Оччоҕо бэл үөһэ үрдүк халлааҥҥа үөрэ-күлүмнүү турар үрүҥ күн кэрэхсээн, аллара сатыылаан, таптаан, сыста түһэн, сиэркилэ таас гынан күлүм сандаа ньуурун көрүнэр.
Эҥээриттэн туругурбут нуолур хампа өллүргэлээх, мотуок солко мутукча талбаалаах чэлгийэр дьарҕаатын тардыммыт чээл күөх тыата, ийэтин эйгэтин, уутун ортотун көрөөрү, сындыыс маҥан тойон мыраан хайатыгар умса-төннө түһэн өрө ыттан тахсан, чарапчыланан баран, ылы-чып, элээннии-сэлэлии онтон билиҥҥэ диэри одуулуу турар курдук эбээт!
Оттон иһинээҕи иирэ талахтара ийэлэрин илгэтиттэн илэ үөрэн, эт-сүрэх сэбирдэхтэринэн илибирии мөхсөллөр. Арыытааҕы араас хампа отторо бастыҥалаах төбөлөрүн көтөҕөн, имнэрэ кэйэн, нусхаһа-күөгэйэ, үрүмэччи курдук, өрө көтүөххэ айылаахтык көй-күргүөм үҥкүүнү түһэрэллэр, көмүс симэх курдук ирбэнньиктийэ оонньууллар: талах быыһыттан тапталлаахтык көрдөллөр – кинилэр, от быыһыттан күлэ көрүстэллэр – кинилэр, эбэтэр килбигийбит кыыстыы мичээрдэрин кистээн бараннар, нус-хас гынан, нуоҕай төбөлөрүн хоҥкуталлар биитэр элэк гыммыттыы: «Бу эн барахсан ама эбэҥ илгэтин, быйаҥын билбэккэ кутуруйа-соҥуйа сылдьаҕын дуо?» – диэбиттии, иэдэстэрэ кыыһан, күлэ түһэн бараннар, иирэ күлүгэр саһан хаалаллар.
Хор, ол курдук Өлүөнэ өрүһүм күн ортотун саҕана оттуун-мастыын күлэр, оонньуур!
II
Оо, дьиктитэ-кэрэтэ бэрт Өлүөнэ эбэм сааскы сөрүүн түүҥҥэ! Күөх кууппал халлаан тохтор, оонньуур уоттаах мөһүүрэ бэргэһэтин кэппитин кэннэ, туох барыта – киһилиин-сүөһүлүүн – утуйбутун кэннэ, арай кини эрэ аргыый устарын кубулуппат. Сааскы түүҥҥү сөрүүн салгыны көй-най түөһүгэр көтөҕөн аҕалан, кут бороҥ суорҕанынан суулаан, кууһар-ууруур курдук күөгүлээн, удьурдаах сүүрүгэр биэбэйдээн, итир тыалынан хамсатан, ибир долгунунан бигээн, халааныгар, талааныгар нарылаан, дьоллоох уунан кими, тугу барытын кини утутарга дылы…
Оччоҕо халлаан күлүмнүүр уот харах сулуһунуун кини хараҥа күөх толбонноох ньууругар түһэн, тырымныы бигэнэн, умсумахтаан бараннар, күллэ-күлбүтүнэн утуйарга, уостарга дылы гыналлар… Оттон Өлүөнэ эбэм биир кэм тохтообокко бара, уста турар… Онуоха нуктаан, нухарыйан эрэр бойбор хара тыата, утуктаабытын кэмсиммит курдук, сүүһүн аннынан көрөн, хам-бааччы сукуллан туран, аһыйа-соҥуйа, уоран ытыы хааларга дылы гынар. Бэл-бэл диэтэр добун халлаан көй хара хараҥатынан күөйэ-хаайа түһэн сабаары гынар да, син биир Өлүөнэ өрүс толбон күөх иэнэ, сир-халлаан ыпсыытынан нэлэйэ кэтирээн, күлүк таас курдук килбэйэ-томтойо көстөр. Оччоҕо буоллаҕына, куотан баран элэк гынардыы, кирис гына түһэр уонна уута кэлэн хаптайа сытар биэрэгэр тиийэн, илитиэпкэ хотуур истиэнэтэ туртас-кылбас гынарын курдук, ымаҥнаан ылбахтыыр. Эбэтэр кубулунан, түүҥҥү тымныыттан тоҥон, аргыый иттэ баран эрэрдии, хаптайа сыстаҥныы, төгүллүү долгуйа сыырыгар тахсар уонна тиийбит бэлиэтин биллэрэн, эстэр чаҕылҕан курдук килбэс гынан баран харааран, көҕөрөн, сүтэн, сыыйа утуйарга дылы гынар. Онтон анараа өттүн икки атахтаахха биллэрбэт…
Хор, ол курдук Өлүөнэ эбэм түүнү аҕалар, аһарар!
III
Оо, Өлүөнэ эбэм өссө дьиктитэ-кэрэтэ бэрт сааскы сарсыарда! Эйэҕэс хаана эргийэн, эҥин эриэккэс өҥүнэн килбэйэ оонньуур ньуурун көрдөххүнэ, өрө көтүөх курдук сүрэҕиҥ үөрэр, өйдөрү-санаалары, сүрэхтэри-быардары кини эрэ дьүһүнэ ыйыстан кээһэр. Сандааран-күндээрэн халлааным сырдыырыгар, алмаас таас курдук күлүмнүү, оҕо ыраастык, эйэҕэстик ымайан эрэринии, илэ бааччы мичиҥниир. Кыһыл көмүһүн кыырпаҕа быһыылаах, кыыс оҕо дьэдьэн иҥинээҕэр ордуктук кыыһан, тэтэрэ дьиримниир.
Арылык сандаа күнүм амырыын түүнү антах үүрэн, айхаллаах уотунан арыллан, аалай саһарҕанан сырдыырыгар Алданын айылҕата, атын да салааларын алтан-көмүс аалыы кыырпахтара кылабаччыһа, тырымнаһа, дуйдуу-солотуулуу толбоннура тохтон, долгуйа усталлара олуһун эбитин!
Итини барытын аҥатаҕа, атааҕа суох, эр сүрэхтээх, эрчим санаалаах эрдэ турар киһим көрөн, көмүскэтин иччитин күндүлүүр, күүстээх түөһүнэн толору көҥүллүк тыынар. Ол эбэм сарсыардааҥҥы күлүм төлбөн ньуурун күндүтүттэн, кустуктуу өҥнөнөр толон төгүл, илэ мичил долгунуттан, бэл-бэл диэтэр көй салгын солотуу нуолур хотоҕойдоохторо, ньалҕалдьыгас ньаассын солко куорсуннаахтара, көмүс күөмэй, көҥдөй көмөгөй, күөрэгэй далбарайдар, көрө-көрө көччүйэн, көй муора салгыны көтөҕүүлээх тойуктарынан толороллор. Оччоҕо от-мас барыта ийэлэрин чөмчүүк таммаҕынан симэнэн бараннар, хамсаабакка, им-дьим иһиллии иһийэллэр, үмүрүһэ лаглаһан, үөрдүһэ чуумпураллар.
Хор, ол курдук Өлүөнэ эбэм күлүмнүү күлэр сарсыарданы күндээрэ, көрүлүү, чэлгийэ, мичиҥнии көрсөр!
IV
Оттон улуу халлаан уҕалдьыта киирэн, холоҥсотун, дьаарын үүрээри, холуон холоругунан ытыйан, иирэр силлиэнэн силбиэтэнэн, уһуктаах уотунан өтөрүтэ түһүтэлээн, уордаах этиҥинэн дьабарыттан, хара сыыр курдук харах уута ындыылаах өһөх хара былыттарынан хаайа-үүйэ көтөн, хаххалаан кэллэҕинэ, мэндээрбит-мандаарбыт бэйэтин мичээрин кистээн, симилиэс өҥүн курдук тыйыһыран-ыгыллан, тимир өҥүн курдук дьэбидийэн, харааран баран, имэҥнээх үлүгэрдик иһин түгэҕиттэн эппэҥнээн аҕылаан, итийэн-кутуйан, Өлүөнэ эбэм илэ мөккүһэр: быстыбыт сыыр курдук хара баалланар; күөх чуоҕур атыыр оҕус үҥкүрүйэн-күөлэһийэн эрэрин курдук, үллэр-түллэр долгунунан харбаһар; кыыһыран, хара халҕаһа хаастарын быһыта-хайыта тыытан, уордаахтык дьалкыйар; көхсө кыараан, көҥүл-босхо бараары, күүгэн, көлөһүн алла-алла, күүстээхтик күллүргүү-халлыргыы, күр таас хайатыгар тахсан түөһүнэн милкийэр. Үрүҥ күнү хаххалаан, хараҥанан сабардаан, буор дойду ньургун чэчир ыччатын ыксаппыт халлааҥҥа, хонноҕуттан-быттыгыттан аҕылаан, сиэлэ-кутуруга туруору ыстанан, ыйылыы-ыйылыы охсуһан эрэр атыыр курдук өрө-таҥнары мэҥийэн, үрүҥ баалынан үөһэ-аллара ыһа-ыһа, өрүтэ ыстана-ыстана, үллэ-түллэ, былыты быһыта сынньаары, чаҕылҕаны сабыта охсоору, үөһэ харбаһар. Онтон, кэлин тиһэҕэр тиийэн, бухатыыр киһи таас хайаҕа батыйатын үлтү кырбаан, курустаал таас ыйылыы-ыйылыы үлтү бытарыйан, үөһэ кыырайан эрэрин курдук, дьэҥкир уутунан ыһыахтанар.
Оччоҕо буоллаҕына ол сир-халлаан уоттаах, уордаах оонньуутугар ол курдук уоҕа-кылына киирдэҕинэ, ханнык да улахан хараап аалы халҕаһатын анныгар киллэрэн тимирдэн баран, кырылас кумаҕынан көмөн, кэриэс уҥуох оҥоруохтаах.
Оннук этиҥ, чаҕылҕан, өрүс, баал оонньуутугар, охсуһуутугар туох барыта, киһилиин-сүөһүлүүн, көтөрдүүн-сүүрэрдиин, оттуун-мастыын харахтарыттан уу-хаар баспытынан иһийэн ньимийэллэр. Арай эрэллээх эҥээр хара тыа илин эҕэрдэлээх халлааҥҥа иэҕэйэ-нусхайа, хоҥкуйа-тоҥхойо, үҥэн-сүктэн көрдөһөр. Онтон сүҥкэн өрүһүм кыайан-хотон, хараҥа былыт, эргэ олох ытыы-соҥуу, уостан эрэрин курдук, хараҕын уута саккыраан баран халбарыйар. Ол кэнниттэн өтүйэ, кыстык курдук былыттар өрүтэ үүнэн тахсаннар, арылык халлаан айыы сардаҥата дьэ арылла түһэрин кытта, Өлүөнэ өрүс күлбүт-үөрбүт көмүс ньуура эмиэ күлүмнүү оонньоон кэлэр.
Онтон иһиттэн ыраас айыы сандаа сырдык салгын түһэн ийэ дойдубутун арчылыыр. Оччоҕо уруккутааҕар ордуктук улуу үрэҕим илгэтэ чэлгийэн, дьэрэлийэн, күөгэйэ долгуйан, дьиэрэһийэн-дуораһыйан, күлүмнүү күлэр эбээт!
Хор, оннук үлүскэннээх сүүрүктээх, үс үллэр үөстээх, быстыбат быйаҥнаах, барҕа баайдаах биһиги, сахалар, Өлүөнэ өрүс эбэбит!
1926
Аанчык
Сайыҥҥы киэһэ айдаана нам барда. Чэбдик кэрэ бараан түүн көй салгын буолан күөгэйэ көтөн кэлэн, алыптаах илиитинэн сыыйа, аргыый аҕай араҕас ими саба тутта. Аан дойдуну күлүк бороҥ кут-ньуолах сөрүүкэтэр суорҕанынан: «Чэ, оҕом, утуй, уоскуй», – диэбиттии, алгыы-таптыы саба тарта.
Барыта сымнаата, чуумпурда. Хампа намыл тыа им-ньим баран, сүүһүн аннынан көрөн сургуллан турда. Көстөр ыырым, дойдум бүтүннүү даҕаны, ыйытан баран ылыммыкка дылы, ылы-чып барда. Күнүс оҕолор сөтүөлээн аймыыр уулара, таас кыырпаҕын курдук өрө сандаара ыһыллара тохтоон, үөл-дьүөл буолан, луҥкуран сытта. Сайылык буор сыбахтаах балаҕаннара кыччаан, намтаан, күнүс көрбөтөх киһи манна ыал баар буолуо дуо диэх курдук, иҥэн-сүтэн, күл курдук боруһан, хаптаһан тураллар. Онуоха, дьон баарын соруйан биллэрээри гыммыттыы, арай илин ыал түптэлэрин буруота ордук сырдаан, көҕөрөн, тыа баһынан халлаан сиигин курдук унаарыйа сыыйыллан турбута.