Бэргэн сонун бүрүнэ быраҕынна да, таһырдьа баар буолла. Хайыы-үйэ хараҥаран эрэр. Кинилэр дьиэлэрэ дэриэбинэ кытыытыгар баар, онон тута хонууга тахсан, көнө сиринэн сирэйин хоту саллаҥнаата, иннигэр туох да көстүбэтин үрдүнэн, дьөрү сэппэрээк да үүммэтэх киллэм хонуунан хааман иһэрин билэрэ, халлаан ичигэһигэр соторутааҥҥа диэри бадараанынан баһылла сыппыт суол кэллэ, хата, тоҥмут, онон лүһүгүрэс буорга үктэнэн эрэйдэммэккэ туораата. Балачча хаамта, кэннин хайыстаҕына, дэриэбинэ чаҕыл уоттара сүр сытыытык тырымнаһаллар. Тэйиччи массыына тыаһыыр, тоҥ хонууга кини атаҕын тыаһа бүтэҥитик лүһүгүрүүр, ол курдук дэриэбинэттэн балачча ыраах тэйдэ. Ити курдук кудуххай хаамыынан баран иһэн, Бэргэн туох эрэ күрүөҕэ анньылынна, өссө тимир. Ээй, бу диэки аһаҕас хонуу ортотугар дьоннор уҥуохтара бөлүөхсэн көстөллөрө, онно тиийэн хаалбыт.
Хаптаһын ыскамыайка баарын булан олордо, аата, кэлбит да сирэ баар дии, туох эрэ куһаҕаны биттэммиккэ дылы. Эмиэ да ити баай дьоҥҥо ыалдьыттааһын кэнниттэн манна кэлии туох эрэ ситимнээххэ дылы. Биирдэ санаан көрдөххө, хайдахтаах да бэйэлээх киһи төһөлөөх да күннээбитин-күөнэхтээбитин, киэбирбитин-киэптээбитин иннигэр, олоҕун суола манна кэлэн түмүктэнэр. Күннээҕи сиир килиэби атыылаһар харчыта да эрэйинэн көстөр кыһалҕа дьуоҕатыгар тахсыбаттыы батыллыбыт, ас-таҥас чааһынан эстибит да киһи буоллун эбэтэр халлаан хабарҕаларынан хаалбытыныы, муора тобуктарынан дьаратыйыбытыныы саныыр хаһыытыыр харчыны халыҥнык харбаабыттарынан өҥнөнөр баай-талым олохтоох да буоллун – манна кэлэр иэдээн түмүктэн син биир куоппаттар. Тиһэх чэрчи – биир, ити кэнниттэн сытыах бэйэтэ буоллаҕа киһи барахсан, бэйиэт эппитинии – «тоҥо, сытыйа, оо, ычча!..» Оттон күннэтэ ол хаһан да кэлиэ суоҕунуу олороохтуубут, дьиҥэр дьоннор бу дойдуга букатын кэлбэтэхтэрин мэлдьи саныыллара буоллар, чиэс-суобас диэни умнубакка, арыый атыннык, эйэ дэмнээхтик сылдьыахтара эбитэ дуу…
Ол эрээри туох да диэбит иннигэр, Дина уонна кини эргимтэтэ ырааппыттар, аҥаардас ити коттеджтарыгар да төһө үп ороскуоттаммыта буолуой? Судургутук ааҕан көрдөххө, дэриэбинэҕэ биир улахан оһоҕу тутарга тыһыынчаҕа тиийэ кирпииччэ ороскуоттанар дииллэрэ, оттон ити икки мэндиэмэннээх дьиэҕэ хас да сүүһүнэн тыһыынча кирпииччэ киирдэҕэ. Ырыынакка биир кирпииччэни уон солкуобайтан итэҕэс атыылаабаттар, оччоҕо аҥаардас кирпииччэтигэр хас да мөлүйүөнү төлөөбүт буолан тахсар. Ол – дьиэ көҥдөйө эрэ, ис-тас тэриэбэлэрэ, таһынааҕы дьиэлэр, олору барытын малынан-салынан толоруу, оо, аата-ахса биллибэт харчы ороскуоттаммыт…
Бэргэн бу олорон ким эрэ кэнниттэн хааман сурдурҕатан иһэрин көрө түстэ. Тыый, бачча хараҥаҕа ким бу уһун ууларын утуйбут дьоннор дойдуларыгар кэлэн истэҕэй? Хайыа, Ксенья эбит, эс, кини тоҕо манна кэллэ?!
Ити икки ардыгар кэргэнэ саҥата-иҥэтэ суох кини аттыгар турунан кэбистэ.
– Эн тоҕо манна кэллиҥ? – диэн Бэргэн соһуйбучча толоос соҕустук ыйытта.
– Ааҥҥа көхсүгүн эрэ көрөн хаалбытым, салгын сиэри таҕыстаҕа диэн, бииргэ хаамса түһээри кэннигиттэн эккирэтэн бараммын таһырдьа сүтэрэн кэбистим, ханна да баарыҥ биллибэт, тохтоон атаҕыҥ тыаһын иһиллээтим – тоҥ буорга лүһүргүүрүн истэн, онон сирдэтэн бу батыһан кэллим. Аата, кылабыыһаҕа буолан, чэ, кэбис, төннүөххэ…
– Оттон тоҕо саҥата суох батыһан иһэҕин, ыҥырыаххын?
– Дьон истиэ дии, хаһыытыы-ыһыытыы сырыттахпыный.
Бэргэн тугу да утары саҥарбакка, дьиэтин диэки барда, Ксеньята кинини хонноҕун анныттан тутуһан, оргууй аҕай хаамыстылар.
– Динабыт дьэ тиэрэ байбыт дии, – диэтэ Бэргэн кэмниэ-кэнэҕэс.
– Ханныгын да иһин, биһиги олохпутугар чиэһинэйдик байар киһи баара буолуо диэн мин саарбахтыыбын, – диэтэ Ксенья.
– Тоҕо? Холобура, Дина эрэ Карп эргинэн көммүт ээ, оттон ол чиэһинэй байыы буолбатах дуо?
– Мин саныахпар, ханнык эрэ научнай арыйыы оҥорон эбэтэр ити артыыстар курдук улахан гонорардарга ыллаан-туойан байыахха сөп, оттон биһиэхэ сирэйэ-хараҕа суох норуот бас билэрин былдьааһын буолла, ол курдук «приватизация» дуу, «прихватизация» дуу диэн тылынан саптан, судаарыстыба баайын-дуолун – элбэх дьиэни-уоту, техниканы буор-босхо чааһынайга олордон ыллылар, аны эргинэбит диэн онтон-мантан тиэйэн аҕалбыт табаардарын сыанатын хас эмэ бүк ыаратан атыылаан байаллар… Мин ону чиэһинэй байыы диэхпин кэрэйэбин…
– Чэ, аны ол ылбыттарын саҥаттан өрөбөлүүссүйэ да оҥордоххуна төннөрөрүҥ саарбах, билигин ити дьонуҥ эргиэнтэн ураты харчы өлөрөр салааларынан – тутуунан да дьарыктана, суолу да оҥоро сырыттахтара.
– Ити эйгэлэргэ «откат» диэн өйдөбүл олус күүскэ киирбит дииллэр.
– Ону биһиги сурах эрэ хоту истэбит, ким да «откаттаан» ылбытын көрбүппүт суох, ханныгын да иһин, туспа уһаайбалаах дьиэлэрэ үчүгэйэ бэрт дии, хаарыаны, биһиэхэ итинник баара буоллар… – Бэргэн ымсыырбытын кистээбэтэ.
– Атын киһиэхэ ымсыырымыахха, этэргэ дылы, хас биирдии киһи дьылҕата үөһэ быалаах кинигэҕэ суруллан турдаҕа эбээт. Оттон уһаайбалаах дьиэ чааһынан… Көр эрэ, ити туһунан улуу гуманист-суруйааччы Чехов үчүгэй баҕайытык эппит эбит ээ, мин сибилигин дьиэбэр тиийэн баран эйиэхэ көрдөрүөм, биһиэхэ кинигэтэ баар, саҥардыы аахпытым.
Сулбу-халбы хаамсан дьиэлэригэр кэллилэр, подъезд иһигэр лаампа уотугар кураанах бытыылкалар ыһылла сыталлар, бөппүрүөскэ төрдүгэстэрэ өрөһөлөммүттэр, кыһын кэлэн эрэр тыына биллэн, ыччаттар хахха сир диэн, бэл маннык кыараҕас подъезка киирэн, түүн пиибэлииллэр. Тугу да харыстаабаттар, ыһаллар-тоҕоллор, оттон бу чааһынай дьиэлэрэ эбитэ буоллар, итинник дьаабыланыа суох этилэр.
Ааннарын аһан квартираларыгар киирэллэрин кытта, Ксенья саппыкытын туурута тэбиэлээт, сонун устан ыйаата уонна тута саалаҕа ааһан, долбуурга кырылаабыт кинигэлэри: «Манна баара…» – диэн ботугуруу-ботугуруу кыҥастаста, Бэргэн кэнниттэн киирэн дьыбааҥҥа олордо. Ксенья көмүс суруктаах, от күөҕэ хахтаах кинигэни хостоон таһааран арыйталаата уонна Бэргэҥҥэ хайыста:
– Бу кэллэ, дьэ иһит эрэ улуу гуманист Чехов куорат таһыгар дьиэлээх-уоттаах дьон туһунан тугу диирин – «Принято говорить, что человеку нужно три аршина земли. Но ведь три аршина нужны трупу, а не человеку. И говорят также теперь, что если наша интеллигенция имеет тяготение к земле и стремится в усадьбы, то это хорошо. Но ведь эти усадьбы те же три аршина земли. Уходить из города, от борьбы, от житейского шума, уходить и прятаться у себя в усадьбе – это не жизнь, это эгоизм, лень, это своего рода монашество, но монашество без подвига. Человеку нужно не три аршина земли, не усадьба, а весь земной шар, вся природа, где на просторе он мог бы проявить все свойства и особенности своего свободного духа».
Ксенья кинигэтин сапта уонна кэргэниттэн ыйытта:
– Хайа хайдаҕый?
– Ким билэр, Чехов саҕана атын үйэ буоллаҕа уонна аан дойду барыта наада диэбит дии, оттон биһиги үбэ-харчыта суох буоллахпытына, былааһы тутан олорооччулар кэккэлэригэр тахсыбаппыт, оччоҕо хантан аан дойдуну баһылыыбыт?
– Сарсын тураат да, Эллээйчикпин аҕала барыам, хайыы-үйэ ахтыбыт курдукпун, – диэтэ Ксенья, – кини үтүөтүнэн ити үлүгэрдээх баай дьоҥҥо ыҥырылыннахпыт буолуо диэн сэрэйэбин.
– Ити эрээри оҕотун туһунан Дина биирдэ да ыйытан көрбөтө дии, – Бэргэн бэркиһээбит быһыынан баһын быһа илгиһиннэ. – Оттон Эллээйчик төрөппүт ийэтэ манна аттыгар сылдьарын сүрэҕэ сэрэйэрэ буолуо дуо?
– Төрөппүт ийэтэ да буоллун, Эллээйчик – мин оҕом!
10
Ыалдьыттар барбыттарын кэнниттэн Дина саалаттан куукунаҕа иһити-хомуоһу таһан, хайа курдук кыстаммыты сууйан, өр баҕайы тэпсэҥнээн олус сылайда. Билиардаабыт хосторун дьыбааныгар улаханнык хотторбут эрэ утуйан хаһыҥыратар. Кини дьон көрөрүгэр эрэ харчынан харса суох ыһыахтанарын, киэптиирин, сөхтөрөрүн сөбүлүүр. Ыалдьыттар баалларыгар, баһаалыста – «сулус» ырыаһыттар диэн, ресторантан наймыламмыт официаннар диэн. Онтон бырааһынньык бүттэ, киэһэ буолла да – хайдыбыт хоруудаҕа түһүү буолар, Карп кэппиэйкэни да ордук ороскуоттаабат, инньэ гынан дьиэни-уоту көрөр-истэр үлэһит дьахтар туһунан истиэн да баҕарбат. Дина бырааһынньык кэмигэр хотун бэйэтэ, бырааһынньык бүтэн, дьон тарҕаста да, иһити уонна дьиэни сууйааччы хамначчыт дьахтар таһымыгар түһэ охсор. Наһаа сылайар да хайдах гыныаҥый, кини туох да тутуура суох, этэргэ дылы, турар бэйэтэ бу кыһыл көмүс килиэккэҕэ кэлэн киирдэҕэ. Килэйбит-халайбыт этээстээх дьиэҕэ-уокка кэлэригэр биир эрэ чымадаан баайдааҕа, онтон атын кини кэрэхсэтэрэ диэн туох кэлиэй, иирэ талахтыы дьылыгырас быһыыта-таһаата, номоҕон мөссүөнэ да бу баайга-дуолга тэҥнэһэр кыаҕа суоҕа. Тойоно санаата алдьаммыт күнүгэр ону биллэриэн, хайа баҕарар сирэй-харах анньыан да сөп. Аны, Карп бэйэтэ этэринии – «деловой партнердарын», быһата, үп-харчы ылсар-бэрсэр тэҥнээхтэрин эрэ кытта көрсүөхтээх, намыһах таһымҥа турааччылары билиммэт, бу сырыыга Ксеньялааҕы мааны ыалдьыттары кытта тэҥҥэ ыҥырбытын улаханнык сөбүлээбэтэҕэ. Бииргэ үөрэммит, наһаа истиҥ дьүөгэм диэн нэһиилэ тылын ылыннарбыта. Онтуката ханна баарый – дьоно бастакы остуолга нэһиилэ олороот, адьас атын өйдөөх-санаалаах, үп-харчы, баай-дуол өттүнэн букатын ураты эйгэҕэ сылдьар дьону кытта хайдах да тэҥник туттан кэпсэтэр-ипсэтэр кыахтара суох эбитин өйдөөн, саҥата-иҥэтэ суох эрдэ тыас хомуммуттар, барбыттарын билбэккэ да хаалбыт. Этэргэ дылы, Ксеньялаах икки этээстээх дьиэҕэ квартира дуомнаахтар, күннэтэ оптуобуска анньыалаһан кэлэллэр-бараллар, харчылара хамнастан хамнаска тиийэр буоллаҕына баһыыба. Оттон кини эрин эйгэтин дьонун тыла-өһө: коттедж, лимузин, Куршавель, бутик…