Кыыстаах уол кэпсээннэрэ кэнникинэн сөҕүрүйэ быһыытыйда, сылайан утуктаан да бардылар, куукунаттан саалаҕа улахан дьыбааҥҥа көстүлэр уонна сэргэстэһэн олорон кэпсэтиилэрин уота-күөһэ суох салҕаатылар:
– Медучилищены бүтэрдэххинэ, салгыы тугу гынар былааннааххын?
– Биир-икки сыл үлэлээн баран университекка үөрэниэм этэ, оттон эн?
– Мин үөрэхпин бүтэрэбин, онон, биллэн турар, геолог буолан эһэ-бөрө ыырдарын кэрийэрим буолуо.
– Романтика дии! Ким да үктэммэтэх ыырдарынан кэрийии, баҕар, ол сылдьан алмаас, кыһыл көмүс сирдэрин булан, улахан арыйыылары оҥоруоххун сөп.
– Оо, ол киһи аайы тиксибэт дьыала буоллаҕа.
Уол бу олорон кыыс адьас субу, аттыгар сэгэспит сииктээх уостарыттан, сүүһүгэр түспүт баттаҕын сүүмэҕиттэн уонна хаһан да билбэтэх духуутун сыта туймаардарыттан өй-төй курдук буолуталаан ылла, сүрэҕин тыаһа иһийбит хоско барытыгар иһиллиэхтии күүскэ тиҥиргэччи тэбиэлиир, күөмэйэ кууран, салгын да тиийбэт курдук… Эмискэ кыыһы кууһан уураан ылбытыгар биирдэрэ соһуйан чинэрис гынна, итиэннэ күүскэ садьыаланан уол илиитин төлө оҕуста:
– Кэбис, итинник гыныма, эн туох да куһаҕаны оҥоруо суох буолан тылгын биэрбитиҥ дии?
– Ксенья, мин эйигин маҥнай көрүөхпүттэн сөбүлүү көрөбүн, оттон бу сыллыы сатаабыппын бырастыы гын, аны итинник гыныам суоҕа, ол эрээри сөбүлүүбүн диэбиппэр ама буруйдаах буолуом дуо, аата абааһы көрөбүн диэбит буоллаҕай…
Кыыс мичээрдээтэ, тугу да хардарбата, арай уһун кыламаннара сапсыҥнастылар. Балачча олордулар да, кэпсэтии ыллыгын-суолун булбакка, симиктик кыламныыр төлөнө умнулунна.
Уол: «Орон оҥорон биэриим, утуй», – диэбитин кыыс аккаастанна, онон иккиэн бэйэ-бэйэлэригэр өйөнөн хороччу олороллоругар эрэ тиийдилэр, түүн үөһүгэр тиийиилэрэ харахтара сабыллан бара турарыттан өрүһүнэ сатаатылар да, сылбай уу улам баһыйан барда…
Сарсыарда Бэргэн уһуктубута – дьыбаан өйөнөрүн уонна ойоҕос ыксары турбут ыскаап муннугар кыбыллан утуйбут, дэлби көһүйбүт, кыыс төбөтүн кини санныгар ууран утуйан, мунна биллэр-биллибэттик сыыгыныыр. Уол сылайбытын да иннигэр, кыыһы уһугуннарымаары хамсаабакка олордо, Ксенья балачча мунна сурдурҕаан баран, хараҕын аста уонна Бэргэн санныгар сытарын өйдөөн хонос гынан тэйэ оҕуста:
– Хайа, Бэргэн, утуйан хаалбыппын дии?
– Олорон эрэ утуйбуппут, чэ, туран суунан-тараанан сэргэхсийиэххэ.
Чэйдии олорон Бэргэн ыйытта:
– Кэлэр субуотаҕа пааркаҕа барабыт дуо?
– Пахай, эмиэ охсуһууга түбэһээри барыам дуо? Ити тэлэкэччиһэ сылдьан киһини дэҥниэхтэрэ, суох…
– Чэ, оччоһо мин өйүүн бүтэһик эксээмэммин туттарабын, ол кэнниттэн эйиэхэ тиийэ сылдьыам, ханна эмэ дьаарбайа барыахпыт.
– Көрүөхпүт.
3
Бэргэн сарсыныгар эксээмэнигэр бэлэмнэнэн, Пушкин аатынан бибилэтиэкэҕэ күнү быһа олорон баран, киэһэриитэ аахпыт кинигэлэрин туттарда уонна сылайбыта таайан Ленин проспегын устун аа-дьуо саллаҥнаан истэ. Оптуобус тохтобулун аттынан ааһан истэҕинэ ким эрэ чуолкайдык: «Бэргэн!» – диэн ыҥырбытыгар тохтуу түстэ. Тохтобулга турар дьон быыһыттан биир дэриэбинэттэн сылдьар киһитэ Көстөкүүн күлбүтүнэн утары хааман кэллэ. Уол кинини көрөн эмиэ мичээрдээтэ, кырдьык, маҥнай үөрэнэ киирдэҕин утаа, куоракка дойдутун киһитин көрүстэҕинэ олус үөрэр буолара, билигин куорат олоҕор син үөрэннэ да, син биир дойду киһитэ күндү, оттон бу Көстөкүүнү көрбөтөҕө үйэ буолла, кини сопхуос биир бастыҥ суоппара этэ, Бэргэннээх оскуоланы бүтэрэллэрин саҕана атын оройуон кыыһын кэргэн ылан көһөн барбыт айыытынан, дойдутугар кэлэн да барбат. Дьоннор өссө күлэр буолаллара: «Көстөкүүммүт сылдьан-сылдьан баран, бэйэтэ сүктэн барбыт», – диэн.
– Бэргэн, дорообо, көрбөтөх ыраатта, хайдах-туох сылдьаҕын? Тугунан дьарыктанаҕын?
– Сылдьыы үчүгэй, бэйэм устудьуоммун.
– Ханна үөрэнэҕин?
– Техфакка.
– Бүтэрдэххинэ, туох үлэһит буолаҕын?
– Хайа инсэньиэрэ.
– Оок-сиэ, саахта үлэһитэ буолан, сир анныттан тахсыа суоххун, туох абааһы үөрэҕэр киирбиккиний? Оттон Уурунуу Уйбаан уола Бээчэ эйигиттэн кыратык аҕа буолуохтаах этэ, бэлиитикэнэн дьарыктанар устуоруйа үөрэҕин бүтэрэн, хоту тиийэн хайыы-үйэ хомсомуол оройкуомун бастакы сэкирэтээрэ үһү, сотору оройкуомҥа баартыйа сэкирэтээринэн өрө тахсыаҕа. Ол курдук, бартыбыалын кыбыммытынан дабайан, бары үрдэллэри турбутунан ааһан иһиэҕэ, аҕыйах сылынан манна «Үрүҥ дьиэҕэ» кэлэн, сылаас кириэһилэҕэ «лах» гына түһүөҕэ. Уурунуулар аймах бары да оннук сатабыллаах, хайа да былааска далбарга сылдьары сатыыр дьон, ыраахтааҕы да саҕана баай сурахтаахтара, сэбиэскэйгэ да ат үрдүттэн түспэттэр.
– Бары бартыбыал кыбынан баран ат үрдүгэр сырыттахпытына, ким хара үлэнэн дьарыктаныай? – бу өртөн көрбөтөх биир дойдулааҕа хара ааныттан талан ылбыт идэтин сирэн барбытын Бэргэн сөбүлээбэтэ, ону Көстөкүүн да өйдөөтө быһыылаах, Уурунуулар сатабылларын туһунан кэпсээнин тохтотон, эйэ дэмнээхтик унаарытта:
– Чэ, ити оонньоон этэбин, күндү тааһы – алмааһы, кыһыл көмүһү ирдэһэн булар-талар үлэһит буолсугун, биһиги эҥээртэн оннук киһи тахса илигэ.
– Көстөкүүн, билигин ханна бааргыный?
– Ээ, мин Нам киһитэ буолбутум ыраатта, идэбинэн суоппардыыбын, окко киириэх иннинэ аҕыйах күнү көҥүллэтэн куоракка киирэ сылдьабын. Бу киэһэ төттөрү тахсабын, тиийэн илиммин-муҥхабын тэринэн, сарсын эбэбэр балыктыы киириэм, эһиги куоракка хайдах тэһийэн-тулуйан олороргутун сөҕөбүн, эчи киһитэ-массыыната элбэҕин, сыта-сымара куһаҕанын! Мин аҕыйах хоноору адьас сөп буоллум, тыабын-хонуубун, өрүспүн суохтаатым аҕай. Хата эн үөрэҕиҥ бүттэҕинэ миэхэ тахса сырыт, бу икки ардыгар өр гынан тиийиэҥ дуо? Уолбун балыктата илдьэ барыам.
– Ээй, хаһан онно… – диэн иһэн, Бэргэн сарсын тиһэх эксээмэнин туттарарын, онон быйылгы дьыллааҕы үөрэҕэ бүтэрин өйдөөн саҥа аллайда: – Көстөкүүн, арба даҕаны эн бу киэһэ тахсабын диэтиҥ дуу? Оттон мин табаарыспын илдьэ сарсын киэһэ эһиэхэ бардахпына хайдаҕый? Илдьэ сылдьыаҥ дуо?
– Илдьэ сылдьымына! – дии охсоот, Көстөкүүн үөннээхтик мүчүйдэ: – Ол табаарыһыҥ кимий? Кыыс буолаарай?
Бэргэн өрүһүспүт курдук:
– Кыыс-кыыс, – диирин кытта, киһитэ үөрэн өттүгүн охсунна:
– Тууй-сиэ, бу дьаадараны көр! – ити саамай хайҕаатаҕына туттар тыла быһыылаах: – дьэ маладьыас! Кэлиҥ-кэлиҥ, бырааппын уонна кийииппин туох кыайарбынан сынньатан бөҕө буоллаҕа дии, өрүс да киэҥ, балык да баар!
– «Кийииппин» диэмэ, ол өссө да биллэ илик, балыктыыр тэрил барыта баар ини?
– Туох диэн эттэххиний, оннооҕор буолуох миниистирдэри эҥин балыктатар буолуллара, иккиэйэх уоллаах кыыһы хайдах эмэ илдьэ сылдьар инибин. Кыра салаа үрэҕинэн киирдэххэ хомоҕо үүтээннээхпин, онно тиийиэхпит.
– Оок-сиэ кыыһым онно сөбүлэһэр үһү дуо? Оттон дэриэбинэттэн чугас балыктаан көрбөппүт дуо?
– Хайа, ол дэриэбинэ таһынааҕы ууну сомсоон, туох туһа кэлиэй? Бөһүөлэк оҕото-уруута тобус-толору буолуохтара. Чэ, ол эрээри антах тиийэн көрүөхпүт. Төһөтүн да иннигэр олус бэрт! Убайыҥ ааҕы үөрдэр киһи буолбуккун, мин, хата, бастакынан биллэрэн, дьоҥҥуттан махтал тылларын ылыыһыбын.
Бэргэн ону истэн, мэктиэтигэр, икки илиитинэн сапсыйда:
– Кэбиис-кэбис, туох да иһин дьоммор этимэ, этэбин дии – билигин ол кыыстыын билсэ эрэ сылдьабыт, эйиэхэ барсарга сөбүлэһэрэ да биллибэт, билигин баран чуолкайын билиэм. Хата, эн ыалгар төлөпүөннээххин дуо? Мин кыыһым туох диэбитин хайаан да иһитиннэриэм, – Көстөкүүнтэн төлөпүөн нүөмэрин ылаат, Бэргэн кыыс олорор уопсайыгар оптуобуһунан айаннаата.
Ксенья маҥнай Намҥа сынньана тахсар туһунан истэн саараата, эмиэ: «Ол хаһан билбит дьоммор барабын, сүрэ бэрт дии», – диэмэхтээн баран, сарсыныгар төннөллөрүн истэн бэйэтэ бэйэтин кытта кэпсэтэрдии ботугураата:
– Эмиэ да бачча үчүгэйгэ тыаҕа, өрүскэ сылдьар бэрт да буолуо, аны хаһан соҕурууттан кэлэн тыам сирин салгынынан тыыныамый?
Итини истэн, Бэргэн өссө омуннуран өрүкүнэйдэ:
– Билигин Сахабыт сирин сайынын саамай үчүгэй кэмэ, аны биир ыйынан кэлиэххитигэр диэри сай ортото ааһан от-мас кэхтэ быһыытыйыа. Онон хайаан да бардыбыт, мин эмиэ тылбын биэрэбин, туох да куһаҕаны оҥоруом суоҕа диэн.