Литмир - Электронная Библиотека

Лээхэптэр арыылара ханна эрэ муора уҥуор баарын оҕотук сылдьан иһиттэ быһыылааҕа. Биирдэ Бубякин диэн аатырбыт булчут дьоҥҥо кэпсии олороругар түбэспитэ:

– Оо, дьэ, кырдьан хаалан үтүө да дойдубун хааллардым. Эһиги, эдэр дьон, манна этиһэ-охсуһа сылдьыаххыт кэриэтэ онно киириэ этигит. Көҥүл дойду онно баар. Ким да эйигин күлүктээбэт. Бэйэҥ бэйэҕэр тойоҥҥун. Уол оҕо уйана-хатана онно биллэр. Буурҕалыын соҕотоҕун өрө тустаҕын, үрүҥ эһэлиин соҕотоҕун күөн көрсөҕүн… – дии олороро өйүгэр дириҥник хатанан хаалбыт. Оччолорго ол киһи кини хараҕар олоҥхо бухатыырын курдук баараҕадыйан көстүбүтэ.

Уол оҕо хататтаах буолла да ханна баҕарар тиийэр-түгэнэр диэн өбүгэлэр өстөрүн истэ улаатан бэйэтин тургуттан көрүөн баҕарара. Киһи сылдьар сиригэр кини да тоҕо тиийиэ суохтааҕый?! Дьон оҥорорун кини да тоҕо сатыа суохтааҕый?! Итинник күүстээх санаатын хаһан да ыһыктыбатаҕа.

Онуоха эбии сэттэлээҕэр соҕотох кэриэтэ хаалбыта харса-хаан санааланарыгар олук уурбута. Аҕата – Нам Таастаах Өргөлөөҕүн киһитэ, хоту балыкка киирэн баран, Булуҥ Бороҕонугар тоҥус кыыһын кэргэн ылан, Хара Уулаахха олоҕурбут дэгиттэр уус, ааттыын Уус Дьаакып дэнэр киһи, биир учууталга бэстилиэт оҥорбутун иһин норуот өстөөҕө аатыран, 25 сыл хаайыыга утаарыллыбыта. Оттон ийэтэ сэрии иннинэ дьаҥҥа өлбүтэ. Онон олох кыра эрдэҕиттэн атаҕастанары-баттанары дуостал абааһы көрөр, бэйэтин кырдьыгын ириэнэҕэр тиийэ туруулаһар өһөс майгыламмыта, сынтарыйары, чугуйары билбэт оҥорбута өрүү кыайыылаах тахсарыгар элбэхтэ төһүү буоллаҕа.

Инньэ гынан аҕыстааҕар, сэрии саамай үгэнигэр, ийэтин балта ааҕы кытта Дьокуускайга тахсыспыта. Билигин Хара Уулаахха ааспыт оҕо сааһын санаатаҕына, этэ тардар. Күтүөтэ Н.И. Ушницкай силиэдибэтэл дуу, борокуруор дуу быһыылааҕа. Бэстилиэттээҕэ. Арыт күн онтун сыттык анныгар хаалларан үлэтигэр барара. Оччоҕо оройунан көрбүт уолчаан ол күнү быһа бэстилиэтинэн оонньоон тахсара. Кэмигэр үчүгэйэ сүрдээҕэ чахчы, оттон дьыл-күн аастаҕын аайы алҕаска биир эмэ оҕону дэҥниэн сөбүн санаатаҕына, билигин да этэ тарпытын бэйэтэ да билбэккэ хаалар. Эдьиийэ – ийэтин балта – Настаа бопсо сатыырын истиэх бэйэлээх буолуо дуо!

Дьокуускайга кэлэн Күөх ырыынак утары баар икки этээстээх мас оскуолаҕа үөрэнэ сырыттаҕына, иитэ ылбыт дьоно атын оройуоҥҥа үлэлии баран хаалаллар. Кинини Горькай уулуссатын 62-гэр олорор Куома диэн аймахтара оҕонньорго хаалларан кэбиһэллэр. Уол үөрэнэн бүттэҕэ ол, ким да хонтуруоллаабат киһитэ хайыай! Инньэ гынан кылааһын тахсыбытын-тахсыбатаҕын бу диэн өйдөөбөт, хата уулусса оскуолатын бэрт хамаҕатык ылыныах быһыылаах эбит этэ. Саастыылаах оҕолоругар кимҥэ да атаҕастаппакка, күннээн-күөнэхтээн сырыттаҕына, сэрии бүтэһик сылыгар аҕата тиийэн кэлэр. Барашков диэн борокуруор аҕатын дьыалатын хат көрөн, босхолоппута үһү.

Аҕата ол кэлээт, Бүлүү Баппаҕаайытыгар кэргэн кэпсэппит. Онно көһөн тиийэллэр да уһаабаттар. Сүөһүлээх-астаах сэниэ дьахтар биир ынаҕын акка атастаспатаҕын иһин арахсан хаалаллар. Бүлүү куоратыгар хайыһарынан киирэн бурдук соһон тахсарын ыарырҕаппыт буолуохтаах, ол иһин аттана сатаатаҕа буолуо. Уолун Гуорунай Атамайыгар аҕалан балтыгар хаалларар, бэйэтэ былыр үйэҕэ быралыйбыт Намыгар ааһар. Эдьиийэ Матырыас кэргэнин аҕата Чылаа оҕонньорго чобой буолан уол кыһыннары-сайыннары холкуос үлэтигэр тэҥҥэ сылдьыһар киһи буолар. Дьэ, бу оҕонньор уончалаах уолу олох оскуолатыгар уһуйар. «Киһи кыайбата диэн суох», – диэн тыллаах кырдьаҕас эбитэ үһү.

Уйбаан билигин даҕаны бу оҕонньору олус үчүгэйдик ахтар. Хотоойулаах санааҕа, тугу баҕарар кыайарга-хоторго, олох араас мындырыгар үөрэтэрин таһынан, дьону харахтарынан араарарга уһуйбут:

– Тоойуом, киһи туох санаалааҕа, кимэ-туга хараҕар сурулла сылдьар куолута. Тымныы харахтаах дьонтон өрүү дьалты тутта сырыт. Иннигин биэрбэтиҥ үчүгэйин үчүгэй эрээри бэркэ бэрт түбэһээччи. Эн үөрэммэккэ хаалбыккыттан хомойума. Үөрэхтэннэххинэ, өй мөккүөрүгэр өлөргүн да кэрэйбэт киһи тахсар чинчитэ баар. Үлэ сатабылын төһөнөн элбэҕи баһылыаҥ, соччонон дьон эйигин бэйэлэригэр тэҥниэхтэрэ. Үлэттэн өлбүт суох.

Ол оҕонньору дьон: «Мөлөкүүрэп – ойуун», – дэһэллэрэ үһү да, анал таҥастааҕын, тэриллээҕин тоҕо эрэ өйдөөбөт. Көннөрү ичээн эҥин эбитэ ини. Ол эрээри Уйбаан олорбутун устата тугу ситиспитин барытын Чылаа кырдьаҕас үтүөтэ-өҥөтө диэн ааттыыр. Оҕонньор оннооҕор оҕус уһунун таах бырахпат эбит. Оҕо сылдьан ону элэгэс көрөн аһарбыта кэлин элбэхтэ туһалаабыта. Таба уһунуттан олус бөҕө быа тахсар диэн ааттыыр. Чахчы бөҕөтүн ыт сыарҕатыгар боруобалаан биллэҕэ.

Онон Уйбаан Кырбыһааҥкын чулуу булчут буоларыгар икки кырдьаҕас улахан оруолламмыт. Биирдэрэ – Бубякин ыра санаатын кынаттаабыт, атына – Чылаа онтун олоххо киллэрэргэ уһуйбут.

Тиксиигэ оҕолонон-урууланан, дьиэ-уот туттан, тутууга үлэлээн дьон тэҥинэн олохтонон испиттэрэ баара… Биир үтүө күн ону барытын түөрэ эргитэн кэбиһэр. Умулла дуу, умнулла дуу сылдьыбыт оҕо эрдэҕинээҕи ыра санаата туох ааттааҕы барытын түҥнэри сүргэйэн өрө оргуйан тахсар. Ол – «Холбос» факторията Лээхэптэр арыыларыгар бултуу киирэр киһини көрдүүр сураҕын истии этэ.

– Урут кырсаҕа сылдьыбытыҥ дуо?

– Суох, үөрэниллиэ!

– Онно дьон бултаабатаҕа ырааппыт үһү.

– Буоллун! Дьиэ баар диэбиттэрэ.

– Ытынан айаннаабыттааххын дуо?

– Суох, үөрэниллиэ!

Инньэ гынан куска эрэ сааламмыт киһи, балыктан атыҥҥа сыстыбакка сылдьан, «Холбос» кадровай булчута буоларга сөбүлэһэ охсор. Тутуутун начальнига ыытыан букатын баҕарбат: онно, ким да суох сиригэр, соҕотоҕун тугу көрдөөн киирэҕин? Өлөөрү дуо?

– Буоллун! Өлүөм суоҕа, куттаныма! Биир киһи сылдьарын сылдьыллыа! Эрэй бэйэтэ үөрэтиэҕэ!

Оччолорго күүһүн-уоҕун үгэнигэр сылдьара, маһы-оту тардан көрө сылдьар сааһа этэ. «Киһи сатаабата суох», – диэн өйдөбүллээҕэ. Кырдьык, туохха барытыгар сыстаҕаһа: «Уус уола уус буолуохтаах!» – диэн маһы, тимири тэҥҥэ тутан уһанара. «Оннооҕор үөрэҕэ суох аҕам чаһы маастара буола сылдьыбыта», – диэн кылгас кэм иһигэр тракторист, шофер идэлэрин ылбыта, бэл хаартысканы баһылаабыта. Кэлин: «Айылҕаны кытта кэпсэтэ үөрэннэххэ, барытын бэйэтэ бэриэт этэ сылдьар», – диир тылламмыта. Аһаҕас муораҕа моторканан иҥнибэккэ сылдьарын көрө-көрө полярнай станция метеорологтара сөҕөллөрө үһү. Чахчы айылҕа анаан айбыт оҕото оннук эргиччи дэгиттэр кыахтанар эбит буоллаҕа.

Кэргэнэ Шура мунаарыыта суох сөбүлэспитэ. Ыйга икки мөһөөк хамнастаах киһи үс кыра оҕолоох кэргэнин иитэрэ ыараханын билэрэ. Оҕолоругар детсад диэн суоҕа, онуоха эбии дьиэ туттаннар ороскуотурбут кэмнэрэ этэ. Аны арыт күн уончаҕа тиийэ хоноһолоноллоро. Ол дьон иһэн-аһаан, арыт адаарыһан туран кэлэллэрэ. Онон дьон тэпсэриттэн сынньана түһэр баҕа иккиэннэригэр баара.

Эдэр дьон биир сүбэҕэ кэлбиттэрэ. Бары бииргэ тутуспутунан сырыттахтарына, бэйэ-бэйэлэрин хардарыта өйөһөн, хайдахтаах да ыараханы туоруохтарын сөбө. Онон тута ыраах айаҥҥа бэлэмнэнэн барбыттара. «Холбостон» үбүнэн да, таҥаһынан-сабынан да дуоннаах көмө оҥорботохторо. Аҕыйах суумаҕа ол-бу кэнсиэрбэни, аҕыйах хапкааны уонна эргэ булт саатын биэрбиттэрэ. Онон хара бастакыттан бэйэлэрин бэйэлэрэ көрүнэргэ күһэллибиттэрэ.

Уйбаан уулусса бөҕө буола сылдьар ыттартан сэнэх соҕустарын талан, бэйэтэ мындырдаан оҥорбут алта миэтэрэ усталаах сыарҕатыгар көлүйэ үөрэппитэ. Быаҕа үөрэммэтэх ыттар сыарҕа сыҥааҕын кытта кирэр этилэр. Ол иһин быатын таба иигинэн эҥин биһэ сатаан баран, сылыбырас торуоһу суксуруһуннарбыта, сыарҕатын чараас ылтаһынынан ыллыктаабыта, быаларын хабыалаабат гына баайар албаһы тобулбута. Сыарҕатын кэбэҕэстик хомуллар гына, өссө кибитка курдук бүрүөһүннээх оҥорбута.

Кэргэнэ эмиэ бэйэтин курдук түргэн-тарҕан туттунуулааҕа, сатаабата диэн суоҕа. Чахчы да тэҥнээхтэр булсубуттара харахха тута быраҕыллара. Ханна, хаһан булсубуттарын билсэ түһэн ааһыаҕыҥ дуу.

Аҕата Намҥа кэлэн прорабтыы сылдьан уолун ыҥыртаран ылбыта. Саҥардыы бииргэ олоруох курдук буолан иһэн, Модукка тутуу ыыта тахсыбыта. Уйбаанын Модуттан төрүттээх эдэр уолга олохтообута. Маны Дьылҕа Хаан ыйааҕа быһыылаах диэххэ сөп. Сааһыары Модут Маайыгар ыанньыксыттыы сылдьар кыыс аҕыйах хонукка убайыгар киирэн, таҥаһын-сабын бэрийэн тахсыбыта. Уйбаан онно кыыс туттара-хаптара түргэнин, чэнчиһин бэлиэтии көрбүтэ. Баата ыстааны, тэлэгириэйкэни биир күн тигэн бүтэрбитин сөҕө санаабыта уонна үлэ-хамнас киһитигэр абыраллаах кэргэн буолууһу диэн түүйбүтэ. Сайыныгар кыыс аны фронтовик аҕатын ыарыылыы киирбитэ. Сэриигэ ылбыт бааһа көбөн ол эрэйдээх уһаабатаҕа. Уйбаан, кыыс убайа Бүөтүрдүүн тэҥҥэ сылдьан, аҕаларын харайсыбыта. Онно кыыс уолу сэргии көрбүтэ чахчы, онон иккиэн биир айылгылаах дьон түргэнник чугаһыспыттара. Уйбаан трактористар курс-тарын бүтэриитэ холбоспуттара уонна «Карл Маркс» колхоз биригээдэтигэр киирэн, Лена төрдүгэр Остуолба хайа чугаһыгар Хоохуччаҕа ыкса күһүҥҥэ диэри балыктыы хойуук тыынан киирбиттэрэ. Ол кыһын Уйбаан Күһүүргэ столярдаабыта, Шура балыыһаҕа санитаркалаабыта. Дьэ ити 1954 сылтан ыла, Уйбаан аармыйаҕа сулууспалаабытын аахсыбатахха, эдэр дьон хоту олохсуйбуттара.

3
{"b":"827533","o":1}