– Бэргэнчигим, арааһа, сөпкө эттиҥ ээ, – кыыс биллэ сэргэхсийдэ, ойон турда, – бэйи, оччоҕо сибилигин уопсайга баран, мин Динаны көрсө охсобун, бэркэ ыксыыр этэ, аны сарсыарда тураат, түһэртэрэ баран хаалыа, чэ, түргэнник аһыы охсуохха.
Кэмчи астаах остуолларыгар утарыта көрсөн олорон чэйдииллэригэр Бэргэн:
– Мин эйигин кытта уопсайга барсабын, – диэбитигэр кэргэнэ күллэ:
– Доҕоччуок, туох диэн эттэххиний? Ол биһиги, дьахталлар, кэпсэтиибитигэр эр киһи кыттара наадата суох уонна куттаныма, Сэргэлээх бу икки ардыгар аҕыйахта үктээн тиийиэм, наадабын быһаарсаат, төннүөм буоллаҕа, – дии-дии Ксенья урукумуонньугу талырҕатан сирэйин суунна, лаампа сырдыгар пуудараланан, бааталаах маҥан тарбахтара элэҥнэстилэр.
– Уопсайга тиийэн мин уолаттарбар олоруом, соҕотохтуу ыыппаппын, аны күлүгээттэргэ түбэһиэҥ.
– Чэ, баҕар, буоллун.
Иккиэн аһаан бүтэн, тиэтэйэ-сарайа таҥнан, туманынан бүрүллүбүт уулуссаҕа тахсан, хаамсан хоочугураһа турдулар. Сайсары күөлүгэр киирэн, тэпсиллибит элбэх ыллык ортотугар тумаҥҥа хайысхаларын сүтэрэ да сысталлар, уҥуор туораан тахсаннар, стадион олбуорун кыйа барбахтыылларын кытта туман быыһыттан Сэргэлээх таас дьиэлэрин уоттара тырымнаһа түстүлэр.
Түргэнник сылдьыах курдук санаабыттара да, хайа-хайалара бииргэ үөрэнэр оҕолорун ортолоругар киирэн, кэпсэтэн-ипсэтэн уһаатылар, дьиэҕэ-уокка наллаан көрсүбэтэхтэрэ да ырааттаҕа. Төннөллөрүгэр, таһырдьа тахсыбыттара, тымныы арыый сыһыйбыкка дылы, туман арыый дьэҥкэрэн, бэл үөһэ будулҕан быыһынан туолбут ый көстөр. Тымныы да, хойут да буолан, биир эмэ тиэтэйбит киһи күлүгүлдьүйэн ааһар уонна туох да баара биллибэт, арай ханна эрэ ыт үрэн ньаҕыйан иһэн ах барда.
– Хайа, Дина туох диэтэ? – Бэргэн тымныы салгыны эҕирийимээри, иллэҥ илиитинэн саал былаатын сирэйигэр өрө тарда-тарда ыйытта.
– Чэ, дьиэбитигэр тиийдэххэ сиһилии кэпсиэм, манна киһи кыайан саҥарбат, тыыным хаайатарар…
Ол иһин атахтарын эрчимнээхтик тэҥҥэ үктээн, хоннохторун анныттан тутуһан күөллэрин устун балачча өр хааман хаачырҕатан, син сыыры дабайдылар, кэмниэ-кэнэҕэс олбуордарын ааныгар кэлэн, хатаммыт кэлииккэни аһан, дьиэҕэ киирдилэр, ити тухары биир да тылы бырахсан кэпсэппэтилэр.
Ааннарын аһан иһирдьэ атыллыылларын кытта, сирэйдэригэр сылаас салгын ил гына охсулунна, электрическэй лаампа умайан күндээрэ түстэ.
– Дьэ маннык, – диэтэ Ксенья сонун устаат да: – Мин маҥнай Динаттан туруга хайдаҕын туоһуластым, кыыһым: «Оҕом улаатан хаалла быһыылаах, түһэрээри эмп иһэн көрөбүн да – билиммэт уонна эми сөбүлээбэккэ дуу – сүрэҕим-быарым эриллэр», – диир. Мин олох туһугар охсуһан муҥнанар оҕо эрэйдээҕи наһаа аһынным: «Дина, оҕоҕун түһэртэримэ, төрөө, биһиги эйигиттэн ылан иитиэхпит», – диэтим. Кыыһым наһаа соһуйда да, үөрдэ да быһыылаах, маҥнай ытамньыйда, ол курдук өр кэпсэттибит, кини оҕотун аҕатын – аанньа билбэт киһитин кытта быстах билсэн ааспыттарын, ол түмүгэр оҕо үөскээбитин, ону төрөттөҕүнэ, соҕотох бэйэтэ оҕо чэҥкээйилэнэн олорор кыаҕа суоҕун, өссө үөрэнэр уонна ыал буолар санаалааҕын эттэ. Чэ, онон сөбүлэстибит, арай ол эмп испитэ оҕо доруобуйатыгар охсубат ини.
– Оо, эрэйдээҕи, оҕо муҥнаах тыыннаах хаалар туһуттан төһө эрэ куттанан, олох туһугар охсуһан эрдэҕэ, киһи аһыныах…
– Акаарычаан, кини билигин тугу да билбэт быыкаайык үөскэх эрэ буоллаҕа.
– Син биир, тыыннаах дууһа диэн тыыннаах дууһа.
Иккиэн да төрүү илик оҕону аһыйан ах бардылар, устудьуоннарга аһаан кэлбит буоланнар, чэйдээбэккэ эрэ баарыан тиэтэйэн хаалларбыт иһиттэрин хомуйдулар уонна тута утуйаары сыттылар. Уу чуумпу. Ыалларын остуолбаҕа ыйаммыт лаампаларыттан түннүк сабыытын быыһынан сырдык кутуллар, ол биир дьирбиитэ хартыынаҕа бугул тэллэҕэр олорор уоллаах кыыһы сырдатар. Аны санаатахха, тоҕо кинилэр бэйэ-бэйэлэригэр көхсүлэринэн буоллулар? Арааһа, иирсибиттэр быһыылаах. Оок-сиэ, олох обургу уустук даҕаны, Толустуой эппитигэр дылы, хас биирдии дьоло суох ыал уратылаах. Билигин кинилэр эмиэ атын сири көрөллөр, Ксенья улаҕа хайыһан мунна сурдургуур, кэм да ытыыр быһыылаах, оттон Бэргэн икки илиитинэн кэтэх тардыстан тиэрэ түһэн, өһүө боруоран көстөрүн одуулаһар.
Кэргэнин аһынарыгар буолан, оҕо үөскээбэт буолбутун туһунан сонуну аан маҥай хайдах эрэ кулгааҕын таһынан аһарбыта, билиги санаатахха, сүрдээх дьыала эбит – дьиҥ бэйэтин оҕото суох буоллаҕына, бу орто дойдуга кэлэн барбыт бэлиэтэ – этэ-сиинэ, хаана-сиинэ кэлэр көлүөнэлэргэ хайдах да хаалыа суох бэйэтэ буоллаҕа. Иитиэх оҕо диэн иитиэх оҕо буоллаҕа, саатар хаан аймахтарыттан атын, ол Дина кылгас кэмҥэ имэҥнээх тапталын түмүгэр хайа киһиэхэ оҕо оҥорторбутун бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ…
Бэргэн туран, остуолга тиийэн, чааскытын ылан, тымныы ууну куттан испитэ буола олордо, оттон кэргэнэ атын сир диэки хайыһан сытан тохтоло суох сиигирэр хараҕын кистии-саба ытыһын тэллэҕинэн соттор, маны барытын будул-идил туманы быыһынан устаҥныыр ыйдаҥа үөһэттэн одуулаһар.
8
Итинтэн ыла уонча сыл ааста. Бэргэннээх ол тухары хоту улууска үлэлээн баран, болдьоспут кэмнэрин хас да бүк толорон уонна кырдьыгынан эттэххэ, кэнникинэн ыраах, кытыы сиргэ олох уустугурбутуттан, ас-таҥас сыаната сиэрэ суох ыараабытыттан сиэттэрэн, нуучча өһүн хоһоонугар «балык уу дириҥэр, киһи үчүгэй олоххо тардыһар» дииллэринии, киин сиргэ чугаһаан, куорат таһынааҕы дэриэбинэҕэ көһөн кэллилэр. Ксенья ыал буолан, училище кэнниттэн салгыы үөрэнэ сатаабатаҕа, билигин оскуолаҕа биэлсэрдиир, оттон геолог идэлээх киһи Бэргэн сөптөөх үлэ көстүбэккэ эрэйдэнэн баран, хата, куоракка биир тэрилтэҕэ харабылынан ылбыттарыгар да үөрдүлэр. Ксеньяҕа учууталлар уопсайдара диэн ааттанар – уунан ититиллэр эрээри, туалета таһырдьа, ууну массыынанан аҕалтаран буочукаҕа кутар дьиэҕэ икки хостоох квартира биэрэн абыраатылар, үөрэхтэрин бүтэриэхтэрин эрэ иннинэ Дина уол оҕоломмутун кинилэр көрдөһөн ыланнар, бэйэлэрин анныларыгар суруйтаран, Эллэй диэн ааттаабыттара манна кинилэр оскуолаларыгар кыра кылааска үөрэнэ киирдэ.
Биэс сыл устата сылаас уйа буолбут Сэргэлээх барахсантан араас сиргэ ыһыллыахтарыттан, Бэргэннээх тэйиччи улууска олохсуйаннар, бииргэ үөрэммит оҕолорун кытта көрсүбэтэхтэрэ быданнаата. Сэргэлээхтээҕи да сыллар ыраах суол тоҕойун кэтэҕэр сүппүт курдуктар, билигин Сэргэлээҕи, эдэр саастарын уйатын биирдэ эмэтэ быһа оҕустахтарына, олох атын көлүөнэ эдэркээн уолаттар, кыргыттар сылдьаллар, хаһан эрэ кинилэр курдук күн кыһалҕата суох оонньуунан-көрүнэн туолбут уопсай дьиэлэргэ туран, туох баҕарар ааһарын, умнулларын, олох олус кылгаһын, сааһырыы кэлэрэ түргэнин туһунан курус толкуй долгуна харааһыннара кууһара.
Бииргэ үөрэммиттэриттэн үгүстэр куораттан барбатахтар, Эллэйдэрин ийэтэ Дина саастаах соҕус эрээри, улахан дуоһунастаах уонна үптээх-астаах киһи ойоҕо буолбут сураҕын истэллэр. Ол эрэ улахан дуоһунаска сылдьан, уларыта тутуу долгуна саба халыйан кэлбитигэр долгуйбакка-уолуһуйбакка баантан улахан иэс ылан, маҥнай чааһынай маҕаһыын аспыт, онтон сылтан сыл улам уопутуран, Кытайынан, Турциянан, Араб дойдуларынан үлэһиттэрин ыытан, эргинэн-урбанан, чахчы да «кыһыл көмүс үрүччэни таба тайанан» – куоракка хас да маҕаһыыннаммыт, массыыналаах, дьиэлээх-уоттаах «саҥа сахалар» кэккэлэригэр бигэтик киирбит, кини көмөтүнэн дуу – Дина эмиэ салайар үлэҕэ эриллэн, бэлиитик-дьахтар аатыран, республиканы сирэйдиир-харахтыыр араас делегациялар састааптарыгар киирсэн, онно-манна сотору-сотору барар-кэлэр үһү диэни истэн, сорохтор үөхсэллэр, оттон үгүстэр ордугургуу саныыллар. Оттон Бэргэннээх Ксенья: «Оҕобут ийэтэ кыахтаах киһилиин холбоспут уонна бэйэтэ эмиэ салайар кэккэҕэ киирбит буоллаҕына, баҕар, биирдэ эмэ Эллээйчикпитигэр көмөлөһүө», – диэн үөрэ саныыллар.
Бэргэннээх Ксенья хаар түһүөн иннинэ биир субуота күн, оптуобуһунан куораттаатылар, анаан-минээн маҕаһыыннары кэрийдилэр, улахан тугу да атыыласпаталлар даҕаны, хас да сиргэ сылдьан, киэһэлик болуоссаты туораан эрдэхтэринэ, кэннилэригэр массыына бээҕинээтэ уонна: «Бэргэн! Бэргэн!» – диэн ыҥырдылар. Эргиллибиттэрэ – бас сыгынньах эрээри, нуорка саҕынньахтаах Дина уулусса кытыытын киэптии багдаллыбыт «Лан крузер» массыынатын сэгэппит аанын үрдүнэн быган, мичээрдии турар, моонньугар эриммит маҥан былаата ала-чуо туртайар.