Литмир - Электронная Библиотека

Уонна им-ньим, ылы-чып, сып-сымнаҕас, сөп-сөрүүн.

Ол эрээри утуйа илик киһи, быһыыта, син баар эбит: сайылык арҕаа уһугар тиил оҕуруоттаах икки ыалтан илин диэкититтэн биир киһи, сонун сөрүү туттан, аргыый бэдьээлээн хааман оҕуруоту тахсан, туос түннүгэ туртайан көстөр балаҕаҥҥа, халҕанын тыаһаппакка, сэрэнэн үктээн киирэн кэллэ. Көрдөххө, туус маҥан баттахтаах, кыра уҥуохтаах, бэрт диэн нарын, хайдах эрэ сырдыкка дылы сэбэрэлээх, кыра соҕус ньохчоҕор, быллаллыбыт уостаах, мыччыллыбыт сирэйдээх, киһи таптыан курдук Мыычаар диэн оҕонньор буолан биэрдэ. Киирэн уҥа, сытар оронун диэки туллар-туллар, татыр-тутур хааман кэлбитигэр, бастаһа сытар Дьаллай диэн уол ыйытта:

– Оҕонньоор, бу ханна сырыттыҥ?

– Ээ, таһараа ыалга, – диэтэ аргыый Мыычаар, өрө тыына-тыына.

– Оттон тоҕо хойутаатыҥ? Мин ханна бардаҕай диэтим ээ.

– Ээ, бэйэм…

– Ол бэйэҥ тоҕо?

– Дьэ бэркэ да ыйыттыҥ, доҕор… Былыргыбын, доҕорбун санаан… – диэн баран, түргэн соҕустук өлбүт доҕорун Аанчыгы көрөөрү, кулун суорҕанын бүрүнэ тардынан сытан барда. Санаатын түмээри, хараҕын быһа симэн, чапчааһын курдук сүүһүн быччыһыннаран, тугу да истибэтэрбин, Аанчыкпын көрдөрбүн дии санаан сытта. Ол сыттаҕына уола:

– Ол ханнык доҕоргун? – диэн эмиэ ыйытта.

Мыычаар тохтуу түһэн баран:

– Аанчык диэни, – диэтэ.

– Ону эн тоҕо ити ыалга тахсан саныыгын?

– Тукаам, эн тугун билээхтиэҥий? Аһыылаах, таптыыр доҕорун куоттарбыт киһи туой, сылдьарын былаһын тухары бу дойдуга булуох курдук кинини, кини курдугу көрдүү сылдьар идэлээх. Ол үкчү эн аһыылааҕыҥ, тапталлааҕыҥ курдук түбэстэҕинэ, ону киһи сүрдээх үчүгэйдик көрөр, саныыр баҕайыта. Хор, ол курдук буолар… Бу таһараа ыал оҕолоро, түбэһиэн иһин, ааттыын-суоллуун үкчү мин Аанчыгым курдук эбит. Инньэ гынан кинини көрдөхпүнэ, сүрэҕим үөрэр, Аанчыгым бу тиллэн сылдьарын курдук саныыбын. Арыый санаам чэпчиир, – диэн баран, Мыычаар эмиэ кулун суорҕанын бүрүнэн барда.

– Ол Аанчык диэн тугуҥ этэй?

Мыычаар дириҥник өрө тыынна уонна: «Чэ бэйи, мин эйиэхэ кэпсиим даҕаны», – дии-дии, сыттыгын дуомун көннөрөн баран, уот диэки хайыһан, тобуга токуллан сытан аргыый кэпсээн барда.

– Мин төрдө-ууһа суох, хабалаҕа ылларбыт, баай ситимигэр иҥиннэрэн көлөһүннээн сиэбит, бэрт дьадаҥы, кылгас киһиттэн төрөөммүн, кыра оҕо эрдэхпинэ ыалга иитиллэ бэриллибитим үһү. Бэрт диэн эрэйдээхтик үөскээбитим: уоннаахпар саха хотуурунан аҕыс былас оту оттообутум. Ол сайын этим иккитэ быстыбыта. Ону ити эн ааҕар түөҥҥүнэн быһыта сиэппиттэрэ. Уон ордуга түөртээхпэр төрөөбүт ийэм-аҕам уҥуохтарын, дьаҥҥа өлбүттэрин кэннэ, бэйэм соҕотоҕун иин хаһан туппутум.

Ол ииппит дьонум оҕото суох, сэниэтиҥи дьон этилэр. Чугаһынан табыгастаах дьахтар суоҕа. Оччотооҕуга барыта халыымынан этэ. Инньэ гынан мин хайдах эрэ сүүрбэбин туолуохпар диэри сырыттым. Сүүрбэ биирбэр барыыбар, оччоҕо ыраас харахтаах-көстөөх этим, дьонум дьэ ойох ыл диэн хаайаллар. Арай биирдэ дьэ быһа киэргэнэн, ийэм кумааһынай курун курданан, аҕам билэлээх түнэ этэрбэһин кэтэн, күһүн ат көрдүүр аатынан мин дьонум ыйаахтарынан, муна-муна, Моорук нэһилиэгэ Куома диэн киһи кыыһын көрө кэллим.

Балаҕан дьиэҕэ көтөн түспүтүм, сэнэх, орто соҕус ыал быһыылаах эбит. Арай кэтэҕэриин ороҥҥо биир ып-ыраас хааннаах, сүрдээх киһи иһигэр киирбэх, номоҕон уһун ньылбаа сирэйдээх, сыыйыллаҕас муруннаах, төп-төгүрүгүнэн саһарчы көрбүт, сиртэн-буортан тэйбиккэ дылы кыыс оҕо саҥа сиидэс ырбаахы тигэ олорор эбит. Чэ дуу, көрөөт, адьас сүрэҕим тэбэ түстэ: хайдах эрэ хааным-сииним итийэргэ дылы гынна, сүрдээхтик чэпчии, атаҕым сири билбэт буола үөрдүм, омуна суох: «Дьолбун даа, кини мин ойоҕум, доҕорум буолуо буоллаҕа, үчүгэйин даа», – диэн манньыйан, уйадыйан хааллым. Хор, ол курдук, көрөөт соҕотохто сүрэҕим-быарым ортотунан киллэрдим. Киһи оҕордук муода буолар эбит этэ. Оттон бу сааһым тухары үчүгэйи даҕаны, куһаҕаны даҕаны көрбөхтөөтүм ини, ол тухары биирдэ даҕаны ол курдук буолбатаҕым.

Онтон туран, мин уоран туой хараҕым кырыытынан одуулаһа, кыҥаһа олордохпуна, бии кыыһым, Аанчыгым бокуонньук, оо, оччоҕо үчүгэй да этэ, уу долгунун курдук хааман (күөх ырбаахылаах этэ) чуулааҥҥа киирэн хаалла. Ол түүн хонон, сарсыҥҥытыгар дьиэбэр төннөн, аҕыйах хонон баран, аҕабыныын иккиэн кэпсэтэн, халыымын сөбүлэһэн, Аанчык сөбүлүүр буолан, мин сааскытыгар (дьоно буолуохсуттар биир сылы уораннар эрдэ биэртэрэ) уон биэстээх кыыһы сүгүннэрэн аҕалабын. Дьэ биһи бэйэ-бэйэбитин олус таптастыбыт. Оҕордук сүрэхпит, санаабыт биир буолла, сорох ардыгар букатын оҕо курдук оонньуур этибит. Биирдэспит суоҕар биирдэспит тылыттан-өһүттэн матан тэһийбэт, бииргэ сылдьар буолан хааллыбыт. Кини туох хамсыыра барыта миэхэ күндү, үчүгэй, сүрэҕим ортотунан киирэр этэ. Эчи Аанчыгым барахсан бэйэтэ да майгына үчүгэйэ, иккиэн да биирбит, хайабыт да төрдүнэн, баайынан киэбирбэт, киэбирэ үөрэммэтэх буолан, тэҥмит да бэрдэ. Ыарахан сылдьан сайын куйаас баҕайы күн от мунньа туран «уутай» диирин өйдүүбүн эбээ…

Онтон биирдэ, ол сайын Аанчыгым оһоҕостоох сырыттаҕына, ийэм буолуохсут сымыйанан хобулаан – оҕордук саха да эмээхситтэрэ кулахайдаах, дьиэктээх буолаллар эбит этэ – киһи ойоҕун үөрэтэр, таһыйар баҕайыта, үөрэтэн биэр диэн, Аанчыкпын сыстым. Онтон ыла Аанчыгым миигиттэн хоргуппута. Ону билигин кэмсиммитим, илиибин-атахпын кыраммытым иһин, аны кэлэн Аанчыгым мин тылбын истэрэ биллибэт, – диэн баран, оҕонньор харбыт курдук ах барда, хараҕын уута иэдэһин устун сүүрэн түстэ…

– Ол кырбаатаҕым киэһэ утуйаары ороммор кэлбитим, арай Аанчыгым сык-сык ытыы сытар эбит. Эрэйдээҕим оҕото онно тугу-тугу санаабыта, төһө хоргуппута буолуой? Ону мин, дьүлэй куҥ, халыҥ тирии, билиэм дуо?! Ол тухары биир тылы эппэтэҕэ, бүтэйдии ытаабыта, оттон мин, акаары, дьон ойохторун бары сынньаллар дии, мин сыспатахпына, сии, саат да буолаа ини диэх курдук саныыр киһи этим…

Дьэ онтон бэттэх Аанчыгым күн-түүн дьүдьэйэргэ барбыта. Саҥата-иҥэтэ аҕыйаан, туой санааргыыр этэ. Арай мин биирдэ тыанан быһа түһэн ыалтан истэхпинэ, Аанчыгым, ынах хомуйа сылдьан, дьүөдэ үрдүгэр дүлүҥҥэ соҕотоҕун олорор эбит. Ол олорон: «Хаарыан дьоммуттан, доҕотторбуттан бостуой арахсаммын… Манна миигин атаҕастыыллар…» – дии-дии, иннигэр турар титириккэ кэпсээбит курдук, ытыы олорор эбит… Дьэ оҕордук үчүгэй дьүһүнэ кэхтэн, иҥин хаана хаһыҥнаабыт от сүмэһинин курдук сүтэн, хараҕа хатыы тахсан, быһыылыын-тутуулуун, хаамардыын-сиимэрдиин уларыйан, били кыыс Аанчык бэйэтэ ханна да суох буолан, иинэн-хатан барбыта. Ол аайы соруйан кыһайбыт курдук, мин дьонум буолуохсуттар кубулуппакка үлэ үксүн, кытаанаҕын үлэлэтэн истилэр. Хара олоруор диэри, кыайбатар даҕаны, бурдук тардар, муус көтөҕөр, от мунньар, бурдук быһар, бугул угар киһи кини буолта. Аны санаатахха, туох да олус сылайар, илистэр эбит. Туой хотуолуур, түүн аанньа утуйбат буолта. Мин хайдах сытан хаалбакка сылдьыбытын бэркиһиибин. Киһи да иҥиирдээх буолар эбит этэ. Оттон ийэм күтүр: «Бачча эдэр эрээри айгыстан оҕолор, ар дьаалы хотун, оттон киһи эрэ хат буолар баҕайыта», – диирэ. Мин даҕаны, акаары, испэр: «Олус да айгыстар ээ», – дии саныырым.

Онтон сайын Амма диэн алта көстөөх үрэххэ Аанчык биһигини оттото утаардылар. Бу алта көс сиргэ түүннэри-күннэри аҕыс ыйдаах дьахтар хааман киирдэ. Оҕуһу миин дии сатаан кэбиһэбин, мииммэт. Сатаатахха оҕуспут айаас кунан этэ. Киирэн оттоотубут. Аанчыгым, урут кини тугу да саҥарбат бэйэтэ, туой атаҕым, баһым ыалдьар, сүрэҕим көбөр, тулуйбаппын диир буолла. Арай биир киэһэ күн киириитэ тахсан чаанньыгын өрөн баран отуутугар сыта түстэ. Мин утуйдаҕа диибин, онтукам аны санаатахха ытаабыт эбит, быһыыта. Онтон мин отууга таҕыстым. Онуоха туран, ааттаһар курдук, сүрдээх үчүгэйдик саһарчы көрбүтүнэн хааман кэлэн, санныбар илиитин ууран баран: «Мыычаар, доҕорум оҕотоо, аһын даа, кыайан тулуйарбыттан аастым, – диэтэ уонна: – Бостуой эргэ бараммын, хаарыан дьонум, ийэм, аҕам, доҕотторум, ханна эрэ баар буоллугут… Саатар биирдэ баҕас эһигини көрдөҕүм дуу, мин бу муҥнана сылдьабын…» – дии-дии, уйаара-кэйээрэ суох оҕолуу ытаата. Онно мин киһи эмиэ уйадыйан икки хараҕым уута лэппээским үрдүгэр таммалаабытын өйдүүбүн. Ону санаатахпына, билигин даҕаны сүрэҕим ыалдьар. Кырыйдаҕым аайы өссө ордук уйадыйан иһэргэ дылыбын, – диэн баран оҕонньор эмиэ харбыт курдук ах барда, хараҕын уута чаччаарыйбыт иэдэһин устун сүүрэн түһэн сыттыгар халыйда…

3
{"b":"821341","o":1}