Аан дойду килбэйэр киинэ бу буоллаҕа диэх курдук, хоҥурахха туруору сааллыбыт сонос тоһоҕо төбөтө тулаайахсыйбыттыы суос-соҕотоҕун чоройор. Тыал күрүс-күрүс күүһүрдэҕинэ, хаар үрдэ үллэҥнээн ылар, оччоҕо туох эрэ тыынар тыыннаах чугас баарын курдук санаа үөскүүр. Бай! Хантан эрэ бэрт чугастан киһи саҥатын дорҕооно иһиллэргэ дылы. Ону даҕаспытынан итиннэ-манна ыттар боҕурҕастылар. Үрдүлэригэр тыал типпит хаарын тэбэммитинэн көлүүр ыттара туран үллэҥнэстилэр, уҥа-хаҥас олоотоһо-олоотоһо тыыллаҥнаһан кэдэлдьистилэр, бэйэ-бэйэлэрин сытырҕаһан ыла-ыла көп кутуруктарын хамсатан эйэргэһэн дуу, сэһэргэһэн дуу бардылар.
Ити кэмҥэ бүтүннүү түү таҥастаах киһи хаар хаптаччы баттаабыт балааккатын иһиттэн сүр сымсатык ньылбы ойон тахсан итииргээбит курдук бэргэһэтин кэтэҕин диэки сэгэччи анньар. Дьэ уонна хомурах анныттан уп-уһун сыарҕатын туруору анньар, утуйан турбут таҥаһын-сабын, малын-салын дьып-дьап кэлгийтэлиир, ыттарын аалыктарын бэрийэ түһээт: «Бата-бата!» – диэн хамаанда биэрэрин кытта, бэйэ бодолорун тардына охсубут ыттар барахсаттар иннилэрин хоту муҥ кыраайынан түһүнэн кэбиһэллэр.
Били көрбүт тураҕас ураҕаспыт ыт сыарҕатын тохтотор тарыыр маспыт эбит. Оттон соһуйа истибит саҥабыт «спидола» сэһэргиир сонуна буолла. Хоту дойду хоһуун булчута Уйбаан Кырбыһааҥкын хоҥурах анныгар хонон аастаҕа ити. Ыттарын да аһаппакка, бэйэтэ да үссэнэрэ көстүбэккэ ойутан хааллаҕа эчи суһалын.
Уйбаан ыттарын сууккаҕа биирдэ эрэ аһата үөрэтэлээбит. Киэһэ хонук сирдэригэр кэллэхтэринэ, балааккатын бэрт барбах өгдөтө түһэр уонна аан бастаан ыттарын аһылыгын примуһугар сырайан бөһүтэр, ол эрэ кэнниттэн бэйэтин аһылыгын буһарынар. Тоҥ эккэ ыт тииһэ тулуйбат, оттон тииһэ суох ыт түргэнник ырар, көлүүргэ барбат. Уйбаан примус булунуоҕуттан балаҕаҥҥа бааспат, бу курдук талбыт сиригэр хоноро сыыдам, күнэ-дьыла мээнэҕэ барбат. Аһаата да балааккатын өгдөтөр ураҕаһын ылан кэбиһэр, иһэ бөрө, таһа таба тириитэ утуйар мөһөөҕө хайдахтаах да буурҕаны биллэрбэт. Киэһэ оргуппут чэйин сампаан бытыылкатыгар кутан эмиэ иһэ-таһа түүлээх тирии мөһөөччүгэр уктан утуйар. Сарсыарда сып-сылаас чэйи кытта бөһүйэн да көрбөтөх эти утуйар мөһөөҕүттэн турбакка эрэ аһыыр. Онон хаһаайыннара аһыырын бэл ыттара да билбэккэ хаалаллар.
Бүгүн тиһэх паастарын эһитэлиэхтээх. Улахан Лээхэптэн кэлэн бу эргин ааһарыгар быйылгы булдун ааҕынан көрбүтэ – алта сүүһү чугаһаппыт этэ. Онон тиһэх сырыытын иннинэ аал уотун аһата-аһата Байанайыттан: «Аакка-суолга алта сүүспүн толорор бэлиэ кырсабын анаан-минээн анаабыллаа дуу… Байанайым барахсан, бааргын-суоххун илэ-чахчы биллэр эрэ. Бачча тухары байанайдаах булчут аатын сүктүм эрээри биирдэ да бэйэҕин биллэрбэтиҥ…» – диэн хаһан да саҥарбатаҕын саҥарбыта, эппэтэҕин эппитэ. Ол этэ-тыына олорон эмискэ этин сааһа аһыллан, куйахата үмүрүтэ туппахтаабыта. Уонтан тахса сыл олорбут балаҕанын атыҥыраабыт курдук эргим-ургум көрбүтэ. Таһырдьа уот ылар мотуора бүтэҥитик бөтүгүрүүрүн курдук, сүрэҕэ тэбис-тэҥҥэ сэлибирээн ылбыта. Оннооҕор үрүҥ эһэ түннүгүнэн төбөтүн уган турарыгар түбэһэ кэлэн баран маннык уолуйа куттамматаҕа. Оннооҕор буолуохха түбэстэ ини, түбэспэтэ ини, уҥуох-уҥуоҕа субу курдук халыр босхо барбытын өйдөөбөт. Арааһа, саҥарыа суоҕу саҥарда, этиэ суоҕу эттэ бадахтаах. Оронун анныттан кырыы дьааһыгын ороон таһааран биир бытыылка ханньааҕы салыбыратан ылан, бүөтүн төлө биэрээт, биир-биэс тыла суох кыһыл чоххо күлүмнэтэ ыспахтаата, ол кэнниттэн бэйэтэ үстэ-хаста омурдумахтаата. Испит арыгыта этин-сиинин сыыйа сылаанньытан дьэ уоскуйа быһыытыйар. Ол түүн туох да буолбатаҕын курдук утуйан тураат, паастарын эһэ барбыта. Мэктиэтигэр тугу да түһээбэккэ утуйбутуттан бэйэтэ да дьиктиргээбитэ.
Ханньааҕын аҥаарын тиһэх пааспар иһиэм диэн илдьэ иһэр. Булт сезонун түмүктүүр күнэ, онон хайаан да Байанайыгар махтанан сирин-уотун аһатыахтаах – булт булгуруйбат сокуона. Быйылгы курдук өлгөмнүк бултуйбут сыла суоҕа. Биир эрэ сыл түөрт сүүстэн таһаара сылдьыбыта. Онон эбитэ дуу, түбүк бөҕөҕө олорор-турар бокуойа суох тула эргийэ сырытта. Урут кэргэнэ, оҕолоро кыстаһар эрдэхтэринэ сынньалаҥа сүрдээх эбит. Наар кураанах таҥас, сылаас дьиэ, бэлэм ас. Кырса таҥастаныыта түбүктээҕин быйыл дьэ биллэ. Аны бу дойдуга соҕотоҕун сананыа суох. Кыс устата икки төгүл ыксаталаан ылла. Туох баҕайыта эбитэ буолла. Арыый сололонноҕуна, Киһилээххэ баар полярнай станцияҕа баран көрдөрдөҕүнэ табыллыыһы. Дьэ уол оҕо уйана-хатана биллэр дьылын киһитэ кини буолан тулуста.
Тиһэх пааһыгар күн арҕаалыыта тиийдэ. Ыттар үөрэнэн хааланнар соруйтарыыта суох бэйэлэрэ тохтууллар. Үөрүйэх баҕайытык ураҕас маһынан сыарҕатын ханна да барбат гына чигдигэ батары аста.
Пааһыгар чугаһаабыта, дүлүҥ анныгар туох эрэ хараарара көһүннэ. Өссө хамсыырга дылы: түүтүн тыал хамсатар ини. Уйбаан урут хаһан да түбэспэтэҕэр түбэспитин сүрэҕэ сэрэйэн мөҕүл гынна. Эмискэ баҕайы сүһүөҕэ мөҕөн, сэниэтэ эстэн хомурахха олоро түһэн тыынын ыла сатаата. Били ыарыыта үһүстээн киирээри гыннаҕа дуу?
Кыракый үрдэли тобугунан сынан нэһиилэ дабайда. Били хара түүлээҕи тутан көрбүтэ, саҥардыы бөһүйэн эрэр. Иҥнибитэ чаас да буолбатах быһыылаах.
– Оо, Байанайым барахсан, иннибэр субу эрэ кэлэн, хаһан да харахтаабатах хара кырсабын тиһэх пааспар куду анньан аастаҕыҥ тоҕо сүрэй! Ол да иһин уоппун аһата олорон, балаҕаммар баар сибикигин билэн, этим сааһа аһыллыбыт, куйахам күүрбүт эбит буоллаҕа, – дии-дии дүлүҥү өгдөтөн Хоту дойду сэдэхтэн сэдэх кыылын ылан үс төгүл өрүтэ аста. Сыарҕатыгар кэлэн мөһөөҕүн быатын төлүтэ тардан тутум сыалаах таба этин ороон таһааран элийэ быһан кырсатын муннугар үҥүлүттэ. Онтон примуһун уотугар сырайан сыт таһааран сырдьыгынатта, балаҕаныттан илдьэ кэлбит ханньааҕын бүөтүн төлө тарта. Ыттара, хаһаайыннара күрүлүүр күнүс примуһун уматан сыа сырайа олорорун дьиктиргээбиттии кылап-халап көрө-көрө, таныыларын араастаан хамсатан сыт ылан олоотоһо олордулар. Арай бэриэччитэ атын сири одуулаабыта буолар. Өйдөөх ыт бачча кыра сыаҕа тоҕо ымсыырыай, сөпкө гынар.
Уйбаан урут сураҕын эрэ истэр, улуу булчукка эрэ тоҕооһор күндү булдун имэрийэ-имэрийэ тылыттан матан син өр олордо. Бу түгэҥҥэ туох диэн саҥа таһаарыллыахтааҕын кимтэн да сураспатах эбит. Арай:
– Айылҕабын кытта киһилии өйдөһөн баччаҕа тиийэн кэллим, араҥаччылыыр аанньалым, арахсыспат аргыһым буолан олоҕум устата бииргэ сылдьыспыт эбиккин. Эйигин хомоппотох буолан, сап саҕаттан салҕанан тыыннаах ордон испиппин, – диэн ботугуруу олордо. Ити кэмҥэ бытыылкатын капрон бүөтүн хаарга мүччү туппутун, кэтэһэн турбут курдук, чыпчыххай тыал төкүнүтэн ханна эрэ илдьэ бара турда.
– Ээ, сирбин-уоппун күндүлээбэккэ, Байанайбын эрэ айах тута олорор эбиппин. Көрбөтөхпүн көрөн өйүм көтөн хаалбытын хайыаххыт баарай! Булчут чулуута гыммыт уолгутун ити курдук үөрэтэ сылдьыҥ. Дьэ аһаттаҕым-сиэттэҕим буоллун. Сыа да баар – сырайыллыа, арыгы да баар – күндүлэниэ. Дьэ, бука бары мустуҥ эрэ: араҥаччылыыр аанньалларым, арахсыспат аргыстарым – сирим-дойдум иччилэрэ, ахтар айыыһыттарым күндүбүн-мааныбын уос-тиис салаһыҥ. Мин да уол оҕо эбиппин, улуу булчукка тоҕооһор бэлэххит иһин махтал бастыҥа буолуохтун.
Субу олорон ааҕан көрбүтэ, быйыл кыһын алта сүүс ордугуна биир кырсаны бултаабыт эбит. Маннык өлгөмнүк бултуйбут киһи урут да суоҕа, билигин да иһиллибэт.
ОЛОХ ОСКУОЛАТА
Уйбаан бу олорон санаан көрдөҕүнэ, Лээхэпкэ аан бастаан үктэммитэ быйыл уон иккис сыла буола охсубут. Ол иһигэр тоҕус сыл толору түүлээхтээбит. Билигин дойду оҥостубутун иһин, саҥа киирдэҕин утаа амырыын дойду этэ. Сир-дойду олоҕун сигилитин барытын саҥаттан манна билбитэ, аан дойдутун саҥалыы саманна арыйбыта, олох умсулҕаннааҕын бу курас арыыга оройдообута, өлөр өлүүлүүн бу сиргэ-уокка уун-утары көрсүбүтэ.
Сыарҕатыттан туран тыыллаҥнаан ылбыта, саҕахха санньыйан эрэр күнэ кытарымтыйа хаймыыламмытын көрөн, буурҕа иннинэ балаҕанын була охсоору, ыттарын соҕуруу диэки салайа баттыыр, тарыыр маһын ньылбы тардар. Билигин утуйуон да сөп. Ыттар дьиэлэригэр баралларын билэн, ханна да аралдьыйбакка кутуруктара субулла сыыйыллар.