Литмир - Электронная Библиотека

– Чэ хайдах гыныаххыный, оҥорууҥ оннук буоллаҕа дии, муҥнаах эмээхсиэн, кытаат, тулуй! Мин быстыан эрэ иннинэ көрсүбүтүм. Миигин көрөн баран, сүрдээхтик үөрбүтэ уонна нэһиилэ: «Бырааппын үөрэттэрдэр, – диэхтээбитэ, онтон: Ийэм эрэйдээх», – диэн баран, ытаан баарта, кыайан саҥарбатаҕа. Кумааҕытын сыыһа бу баар, – остуолга аҕыйах аҕай кэлгиллибит тоҥ кумааҕыны уурда. – Чэ кытаат, тулуй! – аан тыаһа кыыкыр гына түстэ, Ыкынаачай таҕыста.

Эмээхсин эрэйдээх оҕотун тоҥ кумааҕытын үрдүгэр саба түһэн сүрэҕэр сыһыары тутта уонна, хараҕын уута субуруйа-субуруйа, сымыһаҕын быһа ытыран, саҥата суох бөтө олордо.

Балаҕан букатын хараҥарда, уот өстө. Арай үөлэскэ тыал эрэ улуйда. Дьиэҕэ эмээхсин энэлийдэ уонна уол модьоҕотун иннигэр, тугу эрэ кытаанаҕы толкуйдуурдуу, кимтэн эрэ тугу эрэ иэстэһиэн баҕарардыы, оһоҕун симик уотун тобулу одуулуу олордо…

Хабырыыс

Куйаас баҕайы күн этэ. Халлаан биир кэм сууйбут курдук ып-ыраас, биир да былыта суох. Күн уотуттан кэхтэ баран эрэр, хаһан эрэ сирэм күөх чыычаах уйата от кууран-хатан, аны кэлэн көҕөрүөм дуо диэбиттии, санаарҕаабыт, дьүдьэйбит курдук, күкээрэн сытар. Тыа, тугу эрэ иһиллээбиттии дуу, одуулаабыттыы дуу, хам-бааччы турар.

Ханнык эрэ кубарыйбыт эргэ хортуустаах, саҥа сиидэс ырбаахылаах, алтан бирээскэлээх саары этэрбэһи салаҥ соҕустук кэппит, уҥуоҕунан үрдүк саас ортолоох киһи былыргыта ааттаах, аны түөһэйэ быһыытыйбыт, сиппиллибит улаан аты миинэн хаамтаран кирдиэхтэтэн истэ. Кини тириппит-хоруппут, дэйбииринэн өр буола-буола сапсынан ылар уонна, өссө утуктаан тоҥхох гынан ыла-ыла, уутун үргүтээри гыммыттыы, ол-бу диэки көрөн ылаарыҥныыр. Ата аат эрэ харата хааман, төбөтүн таҥнары туттан сиҥнэрдэтэлээн иһэр. Кинилэр уҥа өттүлэригэр, суолтан чугас, үс мас күрүө саҕа үрдүк ньэчимиэн бурдук үүнэн араҕастыйан турар. Бу бурдук, үөһэттэн көрдөххө, биир кэм алтантан куппут курдук, мөлбөйөр.

Барыта төгүрүччү им-ньим, барбах ат эрэ туйаҕа хаппыт суолга бытаан соҕустук лабыргыыр уонна туох барыта куйаастан буһан саспыкка дылы…

Эмискэ арай дьахтар саҥата: «Хабырыыс!» – диэн аргыый киһини ыҥырда.

Киһи «дьик» гына түстэ уонна «ээ, төрүт утуктуу иликпин» диэх курдук, муҥунан көрөн, эргиллэ хайыспыта – ойоҕоһугар, бурдук быыһыгар, кубаҕай сирэйдээх, ырбаахытын былаатынан бөрдөнө курдаммыт дьахтар, буруйдаах киһилии төбөтүн төҥкөччү туттан баран, сиэрпэтин биитин көрбөхтүү турар эбит.

– Ээ, Өкүлүүн эбиккин дуу? Бу манна тоҕо кэлэн тураҕын? – диэн били аттаах киһи ыйытта.

– Бу манна, Ньукунуордаахха, бурдук быстара ыыппыттара.

– Ээх дээ, – Хабырыыс атын хаамтара турда.

Өкүлүүн, бурдук күрүөтүн тахсан, били киһини атын ойоҕолуу, аргыый батыһа хаамта.

– Хабырыыс, мин эйигин көрбөтөҕүм өр даҕаны буолла… Былырыын арай түүн итирэн киирэн дэлби сынньан-мөҥөн баартыҥ. Онтон бэттэх букатын сылдьа иликкин. Кэлиэ дии санаан кэтэһэбин, күүтэбин да, кэлбэккин… Оннооҕор бу күһүн, дьиэм таһынан ааһан баран, киирэн тахсыбатаҕыҥ… Оо, Хабырыыс, сатаатар биирдэ сырыттаҕыҥ дуу! – диэтэ Өкүлүүн, сылгыһыт ыҥыырын төргүүтүттэн тутуһан иһэн.

– Ол мин эйиэхэ тоҕо сылдьыамый?

– Оттон биир кэскиллээх, ойохтуу-эрдии ааттаахпыт буолбат дуо?.. Сатаатар биирдэ киирэн тахсыбат буолаҥҥын… Хабырыыс, тохтоон бу күлүккэ сынньана, кэпсэтэ түспэппит ээ…

Итини этэ-этэ, Өкүлүүн, ааттаабыт курдук, киһини тобулу көрө-көрө, аны ат көнтөһүттэн тутан, сэргэ хааман истэ.

– Чэ бэйи, тохтуу да түһүөххэ син, – диэн Хабырыыс холку соҕустук атыттан түстэ. Кинилэр титирик күлүгэр олордулар.

Өкүлүүн сүрдээхтик үөрдэ, үөрүүтүттэн бэйэтэ кыбыстыбыт курдук, сир диэки көрөн баран мичиҥнии олордо.

Ол курдук саҥата суох олорбохтоотулар.

Онтон Өкүлүүн: «Хабырыыс, сатаатар биирдэ эмэ таарыйбат буолаҥҥын. Миигин ахтара буолуо диэн сүрэҕиҥ таайбат бэйэккэтэ дуу?» – диэтэ.

Хабырыыс хортууһун устан күөх дулҕа төбөтүгэр уурда уонна, сүүһүн көлөһүнүн сотто-сотто, эттэ:

– Ол тоҕо таарыйыамый? Туох да наадам суох. Ол бииргэ олоруохпут этэ диэхтиигин да, эн хараҥа муннуккар олорон миэхэ туох туһата кэлиэй. Туох эмэ үчүгэй астаах, хойуу чэйдээх буолан, киһини астыннарыаҥ дуу! Бэйэҥ билэҕин, мин син мааны буолбут киһибин, миэхэ үчүгэй ас, түс-бас кэпсээн-ипсээн, ыраас таҥас-сап наада. Мин оннуга суох биир да хонугу сатаан тэһийэн хонорум биллибэт…

– Билигин Кириһээн оҕонньорго бааргын дуу? Онно тугу гынаҕын?

– Онно баарбын. Сылгыһыт уол буолан, үрүҥ-хара түүлээҕин мин бөрүөрэбин, – диэн баран, Хабырыыс, сэргэх киһи быһыытынан, титирик мутукчатын тоһутан ылан көрө олордо.

– Бөрүөрэбин буолан, эн ат үрдүгэр олоро сылдьан талбыккынан көрүлүүгүн, сорох ыал сааҕын күрдьэн муҥнанар, сааһын тухары хотонтон тахсыбат…

– Ээ, эн, акаары, тугу өйдөөтөҥүй. Мин туох киһибин сааһыҥ да тухары өйдүөҥ суоҕа. Эн миигин дьаарбайар эрэ курдук саныырыҥ буолуо да, оннук буолбатах. Хор, мин бүтүн улууска биллэр сылгыһыт буолабын, ол чааһыгар ким даҕаны миигин кытта кыайан тэҥнэспэт. Ити бүгүн утуктуу-айанныы испиппин көрүмэ, мантыкаҥ, кыыла турдаҕына, хата атын оҕо буолуоҕа: туох гынаары Кириһээн баай сылгыһыта буолбут үһүбүн? Хор, үөһэттэн оҥоһуулаах, анатыылаах кэриэтэ киһибин. Сааһым тухары сэнэхтик сылдьыбытым. Сылгыһыт буолуом иннинэ сааһыт этим… Ол эн олоҕуҥ диэн эмиэ олох буолуо дуо? Хор, ону өйдөөхтөөбөккүн, – сөпкө да эттим диэбиттии, өссө толкуйдуур курдук, халлааны өрө мыҥаан көрө олордо.

– Өйдүүбүн ээ, Хабырыыс…

– Ытаары гынныҥ буолбат дуо уонна өйдүүбүн диигин…

– Суох, мин ытаабаппын… – диэхтээтэ, өссө ордук төҥкөйө-төҥкөйө, Өкүлүүн. – Оо, Хабырыыс, аньыытын ньии, мин сордооҕу сатаатар эн аһымматыҥ… Хайа дьоллоохтор бииргэ олороннор, ыал буолаллар… Бу эйиэхэ эргэ тахсыбытым уонча сыл буолла, ол тухары биирдэ эмэтэ ойох-эр курдук кэпсэттэхпит, доҕордостохпут, бэйэ-бэйэбитин аһыныстахпыт, таптастахпыт дуу… Сатаатар биирдэ киирэн хоммоккун…

– Ээ, таптаһыы диэн… туох таптаһыыта баар буолуон сөбүй? Биһиги ааппыт эрэ эрдии-ойохтуу… Мин эйиэхэ букатын туора киһибин: мин буоллаҕына бастыҥ сылгыһыппын, маанытык үөскээбит киһибин, эн буоллаххына хотон киһитэҕин, ол кэлэн хайдах сатанан, ханнык эмэ паараҕа дылы, – дии-дии, сылгыһыт ытыһын имэриннэ.

– Оттон… син бэргэһэлэммиппит буолбат дуо?

– «Бэргэһэ» буолаахтаан. Ол Өндүрүүс оҕонньор мээлэ холбооттоон кэбиспитэ диэн…

Им-ньим, саҥата суох ах баран олордулар.

Нөҥүө тыа быыһынан сылгылар сырсан ааһаллар, ону Хабырыыс сүтэриэр диэри көрөн олорон баран: «Хамнаһыҥ төһөнүй?» – диэн ыйытта.

– Төгүрүк сылга үс солкуобай, – диэтэ аат эрэ харата Өкүлүүн. Эмиэ балай эрэ саҥата суох олорбохтоотулар. Өкүлүүн улам-улам санаата түһэн барда, кистээн ытыы-ытыы, сиэрпэтин уһугунан сири хаһа-хаһа, ыйытта:

– Хотунун кытта үчүгэйдии буолбут дииллэр ээ дьон. Ол кырдьык дуо?.. Тоҕо саҥарбаккын? Ол аата кырдьык буоллаҕа дии.

– Чэ, баҕар, кырдьык да буоллун. Оҥорууҥ оннук эбит… Бэйэҥ хотонуҥ иһигэр, сааххын күрдьэ-күрдьэ, ытыы сылдьаахтаа. Миигин букатын санаама даҕаны. Бэйи, аны манна олорон хаалаары гынным, – диэн баран, Хабырыыс атын холунун чиҥэттэ.

Өкүлүүн эмиэ турда.

– Оттон миэхэ хаһан эмэ таарыйыаҥ суоҕа дуо?

– Наадам суох, сылдьыам суоҕа… Чэ быраһаай!.. – атын чэпчэки баҕайытык мииннэ уонна, чыпчырыйа түһэн баран, дэйбииринэн даллах гынна. Ат мииммитигэр бастаан ынчыктаата, онтон тыбыыран баран, аргыый айаннаан либийэн барда…

Өкүлүүн хам-бааччы туран киһи хайдах миинэрин, барарын, илиитэ-атаҕа хамсыырын барытын, улам сүрэҕэ ньүөлүйэн бара-бара, көрөн турда. Кини саһархай хараҕа ала-бааччы кутурҕан туманынан туолла… Хабырыыс биирдэ эрэ эргиллэн көрдө уонна суол устун тиһигин быспакка айанната турда.

Өкүлүүн дөксө ордук кубарыйда уонна, толоон ортотугар турар эргэ өтөх баҕанатын курдук, соҕотоҕун туран хаалла. Кини Хабырыыһы хас илиитэ хамсыырын, атын кутуруга сиппирдиирин букатын ыраатыар диэри хараҕын араарбакка одуулуу турда.

Онтон сылгыһыт, сиидэс ырбаахыта мас быыһынан элэҥнээмэхтээн баран, тыа иһигэр киирэн, көстүбэт буолан хаалла.

8
{"b":"821341","o":1}