Литмир - Электронная Библиотека

– Оо, бэрт эбит. Хата, миин иһиэхпит.

Тимир күрдьэҕинэн хаары биирдэ-иккитэ хаһыйа тарыйбытыгар туох эрэ харааран көһүннэ. Ону баран туппахтаабыта мас буолла. Испиискэтин уматтаҕын аайы тыал саба охсон иһэр, туох мас сытара биллибэт. Лаппа хаһан баран туппахтаабыта, дьиэ түннүгүн үрдүнээҕи бүүрүк маһа буолла. Түннүк суох. Өссө дьөлө хаһан баран, иһирдьэ төбөтүн уга сытан испиискэ уматан көрбүтэ: дьиэ иһэ ортотугар диэри хаар, аан баара биллибэт. Утары ала-чуо биир сиринэн хаар үрдээбитинэн сылыктаатаҕына, халҕана букатын да суох быһыылаах.

Балааккатын дьиэ хаххатыгар туруоран, били чоройор маһыттан быһыта сынньан быр-бааччы, дьэ, киһилии аһыыллар. Дьоннорун утуталаан баран, кыраһыынынан умайар тыал саба үрбэт банаарын илдьэ дьиэтин өссө үчүгэйдик чинчийэ тахсар. Бу сырыыга аан баар сирин туһунан киһи киирэригэр-тахсарыгар табыгастаах гына ыраахтан дьөлө хаһар. Сэрэйбитин курдук, халҕана букатын да суох. Оһох турбатын туһунан дьиэ үрдэ хобордоох саҕа дьөлөҕөстөөх. Ол турдаҕына кэргэнэ Шура түннүгүнэн өҥөйөр.

– Хайа, киһи олорууһу дуо?

– Утуй-утуй. Билигин туга биллиэй.

– Эрдэ дии. Көмөлөһүүм ээ.

– Аана, түннүгэ суох, үөлэһэ аһаҕас, орто сиэрдийэтинэн чэҥ дьиэҕэ киһи хайдах олоруон өйүм хоппото. Бу айылаах кэбилээн бараннар, эгэ кэлэн биир көтөх маһы хаалларбыттара буолуо дии саныыгын дуо? – Уйбаан дьоннорун бу айылаахха аҕалтаабытыттан куолаһа титирэстээн ылар. Бэйэтэ эрэ эбитэ буоллар, хомураҕы да хастан утуйа сылдьыа этэ.

– Хайа, Уйбаан, хайдах буоллуҥ? Бу диэн. Оннооҕор уоттаах сэриигэ умса анньыллыаҥ турар. Манна биһигини ким да күһэйэн үүрэн аҕалбатаҕа, бэйэбит баҕатыйан кэлбиппит. Оччолоох эрэйи-кыһалҕаны өссө да көрсүөхпүт турдаҕа…

– Оо, сэгэрим барахсан! Санаабын көтөхтөҕүҥ үчүгэйин! Эн эрэ мөлтөөбөтөргүн, үчүгэй буолуохпут. Ыттарым сынньаннахтарына, маһы да булаа инибит. Тимир эрэ баар, бириһиэн да баар. Онон өлөн-охтон биэриэхпит суоҕа!

Иккиэн тиритэ-хорута тибилийэн дьиэ иһин ыраастаан кэбиһэллэр. Тэлгэһэ хаарын тула олбуор курдук чөмөхтөөтүлэр. Бу тухары биир хардаҕаһы да булбаттар. Уйбаан оһох үрдүн чинчийэ дьиэ үөһэ тахсан күрдьэ сылдьан халҕан булан ылар. Хата, оһоххо укпатахтар эбит. Үөлэс дьөлөҕөһүн тугунан баҕарар бүөлүөҕэ. Хаптаһыны сыарҕатын адарайыттан ылыа, оччоҕо түннүк да торуллуо. Дьиэ бүтэйдэннэҕэ ол дии! Икки-үс күн били иҥнэн охто сыспыт лаабыс маһынан оттунан эриэхтэрэ. Кытылы кэрийэн, онуоха диэри тугу эмит булаа ини. Ыттара барахсаттар дьиэни эрэйэ суох буллардахтара бэрдин. Киһитээҕэр айылҕаҕа чугастара көстө сырыттаҕа, дьэ, ити баар! Сотору ыйдаҥарыа, дьүкээбил уота кутааланыа, халлаан сыыйа сырдаан да барыа. Биир эмэ кыыл таба баар ини. Били тимир лиистээх киирээр диэбит оҕонньор олохтоох кыыл баар диэн эрэрэ.

Оҕолоро турууларыгар кэҥэс тэлгэһэ, сып-сылаас дьиэ бэлэм буола түһэр. Мал-сал, иһит-хомуос барыта орун-оннун була түһэр. Арай аҕалара ыттарын илдьэ ханна эрэ баран хаалбыта оҕолору туоххаһыппытыгар ийэлэрэ:

– Бары бииргэ суулаһан олордохпутуна, күнүнэн быстарыахпыт. Кини буллаҕына-таллаҕына эрэ киһи буолаҕыт. Өссө хас эмэ хонукка бултуу барыа турар. Онон ол-бу буолан буугунаһымаҥ. Манна бөһүөлэк буолбатах, биһиги кэннэ ким да суох. Сотору халлаан сырдыаҕа, оччоҕо дьэ көҥүл-босхо сылдьыаххыт.

Уйбаан күн тура-тура мууска хам тоҥмут сытынньаҥнары хомуйан дьиэтин таһыгар саһаанныыр. Тыал сайа охсон, мууһун суйдаан, онто син мас маһынан буола түһэр. Арыт күн ыйдаҥардаҕына, арыы үөс өттүгэр кыыл көрө барар. Кыстыыр таба айан кыылын курдук биир туһаайыынан сүүрбэт, киһини көрдө да бурал гынан хаалар. Саа тэбиитигэр биир эмэ киирдэҕинэ, аны буулдьата хотуппат. Табыллыбыт таба өрө хололуу түһээт, туох да буолбакка, ыстана турар. Күһүн ааһар үөр табаҕа тутуһан туран ытыалаан өлөрбөхтөспүт быһыылаах, ол иһин туох аанньа сааны биэриэхтэрэй. Эһиил саатын уларыттаҕына табыллыыһы. Байанай биэрбэтэҕинэ биэрбэт да эбит! Ый кэриҥэ кэм устата тугу да дуксуйбата. Илдьэ кэлбит астарыттан кэнсиэрбэлэрэ эрэ хаалан эрэр. Ыттарыгар хаһааммыт балыктарыттан тыытар санаалара суох. Маннык буоллаҕына, ыттыын бэйэлиин халлаан сырдыан иннинэ хоргуйууһуктар.

Шура сынгаалаан төһө да тииһэ туллаҥнаатар, ыт аһылыга балыктан биири да энчирэтэр санаата суох. Арааһа, полярнай станцияҕа баран эмп-том көрдөстөхтөрүнэ табыллыыһы. Бу сырыыга үс биэрэстэ туоралаах Этэрикээн билиитин этэҥҥэ туораат, суукка курдук айаннаан Киһилээххэ тиийэллэр.

Тароторин кинилэри көрөөт, үөрбүт киһилии хаһыытыы түһэр:

– Хайа, сөпкүтүн көрөн төннөн иһэҕит дуо? Бээрэ, самолет кэлэрин хантан билэн кэллигит? Манна эһиги курдук дьон өр тулуйбат дойдута. Сөпкө быһаарыммыккыт.

– Төннөр санаа суох! Балаҕан түннүгэ-үөлэһэ суоҕун тоҕо эппэтэххиний? Дьиэни-уоту итинник кэбилиир диэн туох аатай. Эн көрүөхтээх-истиэхтээх учаастагыҥ буолбатах этэ дуо? Аны онно икки атаххын быктарыма. Хаһаайын мин баарбын. Сирбин-уоппун көҥүл тэбистэриэм суоҕа. Вездеходунан быйылгы мууһу үрдүнэн сыбыытаабыккыт аҕай дии. Эйигинэ суох онно ким да санамматаҕа чахчы.

Полярнай станция дьоно дьиэни булбакка мунан өллөхтөрө диэбиттэрэ ырааппыт быһыылаах, бастаан көрсүбүттэринээҕэр өссө ордук уолуйа соһуйан көрөллөр-истэллэр. Шураны оҕолорунаан Тиксиигэ ыыталлар. Манна эмтээбэппит диэн кыккыраччы аккаастаан кэбиһэллэр.

– Үтүөрдүм да кэлиэхпит, онно да биһигини үөрэ көрсөр баара биллибэт. Самолет аны биир ыйынан кэлиэ үһү. Ону көрсө тахсаар. Онооҥҥо диэри халлаан лаппа сырдыаҕа.

– Шура, туох тиийбэтин бэйэҥ билэн-көрөн бардыҥ. Били дьиэ харчытын тобоҕунан саныы-саныы тугу көрбүккүн атыылаһаар. Тыыбын, мотуорбун, канистраларбын эҥин уолаттар самолекка уган биэриэхтэрэ. Мин мантан уматык эбии көрдөһө сатыам.

Сити курдук кэпсэтэн арахсаллар. Уйбаан кибииккэтин хаалларар, ол оннугар Тиксииттэн аҕалбыт сорох таһаҕаһын кытта саллааттар аһылыктарын тобоҕун ыттарыгар өрөһөлүү тиэнэн арыытыгар төннөр. Судургу да соҕус айаннаах сиргэ, билбэккэ киирэн, өлө оонньообуттар. Ити аата Тароторин соруйан салытыннартаан үүртэлии сатыыр эбит. Манна олохтоох дьону кими да чугаһаппакка, бэйэлэрэ эрэ айаан-буйаан олорор санаалаахтара сатанымаары гыннаҕа. Дьиҥнээх хаһаайын ким буоларын дакаастаатаҕына табыллыыһы. Уйбааны чаҕытар киһи көстө охсоро ыраах ини.

Дьоно суоҕар Уйбаан кырсаҕа хапкаан туруорар, аҕыйах пааһы булан иитэлиир. Ый устата икки кырса сыалай иҥнэр. Уончаны сэмнэхтэрин эрэ булаттыыр. Бастаан утаа туох кыыл кинини батыһа сылдьан булдун сиирин билбэт этэ. Кырса кырсаны сиирин кэлин билбитэ. Халлаан сырдаан кыыл таба аны саа тэбиитигэр да чугаһаппат. Дьоно кэлэллэрин туга да суох көрсөрүгэр тиийииһи. Кэнсиэрбэлэрэ бүтэн эрэр. Станция дьоно тугу да босхо дук гыналлара биллибэт. Түүлээххэ харахтара хараҥаран, Улахан Лээхэп олохтоох булчуттарын арыгыга соролуур сурахтара кырдьык эбит. Дьонун самолекка киллэрэ сырыттаҕына, хас да киһи кырса тириитин сураһан тахсыбыттара.

– Соболоҥо тугуй? – диэтэҕинэ, – бытыылка.

– Бытыылка бэйэбэр баар, атын туохтааххытый?

– Туохха наадыйаҕын?

– Бородууктаҕа.

– Ону биһиги бас билбэппит.

– Оттон арыгыны бас билэр эбиккит дии.

– Летчиктартан атыылаһабыт.

Самолет кэлэрин билэр чугас дьиэлээх булчуттар Тароториннаахха мустан, түүлээхтэрин арыгыга мэнэйдэһэллэрин таһынан, хаартыга тириинэн тамнаһаллар. Тароторин ойоҕунаан Ульяналыын итирик дьону суймуурдуулларын илэ көрөн итэҕэйбитэ.

Уйбаан Намҥа Атамайтан кэлэн уу баһан кыстаабыта. Онно өлөрбүт үбүнэн баһыттан атаҕар тиийэ таҥныбыта. Илиитигэр аан маҥнай туппут харчыта таҥас-сап буола кубулуйбутуттан олус да дуоһуйа үөрбүтэ. Кэргэнэ эмиэ харчы диэни тутан көрбөккө сылдьан хоту киирсибитэ, онон тугу булбуттарын туһаҕа эрэ туруорар толкуйдаахтара. Оннук санаалаах киһи эрэйи көрөн булар түүлээҕин арыгыга тоҕо төлө ыһыктыаҕай. Бачча буолуор диэри хаартыны илиитигэр тутан көрө илик. Сололооҕо да буоллар, күнүн-дьылын көрүнньүккэ ыытара биллибэт. Хата ол оннугар хаартыскаҕа устар туохха да бэриллибэт үтүө дьарык баарын билэн бугуһуйа сылдьар. Олорбут олоххун туох баарынан туоһулуур, кэнэҕэс оҕолоргор кэрээбэккэ кэпсиир хаартыска эбит. Хаартыскаттан ордук уустаан-ураннаан кэпсиир туох да суох. Хата түүлээҕи хото бултуйара буоллар, уһанар тэрилгэ, мотуор чааһыгар, уматыкка, хаартыска эмигэр, кумааҕытыгар, араадьыйатын батарыайатыгар хамаҕатык атастаһыа этэ.

6
{"b":"827533","o":1}