран…
Иккиэн курус санааны кыйдыырдыы ах бардылар. Таһырдьа тыал куугунуур, өрүс долгуннара кытылга халлыр-баллыр охсуллаллар. Уоттаах-күөстээх куораттартан, дэриэбинэлэртэн тэйиччи өрүс хомотун үрдүгэр баар буолан хаалбыт кыыстаах уол тылларыттан маттылар, бэйэ-бэйэлэриттэн куттанар курдуктар.
Уол аттыгар субу, илиитин уунна да былгыччы кууһан ылыаҕыныы, үчүгэйкээн кыыс сытарыттан сүрэҕэ тэбэн тулутарыттан ааста, атаҕын анныгар түгэҕэ биллибэт далай эмпэрэ сыырын үрдүгэр турардыы тыына хаайтарда, синим биир диэбиттии, эргичис гынан кыыс уоһугар сыстан уураа да уураа, сыллаа да сыллаа буолла. Ксенья маҥнай түөһүттэн анньан, сирэйин куоттарыах курдук гынан иһэн, кэнникинэн сымнаан-ууллан хаалбыттыы налыйда, бэл хардары уураһан, уоһа чупчуруйарын биллэ, салгын тиийбэккэ эппэҥнэһэ тыыннылар, сир-халлаан, кытыл-өрүс барыта булкуллан күөрчэхтии ытылыннылар, күн анныгар баар бары-барыта туох да суолтата суох буоллулар, мэйиилэригэр уот сарадахтар күлүмнэстилэр, үөһэнэн, кыырай халлаанынан сыдьаайар аанньаллар түмсэн күргүөмүнэн дьиктилээх ырыаны тардан эрэр курдук буолла, кинилэр улаҕата-уһуга биллибэт халлаан куйаарыгар эргичийэр сир шарыгар иккиэйэҕин эрэ хаалбыкка дылылар…
Кэмниэ-кэнэҕэс тохтуу түспүттэрин кэнниттэн Ксенья ип-итиинэн тыына-тыына сипсийдэ:
– Ийэтэ суох улааппыт буоламмын, аҕам миэхэ ийэ-аҕа тэҥинэн буолбута, мин туспар хайдах курдук кыһалларын-мүһэллэрин, кыра эрдэхпинэ мииигин көмүс чыычааҕым дии-дии наар сүгэ сылдьарын, көтөхсөн олорон тэлэбиисэринэн «тутуллубат иэстэһээччилэрдээх» киинэни көрөрбүтүн өйдөөн, уйадыйан кэлэбин, аҕабар махтана саныыбын…
Кыыс ах барбытыгар аллара долгуннар күллүргүү охсуллар тыастара иһилиннэ, өрүһүнэн тэйиччи хойутаабыт киһи мотуорун тыаһа куугунаан ааста. Бэргэн кыыс дыргыл сыттаах сымнаҕас ньаассын баттаҕын имэрийэ-имэрийэ сыллаан ылла. Бу курдук иирэн барыахча курдук түгэни кини олоҕор аан маҥнай көрсөр этэ, олус үчүгэй кэрэ кыыһы кытта таптаспыт биир түүн туһугар олоххун барытын да биэрэргэ бэлэмҥэ дылыгын…
Ханна эрэ ыраах этиҥ этэн лүһүгүрэттэ, чараас бириһиэн курдат чаҕылҕан күлүппүс гыммыта көһүннэ. Аҕыйах таммахтар табыгыраһан ыллылар. Онтон тыал күүһүрдэр күүһүрдэ, балааккаларын көтүтэн илдьиэххэ айылаах иҥнэҥнэттэ, ол аайы кыыс куттанан уолга ыга сыһынна, тыал сирилэс тыаһыттан ураты атын туох да иһиллибэт буолла. Онтон тыал эмискэ ньим баран хаалла, ол оннугар этиҥ субу кинилэр үрдүлэригэр саайыллыахтыы барчалаата, чараас бириһиэни курдаттыы, балаакка иһин барытын күндээрэ сырдатан чаҕылҕан сандаарыҥнаата, ону кытта ардах хаххаларын үрдүгэр эрчимнээхтик үҥкүүлээн иһэн, күүскэ түһэн куугунатта.
Сир-халлаан сиҥнэр бу алдьархайыгар кыыстаах уол иккиэйэҕин хаалбыттыы куустуһуохтарынан куустустулар, силлиэ-тыал көтүтэн илтэҕинэ да, күүстээх ардах уу ортотугар хааллардаҕына да, хаһан да арахсыбат, тэйсибэт курдук бииргэ силлистилэр. Түүн хойукка диэри этиҥ лүһүгүрүүрүгэр, уу чалымныырыгар үөрэнэн, имэҥнээхтик сыллаһа-уураһа сыттылар, бу ньиргиэр этиҥ, барытын сандаардар чаҕылҕан уота кинилэр таптаһалларын умнуллубаттык уратылыыр быһыылааҕа. Итинник тыас-уус ортотугар сарсыарда буолан эрдэҕинэ утуйдулар.
Хаска утуйбуттарын Бэргэн билбэккэ да хаалбыт, уһуктаат, ардах астан, чэмэлкэй күн кинилэр балааккаларын курдаттыы сырдатарын көрдө, кулгааҕар биллэр сылаас тыыныы диэки төбөтүн хамсатаат, саҥа тыллыбыт ньургуһуннуу кыысчаан киниэхэ сыстыаҕынан сыстан, утуйан буккуруу сытарыттан сүрэҕэ үлүскэн үөрүүнэн туолла. Түүлүгэр туох эрэ үчүгэйи көрөн, мичийэ сытар кыыһы уһугуннарымаары, илиитэ көһүйбүтүн үрдүнэн адьаһын хамсаабакка сытта. Аттынааҕы талахтарга чыычаахтар чырыптаһаллар, ырыых-ыраах мотуор кыҥкыныы ыллаан ааста.
Балаакка таһыгар атах тыаһа сырдырҕаан кэллэ, онтон Көстөкүүн саҥата: «Эдэр ыаллар, туруҥ! Күн ыраатта, хомунуоххайыҥ, илимнэрбитин эһэн баран дьиэлиэ этибит, аны куоракка айанныыргыт баар дии», – диэтэ. Кыыс саҥаттан уһуктан кэллэ уонна кинини көрөн мичээрдээтэ. Бэргэн кыыһы уоһуттан уураан ылла, көһүйбүт илиитин араарда, туралларыгар тиийэллэр – хайыаҥ баарай, туох барыта, ол иһигэр үчүгэй эмиэ, бүтэр уһуктаах, ааһар аналлаах…
Туран таһырдьа сыыллан тахсыбыттара, ардах кэнниттэн сууммут-тарааммыт курдук күөх окко-маска, иирэлэр сэбирдэхтэригэр сиик кылбачыйа чаҕылыйар, хомо мэндээркэй иэнэ чэрэниилэ өҥүнүү көҕөрө суһумнуур.
– Дьэ быйыл түһэ илик күүстээх ардах сиҥнэн ааста, ити – өҥ-быйаҥ бэлиэтэ, эһиги дьоллоох-соргулаах ыал буолуоххутун кэрэһилээтэ, – диэтэ Көстөкүүн сис туттан маадьаллан туран.
Инчэҕэй оту кэһэн, үүтээннэригэр баран иһэн, Бэргэн биир дойдулаах аҕа табаарыһыгар махтанарын биллэрэн илиитин ыга тутан ааста. Сып-сап аһаат, үһүөн күөллэригэр баран, илимнэрин көрдүлэр, төннөн бултарын үллэһиннилэр. Муҥха, илим балыктарыттан Көстөкүүн солуурчахха инчэҕэй муох быыһыгар аста уонна: «Куоракка киириэххитигэр диэри дьүдьэйбэккэ сибиэһэйдик тиийиэҕэ», – диэтэ. Балааккаларын, илимнэрин, муҥхаларын хомунан, оҥочолоругар киирдилэр.
Көстөкүүн собуоттуур быатын эрчимнээхтик төлө тардарын кытта мотуор бирилии түстэ, үөскэ киирэн оҥочо суптугур тумса ууну таарыйбакка өрө хоройон, хараҥаччылыы дайдылар. Кыыстаах уол күүскэ сирилиир тыалы утары нөрүччү туттан, хардары-таары бииллэриттэн куустуһан олордулар, оҥочо хайыппыт долгуннара өрүтэ кыынньан, ыһыахтыыр бырдаҥалара күн уотугар күлүмүрдүү оонньууллар, мотуор бэҕэһээҥҥиттэн быдан сэргэхтик, дьол-соргу ырыатын өрөгөйдөөхтүк дьиэрэччи тардарга дылы. Сотору сүрүн үөскэ киирдилэр, эбэ кэтит-киэҥ иэнигэр да долгуннар улаатан, арҕастарыгар олорсон, оҥочо өрүтэ көтөн ыла-ыла, түгэҕинэн уу урсунугар охсуллан лаҕырҕаата.
Дьиэҕэ кэлэн тиэтэйэ-саарайа аһаатылар. Көстөкүүн уоппуска киһитэ буолан, ханна да ыксаабакка, анал улахан чааскытыттан чэй иһэн бурулата-бурулата баһаарыйар:
– Хайдах сырыттыбыт дии санаатыгыт, убайгытыгар хом санааҕыт суох ини?
– Тыый туох диэн эттэххиний, – Бэргэн хайдах махтаныан билбэккэ, эттэ: – Олус бэркэ сынньанныбыт, убайбытыгар барҕа махтал!
– Дьэ бэрт оннук буоллаҕына, – Көстөкүүн үөрэр, – арба да куоракка уопсай дьиэҕэ бэйэҕит хостооххут дуо?