Литмир - Электронная Библиотека

Икки илиитэ кэдэрги кэлгиллибит киһини улахан тиит аттыгар туруордулар. Кини аттыгар моойторуктаах хара ыт кэлэн, сүрдээх үчүгэйдик кылап-халап көрө-көрө, олорунан кэбистэ. Киһи, ытын көрөн баран, дьэ билигин эрэ өйдөммүт курдук, сүрэҕэ ыарыйда. Кини хараҕар үстээх уолчаана көһүннэ, күлүмнүү турар аламай күнэ арыллан ааста, кэргэнэ, имииһит аҕата, табаарыстара, Ленин сырдык мэтириэтэ – барыта хараҕар субу ирбэнньиктийэн кэллилэр… Онтон Охоноон эмискэ:

– Сиэхситтэр, сиэҥ! – диэн хаһыытаата уонна икки хаамыыны утары атыллаата. – Эһигинниктэр быстан хаалбыт акаарыны миигин эрэ сиэххит, оттон сэбиэскэй былааһы син биир тиискит хотуо суоҕа! Чэй, ытыҥ, сиэбиккит көлөһүммүн, сүлбүккүт тириибин, аны иһиҥ ыраас хааммын!

Охоноон ревком өлөөрү туран хаһыытаабыт хаһыыта, ой дуораана буолан, дьыбардаах салгыҥҥа ыраах куҥкунуу турда…

Саа сомуогун тыаһа лаһыгырыы түстэ. Ылы-чып, ким да тыына да иһиллибэтэ, оттуун-мастыын кирийэн, алдьархайы көһүтэн, чуумпуран турдулар.

Онуоха: «Бу баар!» – диэбиттии, саа тыаһа дэлби ыстанна. Охоноон охтон түстэ. Ыт, ыйылыы түһэн баран, туора ыстанна. Саа тыаһа, санаарҕаабыт курдук, сатыы ойуур үрдүнэн сатарыйа турда. Маҥан хаарга хара баттах хамсаабакка харааран сытта…

Дьэ, доҕоттоор, сүрдээх түүн үүммүт эбит!

Түүн түүн курдук, хараҥа дьайыҥыран, ынчыктыы дьуоҕаран, барыгытын да ыйыстыам этэ диэх курдук, дьиппиэрэ тымныйан, күлүгүрэ баттыы турбута…

IV

Нөҥүө күнүгэр арыы тыа үрдүгэр хара суор, хааҕыргыы-хааҕыргыы, көтөн дапсыйа сырытта.

Киэһэ буолан, от-мас күлүгүрэн барда. Арыы да тыа им бүтэй этэ. Арай чугас соҕус оҕус сыарҕатын тыаһа кыыкырдаан иһилиннэ уонна оҕонньор киһи саҥата аргыый «һай» диэтэ.

Утаакы буолбата, сылгы тыһа этэрбэстээх, тордох ыстааннаах Чооруос диэн дьаам дьиэни ититэ тутуллан киирбит оҕонньор оҕуһугар мас тиэйэн кэлэн, били ырааһыйа кытыытыгар тохтотто уонна, сирэйин-хараҕын кырыатын соттон баран, аҥаар хараҕын хайыы-үйэҕэ суор оҥон сиэбит доҕорун Охоноону одуулуу турда.

– Оо, бу эрэйдээҕим бу сытаахтыыр эбит дии… Тыый, сүрүкэтин ньии… Дьэ уһун сордоох, өлөн биэрбэккэбин, арааска да түбэһэн эрэбин. Аны бу хаарыаннаах оҕобун уматыах сорум үһү. Хара дьайдар инньэ диэн кыһайдылар, бэйэбин өлөрүөх буолаллар… Сор да буолар эбит, – диэн баран, Чооруос, ытыы-ытыы, сыарҕатыттан маһын сүөкээтэ.

– Бу эрэйдээхпин хайдах гыныах муҥмунуй? – диэн, Чооруос, ыйыппыт курдук, Охоноону көрөн кэбистэ. Суох, хата Охоноон үрүҥ-хара көлөһүнүн атын дьон дьолугар тохпот, хааһаҕы, мэрэбэдэйи туппат, баай батталыгар биир тылы утарбат буолан, уһуктубат уһун уутун утуйбута…

Онтон Чооруос, үс маһы түһэрэн баран, Охонооҥҥо барда. Хааныгар хам тоҥмутун нэһиилэ хоҥнордо. Баҕана курдук хороччу тоҥмут киһини туруору анньан, көтөҕөн илдьэн, аны ыалдьыа диэх курдук, маһын үрдүгэр аргыый сытыарда уонна, аҥаар үтүлүгүнэн тоҕо эрэ сирэйин-хараҕын саба ууран баран, өрүһүспүт курдук маһын кыстаан, түргэнник испиискэ ылан уматта. Лабаххай тыаһа таһыгыраабытынан барда. Сытыы тыҥырахтаах кыыл тииккэ ыттан эрэрин курдук, мас устатын тухары уот тиэтэйэ-саарайа, бачыгырыы сүүрдэ. Утаакы гыммата. «һаай, дьэ оттобор угуннум», – диэх курдук, төгүрүйэ көтөн ылла, саҕынньаҕын түүтүн күүдэмчилэттэ, онтон, «дьэ-дьэ» диэххэ айылаах, сирэйин салаан хараарыҥнатта.

Дьэ улам-улам амтаһыйбыт курдук, китиэккии-киэбирэ, сирилээн истэ. Күөнэ кытарда, ортото хараарда, кыһыл хаан тоҥмут төбүрэҕин курдук, ыарахан кыымнаах кыырык төлөнө күүгүнүү көттө. Чооруос, көрөн туран, этэ саласта, куйахата ытырбахтаата, уҥуоҕа босхо барда. «Бостуой уматаммын», – дии санаата, дьүһүнэ уларыйда, бөтөн барда…

Уот күтүр, илэ-бааччы кыайан-хотон, үллэ күлүмнүү, өргөһө уһуктанан, күүгүнүү-күүгүнүү, саһыгырыы-саһыгырыы, бачыгырыы турда. Ол аайы тыа түгэх күлүк хараҥата, улаатан кэлэ-кэлэ, ынчыктыы-ынчыктыы, иҥиэттэн кэбиһэ сытта.

һук! Дьэ сиҥнэн соҕотохто намтаата. Быһыта-хайыта тыытарга дылы гынна, хараарбахтаата, будулуйда уонна өһөх хара буруо үллэ-лөглөрүйэ оргучуйан таҕыста.

Онтон көрдөххө, харам улам-улам кыччаата, бытарыйда, арай төбөтүн эрэ уҥуоҕа харааран сыппахтаата. Онтон уот: «Дьэ бүтэн эрэр», – диэн, холкутуйбут курдук, мөлтөөтө, бытаарда, улаханын бүтэрэн, кыратын итигэстэһэн барда.

Онуоха көрдөххө, били төҥкөгөр тиит лабаатын хаара ууллан, харах уутун курдук таммалыы турар этэ. Тыам иһэ, эмиэ санаарҕаабыт, соҥуйбут курдук, ылы-чып буолла.

Арай арҕаа эҥээртэн мөлүйүөнүнэн ахсааннаах уоттаах сулустар хара өһөх буруону курдаттыы өһөн эрэр уот оннун, ытыыр курдук, чипчилиҥнии-чипчилиҥнии, көрөн турбуттара…

1927

Сордоох суха

Саас буолан, от-мас тэтэрэ симэнэн, чэлгийэн турда. Көмүс күөмэйдээх күндү ырыаһыт чыычаахтар өндөл күөх халлаан көҥүл күүлэйигэр күөрэйэ көтө күүгээн бөҕөнү түһэрдилэр.

Туох барыта тилиннэ, үөрдэ. Ийэ сир кэскиллээх чээл сирэм ньуура тубуста, дьэрэкээн таҥалай дьүһүнэ кэйдэ.

Бурдук ыһыыта буолла.

Хаампый оҕонньор уолунуун алаастарын үрдүнээҕи сонуоктарын тартара күөрэҥнэһэн тиийэн кэллилэр. Оҕонньор былыргы дуомунан уот оттон, сыт таһаарда уонна, илин диэки хайыһан туран, бэргэһэтин устан баран, ботугуруу-ботугуруу, кириэстэнэн сапсынна.

Онтон дьэ сирдэрин тартара киирдилэр.

Аҕыйахтык хаамтараат, сухалара ылымына:

– Тукаам, бэйи, тохтоо эрэ, – диэтэ оҕонньор. Сэргэ маһын хараҕатыттан көҕүрэтэн баран, оҕонньор, таптаҕым буолуо диэбиттии, аа-дуо сыыҥтаан «бар» гыннарда уонна: – Чэ хаамтар, – диэтэ.

Утаакы буолбата, аҕыйахтык хардыылаат, эмиэ:

– Тукаам, бэйи эрэ, тохтот, сухабыт хайдах эрэ тыҥырахтыыр ээ, – диэтэ. Оҕонньор, торбос үтүлүгүн илиитигэр ыаҕастыы ыйаан баран, буугунуу-буугунуу, токоотун кэлин биттэҕэр уларытан баайан аадаҥнаата. Бүтэрэн баран холкутук: – Чэ бар, – диэн буолла.

Суха сылдьыбыта аата эрэ биллэр-биллибэт гына тырыыпайдатан тахсан, эргитэн, бааһынайдыы хаамтаран иһэннэр, эмиэ саҥа иһилиннэ:

– Бэйи, нохоо, тохтот-тохтот! Ытаһа маспыт түспүт!

Онтон ытаһа мастарын булан уктаннар, иһирдьэ-таһырдьа дьоодьоҥнотон, баран истилэр. Суха аанньа ылбата, аппа сиргэ букатын таах барда. Оҕонньор, сүүһүн быччыһыннары тутта-тутта, күүһэ баарынан баттыы истэ. Эмиэ утаакы буолбата.

– Бэйи, тохтот, быһыыта, сыыһы ытырда, – диэтэ оҕонньор. Сыыстарын ыраастанан, эмиэ бардылар.

Иккис эргийиилэрэ буолла, уол оҕуһун тосту эргитэн алтахтатан эрдэҕинэ:

– Нохоо, тохтоо эрэ! – диэн хаһыы тоҕо барда. – Аны токообут сыҥааҕа тулунна, бар, сүгэни аҕал!

Сүгэ аҕаланнар, оҥорбута буолан баран, эмиэ айаннаатылар.

Саҥардыы хоҥнон эрдэхтэринэ:

– Киллэр-киллэр! – диэн оҕонньор дьохсооттоото.

Онуоха уол:

– Оттон оҕуһум сөпкө иһэр ээ, – диэтэ.

– Бэйи-бэйи, тохтот-тохтот!.. – оҕонньор тиритэ-хорута быһыытыйда, баттаҕын саҕатыттан көлөһүнэ саккыраан түстэ. – Ыраах баайан кэбиспиппит, төһөнү эмэ ардайдыы сылдьар, – дии-дии, эһитэ тарпыт курдук туттан-хаптан, ыга-ыгатык тардыалыы-тардыалыы, уларытан баайда уонна бэргэһэтин, түһэн эрдэҕинэ өрүһүйбүт курдук, түргэнник торбос үтүлүгүнэн өрө аста.

– Чэ бар!

Бардылар.

– Киллэр!.. Таһаар-таһаар! Тууй-йиэ! Көрөн хаамтар, мин эйигин ардайдатыма диибин ээ. Хайы үөдэн, сырыыта табыллыбата, доҕоор! Туой тыҥырахтаан быһа сытыйар буоллаҕа үһү. Бэйи эрэ, тохтоо! – диэн, оҕонньор сухатын суолун тарыйбахтаан, ыраастаан, кэннинэн состо. Оҕустара кэннинэн барбакка, биир айдаан турда.

– Сирэйгэ биэр!..

Биир былырыыҥҥы ардай быһыылаах, үрдүк соҕус мөҥүрүөн сир кэлбитигэр суха дириҥник ылла. Оҕонньор, өссө дириҥник ыллын диэбит курдук, туох баар күүһүнэн баттаан истэ, кыһыы-аба ыраатта, мэктиэтигэр сыыҥа субуруйан түспүтүн билбэтэ. Онтон били томтор эмискэ бүтэрин кытта, суха, босхо баран, тумсуттан иҥнэн өрө тэптэ да, оҕонньору ыраах, төбөтүн оройунан эһэн кэбистэ.

– Чэ бэрт да сор, доҕоор! Көр сүнньүбүн быһа түһэ сыстым дии! Сатана сэбэ туох үөдэн буолан хаалла? Урут оттон бастыҥ сэппит аатырар этэ дии. Бу күһүн Өрөһөөк уларса сылдьан сырыытын уларытан кээспит эбит буоллаҕа. Ити тухары киһи киэнин аанньа ахтыбаттар. Бу маннааҕы ытаһата эмиэ түспүт эбит дии, быһыыта. Бар, нохоо, ыл ол маһы аҕал!

6
{"b":"821341","o":1}