Литмир - Электронная Библиотека

Маны аахпыт дьон: «Киһи ыал буолара судургу да эбит!» – дии саныахтарын сөп. Били, Эллэй Боотур Омоҕой Баай мара кыыһын, үлэҕэ-хамнаска эриллибитин таба көрөн, кэргэн ылбытыгар майгыннатыахтара. Биһиги да дьоммут өбүгэлэриттэн харыс хаалбатах бадахтаахтар. Ол эрээри Уйбаан сүрэҕин сүүйбүт кыргыттар да бааллара. Ону кэлэргэ хаһааныаҕыҥ. Оттон бу сырыыга олох оскуолатыгар Чылаа кырдьаҕастан уһуйтарбытын умнумуоҕуҥ. Ол кырдьаҕас Эллэй эһэбит туһунан эппитэ-тыыммыта иҥэн итинник быһаарыннаҕа. Тас көрүҥү кытта киһи үлэтэ-хамнаһа дьүөрэлэһэрэ сэдэх көстүү. Кыыс кылааннааҕын уол оҕо уон уһуктааҕа бэйэтигэр тэҥнии көрдөҕө.

АЧЧЫГЫЙ ЛЭЭХЭПКЭ АЙАН

Сыарҕа сыҥааҕа дэгдиргиирэ түргэтээбититтэн уонна уҥа-хаҥас охсуоламмытыттан Уйбаан балаҕана чугаһаабытын сэрэйдэ. Били утуйан айанныах буолбута баара, бииртэн биир санаа тыыннаах хартыына буолан, төбөтүн иһигэр күөрчэхтии ытыллан олорор. Олору барытын ситэр кыаллыбат. Үтүө да, мөкү да үйэлээх өйдөбүллэр үллүктүүллэриттэн бу сырыыга Аччыгый Лээхэпкэ аан бастакы айаннарын ахтан ааһар, арааһа, ааспыт сырыыга быктарбыппытын ситэрэн-хоторон биэрииһи.

Уйбааннаах Лээхэпкэ киирэргэ 1962 сыл сайыныгар дуогабар түһэрсибиттэрэ. Оччолорго түүлээх таҥас көстөрө бэрт кырыымчык этэ. Харчы да суоҕа бэрдэ. Онон, санан да сананардыы сананыахха диэн, саҥа туттубут ат эккирэтэр дьиэлэрин «Приморскай» совхозка атыылаан кэбиспиттэрэ. Дьэ ол кэнниттэн, туһаҕа туруо диэбиттэрин көрдүлэр да атыылаһан, син бэлэмнэммит курдуктара.

Арҕааттан ааһан иһэр караваны көрсө киирэр кэмнэригэр бухтаҕа муус халҕаһата ыга анньан кэбиһэр. Ыраах рейдэҕэ турар «Леваневскай» диэн кыра ледоколу кытта кэпсэтиилээхтэрэ. Аны онно киирэргэ катерданыахтааххын. Дьэ ол иһин Уйбаан кытылга киирэн хаамыталаабыта хаһыс да хонугар, муус арыый дьайҕаран, үөстэн биир катер кэлэн анньыллар. Үрүксээхтээх уолаттар өгдөҥөлөһөн тахсан бөһүөлэк диэки түһүнэн кэбиһэллэр.

– Хайа, доҕор, бачча долгуҥҥа ханна бараары кытылга киирдиҥ? – диэн саҥара-саҥара катердаах уол аргыый аҕай киниэхэ чугаһыыр.

– Ээ, катер манаһабын.

– Тоҕо?

– «Леваневскайга» бырахтараары. Лээхэбинэн ааһар хараабылга киллэриэхтээхтэр этэ.

– Кэл, быраҕан биэриэм.

– Соҕотох буолбатахпын, таһаҕас да баар. Аны ыттардаахпыт.

– Тугуй? Лээхэптэн сылдьаҕыт дуо?

– Ээ, саҥа киирэ сатыыбыт. Урут сылдьыбатах дойдубут. Бултуохпут этэ.

– Оттон дьонноруҥ?

– Дьоннорум диэн – бэйэм кэргэттэрим. Үөһэ бааллар. Биир-икки чааһа суох хомуна охсубаппыт буолуо. Уонна биир сырыыга баппат дьоммут.

– Ол хаһыаҕытый?

– Кэргэним үс оҕотунаан…

– Ыалынан киирэр буоллаххыт. Онно бөһүөлэк баар дуо?

– Суох. Биир балаҕан баар буолуохтаах.

– Бай! Оҕолор үөрэхтэрэ…

– Саастара кыра, улаханым алтатыгар сылдьар.

– Дьэ, доҕор. Дьиктини кэпсиир киһи буоллуҥ.

– Итиннэ туох дьиктитэ баарый?

– Оттон билбэт-көрбөт сиргэ үс кыра оҕону илдьэ барыы – дьикти буолбатах дуо? Тоҥ хаһаа балаҕаҥҥа, маһа-ото суох дойдуга…

– Хоту дойду суруллубатах сокуоннаах дэһэллэр. Аҕыйах хонукка оттор мас баар ини.

– Онтон?

– Бачча киһи маһы баҕас булуллуо. Көрбөккүн дуо, кытыл барыта мас дии?

– Буолтун иһин, саха санамматын санаммыккыт.

– Онон дьэ туох диэн буолла? Иккитэ-хаста кырыныаххын сөп дуо?

– Мууспут хайыыра буолла?

– Чэ, үөһэ тахсыах, саараҥныы турдахха сарсын буолан хаалыа. Муора хараабыла биһигини көһүтэн турбата чахчы. Баттаспатахпытына, ыырбыт ыраатар.

– Бэйэҥ тахсарыҥ дуу. Мин катербыттан тэйэрим сатаммат. Манаатахпына табыллар. Уонна бастаан уолаттарбын илдьэттиэм. «Леваневскай» диэтиҥ дии. Олору кытта кэпсэтэн, катердарын ыыттарыам.

Инньэ гынан ол күнү быһа төттөрү-таары мэскэйдэнэн, син ледоколларын этэҥҥэ булаллар. Катердаах уол, эмиийдээх оҕону көтөҕө сылдьалларын көрөн, төбөтүн быһа илгистэр. Сөхпүтүн омунугар:

– Хайа, доҕор, ол тиийиэхтээх балаҕаҥҥыт булуустаах дуо? – диэн ыйытар.

– Дьэ билбэтим. Ону тоҕо ыйыттыҥ?

– Ээ, бэйэм. Кыстыы баран иһэр дьон диэтэххэ, аскыт-үөлгүт татыма бэрт эбит. Баалаан, «Хоту дойду суруллубатах сокуонунан», булууска эт, балык бөҕө симиллэ сытара буолуо дии санаабытым.

– Күлүмэ. Саа баар!

– Кыһын полярнай түүн саба бүрүүкүүр диэбэттэр дуо?

– Көр эрэ ол, хоту саҕаҕы.

– Ол суһумнуур – дьүкээбил уота дуо? Билиҥҥиттэн умайар эбит дуу?

– Арыт дьыл эрдэлээччи, ыйдаҥа диэн эмиэ баар!

– Ол эрээри санааҕыт модьута бэрт эбит.

– Бээрэ, мин эйигин Тиксиигэ көрбөтөх курдукпун ээ. Дойдуттан киирэ сылдьаҕыт дуо?

– Дьокуускайдарбыт. Суудунабыт ол турар. Пароходство флагмана. «Первая пятилетка» диэн ньиргиэрдээх ааттаах.

– Кыра эрдэхпиттэн көрбүт курдукпун. Дьэ, атас, абыраатыҥ. Билсэн кэбиһиэх, – Иван Кривошапкин диэн киһибин.

– Пана Потаповпын. Табаарыспар Проняҕа эр бэрдин, эрдьигэн элигин көрүстүм диэн кэпсиэҕим. Сахаҕа да модун санаалаах уол оҕо баар эбит. Сөҕөн кэбистим. Онтуҥ урааҥхай уккуйбат дойдута буолуо суоҕа дуо?

– Сыыстараҕын, быраат! Саха үктэммэтэх сирэ бу эргин суох. Ити биһиги онон-манан тиийэ сатыыр арыыларбытыгар урут мантан ытынан айанныыллара үһү. Нуучча кэлиэн быдан инниттэн тиэстибиппит, ону санаа! Хоту, өссө ыраах сытар арыыларга биһиги нууччалары сирдээбиппит. Мин ол арыыларга барыларыгар тиийэр санаалаахпын.

Ол киирэн, ааһан иһэр караваҥҥа кыайан тиийбэккэ, төннөн тахсыбыттара. Инньэ гынан, арыый эрдэ кыстыыр сири булан, дьиэни-уоту сөргүтүөх, кыыл табаны бултаныах, оттук маһы хаһааныах буолбуттара табыллыбатаҕа. Дьэ ол содулугар маҥнайгы ыарахаттарыгар ыы муннуларынан кэтиллэ түспүттэрэ.

Самолет сырыыта хаһан олохтоноро остуоруйа, онооҥҥо диэри олорорго дьиэ-уот кэпсэтиллиэхтээх, ыт аһылыга хаһааныллыахтаах эҥин. Аны дьонун хайыырый? Хааллардаҕына – ханна олороллор, тугу аһыыллар? «Холбоско» сыҥаланыахтарын – ылыахтаахтарын ылбыт курдуктар. «Тоҕо барбатыгыт?» – диэн куоластарын соното көрсүбүттэрэ. Аккаастана кэлбит курдук көрбүттэрэ. Уйбаан оннук киһи буолбатах. Хайаан да Лээхэп арыытыгар тиийэн тэйиэхтээх. Дьонун онуоха-маныаха диэри хаалларар санаалааҕын Шурата истиэн да баҕарбат: оннооҕор сэрии аас-туор сылларын этэҥҥэ нөҥүөлээбиппит, билиҥҥи үйэҕэ бачча дьон өлөн-охтон биэриэхпит суоҕа диэн тыллаах.

Ол эрээри «куһаҕан үчүгэйдээх» диэбиккэ дылы, ити ылбат-биэрбэт иэрэҥ-саараҥ кэмнэрин мээнэ быар куустан аһарбатахтара. Шура дьоҥҥо да, бэйэтигэр да иистэнэн эбии таҥас-сап булуммуттара, оттон Уйбаан, ыт аһылыгар диэн ааттаан, күн аайы туундараны сыыйтаран кыыл табаны эккирэтиспитэ – ыт айылгытын билэригэр олус көмөлөспүтэ. Урут хаһан даҕаны ыты көлүммэтэх, кыылы эккирэппэтэх киһини барахсаттар элбэххэ үөрэппиттэрэ. Кинитээҕэр булка ордук дьоҕурдаахтарын кэлин удумаҕалаабыта. Кини санаатыгар, ыттара букатын туора бара сатыыр курдуктара. Дьиҥэр, бастакы таба иннин күөйэ сүүрэллэр эбит. Оттон кыыл, иннин биэрбэт мөккүөрдээх буолан, биир сиргэ тула холоруктуур.

Саҥа үүммүт 1963 сылы Тиксиигэ көрсөллөр. Тохсунньу 7 күнүгэр Ли-2 самолетунан Улахан Лээхэп арыытыгар баар полярнай станцияҕа тиийэллэр. Киһилээх тумустан Аччыгый Лээхэпкэ түһэрэн биэриэхтэрэ диэн эрэх-турах санаалаах кэлбиттэрэ баара… олохтоохтор кинилэри муостарыгар түһэрэ көрсүбүттэрэ. Ыалынан олорор булчут Н.В. Тароторин:

– Ким бэлэмигэр сананан, бачча хойутаан, тугу бултуохпут диэн кэллигит?! Аччыгый Лээхэпкэ киһи үктэммэтэҕэ хаһыс да сыла, онно сананан кэлбит буоллаххытына, эрдэ-сылла төннүҥ! – диэн мас-таас курдук этэр киһи буолла.

Манна ПВО этэрээтэ баарын Уйбаан билэрэ. Онно эрэммитэ эмиэ табыллыбатаҕа: вездеходтарын кыһын сүүрдүбэттэр эбит. Оттон полярнай станция дьоно радиограмма охсуохтааҕар, оннооҕор оҕолору дьиэлэриттэн холдьоҕор адьынаттаахтар: тоҕо сыбыытаһаҕыт! Өссө киинэ көрө дэспит буола-буолаҕыт – киэр барыҥ!

Арай булчут Николай Васильевич кэргэнэ Альбина, ону даҕаны оҕонньоро суоҕар, оҕолору олус аһыммыта буолар. Уйбаан кэргэнигэр:

– Эһиги манна аҕыйах хонукка хаалан эриҥ, – диэн эппитин ылынар аат суох.

4
{"b":"827533","o":1}