Литмир - Электронная Библиотека

Билэрдии Тароториннарга хонор санаалаах киирбитигэр хаартылыы олорор дьон күө-дьаа буола түспүттэрэ.

– Саҥа булчуту кытта дьэ билсиэххэ эрэ, – дии- дии өрүтэ турбаласпыттара, арыгы кутан күндүлүү сатаабыттара.

– Бэйэм да мунаахпын, ыттарым да үөрүйэхтэрэ суох, аара быстарыам, – диэн сүүп арыгыны испэккэ, ыксыыбын диэн, итии киллэрээт, таһырдьаны былдьаспыта.

– «Мунаах» ааттаах! Эһиги кинини кытта туоххутунан да тэҥнэспэккит! – диэн дьиэлээх хаһаайын сөҥөдүйэ хаалар.

Ити хайҕаан этии буолбатаҕын Уйбаан сэрэйбитэ. Холуочук дьон өһүргэнэ истибиттэрэ чахчы.

Дьоно биир ыйынан төннүбүттэрэ. Кэргэнэ ол-бу ээк-сээкэйин хас да куулга хаалаан букатын көһөн кэлбит көрүҥнээҕэ. Түннүк тааһа, иистэнэр массыына, кыраһыын лаампа тус-туспа дьааһыктанан, маллара биир сырыыга баппат гына өрөһөлөммүтэ. Онно аны тыылара, мотуордара, хас да канистра бензиннэрэ.

– Манна иирээки эрэ киһи мотуорканан сылдьыан сөп, – диэн көрбүт эрэ бары саҥа аллайан иһэр.

– Биһиги сайын мотуорканан манна киинэ көрө кэлиэхпит.

– Этэрикээни да туоруургут саарбах.

– Көрүөхпүт!

Аара айаннаан иһэн кэргэнэ:

– Хайа? – диэн үчүгэй сонуну истээри Уйбаан сирэйин-хараҕын одуулаһар.

– Икки эрэ кырсалаахпын. Кыыл таба киһи хараҕын далыгар көстүбэт буолла. Куруппааскы баар буолуох курдук. Ыйы быһа кэнсиэрбэнэн үссэнэ сырыттым. Онтубут да дьоҕуһаата быһыылаах. Эн тугу эмит аҕаллыҥ дуо?

– Бурдук манна ыскылаакка баар үһү. «Холбостон» суруктаах кэллим. Ас арааһа тиийбитэ дэһэллэр. Оҕолорго эрэ ону-маны ыллым.

– Тугу да бултаабакка сылдьан хайдах ытыспытын тоһуйуохпутуй? Сатаатар килиэп аҕалбатыҥ дуо? Наһаа ахтыбыппын.

– Килиэби дуу, миигин дуу?

– Хайаҕытын даҕаны… Арба, муорабыт тааҥнаары гыммыт. Мин тиийдим да, төттөрү охторум буолуо. Өйдүүр эрдэххэ, ол суругу билигин миэхэ биэрэн кэбиһиэҥ этэ. Аһы-үөлү Тароторин ойоҕо дьаһайар быһыылаах. Сатаатар оҕолорбутугар сгущенка мүччү ыһыгыннарыллыа.

– Халлаан сырдаан үчүгэй баҕайы. Ол туох тэлимниирий?

– Этэрикээни туоруур бэлиэм. Ылтаһыны ураҕаска саайбытым.

– Оттон тоҕо тэлимниирий? Былаах курдук дии.

– Ити дьэргэлкэн «хамсатар». Өссө да туундара дьиктилэрин көрдөртөөн иһиэҕэ.

– Хайа, ханна? – дии түһэллэр им-дьим испит оҕолор ону истэн.

– Арба, доҕор, саабыт куһаҕан диэн туоһапка көрдөһөн ыллым.

– Онон тугу бултаары гынаҕын?

– Эн ыраата бардаххына, доҕор оҥостуом. Доруоппут биир эрэ дии. Хата ытарга үөрэтээр эрэ.

– Сайын сааны эспэккэ бултуохпут.

– Хайдах?

– Илиминэн.

– Оччоҕо куруппааскыларга эмиэ илим үтүөххэ.

– Куруппааскыны илимнээбиттэрин истибэтэҕим, боруобалыахпыт даҕаны. Оттон саарбыт куһу илиминэн бултуур сурахтаахтар.

– Оо, хаһан саас буола охсор?!

– Байылыат олох кэлэрэ чугаһаата. Икки ыйы хайдах эмэ гынан мүччү түспүт киһи.

САП САҔАТТАН САЛҔАНАН…

Уйбаан дьоннорун дьиэлэригэр үҥүлүтээт, иһирдьэ киирбэккэ таһынан сылдьан аҕалбыт малларын-салларын хахханы буллартыыр, ыттарын бэрт барбах өл хаптарар уонна бэйэтэ, аара айаннаан иһэн аһыам диэн, балык кэнсиэрбэтин хоонньугар уктар. Тааҥ балачча кэҥээбит этэ, ону дьонугар эппэтэҕэ. Хайдах эмэ гынан Киһилээхтэн аҕыйах куул бурдугу аҕалар баҕалаах. Чэпчэки таһаҕастаннаҕына, суукка аҥаарынан эргиллиэн сөп. Оччоҕо эрэ кус-хаас кэлэригэр тиийэр кыахтаахтар.

Ыттара муҥ кыраайынан ойон иһэн, туох эрэ көстүбэт истиэнэҕэ кэтиллибиттии, хорус гына түһэллэр. Кутуруктарын купчутан илэ-чахчы туохтан эрэ олус куттаммыт көрүҥнэммиттэр. Уйбаан, соһуйбут омунугар, ойон турарыгар сыарҕатын түҥнэри көтөн кэбиһэр. Бэриэччитигэр тиийбитигэр ыта ыйылыы-ыйылыы мууһу сытырҕалыыр. Үрүҥ эһэ сытын ыллахтара, өссө чугас быһыылаах. Хантан эрэ муус халҕаһатын быыһыттан кэтээн сыттаҕа дуу? Бэл күнүс үрүҥ тунахха балыйтаран көстүбэт аарыма кыыл бу айылаах балай хараҥаҕа субу да саба барыйан турдаҕына көҥүл. Бэрт чугас буолан ыттар сыт ыллахтара. Сыарҕатыгар сыҕарыйар-сыҕарыйбат сыылыҥхайдаан тиийэн саатын сүөрэр. Бэл табаны хотуппат баҕайы үрүҥ эһэни хайыа эбитэй. Тирээн туран ыта сатаан көрөрө дуу. Аны ыттара куотан хаалыахтара турар. Тарыыр маһы иҥиннэрэр тоҕоостоох муус чөмөҕө суох быһыылаах. Бэриэччитигэр тиийэрэ буоллар, ытын бэйэтигэр хам кэлгиниэ эбит. Ытыгар сынан тиийэн, быатын туппахтыы сылдьан сылбырхай ууну чалымнатан ылар. Бай! Тааҥар бэлиэр кэлбит буоллаҕа дуу. Бу сырыыга сулбу-халбы сыарҕатыгар батыччахтаан тиийэн тарыырын тардыаласпыта мууска хам тоҥо охсубут. Быһаҕынан чээччэйэн онтун бэрт өр астаһан араарар. Барыахтаах сирин маһынан анньыалыы сылдьан муус ырбыыламмытын булан ылар. Ураҕас тиийбэт кэтиттээх аһаҕас уу субу бургучуйа сытар эбит. Ыттара ырбыы адьас кыламаныгар тохтообуттар. Кыл мүччү муораҕа умсаахтана сыспыттар. Курумуутун уллуҥа мууска сыстаҥныыр гына илийбит. Ыттарын атахтарыгар инчэҕэй биллэн эрдэҕэ, кэннилэринэн тэйэн сыарҕаларыгар ыга сыстыбыттар. Халлаан сырдыырын манна кэтэһэрэ кутталлаах буолсук. Ууга да былдьатыыһыктар, тоҥон да буорайыыһыктар. Хаар тохтообот килэҥ муус чысхаанын туох тулуйуо буоллаҕай! Сыарҕатын төттөрү соһон балачча барбахтыыр, онтон ыттарын быаларын бэрийэ-бэрийэ дьиэтин туһаайыытын булларар.

Сарсыарда сырдыкка кэлэн көрбүтэ, уонча миэтэрэ кэтиттээх муора мууһа ыраахха диэри хайа барбыт. Уҥуоргу өттүгэр муус модьоҕото кими да ыыппат гына өрө күөрэлэммит. Муус үрдүнэн сылбырхай уу килэччи тоҥмута ыты да таба тирэннэрбэт үлүгэрэ. Тыал күүһүттэн сыарҕата ыттары талбыт сиригэр тамнаталыыр. Чараас муус араастаан тоҥмутугар тилэхтэрин быһыта үктээн ону салана сытаахтыыллар. Маннык буоллаҕына, өтөрүнэн Киһилээххэ сананыа суохтар. Үстүү сүүс кыраамнаах уонча бааҥка балык кэнсиэрбэлээхтэр. Онон хас хонуохтарай?! Ыттарын аһылыгын сиэн кэбистэхтэринэ, күнүнэн буруолара сабылларыгар тиийэр. Онтулара да үксэ саллааттар аһылыктарын тобоҕо, ону кытта икки-үс куул куһаҕан балык эрэ. Ыксаатахтарына, бэйэтэ соҕотоҕун сатыы баран кэлэрэ дуу, Тароторины хабарҕалаан да туран аҕыйах куул бурдугу син аҕалтарыа этэ.

Уйбаан саатын сүгэ-сүгэ туундараны күн тура-тура кэрийэ сатыыр да, кыыллара хараҕар да көстүбэттэр.Үһүс күнүгэр эмиэ туга да суох дьиэлээн истэҕинэ, арҕаалата соҕус саҕахха, кини көрдөҕүнэ, кутаа уота көстөргө дылы. Дьиэтэ тус соҕуруу, оттон ол диэки уот оттуох ким да суох буолуохтаах этэ. Хайа дьаабыный? Баалаан хараҕа иирэр дуу? Суох, илэ умайар. Котельнай арыытыттан хайа эрэ булчут кэлэн истэҕэ. Атын ким да кэлиэх туһа суох. Баран сэрэтиэххэ. Этэрикээн билиитин арҕаа өттүнэн Киһилээххэ быһа астарыан наада. Илдьит да тириэрдиэн сөп.

Уоту туһулаан барбахтаабытын кэннэ кутаа эмискэ көстүбэт буолан хаалар. Утуйдахтара. Бинокулунан саҕаҕы көрө сатыыр. Киһи хараҕар хатаныах баара көстүбэт. Сатахха утары сытыы тыаллаах. Оннук санаа мучумааныгар ылларан саараан турдаҕына, туох эрэ харалара хаар үрдүнэн төкүнүһэн таһынан кэлэн ааһаллар. Таах туруохтааҕар биир хараны төҥкөс гынан ытыһыгар түһэрэн ылар. Таба түүтэ тыалга үрдэрэн тэлээриҥниир эбит. Баччаҕа таба түүлүөх туһа суох. Хаһааҥҥы эрэ кыыл сиэҥин сэмнэҕэ сыттаҕа. Онтон тугу эбит киһи туһанара хаалбатаҕын биллэр даҕаны, тыалы утары дьүккүйбүтүн бэйэтэ да билбэккэ хаалар. Бэрт ыраах туох эрэ хараарара көстүбүтүгэр Уйбаан, хомурах үрдүнэн халтарыйа-халтарыйа, сүүрэн бэдьэйэр.

Хаһан, туохтан өлбүт таба сэмнэҕэ сытара буолла. Хабарҕатын туох эрэ быһа хадьырыйбыт, иһин бүтүннүү орообуттар, кэлин атаҕыттан улахан аҥаара уҥуоҕа эрэ килэйэр. Атына бүтүннүү сыалай сытар. Сыата да аҕыран көрбөтөх. Баҕар, кини ыппыт табата кэлэн оҕуттаҕа дуу? Билиҥҥи диэтэххэ эмис. Чэ, хаһан да өллүн. Аҕыйах хонукка ыттыын бэйэлиин үссэнэр эттэннэхтэрэ. Илин атахтарыттан ньылбы тардан ылан санныгар манаагылыы уурунан кэбиһэр да дьиэтин диэки түһүнэ турар.

– Хайаа, таба өлөрдүҥ дуо? – диэн кэргэнэ түннүгүн өстүөкүлэлии сылдьан утары сүүрэн кэлэр.

– Ким да өлөрбүтэ биллибэт кыылыгар түбэстим. Дьэ, хата, хоргуйдубут диэн аны ытыс тоһуйбат дьон буоллубут.

– Чээн, маны төһө өр сиэхпит дии саныыгын?

7
{"b":"827533","o":1}