Хопто үрэх үүтээнигэр хонон, сарсыарда үрэҕинэн өрө хааман, күнүс үрэх баһын уутугар кэлэн аһыы олордохпутуна, ыттар үрэн тоҕо бардылар.
Аҕаҥ миэхэ: «Ньукулай, эн ол аппанан күөйэ сүүр, мин ыттар кэннилэриттэн батыһыам», – диэтэ.
Мин оччолорго эдэрбин, атахпар кыанабын, аппаны өрө сүүрдүм. Ыттар саҥаларынан сылыктаатахха, тайаҕы тохтоппуттар. Эмискэ ньим баран хааллылар. «Тайаҕы куоттардылар» дии саныы-саныы, аппаны өрө сүүрэн истим.
Ойоҕоспор мас тостубутугар эргиллэ түспүтүм: уонча хаамыы сиргэ, дьэ доҕоор, үйэбэр харахтаабатах кыылым утары иһэр эбит. Хаһан да көрө илик киһиэхэ улуу дьаалы илэ бэйэтинэн бу тиийэн кэллэ. Эчи мунна уһунун, өссө токурдаах, арбах муоһа улаханын, эбиитин икки өттүгэр эйэҥэлиир бытыктаах. Саллыбыт санаабар, чааскы саҕа хараҕын муҥунан бүлтэччи көрбүт. Мин кутталбыттан кыыл-сүөл ыллыгыттан туора ойдум. Кыл мүччү сыыһа үктээн батыччахтаан ааста, хата, бүтүн оҥоһуулаах киһи буолан таарыйбата. Тайаҕым ааспытын кэннэ өй ылан, кэнниттэн ытан хааллым.
Онтон дьэ, кыл саҕаттан тыыннаах ордубут курдук сананан, уоскуйаары олордум. Уҥуоҕум ууну испит сылгы курдук халыр босхо барда, көлөһүнүм сарт түстэ, сүрэҕим көмөгөйбүнэн тахсыахтыы мөҕүстэ. Олорон нэһииччэ уоскуйдум.
«Дьөгүөссэ тайаҕы ойуур ынаҕа диэн албыннаан улуу дьаалыга үлтү тэбистэрэ сыста» диэн испэр киһибэр кыыһырабын. Син балачча буолан баран киһим кэллэ, үөрбүт аҕай.
«Мохсоҕол, уол оҕото байанайдаах, табаҕайыҥ талааннаах эбит, барбат гына таптыҥ. Ыттар үрэллэрин истэҕин дуо?» – диэтэ. Дьэ онно өйдөөн истибитим, ыттар үрэх куулатыгар үрэллэр эбит. Мин долгуйан, ону даҕаны истэр кыаҕым суох.
Үрэх куулатыгар тахсан ыттар тохтотон турар буурдарын охтордум. Куттаммытым ааһан, үөрүү үлүскэнэ буолла. Дьөгүөссэ маҥнай уотун аһатта, онтон тайаҕы астаан баран быар үттэ, чоҥку оҕуста, үөс тардарын буһарда. Тото аһаабыппытын кэннэ: «Ньукулай, дэриэбинэҕэ киирэн атта таһаар. Сааҕын хааллар, чэҥкээйи оҥостума», – диэтэ.
Мин, тоҕустаах тайаҕы охторбут киһи, тута сөбүлэһэн дэриэбинэ диэки сүүрэ турдум. Сотору үөрүүм кутталынан солбулунна, суол бадарааныгар кырдьаҕас атаҕын суола субу барбыт, мэктиэтигэр буруолуу сытар курдук. Куттана-куттана салгыы сүүрэн истим, хас сыгынах барыта харахпар адьырҕа буолан көстөр. Ол аайы сүрэҕим парк гынар, куйахам дырдырҕыыр.
«Дьөгүөссэ саабын хааллаттаран адьырҕаҕа сиэтэр буолла» диэн испэр кыыһыра саныыбын. Бөһүөлэккэ этэҥҥэ тиийэн, ат аҕалан, үөрэ-көтө дьиэлээбиппит».
Дьэ итинник, убайым Ньукулай Бөтүрүөбүс 17 саастааҕар буолбут түөрт уонтан тахса сыллааҕы түбэлтэни бу баардыы көрөн олорор курдук кэпсээтэ.
Үһүс түһүмэх
Бүөтүр Баттынаагын кэпсээнэ
Дьааҥы чулуу булчута Дьөгүөр Состокуоп
Сартаҥ өрүс Дьааҥыга түһэр сиригэр баар үүтээҥҥэ киэһэ куобахха таҥыыларбытын көрөн баран, тото-хана аһаан утуйаары сытан, Бүөтүр кэпсээнин маннык саҕалаата.
Мин Дьааҥы Эбэ Хотуҥҥа күтүөт буолан кэлбитим отуттан тахса сыл буолла. Билигин даҕаны эт атахпынан сылдьан, үлэм быыһыгар кыра-кыралаан түүлээхтиибин. Маҥнай кэллэҕим утаа Дьөгүөр Состокуоп булка илдьэ сылдьар буолбута. Биһиги биир халыҥ аймахха күтүөттэрбит, онон биллэхтиибит. Адаардаах арҕастаах киэҥ нэлэмэн, уйаара-кэйээрэ биллибэт Дьааҥы Эбэ Хотуҥҥа төһөлөөх булчут аар тайҕаны тайанан бултаан-алтаан ааспыта буолуой? Олортон уос номоҕор сылдьар чулуу булчуттар аҕыйахтар. Эһиэхэ чулуу булчут Дьөгүөр Состокуоп туһунан кэпсиэм.
Биирдэ Дьааҥыга саҥардыы кэлбитим кэннэ үһүө буолан үс атынан бултуу таҕыстыбыт. Киэһэ сөпкө бултуур сирбитигэр тиийэн, сирбитин-уоппутун аһатан баран утуйдубут. Куруук буоларын курдук түүнү быһа араас түүлү көрөн, баттатан, тиритэ-хорута сыттым. Дьөгүөр туран оһоҕун оттубутугар, дьэ уһугуннум. Оҕонньорум сирэйэ-хараҕа турбут, үөрбүт-көппүт.
«Дьэ, уолаттар, түүл-бит үчүгэй, түһээн нуучча дьахтарын таптаатым. Аата, буута кылбайан маҥана сүрдээх», – диэн кэпсээтэ. Түүнү быһа баттаппыт киһиэхэ ити толоостук иһилиннэ, кулгааҕым таһынан аһардым. Дьөгүөрүм түүлүн истэ сытан, испэр кыһыйа санаатым: «Сороҕу түүн аайы утуппакка эрэйдииллэр, сороххо маҥан бууттаах нуучча дьахтара көстөр. Хаһан миэхэ минньигэс түүллэр көстөллөр. Дьэ, киэһэ бултуйбатахпына, маҥан бууттаах дьахтарын санатарым буолуо».
Өл хабаат, сып-сап хомунан, аттарбытын ыҥыырдан, оҕонньорбут ыйбыт сиригэр алыыны өрө батан бардыбыт. Биһиги хоммут тыабыт дьиэтиттэн тэйээт, кэпсээммитин тоҕо тардан кэбистибит. Күлсүү-салсыы, кэпсээн-ипсээн бөҕө. Сынньана сылдьар дьон курдукпут. Син балайда өр хаамтаран биир улахан алыыга кэллибит. Биһиги саҥабытыттан тэһииргээн, икки улахан аарыма тайах алыы уҥуор өттүттэн ойон күн уотугар хара өҥнөрө килэбэчийэн, биһиги барыахтаах үрүйэбитинэн аргыый таҕыстылар. Дьэ ону көрөн биһиги өрө булумахтана түстүбүт.
Уолум тайахтары эккирэтээри санаммытыгар, сарсыардааҥҥы кыһыыбын таһааран: «Нуучча дьахтардаах оҕонньордоохпут, үөһээттэн куйаар нөҥүө көрөн иһэрэ буолуо. Ыксаама, биһиги аргыый баран иһиэххэ», – диэтим.
Ол курдук кэпсэтэ-кэпсэтэ алыыны туораан тайахтар тахсыбыт үрүйэлэрин ортолоон истэхпитинэ, иннибитигэр саа тыаһа хаста да өрө хабылла түстэ.
Уолум дьиктиргээбит куолаһынан: «Ити кимнээх ыттылар, бу ыраах түҥ тыаҕа дьон баар эбит дуу?» – диэтэ.
Онуоха мин: «Ити биһиги киһибит ытта, иннибитигэр хайдах урутаан тиийэн ыппытын билбэппин. Куйаары кытта кэпсэтэр киһи хайдах баҕарар тиийиэҕэ», – диэн Дьөгүөр истибэтигэр күллүм.
Оччолорго, урукку дьон сиэринэн, кырдьаҕастан толлобун, утары тугу да саҥарбаппын. Эгэ күлүөм дуо, суох буоллаҕа дии, истибэтигэр эрэ тосту-туора тыллаһабын. Балайда хаамтаран тиийбиппит: киһибит тоҕус салаа муостаах хара өҥнөөх аарыма буур үрдүгэр бэрт холкутук табахтыы олорор. Дьөгүөр бултаабытын көрөн мах бэрдэрдим, хомуруйуох буолбут санаам күдэҥҥэ көттө, киһим түүлүттэн саллан, сүр баттатан, саҥата-иҥэтэ суох турдум. Улахан булчуттар, айылҕа оҕолоро түүллээх буолалларын онно дьэ оройдоппутум.
Онтон ыла сарсыарда уһуктаат да, түүлү ырытар идэлэммитим. Аар тайҕа таайыллыбатах дьикти күүстэрэ тугу этэллэрин билэ сатыыр буолбутум. Сороҕор хас да түүн түүлгэ таайтаран этэ, сэрэтэ сатыылларын куҥ эт дьон сэрэйбэппит. Бэйэбитин наһаа сайдыбыт курдук сананан, аанньа ахтыбаппыт, түүлбүтүн сатаан тойоннообоппут. Былыр үйэлэрин тухары аар тайҕаҕа олорбут, сиэри-туому тутуспут булчут өбүгэлэрбит туох буоларын курдат билэллэр үһү. Ол иһин төһөлөөх элбэх моһолу этэҥҥэ туораан үйэлэрин моҥууллара буолуой. Былыргылар унньуктаах уһун күҥҥэ киһини түөрт уон түөрт моһол күүтэр диэн этэллэрэ. Аныгы дьон сиэри-туому тутуспакка, сэрэммэккэ-сэрбэммэккэ, ууну-уоту ортотунан сылдьабыт. Улахан булду аанньа ахтан киһилии бултаабакка, бааһырдан баран тута охторбокко, ыттары үөрэтэбит диэн ааттаан оонньуу оҥостуу, булт суруллубатах сиэрин кэһии, улахан аньыы буолар. Булт үгэһин тутуспакка арыгылаан ампаалыктаһабыт, итирэн-кутуран, чуумпу эбэлэри аймыыбыт, төһө булду суоһарбыппытынан куоталаһа-куоталаһа киһиргиибит. Ол иһин, кэнники кэмҥэ дэҥ, оһол элбээтэ, айылҕа айманна. Туох барыта иэстэбиллээх, сыыһа-халты туттуу содуллаах дииллэрэ барыта баар, куоттарбат.
Дабдарыга
Саас кус саҕана үһүө буолан сылгыһыттар базаларыгар сытабыт. Атаһым Ньукулай биһикки кустуубут. Оттон Дьөгүөр күн аайы тайахтары көрдөөн ыта суох атынан хаамтарар. Күн аайы мэлийэн кэлэр, соччо саҥа-иҥэ суох, биһиги онно эрэ кыһаллыбаппыт. Уонча күн кустаан сөп буоларбытын бултаатыбыт. Дьиэлиир кэммит тиийэн кэллэ, кустаан кэлэн киэһэ эрдэ өртөөн ыыппыт аттарбытын тутан бэлэмнэннибит. Сарсыарда оҕонньорбут эрдэ турда, сирэйэ-хараҕа турбут, туттара-хаптара сыыдамсыйбыт. Мин Дьөгүөр сирэйин-хараҕын көрөөт, тута байанайдаах түүлү түһээбитин сэрэйдим. «Оҕонньор эмиэ маҥан бууттаах нуучча дьахтарын түһээтэҕэ» диэн испэр омнуолуу санаатым.
Сарсын, дьиҥэ, үлэм күнэ саҕаланар. Онон тардыллар, үлэбэр «борогууллуур» киһи буоллум.