Литмир - Электронная Библиотека

Уол муннун тыаһа утуйда быһыылаах. Оҕонньор, ону сэрэйдэ гынан баран, кыһаммата. Кини хоонньугар ыстанан тахсыбыт куосканы имэрийэ-имэрийэ, киниэхэ кэпсиир курдук, аргыый кэпсии сытта.

– Онтон дьэ күһүнүгэр от-мас сайын барахсан кэлиитигэр чэлгийэ симэммит күөх нуоҕай өллүргэтэ тохтон-хоронон барда, көҕөрөн көстөр торҕо тыа күкээрэн, сэндээрэн көстөр буолла. Сэмэнэп саҕана хас эмэ хонугу мэлдьи өһөөн-сааһаан туран ардах бөҕө түстэ. Күн-ый дьаабыта биллибэт буолла. Күөх халлаан күлэр ньуура сабыллан, хараҥаран, хараара сытыйбыт от түгэҕинэн отуу оҥостубут курдук, бүрүйэ сүүдүрүүннэннэ.

Дьэ ол күннэргэ мин Аанчыгым өлөр охтуутун охтубута. Күнүһүгэр ыалдьа-ыалдьа, уу баһа, ынах ыы сылдьаахтаабыт эбит. Ону биллэрбэккэ кистээбитэ. Кини ол хоргуһа дуу, хоргуппутун күүһэ эбитэ дуу, ону билбэтим. Ол түүнүгэр, сарсыарда таҥара сырдаан эрдэҕинэ, Аанчыгым быыһаммакка эрэ барбыта.

Билигин даҕаны, бу отут сыла туолан эрдэҕинэ, миэхэ бу баар курдук кини иэйэн-туойан, ынчыктаан кулуннуу мөхсө сытара…

Эрэйдээҕим сыыһа баттаҕын куруук тараанара, онтуката үрэллэн, биир кэм лаглаҕай гына иилистэн баран сыттыгар ыһыллан, туох да күүһэ-көмөтө суох, сирэйин ооккото муннуктанан, ыарыы бөҕө кэбилээн, дьүһүн-бодо буолан баран: «Өллүм, өллүм…» – диэн хаһыытаабыта, аймаммыта, дириҥ ынчыга сүрэхпэр билиҥҥэ диэри баас буолан сылдьар… Онтон бэттэх киһи ынчыгын тулуйан истибэппин.

Сиэх-сиэх курдук түҥ-таҥ тутан баарта сүрдээх этэ. Оҕо, дьахтар куттанан бары тыаҕа түспүттэрэ. Арай мин эрэ онно, абыраары, баһыгар олорбутум.

Онтон түүн үөһүн саҕана мэнэрик аҕаллыбыт. Туһа суох. Онтон ыксаан, киэҥ көҕүс кыараан, отоһут буллубут. Ол күтүр илиилэспитэ. Сол кини илиитин анныттан Аанчыгым кыа хаан ортотугар сытан барбыта… Ааттаспыт-эрэммит курдук хараҕын ооккотун сааһын тухары быһа симмитэ. Күлэр-үөрэр, ыҥырдахпына хайыһа түһэр бэйэтэ ыҥырбыппар, ытаабыппар кыһамматаҕа «сиэтигит ээ, абабын, тоҕо бу курдук кэбилээтигит?» диэх курдук этэ. Сиэбиттэр биһиги баарбыт. Сиэбит ийэтэ, аҕата бааллар. Кини оҕо… оҕо этэ, этэ-хаана ситэ илик этэ. Ону биһиги саҥардыы атан эрэр ньургуһун курдук үүнэн эрдэҕинэ, күүһүлээн, киһи олоҕун талбыппытынан дьаһайан, өлүү түгэҕэр умсары анньан сарбыйбыппыт. Ол алдьархайын хаһан өйдүүбүт, билэбит, оннооҕор кэпсэттэххэ кэрэхсиир суох, арай сүрэхпэр баастаах мин Аанчыкпын кэбилээбиппин умнуом суоҕа…

Онтон бэттэх дьоллоох олоҕу олорбуппун билбэппин. Барыта хайдах эрэ түүл-бит курдук, хайдах эрэ итирбиттии балааскайдыы эрэ сылдьар быһыылаахпын. Ол да буоллар дьонум кыһайаннар иккиһин ойох ылбытым. Онтукам миэнэ миэнин курдук эмиэ өлбүтэ. Ол кэнниттэн дьонум эмиэ өлөннөр, дьиэ-уот диэнтэн тэлэһийэн, төрөтөр оҕо минньигэһэ, тэҥнээх доҕор таптала диэни билбэккэ, туох эрэ курдук хаһан суолга туора охторбун кэтэһэ сылдьар муҥнаахпын. Оо, Аанчыгым, Аанчыгым, чыычааҕым оҕотун…

Оҕонньор ытаата.

– Чэ бу курдук идэлээхпин. Кинини санаатарбын эрэ хайдах да кыаммаппын. Дьэ аны арыый буолаа инибин. Бу ыанньыйбыппын таһаардым.

Бу икки ардыгар сайыҥҥы түүн сырдыы быһыытыйда. Оҕонньор хайдах да кыайан утуйбата. Онтон утуйбакка эрэ туран, дьон уһуктуохтарын иннинэ, таҥаһын абырахтана олороохтообута…

1927

Охоноон

(1921 сыл)

I

Кыһын. Сарсыардааҥҥы омун тымныы тумана, уҥуоргу тыа көстүбэт гына будулҕан буолан турбута. Киһи-сүөһү тыына бииргэм иһиирэн эрэр курдук сып-сыыгынас этэ. Мастыын-оттуун барыта чоҥкунас тыастаммыта. Бэл диэтэр көс быһаҕастаах ыал халҕанын тыаһа «кыыкыр» гынан иһиллэр этэ.

Дьэ тымныы бөҕө буолта!

Бу үлүгэр тымныыга сирэйиттэн-хараҕыттан уу ыгыллан тахсыар диэри ыга тоҥмут биир хамначчыт уол уһун баҕайы хотонноох, икки сирэйдээх оһохтоох суоруу балаҕаҥҥа киирэн иттэ турар этэ. Ол турдаҕына: «Нохоо, тахсан аты көлүй эрэ!» – диэтэ тойоно Бүөтүр оҕонньор.

– Сөп. Ол ханна байаҕын? – диэн, холумтаҥҥа атаҕын тос-тос тэбиэлии-тэбиэлии, тоҥон бөлүөстүбүт тылынан уол ыйытта.

– Нохоо, аны эн эрэпкиэм буолаҥҥын ыга үктээри, мин ханна барарбын силиэстийэлээтиҥ дуо?! Бэйи, аргыый хабарҕабар түс! Ол эрээри, баҕар, хотон куттуоххут даҕаны суоҕа! – диэн оҕонньор суон күөмэйинэн суоһуран кэбистэ. Уол, куттаммыт курдук, үтүлүгүн, бэргэһэтин холумтантан ылан, купчурус гынан хаалла.

– Дьэ өрө көрбүт оҕолор тыыннара тахсар дуу, суох дуу? Ама кинилэр бэйэлээхтэри туох «кыайар» үһү! Сыакаардар!.. Аны биһиги уочараппыт ама кэлбэтэх үһүө? Дьэ атаспын Ньохчоо уолун кытта кэпсэтэр күнүм үүннэ дуу, суох дуу? Мин үрдүбэр чохчойоро, боротокуолунан куттуура эрэ бэрт этэ. Араас баайбын: саҕынньахтары, хааһахтары – тутан ылаттыыра. Дьэ билигин хайабыт үрдүкү буолар? Бүөтүр оҕонньор дуу, имииһит Ньохчоо уола кини дуу?! – дии-дии, күлэн күһүгүрүү-күһүгүрүү, Бүөтүр оҕонньор урут сискэ хорҕотон турбут улаан атынан бырааба диэки сыҥнаран истэ.

Киэҥ Чөркөөх дэриэбинэ хотун томторугар киирэн кэллэ. Таҥара дьиэтин кириэһин көрөн баран, боччум баҕайытык кириэстэннэ. Былыргы бырааба олбуорун уҥа ааныгар үрүҥ былаах анньыллан турарын көрөн баран эмиэ кириэстэннэ. Тоҕо кириэстэммитин бэйэтэ да билбэтэ. Дьэ үс хонук иһигэр бу дойдуга киһи-сүөһү үксээбит. Иннэ-кэннэ кэрбэммит курдук мултуллубут, боччоруспут тоҥус төрдүгэстээх, таба саҕынньахтаах дьон, бииргэм «быраат, быраат!» дии-дии, үллэрэҥнэс буолтар. Олбуор ойоҕоһугар араас мас даҕаны, көмүс даҕаны ыҥыырдаах аттар, муус кыаһаан буолан, чохчоһон тураллар. Урукку волревком чарапчытын үрдүгэр хайыы-үйэҕэ былыргы бырааба өрүөлүн, аҥаар кыната тоһуннар даҕаны, анньан кээстэр. Уҥа диэки муннукка биир миҥэ атыыры биир тойоҥҥо биир киһи бэлэхтээн эрэр быһыылаах, дьон бөҕө бөлүөхсүбүт.

Били биһиги оҕонньорбут кэлэн, сыарҕатыттан түһэн, төрдүн кутуйах кэрбээбит сабыс-саҥа кыл көнтөһүнэн атын сэргэҕэ туомтуу тардан баайан кэбистэ.

Дьиэҕэ киирэн: «Ыстаап тойоно баар дуо?» – диэтэ.

– Баар. Аас! – диэн буолла.

Оҕонньор саалаҕа киирдэ.

– Куола, дорообо!

– Дорообо, кырдьаҕас! Кэпсээ, олор.

Итинтэн ааннаан, саас-сааһынан үгэргии-сэтэрии, икки «күннэрэ тахсан эрэр» баайдаах «хамандыыр» кэпсэппэхтээтилэр. Онтон Бүөтүр оҕонньор кистиир быһыынан эттэ:

– Дьэ, Куолаа, мин эйиэхэ этэр тыллаахпын. Бу биһиги нэһилиэккэ эрэпкиэм буола сылдьыбыт, уруккута мин хамначчытым, адьас дьиҥнээх баһамыык санаалаах киһи баар. Ол кини билигин дьиэтигэр кирийэн олорор. Дьиҥнээх кумуньуус киһи диэн кини буолар. Оттон мин түүбүн үргээмэхтээбит барахсан – куоласпын да быспыта, биир хонукка сибииккэҕэ да олорпута. Тугу барытын баай диэн аҥаардас миэхэ түһэрэрэ, араас сарыы мэрэбэдэйдэри, били чуоҕур кур оҕуспун өйдүүрүҥ эбитэ буолуо, ол тириитинэн бэртээхэй диэн хааһах оҥостубуттары барытын ылбыта уонна өссө эмээхсиннэри боротокуоллаан турар. Дьэ онон, холобур, мин билигин бырааппын туппучча, бочуоттаах киһи быһыытынан, бу киһини көрдөргүт үчүгэй буолуо этэ, холобур, кутталлаах, баһамыык киһи буолуо диэн этэбин. Санаатахха даҕаны, куһаҕаннык көрүллэригэр ааттаах Уот Субуруускай сүрэҕин ытарҕата буолуо дуо? Онон, мүччү харбата илигинэ, далай иһигэр баар эрдэҕинэ, өрүһүйэн, холобур, бэйэни биллэрдэр сөп буолуо этэ, – диэн баран, сүүһүн көлөһүнүн соттон кэбистэ. Уонна, бэйи, син үчүгэйдик этэн таһаардым ээ дии санаан баран эптэ:

– Чэ ити курдук, онон, тойонноотор тойонум, оҕолоотор оҕом, бэйэҕин кытта билсибэтэҕим иһин, ол боротокуоллана эҥиннии сылдьыбыт убайыҥ үүннээх-ыҥыырдаах үтүө тылын сиргэ-буорга хаалларбатаргын үчүгэй буолуо этэ, – диэн баран курун мөлтөтүннэ.

«Хамандыыр»: «Көр, бу оҕонньор эрэйдээҕи», – диэх курдук, ымах гынна уонна хаана ыараан, сирэйэ мырбас гынан баран:

– Ким диэтиҥ? – диэн лаппа ыйытта.

Бүөтүр оҕонньор эмиэ киһи истибэт гына кулгааҕар эттэ. Уонна ити Өлөксөй оҕо дьиэлэри-уоттары бэркэ билэр, кинини эмиэ боротокуоллаабыта диэтэ.

«Хамандыыр», оҕонньор этэрин истэн кэбиһэн баран, киэбирэ таарыйа бэстилиэтин таһааран сото-сото, сымыйатыгар кэллэҕинэ, ытырыык ыт курдук, сирэйин бырдьыһыннары тутта-тутта, дьэ кинилэр кыайан-хотон эрэллэрин, Дьокуускайы ылаллара чугаһаабытын, сэп-сэбиргэл үксүн, бууска кэлэрин, дьоппуон көмөлөһөрүн, оһумуойа кырдьыгы аҕыс гыммыт сэттэтэ сымыйаҕа булаан, кырдьык-хордьук кэпсээн барда. Кэлин тиһэҕэр тиийэн оҕонньортон сиэртибэ көрдөөтө.

4
{"b":"821341","o":1}