Литмир - Электронная Библиотека

– Доҕоор, сир-дойду иччитэ биһигини аһынан бэрсибит аһын мыыныма. Баҕар, мантан ыла биһиги да өттүкпүт хараланыа, илиибит тутуурданыа.

– Оо, оннук эрэ буоллун.

– Чинчи үчүгэй! Кэлэн иһэн куруппааскы халыҥ үөрүн көрдүм. Били илим куукулатын булаар эрэ. Сарсын иккиэн көмөлөөн тардан кэбиһиэхпит.

Ити киэһэ күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ табаларын көп этин ыргыччы күөстэнэн тото-хана аһыыллар. Өссө да бу курдук сүүрэр атахтааххыттан сөп-сөп өлүүлүү тур диэн сир-дойду иччитин үөрдэ-көтүтэ аһаталлар.

– Доҕоор, мин ыттарым эрэйдээхтэргэ бириһиэнинэн кэтинчэ тигэттээтим ээ. Ыыраахтарын хайыта үктүүллэрэ арыый да буолар ини.

– Сулбу түһэ сылдьыа суоҕа дуо?

– Быалаатахха тулуктаһыыһы.

– Ол кэтирдэтэлии оҕустуҥ дуо?

– Баастарын оһуута кэтэрдиллиэ. Саланалларын мэһэйдиэ диэн тохтоотум.

– Уста сатыыр «дьон» буолуо ээ.

– Ээ, үөрэнээ инилэр.

– Мин Котельнай диэки булчут кутаатын көрдүм. Хайа эрэ киһи ыттара быстан хонно дуу, хайа үөдэн.

– Ээ, ол уот биһиги кэлиэхпититтэн умайар. Арааһа, Байанай биэрээри гыннаҕына, уоттанар-күөстэнэр эбит буоллаҕа.

– Бай даа?! Мин ол уокка баран иһэн таба этигэр түбэстим.

– Баалаан, Байанайыҥ өлүүтүн аҕаллыҥ эрэ, хайа үөдэн…

– Сарсын ханан умайарын көрдөрөөр эрэ. Туох дьикти уота умайар баҕайыный. Иккиэн, баҕар, биир уоту көрбүппүт буолуо.

Сарсыныгар оһохторун туттарар боробулуохаларыгар илимнэрин аҥаар уһугун баайан туундара диэки субуйа тардан тимир турбаларга иилэ быраҕаллар. Бу турбалары Тиксииттэн мээнэ соһуспатах эбит, син көдьүүстээн эрдэхтэрэ. Куруппааскылар хойуутук иҥиннэхтэринэ, бу быстарыктан чахчы быыһыа этилэр.

Бүгүн Уйбаан өрүүр, үчүгэйдик сынньанар санаалаах аа-дьуо киирэ-тахса ону-маны өрө тарда сырыттаҕына, эмискэ оҕолор үөмэхтэһэ түстүлэр:

– Табалаар-табалар!

Арыы үөһүн диэки налыы хотоол туундараҕа табалар арҕам-тарҕам мэччийэ сылдьаллар эбит. Киһи ханна да үөмэн чугаһыыр сирэ суох. Таах ымсыырдар быһыылаахтар, эрэйдэммиккэ остуойута суох буолууһу.

– Оҕолоор, баҕар, чугаһыахтара, мээнэ сүүрэкэлэһимэҥ. Хараххытын быраҕа сылдьыҥ. Хас таба баарын билэ сатааҥ.

Ол эрээри ээр-сэмээр бары табалартан харахтарын араарбакка кэтэһэ-манаһа сырыттылар. Кэмниэ-кэнэҕэс аҕалара тулуйбата:

– Доҕор, саабын, батарантааспын таһаар эрэ. Тоҕо кыһыытай, үөмсэн көрбүт киһи.

– Уйбаан, бастаан туоһапкалаан көрбөккүн дуо? Биэрэстэни кыайбат сири ылыа дуо?

– Ити ымсыырбыт санааҕар чугас курдуктар. Хотоол сир хоннохтоох буолааччы.

– Чэ, оттон боруобалаа ээ, баҕар, биир эмэ табыллаарай.

– Таах кыыллаан кэбиһэбит эрэ, хайдах эрэ. Боруобалыахха даҕаны. Эн бинокулунан хайдах хамсаналларын көрөн этэн биэрэн иһээр.

Били сирэр буулдьа сааларын кытта туоһапканы Шура холбуу тутан таһаарар.

– Бар, аҕаҥ хайыһарын, быатын бэлэмнээ, – диэн уолугар соруйар.

– Наһаа бэлэмнэнимэ эрэ…

– Чэ, таһаардын-таһаардын. Оол өрө чолоҥнооччу, арааһа, буур быһыылаах, онтон арыый бэттэх турары ытан көр.

– Хайа? – Уйбаан биирдэ «чус» гыннаран баран ыйытар.

– Хамнаабатылар. Өссө ыт.

– Ити аата биэрэстэттэн ордук эбиттэр. Арыый чугаһыах эрэ. Эн чолоҥноһоллоро элбээтэҕинэ сибис гынаар.

Иккиэн сүүсчэ хаамыы иһирдьэ киирэллэр.

– Уйбаан, ыт-ыт! Хамсыах курдуктар. Һок! Били тыһы эмискэ ходьох гынна!

– Төбөтүн хайа диэки хайыһыннарда?

– Иннин диэки биирдэ ойдо.

– Ол аата буулдьа кэннинэн чуһууран ааспыт. Бэйи, ити буоллаҕына…

– Һок! Тобуктуу түһээт, ойон турда. Атыыры тула сүүрэкэлиир. Атыттар букатын кыһаллыбаттар.

– Итиччэтигэр, ыппахтыы түһэрбит буолуо. Дьэ, доҕор, туоһапкабыт туһалаары гынна ээ.

– Улаханнык саҥарыма. Ол атыыр кэннинээҕини ыт. Көрдүҥ дуо? Икки кэлин атаҕынан өрө тэбэн ылла буолбат дуо?

– Көрдүм да, өйдөөбөтүм ээ. Ити аата хайаабыт быһыытай? Бэйи, билигин атыыры бэйэтин мөхтөрө түһүөххэ. Үчүгэйдик көр.

– Соһуйан кэдэс гынна.

– Сөп. Итини өйдөөтүм. Арыый иннин туһаайан аллара соҕус көрдөххө хайыыр эбит.

Туоһапка «чус» гынаатын кытта таба, өрө ходьорус гынаат, иннин хоту уончата ойор. Онтон төбөтүн илгистэ-илгистэ кэннинэн буолбахтыыр. Атын табалар бары тилигирэһэ түһэллэр.

– Чэ, Шура, тохтуохха. Арааһа, үчүгэйдэттилэр быһыылаах. Аны таах кыыллаан ыраатыннартаан кэбиһиэхпит. Налыйдыннар. Сарсын сарсыарда эккирэттэхпинэ туга-ханныга биллиэҕэ. Табыллыбыт буоллахтарына, түүн көһүйүөхтэрэ, оччоҕо ыттар начаас саба көтөн ылыахтара. Хата, били этэрбэстэрин кэтэрдитэлиэх. Уксууһунан ибиирэ түһэриҥ дуу, баҕар, уста сатыылларын бопсуоҕа.

Дьиэлэригэр киирэн бэҕэһээҥҥи күөстэрин тобоҕун сыпсырыйа олордохторуна, эмискэ турбалара кырылыы түһэр. Бары таһырдьа ойон тахсан илимнэрин көрбүттэрэ биир куруппааскы иҥнэн өрө тилигирээн эрэр эбит. Саба сырсан тиийэн хам тутан ылаллар. Аны харахтара илимнэриттэн арахпат. Ити күн устата хас да халыҥ үөр сири кырыйа көтөрүн көрдүлэр. Ол аайы илимҥэ биир-икки эрэ иҥнэр, үгүстэр субу илими кэтиэхчэ буолан иһэн, өрө хололоон суй гына ааһан хаалаллар.

– Бу да ас, – дии-дии Уйбаан куруппааскылар төбөлөрүн хампы ытыртыыр, – киэһээҥҥи миин баар. Күн аайы итиччэ да иҥнэрэ улахан. Байылыат олоххо тиийэр дьон буоллубут.

– Оннук эрэ буоллун! – Шура биир да түүнү энчирэппэккэ үргээн бурҕаҥнатар. – Оҕолорум ааҕа түү бэриинэлэниэхтэрэ буоллаҕа. Таба тириитэ тэллэх кытаанаҕар сөбүн эрэйдэннилэр.

– Ийээ, били уотуҥ умайара чугаһаата, – диэн улахан уол таһырдьаттан быган туран хаһыытыыр.

– Чэ, мин тахсан кэтээн көрүүм, туох уота умайар баҕайыный?

Уйбаан уола ыйбыт туһаайыытын диэки көрбүтэ, саҕахха соҕотох сулус санньыйбыта көстөр. Атын сулустар көстүөхтэрэ эрдэ. Чаас аҥаара саҕахтан хараҕын араарбакка кэтиир. Сулуһа саҕаҕы кытта ыпсыһыах буолан иһэн, төлөннүрэр курдук өрүтэ көтүөлээн барар. Хаар үрдүнээҕи салгын хамсыыра кытарары барытын «уокка» кубулутар эбит. Арааһа, былыргы өбүгэлэрбит итини көрө-көрө ол-бу үһүйээни оҥорон кэпсиир буоллахтара.

– Хайа? Уоккутун көрдүгүт дуо? – Шура күөһүн хотороро буолбут, остуолугар иһит тарда сылдьан ыйыта тоһуйар.

– Ээ, дьэргэлгэн нөҥүө сулус көстөрүн «уот» диир эбиппит.

– Оннооҕор тимир ылтаһыны өрбөх курдук тэлимнэтэр этэ буолбат дуо?

– Киһилээх чочумаастара ыраахтан кырдьык-хордьук хамсыыр курдук буолааччылар.

– Ол иһин «Киһилээх» дэммит дуо? – уоллара ыйытан чап гыннарар.

– Баҕар, буолуо. Өрүү дьоннооҕун иһин эмиэ ааттыахтарын син.

– Оччоҕо «Дьонноох» диэ этилэр, – диэн уол иннин биэрбэт.

– Тоҕо эрэ «Таастаах» диэбэтэхтэр.

– Баҕар, «Иччилээх» диэбит дьүһүннэрэ ини. Дьэ эрэ, эрэстэрээҥҥэ да дэҥҥэ көстөр аста боруобалыаҕыҥ. Сап саҕаттан салҕанан тот олоххо үктэнэр дьон буоллубут. Дойдубут иччитин эрэ кэлэппэтэрбит.

– Биһиги иннибитинээҕилэр кэлэтэннэр, маҥнай утаа атыҥырыы көрүстэ дии санаабаккын дуо?

– Суох. Биһиги күһүн эрдэ бу дойдуну булбуппут буоллар, муннубут тыбыырбакка кыстыахтаах этибит. Киһилээхтэр киһилии көрсүбэккэлэр эрэйдээтилэр. Хара сиргэ этэҥҥэ үктэннэхпитинэ, ким бу дойду дьиҥнээх хаһаайына буоларын көрүөхпүт. Бачча киэҥ дойдуттан көҥөнө оонньообуттарын көрдөрүллүө. Дьону итирдэ-итирдэ хаартылыылларын ыраас мууска таһаартаан тэйиэм.

Сарсыарда, дьоно тура иликтэринэ, Уйбаан ыттарын көлүйэн хотоол диэки көтүтэн хаалар. Олохтоох таба ханна сир өтүөй, хотуттан соҕуруу сыҕаллан истэхтэрэ. Ону хотоол нүөл отугар киллэрбэккэ кыйдаталыы сылдьыбыт быһыылаах. Сэрэйбит курдук, үс таба үөрдэриттэн ыраах быстан мэччийбитэ буола сылдьар. Олору быһа охсон ыллахха, үөрдэригэр холбоһо сатаан, саа тэбиитигэр киирииһиктэр.

Ыттарын ырааҕынан салайан, санаабытын курдук, быһа сүүрдэн истэҕинэ, табалар үһүөн ыт иннин быһаары батыччахтаһан субу аҕылаһан сааҕа утары кэлэн биэрэллэр.

Уйбаан ыскылааттах сүрүн «аһа» кэбэҕэстик бултанарын биллэҕэ ити. Өссө туох эрэ саҥаны тобулуохха баара.

СААС КЭЛИИТЭ

Сыарҕатыгар үс табаны адаарыччы тиэйэн иһэрин дьоно ыраахтан көрөн утары сырсан кэлэллэр.

8
{"b":"827533","o":1}