Суорун Омоллоон
Кэпсээннэр
Саха литературатын тулааһын баҕаната
Дмитрий Кононович Сивцев – Суорун Омоллоон саха литературатыгар дириҥ социальнай ис хоһоонноох, умнуллубат уус-уран уобарастардаах тэттик кэпсээннэр автордарын быһыытынан киирбитэ. Кини баара эрэ сүүрбэччэ саастааҕар суруйталаабыт «Аанчык», «Охоноон», «Сордоох суха» диэн кэпсээннэрэ саха литературатын классическай айымньыларынан буолбуттара. Итинтэн салгыы «Ачаа саһаана», «Бэйэтэ эмтиэкэ», «Чөөчө», «Чүөчээски» курдук хрестоматияҕа киирбит айымньыларын суруйбута. Ону таһынан кини саха остуоруйаларын оҕолор ааҕалларыгар анаан хас да кинигэни бэчээттэппитэ. Суруйааччы кэпсээннэрэ, остуоруйалара нууччалыы тылбаастананнар Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар уонна Москва издательстволарыгар хастыыта да тахсыталаабыттара.
Ол эрээри Суорун Омоллоон саха литературатыгар ордук уһулуччулаах драматург быһыытынан биллэр. Кини ааспыт үйэ отутус сылларыттан саҕалаан суруйбут «Күкүр уус», «Айаал», «Сайсары», «Күн күөрэйиэн иннинэ» уонна да атын драмалара Саха драматическай театрын уонна үгүс народнай театрдар сценаларыттан түспэккэ оонньоммуттара. Суруйааччы драматургията саха театральнай искусствотын сайдыытыгар биир сүрүн төһүүнэн буолбута.
1945 сыллаахха кини «Ньургун Боотур» диэн саха бастакы оператын либреттотын айар. Ити кэмтэн кини музыкальнай драматургияҕа үлэлээһинэ саҕаланар. Ол курдук «Сир симэҕэ» бастакы национальнай балет либреттотын, онтон салгыы «Лоокуут уонна Ньургуһун», «Кыһыл ойуун», «Умуллубат төлөн» опералар либреттоларын, «Хотойдор хоту көтөллөр», «Күн-Куо», «Дьол тааһа» балеттар либреттоларын суруйталыыр. Онон кини саха норуотун музыкальнай сценическэй искусствотын сайдыытыгар сүҥкэн үтүөлэрдээх. Ону учуоттаан Саха государственнай музыкальнай театрыгар Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон аата иҥэриллибитэ.
Д.К.Сивцев – элбэх учебник уонна үөрэнэр пособие автора, олортон ордук биһирэммитинэн М.Е.Охлопкованы кытта бэлэмнээбит «Букубаардара» буолар. Ыччаты үөрэтиигэ уонна иитиигэ үтүөлэрин иһин нуучча улуу педагога К.Д.Ушинскай мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Саха сирин бары олохтоохторо, ол иһигэр оскуола үөрэнээччилэрэ, Суорун Омоллоон общественноһы көҕүлээһининэн уонна тэрийиитинэн туттартаабыт аһаҕас халлаан аннынааҕы Чөркөөхтөөҕү политическай сыылка, Суоттутааҕы «Доҕордоһуу» историческай-архитектурнай музей-заповеднигын, Хадаайытааҕы литературнай музейын туһунан истэллэр-билэллэр, үгүстэр олору сөҕө-махтайа, дьиктиргии көрбүт буолуохтаахтар.
Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон уус-уран уонна музыкальнай-драматическай айымньыларынан, элбэх өрүттээх общественнай үлэтинэн норуоту өй-санаа уонна духовность өттүнэн иитиигэ сүҥкэн үтүөлэрин үрдүктүк сыаналааннар, Советскай Союз уонна Россия правительстволара кинини Ленин, икки төгүл Үлэ Кыһыл Знамята, Норуоттар доҕордоһуулара, «Бочуот Знага», «Аҕа дойдуга үтүөлэрин иһин», «Үтүө сурахтаах Даниил кинээс» орденнарынан, мэтээллэринэн наҕараадалаабыттара, Социалистическай Үлэ Геройун, РСФСР искусстволарын үтүөлээх деятелин үрдүк аатын иҥэрбиттэрэ. Саха Республикатын правительствота киниэхэ народнай суруйааччы, САССР искусстволарын үтүөлээх деятелин, П.А.Ойуунускай уонна А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх ааттарынан Саха Республикатын Государственнай бириэмийэлэрин лауреаттарын ааттарын иҥэрбитэ, республика «Хотугу Сулус» орденынан наҕараадалаабыта, Саха Республикатын бочуоттаах гражданинын үрдүк аатын иҥэрбитэ.
Элбэх национальностаах Россия литературатын биир кырдьаҕас уонна сүдү талааннаах суруйааччыта, общественнай деятелэ Россия суруйааччыларын съезтэригэр Россия суруйааччыларын Үрдүкү Сэбиэтин чилиэнинэн быыбарданара. Кини Саха Республикатын Духовноска академиятын биир актыыбынай чилиэнэ этэ.
«Биһиги бука бары Айылҕа оҕолоробут», – диэн Дмитрий Кононович норуотугар, ыччат дьонугар туһаайан этиилэригэр үгүстүк тоһоҕолоон бэлиэтиирэ. Саха норуота айылҕаны кытта алтыһан, кинини араҥаччылаан ирбэт тоҥ буордаах дойдуга олоҕу сайыннаран кэллэ. Суруйааччы норуот бу бэйэтин кыһалҕалаах, эрэй-муҥ аргыстаах олоҕун историятын умнубатыгар, өбүгэлэрин мындыр өйдөрүн, үтүө майгыларын, ахсаабат дьулуурдарын, дьоҕурдарын өрүүтүн өйдүүрүгэр, онно сүгүрүйэригэр, онтон үөрэнэригэр ыҥырара. Кини «Күн күөрэйиэн иннинэ» диэн драматын геройа, Африка биир биис ууһун баһылыга Лобенкула өлөр-хаалар күнэ тирээбитигэр бар дьонугар туһаайан маннык тыллары этэр: «Бүгүн үгүс дьон өйө-санаата дьалкыйда. Кинилэри абырыыр биир эрэ күүс баар: ол күүс – бар дьон муудараһа, үрдүк өйө… Аан дойдуну Муударас, Үрдүк Өй быыһыахтаах!»
Суорун Омоллоон олоҕун тиһэх сылларыгар православнай итэҕэлгэ үлэлэһэн, Библия, Саҥа Кэс Тыл тылбаастарын редакциялаһан, сахалыы тылынан кинигэ буолан тахсалларыгар бэйэтин күүһүн-күдэҕин уурбута. Ол да иһин: «Библия баар эбит саамай сүдү баай», – диэбиттээх. Кини «Сахалар Айыы Тойон Таҥараҕа итэҕэлбит тиллэн эрэрин туһунан» диэн 2005 сыллаахха кулун тутарга суруйан хаалларбыт кэриэс-хомуруос тыллара «Саха сирэ» хаһыат ааспыт сыл атырдьах ыйын 3 күнүнээҕи нүөмэригэр бэчээттэммитэ. Онно кини: «Биһиги, сахалар, Чыҥыс Хаан кытаанах ыйааҕыттан, Одун Хаан оҥоруутуттан куотан, бу тоҥ муус хоту дойдуга олохсуйбут эбиппит. Онтон манна нуучча норуотун дьонноро кэлбиттэригэр үтүө эркиннээхтэр эбит диэн өтө билэн, кинилэр хаһан эрэ атын норуоттартан ылыммыт итэҕэллэрин биһиги эмиэ ылынан, кинилэри батыһан, Тыыннаах Таҥараҕа үҥэр-сүктэр буолбуппут», – диэн суруйбут. Ол курдук кини тиһэх күннэригэр диэри дьоҥҥо, оҕолорго Таҥара Үөрэҕин хайдах гынан тиэрдиэххэ сөбүй диэн боппуруоска өйүн үлэлэтэ сыппыт.
Суорун Омоллоон олоҕо уонна айар үлэтэ бэйэтэ бүтүн эпоха. Кини Саха сирэ патриархальнай-феодальнай кэминээҕи олоҕун баттаһа төрөөбүтэ. Октябрьскай революция модун сабыдыалынан олох тосту уларыйыытыгар актыыбынайдык кыттыбыта. Эдэр сылдьан нэһилиэгэр ревкомҥа сэкирэтээрдээбитэ. Дьокуускайга педтехникуму үөрэнэн бүтэрбитэ. Онтон бэттэх айар үлэ абылаҥар ылларан, кэпсээбиппит курдук, уһун уонна баай ис хоһоонноох олоҕу олорбута. Кини 99-һун туолаары сылдьан, 2005 сыллаахха бэс ыйын 25 күнүгэр олохтон барбыта.
Саха бастакы народнай суруйааччыларын: Эллэйи, Амма Аччыгыйын, Суорун Омоллоону, Күннүк Уурастыырабы өссө үйэ аҥаарын анараа өттүгэр үбүлүөйдэринэн эҕэрдэлииллэригэр саха литературатын тулааһын баҕаналарынан ааттыыллара. Ол чахчы таба уобарастаан этии: кинилэр саха литературатын бары жанрдарыгар уһулуччулаах айымньылары биэрэннэр саха литературатын саҥа балаҕанын арчылаабыт, модун сарыннарыгар көтөхпүт классик суруйааччыларбыт буолаллар.
Суорун Омоллоон эдэр ааҕааччыларга анаммыт бу хомуурунньугар киирбит кэпсээннэрэ эһиэхэ суруйааччы саха тылын баайын сатаан таба туттарын, кэрэ уонна умнуллубат уобарастары айан хаалларбытын итэҕэтиэхтэрэ.
Дмитрий Кириллин,
Российскай Федерация уонна Саха Республикатын
культураларын үтүөлээх үлэһитэ, суруйааччы
Өлүөнэ өрүс
I
Көмүс үктэллээх, симилиэс сиксиктээх, алтан ардайдаах турар хайаларынан дьүөкэттэнэн, күөх лиэнтэни сыыйа тарпыт курдук көҕөрөн көстөр мыраанынан сэлэлэнэн, тоҥ көмүһү уулларан куппуттуу, үллэр үс үөһэ, үрүҥ күнү утары көрдөххө, үрүлүйэ тохтон, көҥүлүнэн сүүрүгүрэн түһэр эбээт Өлүөнэ өрүһүм.
Уйгу быйаҥ уолбат улуу тымыра, мөлүйүөнтэн мөлүйүөн тыынар тыыннааҕы утаҕын ханнара, өлбөт мэҥэ уутун кэриэтэ тыын уга, уһаты түһэн сытаахтыыр. Кэтит кэскил киэҥ, уһун кэһиитэ буолан, тылбыйар кынаттаах төбөтүн-төрдүн көтөн булбат, уоттаах харахтаах уҥуоргу өттүн кыайан көрбөт, көҥүл, уйгу олох туоната буолан килбэйэ устаахтыыр ини кини бэйэлээх!
Оо, эбэм күн ортотун саҕана, үөл-дьүөлгэ, үүт тураан чуумпуга көстөр киэҥ нэлэмэн кэтит ньуура дьиктитин, кэрэтин эбитин! Сулууда тааһынан дуйдаабыт курдук, мэндээрэн-мандааран устата-туората биллибэккэ килбэйэ күндээрэ, аны ийэ дойдубун уйгуурдуом диэххэ айылаах, уоран, ууллан, нэлэйэ-хотойо аргыый устара ууһун, намыынын эбитин!