Кыылбытын астаан баран атаһым эттэ: «Бу сиһинэн Эбэҕэ быһа түһүөххэ». Сүүсчэкэ хардыыны барарбытын кытта билигин эрэ ааспыт киис суолун көрдүбүт. Өр буолбата, ыппыт үрэн тоҕо барда. Тиийбиппит – кииһи сытар тиит көҥдөйүгэр хаайбыт эбит. Сүгэнэн хайаҕас оҥорон кыылбытын ыллыбыт. Сотору хараҥаран барда, онон үрэххэ киирэн суол устун дьиэлээтибит.
Баай барыылаах Байанай наарын оҥорон оннук күндүлээн соһутан да, үөрдэн да турардаах. Аҕыйах да хонукка буоллар, кэрэ кыыс Амма Эбэ барахсан дуоһуйа сынньатан, астына бултатан турар. Кэлин Дьэримиэй дойдутугар, Хатарчыма үүтээнигэр бултаан турабын, ол туһунан туспа кэпсээн.
Түгэнэҕэ
Биһиги биир саас Горнай улууһун Түгэнэ үрэҕэр Кыайыы күнүттэн Ньукуолуҥҥа диэри кустаабыппыт. Баай Байанай мичик гынан, кус бөҕөнү өлгөмнүк бултаан, сарсыныгар айаннаары тото-хана аһаан баран, утуйаары сыттыбыт.
Ол сытан сылгыһыт Бииктэртэн: «Дьэ бу олорор дьиэҥ аартык айаҕа эбит, айан суолунан төһөлөөх киһи ааһара буолуой. Туох эмэ киһи өйүгэр хаалар түбэлтэ буолбута дуо?» – диэн ыйыппытым.
Бииктэр, улахан курбуу курдук уһун хара бараан сааһыран эрэр киһи, оронуттан туран оһоҕун иннигэр тиийэн талах олоппоско олорон эрэ табах ууруммута уонна оргууй тарда-тарда кэпсээнин ырааҕынан эҥсэн саҕалаабыта…
«Түгэнэ Эбэ – мин биһикпин ыйаабыт төрүт сирим. Бу Эбэҕэ саас кус саҥата киһини утуппат буолара. Мин саас кус кэлиитэ, ити эһиги сыппыт көлүччэҕитигэр, ууну атах сыгынньах кэһэ сылдьан куска тиргэлиирим, күөнэххэ туу угарым. Дьэ, кырдьык, бу суолунан араас дьон ааһар.
Биирдэ үгэспинэн сылгыбын көрө сырыттым. Мантан тэйиччи соҕус күөл үрдүгэр быраҕыллыбыт үүтээн баар. Ол үүтээн таһыгар чэйдээри тохтоотум. Арай Доҕор диэн ытым ырдьыгыныы-ырдьыгыныы үүтээҥҥэ ойон тиийдэ. Эргэ, быраҕыллыбыт үүтээн аана суох этэ. Ытым боруокка туран үрэн тоҕо барда. Мин туох ааттааҕы үрдэ диэн соһуйдум. Дьиксинэн саабын бэлэм туттум уонна дьаархана-дьаархана аргыый үүтээни өҥөйдүм. Арай, доҕоор, көрө түспүтүм: кугас баттаҕа арбайан, сирэйин саба түспүт дьахтар умса туттан наара орон сыҥаһатыттан тайанан олорор эбит. Төбөм оройуттан атаҕым тилэҕэр диэри тымныы сүүрээн дьырылаата. Куйахам үмүрүтэ тутта, этэллэригэр дылы, баттаҕым турда. Көрбүппүн итэҕэйбэккэ таалан, мах бэрдэрэн турдум. Маҥнай абааһы дии санаатым. Күнүстэри хайдах илэ бардаҕай диэн дьиктиргээтим. Ити санааттан тыҥаабыт ньиэрбэм уоскуйан, туос амабар түстүм. Соһуйбутум-өмүрбүтүм ааһан, өйдөөн-дьүүллээн көрбүтүм: нуучча дьахтара эрэйдээх умса туттан олорор эбит. Уҥуох-тирии буолуор диэри ырбыт, баттаҕа сирэйин саба түспүт, ыт да үрэригэр кыһаммат турукка киирбит. Дьэ онтон, Саха сирин күөллэрин үөрэтэр учуонай дьахтар муммут диэбиттэрин өйдөөтүм. Онон, дьахтарым сибиэн буолбатаҕын сэрэйэн, уоскуйдум. Куттанан, саллан, дьахтарбын сэрэнэн таарыйдым. Маҥнай миигин буспатах балык миинин курдук мээнэнэн көрдө, онтон саҥа уһуктубут киһилии тобулу одуулаата. Ол кэннэ эмискэ өйдөнөн сарылыы түһээт, миигин кууста уонна кыра оҕолуу ытаан тоҕо барда. Хам кууһан олорон, ытыырын быыһыгар үрүт-үрдүгэр эттэ: «Муммутум ый аҥаара буолла, бүгүн бэйэбэр санана олорбутум, эйигин миэхэ таҥара ыыппыт». Дьахтарым ытаан уоскуйбутун кэннэ аппар олордон, бэйэм сиэтэн, төлөпүөн быыскатыгар кэлэн, Бэрдьигэстээххэ эрийдибит.
Чаас аҥаара буолбата, кинини көрдүү сылдьар дьон бөртөлүөтүнэн кэлэн ылан барбыттара. Дьахтарым махтанан бөҕө, төлөпүөнүн нүөмэрин биэрбитэ даҕаны, үрэх баһыгар олорон, хантан эрийиэхпиний. Дьэ итинник, биирдэ муммут киһини быыһаан турардаахпын.
Иккис түбэлтэ. Биирдэ күһүн, Бокуруоп саҕана, маҥнайгы хаар түһүүтэ, үгэспинэн эмиэ сылгы көрдүү сырыттым. Түгэнэ үрэх халдьаайытынан хаамтаран иһэн ытым үрбүтүгэр көрбүтүм: улахан уҥуохтаах, сирэйэ бар түү буолбут нуучча оҕонньоро дүлүҥ үрдүгэр акыллан олорор эбит. Оҕонньор кэпсииринэн, Дьокуускайтан Маҕаныга суол оҥоһуутугар үлэлиир кыыстаах күтүөтүгэр баран иһэн муммут. Мин эмиэ аппар олордон суолга киллэрдим. Ол саҕана урут манан үчүгэй кутуу суол суоҕа, күһүн-саас хаайтарыы бөҕө буолара. Дьиэбэр хонноро ыҥыра сатаабыппын, кэмчиэрийэн сөбүлэспэтэ. Сөбүлэспэт киһини хайдах дьиэбэр күүспүнэн соһуохпунуй, онон кыра үтэлээхпин биэрдим, суолун ыйдым. Киһим доҕолоҥнуу-доҕолоҥнуу суол устун бара турда. Хас да хонон баран киһи сүттэ диэн айдаан бөҕө буолбута. Милииссийэлэр хаста даҕаны төхтүрүйэн кэлэн миигиттэн ыйыппыттара. Дьэ итинник айманан кыһыммыт ааспыта.
Биирдэ, саас хаардаахха, улахан массыыналаах эдэр нуучча уола кэллэ. Эдэр суоппар оҕонньор күтүөтэ эбит. Миигиттэн оҕонньор туһунан ыйытта, мин барытын ыраас мууска тиэрэ ууран сиһилии кэпсээтим. Оҕонньор күтүөтэ түүл түһээбитин кэпсээтэ: «Түһээтэхпинэ массыынабынан айаннаан иһэбин. Арай суол кытыытыттан хаар анныттан оҕонньор туран кэллэ уонна манна баарбын диэтэ. Мин ол сири көрдүү сылдьабын».
Оҕонньор «хаар анныттан турбут» сиригэр эргэ пилорама баара. Бу эргин сири билэр бөҕө буоллаҕым. Уолу илдьэн ол сири көрдөрдүм. Киһим олус үөрдэ, оруобуна бу сири түһээн көрбүтүм диэтэ. Ол сир суолтан туора соҕус этэ. Кини илэ көрбөтөх сирин хайдах түһээбитэ буолла, дьэ дьикти. Оҕонньор күтүөтэ кэлин, хаар уулуннаҕына, көрдүөх буолан барбыта».
Бииктэр икки муммут дьон туһунан кэпсээнин итинник түмүктээбитэ. Наһаа уутугар-хаарыгар киирэн кэпсээн, дууһабыт кылын таарыйан, ороммутугар эргийэ-урбайа утуйбакка сыттыбыт. Миигин ордук иккис кэпсээнэ долгутта.
Сарсыарда эрдэ Бииктэр сылгытын аһата барда. Биһиги чэй оргуйарын кэтэһэ сыттыбыт. Өйбүттэн бэҕэһээ Бииктэр кэпсээбит атаҕа суох оҕонньоро тахсан биэрбэт. Дьонум эмиэ ол оҕонньору саныы сыталлар быһыылаах. Саныы сыппыт санаам ситимин быһан, эмискэ ааны тоҥсуйан тобугураттылар. Биһиги бары оҕонньору санаан сирдиргии түстүбүт. Мин дьээбэлэнэн: «Эдик, ааны ас эрэ, били доҕолоҥ оҕонньор кэллэ», – диэтим. Испэр Бииктэр дьээбэлэнэр дии саныыбын. Эдик ааны аһа баттаата уонна соһуйан өрө хаһыытыы түстэ. Көрбүппүт – бэҕэһээ Бииктэр ойуулаабыт оҕонньоро кэлэн турар: сирэйэ бар түү, аҥаар атаҕа доҕолоҥнуур. Бэҕэһээҥҥи кэпсээн уххана ааһа илик буолан, биһиги бары тэҥинэн хаһыытаспытынан оронтон ойон турдубут. Нууччабыт биһигиннээҕэр ордук куттанна, туох буолан киһини көрөөт хаһыытастылар диэтэҕэ. Онтон уоскуйан билбиппит, Өлүөнэ өрүс баһыттан устар аалынан кэлэн баран, Мииринэйгэ ааһан иһэр киһи эбит. Ыалдьыппытын тото аһатан, өйүөлээн, суолун ыйан атаардыбыт.
Бачча хаайтарыы кэмигэр хантан кэлэн, ханна барар киһи буолуой? Дьикти киһи кэлэн ааспыта. Айан суолун аарыгырар аартыктарынан хас дьон ааһарын тойон таҥара бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ.
Дьэ итинник, Түгэнэ Эбэҕэ өлгөмнүк бултаан Бииктэр сэргэх кэпсээннэрин истэн турабыт. Кини кэпсээнин өр кэм сөҥөрдөн илдьэ сылдьан баран суруйарга холоннум.
Көҕөннөр
Сандал саас уһуннук күүттэрэн тиийэн кэллэ. Саха дьоно булт маҕаһыыныгар ууттан тахсар илим хотоҕоһунуу субурустулар. Саатар, күөх экраҥҥа Сайа «Кэпсиэ» биэриитигэр сааскы булт туһунан кэпсээн, дьону эбии күөртээтэ. Хаһаайкалар харчыларын төһө даҕаны харыһыйдаллар, эр дьон ботуруон, таҥас-сап, ас-үөл бөҕө ыллылар.
Мин биир үтүө күн «Бэргэн» маҕаһыынтан, атаспыттан Сэргэйтэн, ботуруон атыылаһан Горнайга бултуу барарга бэлэмнэнним.
Арай түүл түһээн түҥкүлүйдүм: бултуу сылдьабын, ньалыар уулаах хотоолго турабын. Ол турдахпына доҕоор, эмискэ күүстээх кынат тыаһа өрө куһугураата. Халлаан диэки хантайан көрбүтүм: алта-сэттэ көҕөн үрдүк мэҥэ халлаантан кынаттарын араастаан хамсата-хамсата, миигин көрбүтүнэн түһэн иһэллэр эбит. Кынаттарын тыаһа сүрдээх, халлаан хайдар алдьархайа. Мин хамсаабакка сотом ортотунан ууга турабын, көрбөттөр дии саныыбын. Ыкса кэннибэр ууга түһэр тыастара өрө барылаата. Мин саабын да устар кыаҕым суох, көтөн хаалыахтара диэн куттанабын. Саабын сүкпүтүнэн кэннибинэн ыстанаат, кустар үрдүлэригэр саба түстүм. Онуоха күүстээх кынаттарынан көхсүбүн лаһыйдылар. Кустарым үрдүлэригэр сытан эрэ икки көҕөн моонньутун булгу эрийдим. Онтон үөрэн аҕай уһугуннум.
Сарсыарда кэргэмминээн чэйдии олорон, саха дьонун үгэһинэн түүлбүн кэпсээтим, онуоха кэргэним: «Үчүгэй түүл эбит. Бүгүн Уулаах диэки тахса сырыт», – диэтэ.