Эмискэ, туймаардар сытынан тунуйар куудара баттах субу кэллэ, дириҥ чүөмпэ ыас хара харахтар, уоһугар билиннэ сымнаҕас уос туустаах амтана… Туймаарыы, тапталтан тумнастыы, барыны барытын умнуу хатыламмат түгэнэ… Араадьыйанан «Руслан уонна Люмилаттан» ааҕаллар дуу эбэтэр сүрэҕиттэн саҕыллан тахсаллар дуу бу тыллар –
Вы слышите ль влюбленный шепот,
И поцелуев сладкий звук,
И прерывающийся ропот
Последней робости?..
Москваҕа биир нэдиэлэ остуоруйаҕа курдук оннук алыптаах этэ, ол эрээри, хомойуох иһин, туох барыта бүтэр-түмүктэнэр уһуктаах буоллаҕа, Дина дьиэтигэр эргиллэр күнэ үүммүтэ, Руслан өссө хас да хонукка хаалыахтааҕа. Бүтэһик түүннэрин бииргэ утуйдахтарын сарсыардатыгар арахсалларыгар, элэ-была тылларын этэн, Руслан: «Аэропортка атаара хайаан да кэлиэм», – диэн андаҕар аҥаардаах эрэннэриитин кытта арахсыбыттара.
Ол иһин сотору тапталлааҕын кытта көрсөр үөрүүттэн сүрэҕэ битийиктэнэ мөхсө аэропортка эрдэ кэлбитэ, ол кэннэ Русланы күүтэн регистрация оҥорор сирдэрин аттыгар турбута, оттон кини суох, суох да суох… Мүнүүтэ сыыллан ааһар, чаас тохтуу-тохтуу барар, Руслан сиргэ да тимирбитэ, халлааҥҥа да көппүтэ биллибэт, суох… Чааһы чааһынан биир сиргэ турбута, кинилэр рейстэригэр регистрация биллэрдилэр, көтөөччүлэр бииртэн биир кэлэллэр, кэмниэ-кэнэҕэс тиһэх пассажир таһаҕаһын туттаран, билиэтигэр бэлиэтэтэн, иһирдьэ дьону мунньар саалаҕа ааспыта, оттон Дина аттыгар кэлиини-барыыны, күүгүнү-хааҕыны истибэт-билбэт курдук турбут сириттэн хамсаабата, хараҕа тас аан диэкиттэн кэлээччилэртэн арахпат этэ. Араас тутуурдаахтар, сорохтор чымыдааннарын соспутунан тоҕо сууллан киирэллэрэ, биир оччо төттөрү тахсара, оттон Руслан суоҕа… «Олордуу бүттэ», – диэбиттэригэр биирдэ Дина иһирдьэ киирбитэ, тула барыта соҕотохто боруоран, сүрдээх курус буолбута, остуоруйа олоххо туох эрэ кэһиллии тахсыбыта, үөһэнэн, кый үрдүгүнэн көтө сылдьыбытын хаҕыс күүс саҕатыттан ылан, умса баттаан, аньыылаах-харалаах сиргэ төнүннэрбитэ, уку-сакы сөмөлүөккэ киирэн олорбута уонна көмүскэтэ хараҕын уутунан туолан, ып-ыраас таммахтар мөлбөрүс гыммыттара…
Оттон ити кэмҥэ Руслан инчэҕэй хаар түһэ-түһэ уостан хаалар сиигигэр суол-иис бөҕөтө тыргыллыбыт метротун диэки хааман иһэрэ. Билигин кини бу Москваҕа аҕыйах хоноругар таптаһа сылдьыбыт кыыһа Дина Дьокуускайдаан эрэр буолуохтаах диэн ээл-дээл санаан аһарда. Кола Бельды ыҥырар тус хоту дойдутугар кэргэннээх, оҕолоох, кинилэртэн ханна да барар санаата суох. Ол эрээри бу курдук көҥүлгэ көттө да, кыыс-дьахтар аймаҕы кытта быстах көрүлээри, булчутун хаана тардан дуу – сонордоспутунан барар үгэстээх.
Кини өйдүүрүнэн, эдэр эр дьонтон ким барыта сэнэх көрүҥнээх, хайа баҕарар дьахтары кытта таптаһарга бэлэм. Ол эрээри үгүстэргэ ол кыайтарбат, дьахталлар сүрдээх талымастар, охсубут сохсолорго мээнэ киирэн биэрбэттэр. Ол, бадаҕа, оҕону-урууну төрөтөн-ууһатан тэнитии, иитии курдук олус эппиэттээх уонна уустук сорудаҕы айылҕа киниэхэ сүктэрбититтэн төрүөттэнэр быһыылаах. Оттон Руслан хайа да бэйэлээх кэрэ дьүһүннээҕи кытта эрийсэн көрөргө бэлэмэ, биир табаарыһа этэринии, «кыргыттарга гипнозтааҕа», көрөн-истэн тырымнаттаҕына, үгүстэр кыайан тулуйбакка, бас бэринэргэ күһэллэллэрэ.
Билсиһэн, маҥнайгы уоҕугар өйө-төйө суох тапталга ылларбыт курдук туругар да, бэйэтин Ромео дуу, Лоокуут дуу оруолун толоро сылдьардыы сананара. Оттон ыйдаҥа түүн хоһоон тылларынан саҥара-саҥара үөһэ тыыныы, сиринэн-халлаанынан андаҕайыы, үгэс курдук, биллэр дьыаланан түмүктэнэрэ, ол кэнниттэн Руслан суола сойбута баар буолара. Маннык сырыыларыттан кини кыбыстыбата, арыгы истэҕинэ, бэл чугас доҕотторугар киһиргиирэ уонна кинилэр сэҥээрдэхтэринэ, өрүү биир сөбүлүүр анекдотун кэпсиирэ: «Түөрт уонтан тахса сааһыгар хайыы-үйэ икки төгүл Сэбиэскэй Сойуус Геройа, маршалы эрэ аннынан армия генерала званиелаах, фронт командующайа Черняховскай чиккэлдьийбит көнө быһыылаах-таһаалаах, үрдүк уҥуохтаах, кыраһыабай киһи эбит. Элбэх дьахтар кутун туппут, тапталтан бэйэтэ да аккаастаммат эбит, армия генералын сырыыларын особистар биир халыҥ хара паапкаҕа тиспиттэр. Берия киирэн Сталиҥҥа дакылааттаабыт уонна паапканы биэрэн баран, тугу диирин кэтэһэн турбут. Сталин түннүк сырдыгар кыһайан, бэркэ кэрэхсээн, бүтүн чаас аҥаара дьыаланы ааҕа турбут, Берия күүтэ сатаан баран: «Что будем делать, товарищ Сталин?» – диэн ыйыппыт. Биирдэрэ кинини көрө түһээт: «А что будэм дэлать, будэм завыдовать товарищу Черняховскому», – диэн саайбыт. Онон, эр киһи күүлэйдиэн сөп, оттон дьахтар илии устун бардаҕына киниттэн сиргэнэллэр, сэлээрчэхтэн атыннык ааттаабаттар», – диэн кэпсээнин түмүктүүрэ.
Москва хаардаах-сииктээх, массыыналара харалларынан хойуу уулуссатын кыйа тротуар устун Руслан ыраах-ыраах уурталаан, сэгэлдьитэн иһэн, хайыы-үйэ Динаны умна быһыытыйбыта. Оттон Дина куоракка кэлээт, санаатыгар Руслантан сураҕы-садьыгы күүтэ сатаабыта, киниэхэ Сэргэлээхтээҕи аадырыһын биэрбит буолан, хаһан баҕарартиийэн кэлиэн сөп дии саныыра, үөрэҕин кэнниттэн уопсайын аанын аһан киирдэ да, аллара олорор вахтертан наар сурук дуу, тэлэгирээмэ дуу сураһан көрөрө да, сырыы аайы хоруй биир буолара – «туох да суох…» Ити курдук ый кэриҥэ күүтэн баран, аны куттанан барбыта – Руслан кинини атаара тоҕо эрэ кэлбэтэ? Москваттан төннүбүтэ-төннүбэтэҕэ биллибэт, ама туох эмэ иэдээҥҥэ түбэспитэ буолуо дуо? Дьолго, Руслан оройуонугар норуот тыйаатырыгар режиссерунан үлэлиирин билэрэ, ол иһин министиэристибэттэн баран ыйыталаһан көрүөххэ диэн быһаарыныыга кэлбитэ.
Санаа-оноо ыга баттаан, үөрэҕэ да үөрэх, сынньалаҥа да сынньалаҥ буолбакка ыксаабыта. Култуура министиэристибэтин дьиэтэ ханна баарын билэрэ, былырыын сайын соҕуруу култуура институтугар үөрэххэ туттарса киирбит биир дойдулаах кыыһын сирдээн, Аржаков уулуссатыгар баар этээһэ суох уһун синньигэс мас дьиэҕэ тиийэ сылдьыбыттааҕа. Тэлгэһэҕэ хойуу от долгулдьуйара, дьиэ айаҕар сааһыра барбыт дьахтар: «Оппун тэпсимэҥ!» – диэн аймана тоһуйбута, үөрэххэ туттарсыан баҕалаах, бары кэриэтэ кыыс аймах тоҕуоруспутун дьиэҕэ, арааһа, батыахтара суоҕа диэн киллэрбэккэ, докумуоннарын түннүгүнэн ылаллара.
Дина хайдах да тэһийиэ-тулуйуо суох, Министиэристибэҕэ баран, ыйыталаһарга быһаарынна. Тымныы баҕайы күн туманы быыһынан харбыалаһан тиийбитэ, хаптаһын олбуор иһигэр тэлгэһэ хаара ыраастык күрдьүллүбүт, били сайын тэлэччи аһыллар түннүктэрэ кырыанан бүрүллүбүт этилэрэ. «Манна сайын үтүрүһэ-анньыһа сылдьыбыт кыргыттар барахсаттар ханна тиийээхтээтилэр? – дии санаабыта Дина, – хастара үөрэх киһитэ, төһөлөрө дойдуларыгар төннөн, сопхуоска ыанньыксыттыы хааллылар?»
Чарапчы сабыылаах күүлэ айаҕар тыс этэрбэһин тэбэммитэ буолаат, иһирдьэ атыллаата – лаампалар уоттарыттан сырдык көрүдүөр устун хааман иһэн, бокуойа суох массыыҥка бэчээттээн тачыгыратар тыаһа иһиллэр хос аана тэлэллэн турарынан өҥөс гынна уонна дорооболоһон баран:
– Норуодунай тыйаатырдарынан ким дьарыктанарый? – диэн ыйытта, ол кэнниттэн өйдөөбүтэ – сайын отун харыстаһар сааһырбыт дьахтар эбит, кини массыыҥкаҕа бэчээттээн талыгырата олорон, муннун анныгар буугунаан кэбистэ:
– Уон иккис хос…
Дина көрүдүөргэ тахсан, аҕыйахта хардыылаат, «12» диэн нүөмэри көрөн, ааны тоҥсуйбута буолан баран, аһа баттаата. Иһирдьэ түөрт остуол турар. Утары түннүк анныгар олорор кыырыктыйбыт тор курдук бытыктаах аҕамсыйбыт киһиэхэ атыллыах курдук гынна да, биирдэрэ кинини киһи киирдэ диэн кыһаллыбакка, иннигэр ууруммут кумааҕытыттан хараҕын араарбатын иһин аан ойоҕоһугар, эркини кыйа олорор буспут соломо баттаҕын кэтэҕэр эринэн кэбиспит ачыкылаах нуучча дьахтарыгар халыйда уонна норуот тыйаатырдарын туһунан саҥардыы ыйытан эрдэҕинэ, анараата бэйэтиттэн тэйитэрдии, муннукка олорор саха кыыһын диэки сапсыйан кэбистэ. Инньэ гынан төлөпүөнүнэн кэпсэтэ олорор, сүүһүгэр сарымтахтанар, санныгар ыспыт баттаҕа кытархай кырааскалаах, кулгааҕын эминньэҕэр быыкаайык кыһыл көмүс ытарҕалаах кыыска сэрэнэн чугаһаата. Кыыс төлөпүөнүнэн оҕотун мөҕөр быһыылаах: «Мин эйиэхэ саарпыккын үчүгэйдик эринээр диэбитим буолбат дуо, үрдэрдэҕиҥ дии!» Ити курдук балачча кэпсэтэн бүттэ уонна туруупкатын талыр гына ууран баран, Динаны кыыһырбыттыы көрөн кэбистэ.