Онтон эмискэ, таарымта киирбитинии, уларыта тутуу диэн ааттанар түптэ-түрүлүөн саба бүрүүкээн, үп-харчы биирдэ мэлийэн, харчыта суох хаалбыт үлэһиттэр, сүнньүнэн, күннээх Украина дьоно, дойдуларыгар көһөр айдааныгар түспүттэрэ. Дьиэ-уот бары көрүүтэ-харайыыта суох быраҕыллан, сэрии буолан ааспытын курдук садаҕаланан, дьиэтин тэрилэ мэлийэн, түннүктэрэ-үөлэстэрэ аҥаһан тураллара, Дыбарыас көрүөхтэн сүөргү буолан, кириэһилэлэрэ тононон, сиэркилэлэрэ урусхалланан, дьардьамата эрэ хаалбыта, хаар-тыал сирилиир хосторунан быралгы ыттар үөрдүһэн төттөрү-таары сырсыаккалаһаллара, бэл кинилэр да тыалга-кууска аһаҕас хосторго уйаланыахтарын баҕарбаттара.
Дьон бултаан-балыктаан эрэ хара таһаарынан олорор курдук балаһыанньалара үөскээбитэ, ол иһин хоту сиргэ чугас аймаҕа-уруута суох Бэргэннээх куораты былдьаһарга быһаарыммыттара, хайа уонна Эллээйчиктэрэ сотору оскуоланы бүтэриэ дии, оччоҕо ыраах хоту олорон, хайдах үөрэттэриэхтэрэй?
Олох уларыйбатаҕа буоллар, Ксенья туох да иһин хотуттан кэлиэ суох этэ, бииринэн, кини хоту сир көнө, судургу уонна аламаҕай дьонун-сэргэтин сөбүлээбитэ, иккиһинэн, куоракка тиийдэхпитинэ, Дина – билигин кыаҕырбыт хотун – оҕотун былдьаһан да турдаҕына көҥүлэ диэнтэн куттанара. Оҕолоро эрэйдээх кинилэр төрөппүт ийэлээх аҕата буолбатахтарын сэрэйбэтэ, дьолго, кинилэр устуоруйаларын билэр киһи бу дойдуга суоҕа абырыыра. Куоракка биир куттал онно баара – ким эмэ кистэлэҥи арыйан, олус ыарыылаах кырдьыгы этэн кэбиһиэ диэн. Куһаҕаны эрэ көрдүү сатыыр, онтон үөрэр-көтөр кэдэрги кэмэлдьилээхтэр орто дойдуга хаһан баҕарар бааллар эбээт…
Бу олорон Ксенья Бэргэнигэр махтана санаата – кини оҕолонор кыаҕа суоҕа биллибитин кэнниттэн арахсан, төрүүр-ууһуур атын да дьахтары булбута буоллар, туох диэн буруйдуоҥ этэй? Оттон кини бэрт эрэллээхтик биир бурҕалдьыны сосуһа сылдьар уонна Эллээйчиккэ хара ааныттан олох ылларан, билигин хайаларын да киирэр-тахсар күннэрэ уолчааннара эрэ.
Оҕолоро да сүрдээх толкуйдаах, лоп бааччы этэ, маҥнайгы кылаастан саҕалаан наар «биэс» сыаналарынан үөрэнэн, атыттарга холобур буолбута, төрөппүттэр мунньахтарыгар Эллээйчик хайҕаннаҕын аайы Ксенья ис-иһиттэн дьоллоноро, киэн тутта атын төрөппүттэри кылап гына көрөрө, дьэ онно бааллара оҕолоро куһаҕаннык үөрэнэн, бэрээдэги кэһэн, мэлдьи сэмэлэнэр буолан, сири-буору кымыстыы олорор ийэлэр, оттон сорохторо сирэйдэрэ-харахтара холлон, синнэригэр түһэн, дьорҕооттук туттан, учууталлары кытта мөккүһэн, күргүйдэһэн да тураллара.
Ксенья хас төрөппүттэр мунньахтарын кэнниттэн дьиэтигэр үөрэн-көтөн кэлэрэ, уруогун ааҕа эбэтэр остуолга оонньуу олорор Эллээйчигин кэтэҕиттэн сыллаан ылара, киэһэ утуйаары сытан, учууталлар оҕолорун хайдах хайҕаабыттарын, туох диэбиттэрин Бэргэҥҥэ эгэ-дьаҕа сиһилии кэпсиирэ, онтон олус астынан, иккиэн ыга куустуһан нус-хас утуйан хаалаллара.
Эллээйчик кинилэри арай биирдэ ыксата сылдьыбыттааҕа, ол куоракка көһүөхтэрин эрэ иннинэ хоту улуус оскуолатыгар үөрэнэ сырыттаҕына этэ. Биирдэ күнүс балыыһаттан оҕотун аһатаары кэлбитэ, уола салбаҕырбыт сирэйдээх-харахтаах көрсүбүтэ, үрдүнэн үрүҥ чыычаах көппөтүнүү атаахтык үөскээбит буолан, дьонуттан толлубата, ол иһин ийэтэ киирэрин кытта өс саҕа малтаччы ыйытан чаҕылыннарбыта:
– Ийээ, мин аҕам атын киһи дуо?
Ксенья олус соһуйан, тутан киирбит суумкатын муостаҕа төлө ыһыктан кэбиспитэ, атахтарын таҥаһын олорон эрэ уларытталларыгар аналлаах, киирэр ааҥҥа туруорбут олоппоһугар лах гыммыта:
– Туох даа?!
– Сордоҥ Вовка: «Эн нууччалыы дьүһүннээххин, оттон ийэлээх аҕаҥ мас сахалар, ол аата, эн дьиҥнээх аҕаҥ нуучча быһыылаах», – диир.
Ийэтэ ону истэн өрө тыыммыта, хата иитиэх оҕо буоларын туһунан тугу да эппэтэхтэр эбит.
– Сордоҥ Вова диэн кимий?
– Оттон ити… Щукин Вова…
– Эллээйчик, бииргэ үөрэнэр табаарыскын хос ааттыырыҥ куһаҕан. Оттон аҕаҥ биһикки төрүттэрбитигэр сахалартан ураты араас омуктар бааллара үһү – нуучча казактара, поляк сыылынайдара, олохтоох эбэҥкилэр. Онон эйиэхэ европейскай хааныҥ, өбүгэлэриҥ дьүһүннэрэ-бодолоро хас да көлүөнэ кэнниттэн эргийэн кэллэҕэ дии, ити уустук боппуруос, улааттаххына үөрэтиэҥ-билиэҥ, оттон Щукин Вованы кытта аны оонньоомо, кини билиҥҥиттэн оҥорон көрө-көрө сымыйа хобу-сиби тарҕатара олус куһаҕан, биирдэ баран эттэххэ, кини сиртэн да быга илик оҕочоос дии, онно тугун дьыалатай?! – олус кыыһыран-кыйаханан, тугу да эбии булан эппэккэ, хоһугар киирэн хаалбыта. Уолун уоскуппута курдук буолла да, дьиҥэр ыллахха бэйэтэ сымыйалаата, ол эрээри Эллээйчиккэ «эн ийэҥ-аҕаҥ атыттар» диири син биир тыыннаах этиттэн быстарар кэриэтэ ыарыылаахтык саныыра.
Ол киэһэ Бэргэн үлэтиттэн кэлбитигэр, оҕото моһуоктаах ыйытыытын туһунан ботур-итир кэпсээбитэ.
– Уоһугар уоһаҕа куурбакка сылдьан, хобу-сиби тарҕатар туох буолбут оҕонуй – ол Щукин Вова?! Дьэ ити буоллаҕына, мин сарсын оскуола дириэктэригэр бардаҕым! – кэргэнэ кыыһырбыта.
Кырдьык, дириэктэри кытта Бэргэн кэпсэтиэҕиттэн араас уорбалааһынынан ким да оҕолорун сирэй-харах анньыбат буолбута. Ол да буоллар, дьэбиннээх тимир үөрбэ кэлэн сүрэхтэрин ыарыылаахтык таппыт быһыылааҕа, хаһан эрэ кырдьыгынан кэпсиэхтээхпит диэн санааттан иккиэн да олус саллаллара, «сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньанар» диэбиттии, ол туһугар олус ыарахан, хобдох түгэни уһата-кэҥэтэ сатыыллара, син биир киһи өлөр өлүү киниэхэ кэлиэхтээҕин санаабакка кыһалларын курдук…
Ксенья өрө тыынан баран, эркиҥҥэ ыйаммыт хаартыскаҕа оҕолор ортолоругар турар Эллээйчигин сыллаан ылла уонна уотун умулларан, хостон тахсан, Бэргэнигэр чугаһаата. Эрэ киниэхэ кыһаллыбакка, бэркэ тартаран кинигэтин ааҕар, онуоха Ксенья «Сириус» эргэ радиолатын холбоон, Моцарт «Реквиемын» пластинкатын туруорда. Сонно санньыар музыка кутуллубутугар, Бэргэн кинигэтин үрдүнэн көрө түстэ.
– Өйдүүгүн дуо, Бэргээн, аан маҥнай билсибит күммүтүн, ити музыканы истэ, эн таайыҥ аах дьиэлэригэр иккиэйэҕин олорбуппутун?
– Өйдүүбүн, хайдах өйдөөбөт буолуомуй…
Таһырдьа ыас хараҥа, оттон манна, кыараҕас хоско, чаҕыл сырдык, ыар нүһэр музыка дьүрүһүйэр, дьүрүһүйэр…
12
Итинтэн ыла эмиэ сэттэ-аҕыс сыл ааста. Уларыта тутуу түҥ-таҥ быраҕаттааһына арыый аматыйан, олох кэм сүнньүн булуох курдук буолбута. Ханна кистэнэ сыппыта буолла – маҕаһыыннарга да, ырыынактарга да эт-ас, табаар арааһа биирдэ тоҕо тардыллыбыта. Харчылаах буоллуҥ да талбыт омук массыынатыттан саҕалаан, дыбарыаһыгар тиийэ тугу баҕарар атыылаһыаххын сөбө. Ол иһин дьоҥҥо-норуокка үҥэр Таҥаралара харчы буолбута, ханна да хачыгырас кумааҕылаах быраап, үптээх үөһэ сылдьар олоҕо кэлбитэ. Социализмҥа дьулуһар сырдык идеаллар умнуллубуттара, оччотооҕу кэми кими да тыыннарбакка ыга баттааһын, диктатура, репрессия үйэтэ этэ, оттон Сталины палач, Ленин да киниттэн ордуга суох хаанымсаҕа диэн үлүгэрдээхтик үөхсэр буолбуттара, социализм ситиһиилэрэ саба тэпсиллибиттэрэ, урукку олох бүтүннүү хара кыраасканан ньаҕайдаммыта, ол оннугар үтүмэн үбү үөгүлэтээччилэр – араас олигархтар, бэрик ылан көммүттэр өрөгөйдөөбүттэрэ.
Дойду үрдүнэн балкыырдаах хамсааһыннарга сөп түбэһиннэрэн, Уйбаныаптар олохторугар, хата, ситиһии өттүгэр иэҕэр уларыйыылар тахсыбыттара. Бэргэн университекка үөрэппит профессорын булан, кини мэктиэтинэн уонна салайыытынан, кэтэхтэн аспирантураҕа үөрэнэн, мунна-уоһа кэрдиллибит киһи сиэринэн, уталыппакка кандидатскай диссертациятын көмүскээбитэ, Сэбиэскэй кэмҥэ холоотоххо, учуонай буолуу арыый судургутуйбут буолан абыраабыта. Онон, эрэйэ суох аҕалара диссертацияны көмүскээһинэ дьиэ кэргэҥҥэ улахан үөрүүнү аҕалбыта. Хайа муҥун, аны бастара ханна батарынан, харабыл эҥин курдук үөтэтэ суох үлэнэн хамнастанан сордоно сатыыллара уурайдаҕа, аҕалара учуонай буолуута олохторун уйгута тупсарыгар инники диэки дьоһуннаах хардыынан буолбута – Бэргэн хайа дьыалаларын институтугар научнай үлэһитинэн киирэн, дьиэтэ суоҕун, учууталлар уопсайдарыгар олорорун учуоттаан уонна кэргэннээх, оҕолоох киһи быһыытынан аахсан, хайа эрэ улахан учуонай саҥа тутуллубут дьиэҕэ көспүтүгэр, кини панельнай дьиэҕэ эргэ үс хостоох квартиратын ылаҕыт дуо диэбиттэрин, үөрэ-көтө ытыстарын үрдүгэр түһэрбиттэрэ.