– Эбэбитигэр кириэстэнэн баран айаннаатахпыт, – диэтэ Көстөкүүн уу саппыкытын уһун осторун өрө тардан, оҥочотун кэннигэр ыйаммыт мотуорун биинтэлээх «атаҕын» өрө тардан кытылтан тэйиччи анньарыгар, оҥочотун иһигэр хапсаҕайдык ойон киирдэ, оҥочо иннигэр уурбут канистрын ылан, кэннигэр илдьэн туруупкаларын холбоото уонна:
– Чэ, киириҥ, – диэтэ.
Кыыстаах уол оҥочо иннигэр сэргэстэстилэр, мотуордаах оҥочо сүүрүгү тоҕо силэйэн айаннаан куугунатта, сөрүүн тыал сирилэччи охсулунна. Кырдьык, куйаас күн сатыылаан турар диэн санаабаккын, сөрүүн, өссө өр айаннаатахха дьагдьайан барыах курдуккун. Өрүс үөһүнэн чоҕу толору тиэммит самоходка айаннаан иһэрин ыраахтан тумнан, кэннинэн аастылар, үллэҥнэһэн тахсар баалларга охсуллан, өрө-таҥнары хачайданан ыллылар. Балачча өр айаннаатылар, улахан арыыны эргийэ баран иһэн Көстөкүүн мотуордаах оҥочотун эргитэ тутан, омос көрдөххө тыы да батыа суох айылаах синньигэс аппаны батыста. Тааска-кумахха охсуллумаары адьас бытааннык айаннаатылар, кумах кытыл икки өттүттэн субу анньан турар, илиигин ууннуҥ да, илибирэс иирэлэри харбаан ылыаххын сөп.
Бэргэн уу түгэҕэр анньыллыахпыт диэн сээбэҥнии санаата да, киһитэ сылдьа үөрүйэх быһыылаах, бэрт холкутук мотуорун салайа олордо. Балачча оннук сыккыраппыттарын кэнниттэн кэҥэс хомоҕо тахсан кэллилэр. Мотуор туруору сыыр анныгар кэлэн, сыыйа умулунна, бэйэлэрэ күөртээн таһаарбыт долгуннара оҥочолорун ойоҕоһугар охсулуннулар.
– Дьэ, оҕолоор, кэллибит, – диэтэ Көстөкүүн, оҥочолорун өрө тардан тимир сыабынан талахха баайдылар. – Манна ким да таарыйааччыта суох, ити быыкаа ханаал курдук бу хомолуун ситимнэһэрин өйдөөн көрбөт буолан абырыыллар, буллахтарына даҕаны: «Манан туох батан киириэ буоллаҕай?» – диэн эрдэхтэрэ. Оттон бу мин ампаардаах аһым, сөп буола-буола кэлэн сиирбэр сөп гына балыгы баһан барааччыбын.
Эмпэрэ сыыры өрө дабайдылар. Туох эрэ ыллыкка маарынныыр суол омоонунан от-мас быыһынан барбахтаан истэхтэринэ, эмискэ иннилэригэр дьоҕус үүтээн арылла түстэ. Иннигэр аргы мас, онтон бэттэх буорга батары көмүллүбүт чуурка атахтардаах хаптаһын остуол, лааппы, аттыгар умайбыт чох ыһыллыбыт, хаптаччы барбыт кэриэрбит баанка кытыытыгар сытар кулуһун онно.
– Дьэ бу мин бас билэр фазендабар кэллибит, – Көстөкүүннэрэ иннин диэки даллах гынна, – баһаалыста, ийэҕит-аҕаҕыт дьиэтигэр кэлбиттии сананыҥ.
– Наһаа үчүгэй дии! – Ксенья тулатын көрө-көрө үөрэн саҥа аллайда, – куоракка олорон маннык үтүө айылҕа баарын умнан да ылабыт.
– Дьэ бэрт, астыммыт буоллаххытына бэрт, – Көстөкүүн муҥханы ылан аргыга намылычы бырахта уонна үүтээнтэн илимнэри тутан таҕыста, – Бэргэн, манан арыыга күөл баар, эн биһикки киирэн илимнэ үтүөххэ, киэһэрэн балык кытыыга аһыы тахсыыта муҥхалыахпыт, оттон Ксенья, уотта отто, чэйдэ өрө тур.
4
Киэһэ муҥхаларын сүкпүтүнэн ууга киирдилэр, оҥочолорун мааҕыын адьас кытыыга, ууга биэтэҥнии турардыы хаалларбыттара кумахха балачча үөһэ тахсыбыт.
– Оок-сиэ уубут түһэр эбит ээ, – диэтэ Көстөкүүн уонна кумахха дьурулас суолу хаалларан, оҥочону ууга анньан киллэрдэ, тумсугар үөһэ муҥханы сааһылаан уурда:
– Эһиги кытыынан миигин көрө-көрө, ыксаабакка аа-дьуо хаамсыҥ, мин эрдинэн ол тумулга тахсыам, – диэтэ. Кыыстаах уол муҥха кытыы кынатын бэчимэ быатын туппутунан кумах кытылга хааллылар, Бэргэн кедаларын устан, тобугар диэри ууга киирдэ, күн устата сылыйбыт хомо хамсаабат уута бөтөҕөтүн сымнаҕастык кууспахтаата, Ксенья үөһэнэн, кураанах сиринэн, барар буолла. Көстөкүүн эрчимнээхтик эрдиилэрин тардыалаан, үөскэ дьулуста, эрдиилэр салбахтара ууга батары түһэ-түһэ, чөҥөрүйэ эргичийэр иилэри үөскэттилэр, муҥха кыната субуруйан түһэн барда.
Уол балыгы үргүтээри быатынан ууну таһыйбахыы-таһыйбахтыы бытааннык хааман истэҕинэ, кыыһа: «Бэргэн», – диэн сипсийдэ, кини диэки хайыспытыгар Ксенья: «Ууну охсума», – диэн сөмүйэтин уоһугар туттарын көрөн мичик гынна:
– Ксенья, соруйан ууну тыаһатабын, ити аата балык кэннибитигэр баран хаалбатын, куоппатын диэн куттуур быһыым, – диэтэ.
Лаппыныахтаах муҥха ийэтэ кэлбитигэр Көстөкүүн оннуттан туран, быраҕан күдээриттэ уонна оҥочотун кытыл диэки эргитэн, күүскэ түһүөлээн эрдинэн барда. Кыыстаах уол муҥхаларын кынатын тарда-тарда, киниэхэ утары тиийдилэр, Көстөкүүн оҥочото чычаас сиргэ кэлэрин кытта ыстанан түстэ уонна икки илиитинэн хардары-таары үөс кынаты бэйэтигэр уунаҥната тардыалаабытынан уоллаах кыыс диэки нөрүччү туттан хааман тиийэн, икки кынат аллара таастыганнаах эҥээрин холбуу тутан самахтаата, эдэрдэр муҥха икки эҥээрин хомуйа субуйдулар. Долгуннарга күөрэҥнии-күөрэҥнии лаппыныах тимиҥнээн ылла. Сотору муҥха ийэтин кытыыга соһон таһаардылар – хас да балык өрөҕөтө үрүҥ көмүһүнэн туртаҥнаата, хаайыыга түбэспит сордоохтор күүскэ мөхсөн, ууну ыспахтыы лаһыйдылар. Балыгы таһаара охсоору үһүөн былдьаһа-тарыһа муҥха үрдүгэр түстүлэр, саҥа-иҥэ суох, тиһэҕэр ийэтэ кэлбитин тиэрэн, балыктары кумахха сүөкээтилэр, Көстөкүүн обургуларын хайыытыттан талахха тистэ уонна Ксеньяҕа уунна:
– Тоойуом, балары таһааран мииннээ, оттон Бэргэн биһикки өссө биир сиргэ сылдьардаахпыт, ааспыт сырыыга үппүт илиммин көрүөхпүт, чаас курдугунан эргиллиэхпит.
Кыыс балыктарын эйэҥэлэппитинэн сыыры эрчимнээхтик дабайан, үүтээн таһыгар кэллэ. Элбэх эт-балык үрдүгэр ыраастанан, остуол хараара килэрийбит сирэйигэр балыктары хатырыктаан, иһин-үөһүн ыраастаан, үөрэҕэстии оҕуста. Үрдүгэр суугунуу сипсиһэр хатыҥ сэбирдэхтэрин быыһыгар чыычаахтар чубугураһан ылаллар, уу кытыытыгар сүтэн хаалар бырдахтар манна, сииктээх буолан хойуу от-мас ортотугар, быыстала суох тыҥкынаһа көтөллөр, Ксенья салгын сиэбэтэх маҥан моонньугар, сиэхтэрин тиэрбит харытыгар түһээри ыксаталлар. Оллооҥҥо балыктаах солуурчаҕы ыйаан баран, умуллубут кутаатын саҥаттан сөргүтэн хаппыт мастары быраҕаттаан уотун күөдьүттэ, тоһутталаммыт абырҕал устун кыымнар сырсыакаластылар уонна уот амынньыардары бүтүннүү кууспаҕалаан, кутаа умайан куугунаата.
Ксенья дүлүҥ үрдүгэр олорон, уоту одуулаһа-одуулаһа уруккуну-хойуккуну эргитэ саныыр. Кини олох кыратыгар ийэтэ өлбүтэ, ийэтин соччо-бачча өйдөөбөт, арай күөх да күөх киэҥ алаас ортотунан ыллык суолунан сүгэн баран эрэллэрин, ийэтэ киҥинэйэн ыллыыра, көхсүгэр кулгааҕынан сыһыннаҕына, киҥкинэс ырыа иһиллэрэ. Онтон эмиэ барыта туманынан бүрүллэр. Арай олус дьэҥкэ хартыына буолан, ийэтэ хоруопка сытара, сайыҥҥы күн таһаҕас тиэйэр массыына аһаҕас кузовыгар ууран, кылабыыһаҕа илдьэ барбыттара, дириҥ да дириҥ иин иһигэр түһэрэн, буору бурҕаҥната быраҕаттыыллара, этиэх түгэнэ томтор буору таһааран хаптаһын туумбаларын туруоран эрэллэрэ санаатыгар бу баардыы тиллэр. Онтон эмиэ үгүс умнуллар, туман иһигэр сүтэр, аҕата кинини кууһан олорон туох эрэ минньигэс отоннору сиэтэрин, ханнык эрэ уоскутар тыллары саҥарарын өйдүүр.
Иккиэйэх хаалыахтарыттан ыла кинини аҕата көрөрө, соҕотох төрөппүт амарах тапталыгар куустаран улааппыта. Аҕата биирдэ атын дьахтары аҕала сылдьыбыта, ол маачахата кинини тоҕо эрэ хара ааныттан сөбүлээбэтэҕин, кыраттан да сылтаан мөҕөрүн-этэрин өйдүүр. Кини онтон олус хомойоро, кистээн да, илэ да ытыыра. Аҕата тулуйбакка, саҥа ойоҕун кытта биирдэ улаханнык иирсибитэ, дьахтар: «Аһайгын кытта үөдэн да түгэҕэр түс!» – диирин өйдүүр. Дьахтар барбыта, аҕата онтон ыла кэргэннэнэ да сатаабатаҕа, аҥаардас эдьиийэ көһөн кэлэн, кинилэр астарын-үөллэрин, таҥастарын-саптарын көрөн-истэн улаатыннарбыта. Аҕата билиҥҥэ диэри кинини атаахтатар, бэл: «Оҕолор каникулларыгар бары соҕуруу бараллар», – диэбитин иһин, харчытын мунньан, соҕуруу сынньата ыытан эрдэҕэ.
Оо, арай билигин кинини көрдүн, быйыл сааска диэри түүлүгэр да оҕустарбатах уолун кытта хаһан да харахтаабатах дьонугар ыалдьыттыы, икки эр киһини кытта өрүс арыытыгар сылдьарын биллин, бука, олох сөбүлүө суох этэ. Ол эрээри кини тоҕо эрэ Бэргэҥҥэ эрэнэр, кини туох да куһаҕаны оҥорботугар саарбаҕалаабат, арай билсибиттэрэ кылгас курдук да, туох диэххиний, атом, космос үйэтэ буолан, барыта бэрт суһаллык быһаарыллан эрдэҕэ. Былыргы дьон өйө-санаата букатын атын буоллаҕа, кинилэр таһырдьа хаар туртайарыттан, иһирдьэ уот кытарарыттан атыны көрбөтөх-билбэтэх дьон этилэрэ, Сэбиэскэй былааска эрэ саҥаҕа-сонуҥҥа үктэннэхтэрэ, оттон билигин итинник тэтиминэн кими да соһуппаккын…