Кыыстаах уол дьон быыһыгар киирэн, уокка оҕустарбыт дьоннордуу санныларын имиллэҥнэтэн, илиилэринэн эһиэхтэнэн, муостаны эрчимнээхтик тиҥилэхтээн үҥкүүлээбитинэн бардылар. Ити курдук хас да үҥкүү ааста, оннук саҥа ууларыгар-хаардарыгар киирэн эрдэхтэринэ дьон ортотугар улахан аймалҕан буолла, ким эрэ кими эрэ атаҕын үктээбит дуу, анньыалаабыт дуу – соҕотохто ыһыы-хаһыы, сырбатыһан силлиргэтиһии саҕаланна, кыргыттар часкыйдылар, уолаттар маатыралыыллар, үҥкүүлүү сылдьааччы диэн суох буолла, ким эрэ охтор, ким эрэ куотар, быһата, бүтүннүү үөдэн-таһаан өрө оргуйбутугар, Бэргэн кыыһын сиэппитинэн болуоссааккаттан таһырдьа ыстанна уонна ити курдук пааркаттан тахсар ааркаҕа диэри сүүрэн тиийдилэр. Онтон ыла тиэтэйэ-саарайа хааман иһэн, кыыс тыал көтүппэтин диэн сэлээппэтин тутан иһэн саҥарда:
– Тоҕо итиннигий? Мин манна сырыы аайы охсуһууга түбэһэбин, уларыта тутуу, демократия диибит да, олох өссө куһаҕан өттүгэр баран иһэр курдук. Уулуссаҕа наар миитин, үөхсүү-түрүйсүү, ким да үлэлээбэт, урукку олохтон куһаҕанын эрэ хасыһаллар, баар-суох пааркабытыгар күлүгээттэр тойоттор, бэл милииссийэлэр тугу да гынар кыахтара суох…
– Санаарҕаама, олох оннун булуоҕа, хайдах маннык иитэ-саҕата суох айдаан бүппэккэ баран иһиэн сөбүй? – диэн Бэргэн кыыһын уоскуппута буолла. – Эн ханна олороҕун? Атааран биэриим, бу алдьархайга соҕотоҕун барарыҥ сатаммат.
– Уопсайбар, бииргэ олорор кыргыттарым тарҕаспыттара, мин соҕуруу бараары хаалбытым, – Ксенья чочумча тохтоон ылла уонна үөһэ тыынан баран эттэ: – Даа, Бэргэн, кэнсиэри син көрдөхпүт, үҥкүүбүт сатаммата, күлүгээттэр баҕайылар сүгүннээбэтилэр, – Ксенья эмиэ уруккуну санаан абаккаран барыах курдук гынна, – хаһааҥҥа диэри омуктаһан охсуһа сылдьаллара буолла, Сэбиэскэй былаас мөлтөөн эрэр дуу…
Бэргэн кыыска иҥээҥнэһэр баҕаттан ыйытта:
– Хоскор соҕотох буоллаххына бэрт, миигин чэйдэтэн ыытар инигин.
Ксенья онтон соһуйбата:
– Оо, вахтер эйигин аһарбат буоллаҕа дии, биһиги уопсайбытыгар хонтуруол кытаанах, ыалдьыттар докумуоннарын хаалларан күнүс эрэ киирэн тахсааччылар. Биһиги училищебыт кыыс аймах саарыстыбата, эр киһи биһиэхэ көһүннэҕинэ мамонт тиллибитинии сонун, эккирэтэ сылдьан кэриэтэ бары уора-көстө кыҥастаһааччылар.
– Оок-сиэ, үлүгэрдээх дойдуну кэпсээтиҥ дии, оччоҕо миигин кытта барыс, эйигин, эксээмэннэрин туттаран туос иллэҥ сылдьар киһини, ама ким сүтүктүө буоллаҕай?
– Ол ханна илдьээри гынаҕын?
– Таайым аах манна бааллар…
– Эс, кэбис, барбаппын, хайдах билбэт ыалбар тиийиэмий?
– Куттаныма, ким да суох, бары ыһыахтыы тыаҕа тахсыбыттара, хаһаайын мин эрэ.
– Оо, дьэ, ким билэр, хайдаҕа эбитэ буолла?
– Бардыбыт-бардыбыт, – кыыс саараабытын көрөн, Бэргэн бэрт сорунуулаахтык кимнэ, – эксээмэннэриҥ бүппүттэрин быһыытынан билигин сынньанар буоллаҕыҥ дии. Мин туох да куһаҕаны оҥоруом суоҕа.
Кыыс саараан, хаппыт лабаа асфалька сытарын түүппүлэтин тумсунан хаһыйбахтыы умса туттан турда, онтон быһаарыы ылынан, хонос гынна:
– Чэ, буоллун.
Оптуобуһунан айаннаан, куорат киин уулуссатын тохтобулугар тахсан, онтон соччо ырааҕа суох таас дьиэҕэ баралларыгар аара маҕаһыынтан аһылык ылан аастылар. Маҥнайгы этээскэ баар квартира ааныгар диэри аҕыйах үктэли дабайдылар. Уол дьиэҕэ киирэн, хаһаайын курдук туттан-хаптан, ваннайга илиитин суунна, кыыска ону көрдөрдө уонна остуолга ас тарда оҕуста, магнитофону холбоото – Кола Бельды бэркэ тэбэнэтирэн, уһук хоту дойдуга, туундараҕа илдьээри, кэрэ кыыһы ыҥырар, табаларынан сарсыарда эрдии-эрдэ айаннатан, хаар саһарҕа ортотугар көтүтэн түһэриэх буолар.
Бэргэн холодильниктан шампанскай таһаарбытын кыыс сөбүлээбэтэ:
– Ээ, итини аһыма, мин испэппин ээ.
– Тыый, Ксенья, көрсүһүү туһугар хайдах көтөхпөт буолуохпутуй, – аһан «пөс» гынарда уонна кырылыы кыынньар утаҕы бакаалларга кутуталаата.
Ксенья бакаалы уоһугар эрэ тириэрдэн баран төттөрү уурда:
– Баһыыба.
Бэргэн соҕотоҕун иһэ олоруон бэркиһээтэ быһыылаах, биир бакаалынан бүттэ, бытыылканы холодильникка төттөрү уурда. Ити кэнниттэн буолары-буолбаты, сайын кэлэн таһырдьа куйааран эрэрин, төрөөбүт дойдуларын уратытын, киһи кэрэхсиирэ туох баарын ботур-итир кэпсэтэ олордулар. «Как упоительны в России вечера!..»
Балачча олорбуттарын кэнниттэн Бэргэн турда уонна хоско киирэн, гитара тутуурдаах таҕыста:
– Ксенья, ыллыахха эрэ.
– Оо, мин ырыаһыппынан мөлтөх буоллаҕым, чэ, эн саҕалаа, мин батыспыта буолуом.
– Пахай, мин да ырыа таһаарааччы буолбутум диэн, – Бэргэн кэмчиэрийдэ, ол да буоллар: «Хара сир устун саас маҥнай…» диэн ыллаан барбытын кыыһа хатан куолаһынан тэҥҥэ түһэристэ. Ыллаан бүппүттэригэр уол гитаратын «тап» гына охсон баран, муннукка туруорда:
– Биһиэхэ Аскалон, Егоровтар, Бүөккэ Бөтүрүөп, «Чолбон», «Айтал» чугас буоллахтара, күн-дьыл ааһыа, кэнники көлүөнэлэр бэйэлэрэ сүгүрүйэр атын ырыаһыттардаах буолуохтара, оттон дьиҥнээх ырыа хаһан да өлбөт-өспөт, иһиттиҥ дии – пааркаҕа нууччалыы романстары. Итилэр сүүһүнэн сылларга ылламмыттара буолуо да, эргэрбэттэр, мөлтөөбөттөр, тоҕо диэтэххэ, нуучча норуотун иэйиитин, санаатын-оноотун биэрэр уратылаахтар.
– Оттон биһиги иннибитинээҕи көлүөнэҕэ да үйэлээх буолар ырыалар бааллар. Мин санаабар, холобура, Аркадий Алексеев «Сахатын үҥкүүтэ», Виталий Андросов «Ньургуһуннара», «Саҥа хаара» хаһан баҕарар ыллана туруохтара.
– Василий Протодьяконов ырыата буолбатах дуо – «Ньургуһуннар»?
– Билигин Протодьяконов ырыатын ыллаатыбыт, ньургуһуннарга анаммыт ырыалар элбэхтэр, оттон Андросов ырыатыгар поэт, бадаҕа, Баал Хабырыыс, түмүк тыллара миигин долгуталлар, – диэн баран Бэргэн аа-дьуо сыыйан ыллаата: – «Кэтэһимэҥ, кыргыттар, кэлбэттэр аны уолаттар, отучча кыс хаар уулунна, уолаттар аҕам дьон буолтар…»
– Кырдьык даҕаны! – кыыс сөҕөн ытыһын охсунна: – мин бу ырыа итинник тыллардааҕын хаһан да истэ иликпин, оок-сиэ, аны отучча сылынан ханна-ханна тиийэрбит эбитэ буолла? Наһаа ыраах кэм!
– Онно биэс уоммуттан тахсыбыт оҕонньор буолабын ээ, – Бэргэн саллан баһын быһа илгиһиннэ, – ама оннук кырдьыахпыт дуо, итэҕэйбэппин. Оннук оҕонньор буолан олоруом диэн санаа мин төбөбөр хайдах да батан киирбэт. Чэ, бэйи, ити хааллын, бэлэм ырыалары оонньотуохха. Ким ырыаларын истиэххин баҕараҕыный? – Бэргэн туран, долбуурга кырыыларынан туруору анньыллыбыт пластинкалары сыымайдаата.
– Классическай музыка баар дуо? Ону истибит киһи.
Бэргэн радиоланы холбоон, Моцарт «Реквиемын» пластинката баарын уурда. Санньыар музыка кутулунна, ону хорунан ырыа солбуйда, аны турба тыаһа сатарыйда, аан дойдуттан букатыннаахтык барбыт дьоннуун бырастыылаһыы, кинилэргэ саас-үйэ тухары уоскулаҥы, сырдыгы баҕарыы, ол туһунан Таҥараттан көрдөһүү, бары кистэлэҥ аһылларын, буруй накаастанарын, оттон аньыыта-харата суох алгыһынан ылылларын Христостан көрдөһүү хайдахтаах да нохтолоох сүрэҕи, хайҕахтаах хара быары хамсатардыы дуораһыйар, дуораһыйар… Ксенья музыка бүтүөр диэри биир сири тонолуппакка көрбүтүнэн хамсаан да көрбөккө олордо, онтон пластинка бүппүтүгэр, чуумпу сатыылаата. Им-ньим олорбуттарын кэнниттэн кыыс эттэ:
– Мин ааспыт үйэҕэ төрүөхтээх киһи хойутаабыппын быһыылаах, ол курдук классическай музыканы олус сөбүлүүбүн, иһиттэрбин эрэ күн кыһалҕата суох сылдьыбыт оҕо сааспын, ийэлээх аҕам атаахтаталларын, ийэм билигин суоҕун, хаһан да эргиллибэттии дэриэбинэбит аттынааҕы кылабыыһаҕа ыбыс-ыарахан буор анныгар сытарын санаан наһаа хараастан, долгуйан кэлэбин…
– Аҕаҥ билигин ханна баарый? – Бэргэн ыйытта.
– Дойдутугар, – уонна олох атыны ыйытта: – оттон эн классическай музыканы сөбүлүүгүн дуо?
– Оо, суох, хомойуох иһин, оннук таһымҥа тиийэ иликпин. Эстрадам ырыаһыттарын да сорохторун билбэппин, чэ, өссө чэйдэ кутуум…
Ураты чуумпу, нуурал-нусхал киэһэ, эркиннэрэ халыҥ буолан, таһырдьа субуруһар массыыналар тыастара да бэрт бүтэҥитик иһиллэр, таһырдьа үрүҥ түүн налыйар, түннүк холуодатыгар көһүйэлэргэ турар сибэккилэр өстүөкүлэ нөҥүө иирэ лабаалара көҕөрө тумарыктыйбыт салгыҥҥа дьикти өҥнөнөн көһүннүлэр, оттон дьиэ иһэ боруорда, муннукка ыскаапка турар иһит-хомуос күлүгүрдэ, эркиҥҥэ турар радиоприемниктан диктор үлэ-хамнас ситиһиилэрин сэһэргиирэ симиктик иһиллэр.