– Мин тапталбар, эдэр сааспын эргитэр кэргэммэр, үтүөккэн субуота күн үүммүтүнэн, – диэн бэлэхтээтэ, Дина саҥардыыҥҥыта кинилэр судургу үрүүмкэлэриттэн омуннаахтык үөрбүт буоллаҕына, арааһа, эриттэн күндү бэлэхтэри ыла үөрэммит быһыылаах, күндү таастаах биһилэҕи ээл-дээл тутта, суолтатыгар уураһан ыллылар. Мантан Ксеньялаах сөхтүлэр, «үтүөккэн субуота күн үүммүтүнэн» итинник сыаналаах бэлэх оҥоһуллар буоллаҕына, эгэ төрөөбүт күнүгэр эҥин тугу биэрэн эрэрэ буолла?!
Кэнсиэр кэнниттэн бары субуруһан, остолобуойга киирдилэр. Манна уонтан тахса киһиэхэ остуол тардыллыбыт, икки өттүнэн үтүктүспүт курдук кылгас бэскилээх, хара бүрүүкэлээх, маҥан ырбаахылаах икки официант уол соттор тоҥолохтонон турар, хас биирдии ыалдьыт аата-суола кумааҕыга суруллан, прибордар аттыларыгар ууруллубут. Бэргэннээх Ксенья уһук миэстэлэргэ түбэстилэр. Саҥардыы оннуларын булалларын кытта, кылгастык бааммыт хаалтыһа түөһүн тылынан сылдьар, ньаччаҕар сүүстээх, хойуу хара баттаҕын кэннин диэки тарааммыт үскэл киһи сотовай төлөпүөнэ тыаһаабытыгар, ойон туран олоппоһу туора тардан, кинилэр кэтэхтэригэр баран кимниин эрэ кылгастык кэпсэттэ, итиэннэ бэйэтэ эрийэн, атын киһини мөҕөр саҥата иһилиннэ:
– Бэрт түргэнник оҥоһуллубут түннүктэри сыахтан Сэргэлээххэ тутуу бара турар сиригэр илдьэ оҕус, антах үлэ сырыыптанаары гыммыт…
Ол кэмҥэ аны ачыкылаах эдэрчи киһи төлөпүөнэ «Үрүмэччи үөрүн курдук» ырыанан эрчимнээхтик чугдаарбытыгар, аны кини төлөпүөнүн ылан истимэхтээтэ уонна:
– Грейдер бэтэрээ учаастактан бүттэ да тиийиэҕэ, – диэтэ.
Карп кэргэнин Динаны кытта остуол баһыгар олордулар уонна графины луоска кырыытынан тоҥсуйан тыҥкынатта:
– Доҕоттор, эһигини мүнүүтэҕэ да иллэҥнээбэттэрин, бары олус эппиэттээх үлэҕэ сылдьаргытын билэбин… – дии-дии күлбүтэ буолла, – ол эрээри бу киэһэ саатар аһылык кэмигэр сынньаныҥ, төлөпүөннэргитин араарыҥ, үлэбит туһунан сыыйа-баайа кэпсэтиэхпит…
Кырдьык даҕаны диэбиттии, бары төлөпүөннэрин араартаатылар. Ыалдьыттар кимнээхтэрин билбиттэрэ – бары да туспа тэрилтэлээхтэр, тутуу, суол оҥоруутун эҥин курдук улахан тыын боппуруостарынан дьарыктанар араас фирмалары салайаллар эбит. Ол иһин хара ааныттан кэпсэтии-ипсэтии үп-харчы хамсааһынын, барыстаах үлэхтэри ылыы, ханна хас мөлүйүөннээх үлэ оҥоһуллубутун, ким тугу барыыһырбытын-ночоотурбутун туһунан буолла. Иһит-хомуос тыаһаата, бары уруккуттан билсэр буолан, тута кэпсэтии, күүгүнэһии саҕаланна.
Бэргэннээх бу хампаанньаҕа күһүҥҥү уойбут-топпут хоҥор хаастар ортолоругар кэлэн түспүт ырбыт-дьүдьэйбит сааскы чыккымайдардыы сананнылар, олох бу бырааһынньыгар туспа дьон курдук буолан, саҥата суох сукуһан олордулар, бэл аһыах да санаалара кэлбэт, бакаалларга кутуллубут отон уутун сыппайбыта буоллулар. Кинилэри кыраҕытык кэтии кэннилэригэр турар официант уолаттар, кураанахтаатылар да, сонно толортоон иһэллэр. Ыалдьыттар тириттилэр-хоруттулар, эр дьон бинсээктэрин эмиэ устан, олоппосторун өйөнөрүгэр иилэ бырахтылар. Күлсүү-салсыы, ол олорон кэпсэтиилэрин хайысхата син биир үлэлэригэр иэҕиллэ турар, өй-санаа барыта хантан, хайдах гынан бизнеһи тупсарар туһунан буолла. Ол быыһыгар тыл этэллэр, бары бастаахтар бүппүттэрин кэнниттэн хаһаайын Бэргэҥҥэ дьэ тыл биэрдэ:
– Динам бииргэ үөрэммит доҕотторугар – Ксенья, Бэргэн Ивановтарга… – диэн буолла.
Бэргэн турда уонна маннык үтүө дьиэни-уоту туттубут дьонун хайҕаата, билиҥҥи кэмҥэ үгүстэр соһуйан-уолуйан, сорохтор урукку былааска бэлэмҥэ үөрэнэн хаалбыттарынан саҥа үйэҕэ оннуларын булбакка сылдьалларын бэлиэтээтэ («ол иһигэр мин» дии сыста) уонна кэпсээҥҥититтэн иһиттэххэ, баар дьон бары бизнестээх, үбү-харчыны оҥорор дьон эбиккит, үйэ уларыйбытынан аны судаарыстыба буолбакка, эһиги курдук дьонтон барыбыт кэлэр кэскилбит, норуоппут, ыччаппыт дьылҕата тутулуктанар диэн баран:
– Сүрэххитигэр чэпчэки, сиэпкитигэр ыарахан буоллун! – диэн тост көтөхтөрдө.
Кини этиитин сөбүлээтилэр, ким эрэ: «Тугунан дьарыктанаҕын?» – диэн ыйыппытыгар, Бэргэн хоноччу туттан баран, дорҕоонноохтук эттэ:
– Кэргэним оскуолаҕа биэлсэр, оттон мин харабылбын, дуоһунас кирилиэһигэр боростуой норуоту кытта баарбыт уонна онон киэн туттабыт! Кэргэним наар оҕолору кытта бодьуустаһар, ити курдук ким эрэ материальнай уйгунан, оттон ким эрэ дьоҥҥо духуобунай баайы иҥэриинэн дьарыктанар, – диэтэ.
– Оннук-оннук, – кылгас хаалтыстаах, маччаҕар сүүһэ, кэннин диэки тарааммыт уһун баттаҕа хайдах эрэ кэриэйдии дьүһүннүүр киһи биһирээн санныга таптайда, – оҕону кытта үлэлиир – ытык дьыала.
Баар эр дьон бары тыл эттилэр, баарыан сценаҕа ыллаабыт артыыстара киирэн эмиэ ырыанан көччүттүлэр, ол тухары Бэргэннээх илиилэрин-атахтарын кумуччу туттан олорорго күһэлиннилэр, хоту олорон бэйэлэрин тэҥнээхтэрэ – геологтары, эмчиттэри кытта бырааһынньыктыыллара, оттон манна адьас атын хампаанньа, этэллэрин курдук, «саҥа сахалар, нууччалар», хаһан да билбэтэх баай дьоно, үптэрэ-харчылара үллэҥнэс, кыахтаахтара таһынан быгыахтыы сылдьар, аан дойду атахтарын анныгар сытарыныы сананан эрдэхтэрэ.
Сынньалаҥҥа бу киэҥ уораҕайга дьахталлар туспа бүгэн, бэйэ-бэйэлэрин уруккуттан билсэр буолан, сонуннарын кэпсэтэн хобугунастылар, эр дьон билиардыыр хоско киирэн, шариктары кий мастарынан охсуолуу кэйиэлээн оонньообутунан бардылар. Бэргэн урут оонньуур буолара да, дьоно харчыга киирсэллэр эбит, ол иһин дьулайда, онон көрөөччү эрэ буоларыгар тиийдэ. Били кылгас хаалтыстаах киһи остуол күөх сукуна сабыытыгар быардыы сытан, буугунуу-буугунуу кыҥаата уонна ыраах шаригы «ытан» тас гыннарбыта сурулаан тиийэн охсуллан, халты ыстанан, лууҥканы сиирэ-халты саайыллаат, төттөрү тэйэн, остуол ортотугар эргичийэ-эргичийэ тохтоото.
– Халыҥнык ыллыҥ, – диэтэ хаһаайын Карп бэйэтин маһын туппутунан хантан охсуохха сөптөөҕүн көрөөрү, кыҥнаҥнаан кыҥаан көрө-көрө, остуол тула тэпсэҥнии сылдьан.
Ол кэмҥэ «Бэргээ-эн», – диэн сипсиэри истэн, уол эргичис гыммыта – Ксеньята турар.
– Хайыыбыт, дьиэбитигэр барабыт дуо? – диэтэ кыыс сибигинэйэ былаан.
Бэргэн кинини үтүрүйэн, таһаараа хоско таҕыстылар.
– Чэ, сөп, ол эрээри Динаҕа этиэххэ.
– Ээй суох, ыытымаары гыныаҕа, саҥата суох, быраһаайдаспакка, английскайдыы барыахха.
– Чэ, буоллун.
Кинилэр таҥанан эрэллэрин көрөн, хата, официант уол олбуор таһыгар атааран, өссө массыынаҕа олордон биэрдэ итиэннэ суоппарга:
– Илдьэн биэр, хаһаайка ыалдьыттара, – диэтэ.
Онон, чаас аҥаарын иһинэн дьиэлэригэр баар буоллулар. Ксенья массыынаттан тахсаат да, тууйулла сылдьыбыт санаатын тута кэпсээбитинэн барда:
– Ити билбэт дьахталларым аттыгар турбахтаан баран ыксаан куоттум, кинилэри кытта кэпсэтэр да кыаҕым суох эбит диэн санаатым, кэлин аҕыйах ыйга ким туох дьиэни, массыынаны атыыласпытын, хайа дойдуларынан сылдьыбытын куоталаһар курдук ырытыһан бардылар. Биһиги үйэбит тухары харчы мунньунан массыына дуу, саҕынньах дуу ыллахпытына үөрүөхпүт, оттон кинилэр аҕыйах ый иһигэр! Ити гынан баран, ылар да, биэрэр да иэһэ суох, туох да санаата-оноото суох сылдьыы – мин санаабар, ханнык да баайга бэриллибэт саамай улахан дьол!
Бэргэн хардарбата, ол эрээри кыараҕас аан хоско таҥастарын уста туран көрдөҕүнэ, Диналаах коттеджтарын кэнниттэн, оо, квартиралара муҥнаах кыра да эбит! Утуйар хоһу, сааланы, оҕолорун хоһун да холбоотоххо кыараҕас. Хоско Ксенья таҥаһын уларытта киирдэ, оттон икки киһи кыайан ааһыспат куукунатыгар Бэргэн киирэн хаадьаҥалыыр мас олоппоско олордо уонна улам кыйыттыах курдук кыынньан барда. «Коммунизмы тутааччы моральнай кодексын» тутан абыраннаҕа бу! Ыт уйатын саҕа «чыбы» квартираны бас билбиттэриттэн үөрбүтэ – онто ханна баарый, Диналаах аҥаардас бильярдыыр хосторо кини квартиратын дуомуттан икки-үс бүк киэҥ. Киһи киһиэхэ тиийбэтэ, тэҥэ суох буолара диэн сүрдээх да эбит! Кэлин аҕыйах ыйга саҥа дьиэ, сонун массыына атыылаһаллар, Дина «биир төрүттээх-уустаах, бары тэҥ» дьоммут диирэ хантан кэлиэй?!
Бэргэн үйэтигэр туох да куһаҕаны оҥорбокко, бэл биирдэ да итириэр диэри арыгылаабакка, мэлдьи илэ өйүнэн, этэллэригэр дылы, «туох да куһаҕан тахсыбат киһитэ» аатыран, көбүс-көнөтүк, сыыһа-халты хамсаммакка сылдьыбыта. Оттон Дина көртөн-нартан маппатын, күүлэйтэн да туора туран хаалбатын түмүгэ буолан, Эллээйчик үөскээн хааллаҕа, киһиэхэ албыннаттаҕа диэн наһаа аһыналлара, ол бэйэтэ «Лан крузер» массыынатын мииммитин курдук, хайдахха дылы саҥа үүммүт олох ахсым атыгар «лап» гына олорсон, сааһырбыт да буоллар, лаппа кыахтаах киһиэхэ эргэ тахсан, байыы-тайыы суолунан иннин диэки ыраах барбытын көрөн сөҕөҕүн. Бииргэ үөрэммиттэрэ да икки ардылара сир уонна халлаан курдук тэйэн, баай-дьадаҥы буола охсубуттар, кинилэрдиин тэҥнэһэр аны кыаллыбат, суол ортотугар хааллахтара… Санаа-оноо үүйэ-хаайа тутар, суох, маннык сатаан олоруо суох, таһырдьа тахсан хаамыталыы түһэн кэллэҕинэ сатаныыһы…