Арай биирдэ, биэс саастаахпар, киэһэ мас аппын миинэн тэлгэһэ иһигэр сүүрэн элээрэ сырыттахпына, аҕам ыҥыран ылан: «Сарсын бултуу барыахпыт», – диэтэ.
Аны бэрээдэги кэстэхпинэ сарсын илдьиэхтэрэ суоҕа диэн боччумурдум. Бэл, аны куота барыахтара диэн сээбэҥнээн утуйбатым.
Сарсыарда эрдэ эбэбин кытта тэҥҥэ турдум. Торбоһун этэттэрэригэр1 көмөлөстүм, оҥкучахтан күөрчэх үүтүн таһаардым, илии-атах буоллум. Үлэ-хамнас, бэрээдэк бөҕөтөбүн, «барсар инибин» диэн испэр эрэл санаалаахпын. Убайдарым ийэбитин кытта кирпииччэ үктүөхтээхтэр, ол иһин эдьиийбин Маайыһы илдьэ барар буоллубут.
Бөһүөлэктэн чугас, урут биһиги дьоммут олорбут Мээндийэ диэн сайылыктарыгар тирилэтэн тиийдибит. Күөх сайын сатыылаан турар кэмэ буолан, Эбэбит барахсан тупсубут аҕай. Алаас былаһын тухары сибэкки, көрүөххэ эриэккэс, кэрэмэн кэрэ. Халлааҥҥа күөрэгэй ыллаан дьирибиниир, сүүрэр-көтөр арааһа манна мустубут. Аҥаардас салгыныттан, отун-маһын сытыттан-сымарыттан туймаарыах курдукпун, тулам чап-чаҕылхай, сып-сырдык. Мин ыллыах-туойуох санаам кэлэр эрээри, аҕабыттан саллан «мык» да диэбэппин.
Биһиги матасыыкылбытын сайылыкка хаалларан, ыллык устун тыаҕа таҕыстыбыт. Оту-маһы тоһуппакка саҥата суох өр хаамтыбыт, мин умайар уот куйааска дэлби утаттым, тамаҕым хатта уонна кумаар да сиэн кэһэттэ. Кэлэр сырыыга илдьэ кэлиэ суоҕа диэн аҕабар кыҥкыйдаабаппын. Дьэ кэмниэ кэнэҕэс, кэтэһэн кэлтэгэй буолтум кэннэ, сэндэҥэ тыа көһүннэ.
Бары дүөдэ2 кытыытыгар бөкчөччү туттан, тыаһа-ууһа суох чөм-чөм үктэнэн үөмэн киирдибит. Дүөдэ ортотугар биир улахан кус хороллон олорор. Аҕам ол эрэ куска кыһаммат. Мин куһу көрбөт диэн ыйан көрдөрдүм, киһим сапсыйан кэбистэ. Синньигэс билии нөҥүө иккис дүөдэ баар эбит, онно үөмэн суксуруһан тиийдибит. Аҕам тохтоон, дүөдэ кутуругун халампааһынан кыҥастаста.
Эмискэ көрө түспүтүм: уу кытыытыгар улахан ньолбойбут төбөлөөх, таллайбыт кулгаахтаах кугас ынах сытар. Үөнтэн-көйүүртэн көмүскэнэн даллайбыт кулгааҕынан сапсынар.
Аҕабын саҥата суох ойоҕоско астым уонна: «Аҕаа, ынах сытар», – диибин. «Бачча ыраах хайаларын ынаҕа кэллэҕэй, арааһа, ыалбыт Настааччыйа ынаҕа буоллаҕа дуу» дии саныыбын.
Онуоха аҕам сибигинэйэн: «Тайах, айдаарыма», – диэтэ уонна оройго оҕуста.
Биир уостаах отут икки халыыбырдаах саатынан өр соҕус ыксаабакка кыҥаан баран ытан хабылыннарда, онтон тута сөрөөн, иккиһин ытта. Кыылбыт бүдүрүйэ-бүдүрүйэ туран кэллэ.
Мин куотар буолла дии санаатым уонна: «Барда-а-а! Ыт-ыт!» – диэн хаһыы бөҕөтө түһэрдим.
Онуоха аҕам холку баҕайытык: «Ууга оҕуннаҕына, хайдах хостуохпутуй?» – диэтэ.
Мин икки дүөдэ билиитинэн тайах диэки хатыс ууннаран туос бөтөрөҥүнэн түһүнэн кэбистим. Арай сүүрэн элээрэн тиийбитим, кыылым ойуур быыһынан миигин утары бу турар эбит. Хааннаах хараҕынан халыччы көрбүт, дагдаллан улахана да сүрдээх, харах да харах, кулгаах да кулгаах, төбө да төбө. Мин көрбөтөхпүн көрөн, үөйбэтэхпэр түбэһэн, сарылаат, төттөрү сүүрдүм. Эмискэ, ычык быыһынан ыллык устун сүүрэн марайан иһэн аҕам түөһүгэр кэтиллэ түстүм.
Үһүөн тайахха тиийбиппит – кыылбыт охтубут, аҕам сааны уунан баран: «Баай Байанай биэрдэ, салҕаан сүүскэ ыт», – диэтэ.
Мин саа эстэригэр санныбын күүскэ анньыа диэн уонна тайахтан дьулайан, куттанан ыппатым. Онуоха эдьиийим сааны ылан ытан бурҕас гыннарда.
Ол сыл эдьиийим алын сүһүөх оскуолатын бүтэрэн, Хатылыга үөрэнэ барбыта. Онно тиийбитигэр Дьөгүөссэ тайах бултаабыт кыыһа бэһис кылааска үөрэнэ кэлбит диэбиттэр. Ол курдук эдьиийим Маайыс саҥа оскуолаҕа маҥнай булчутунан биллэн, онтон дуобаттаан, оҕолорго Арассыыйа хамаандатыгар киирэн, Сойууска тиийэ күрэхтэһэ сылдьыбыта.
Ити маҥнайгы булдум кэннэ оруобуна үйэ аҥаара ааста. Кыһалҕата суох оҕо сааһым биир чаҕылхай түгэнэ өйбөр сотору-сотору эргийэн кэлэр, ол иһин бу кэпсээни суруйдум. Биһиги ийэлээх аҕабыт дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээбиттэрэ, онон махталым муҥура суох.
Куобахха туһахтааһын
Мин оскуолаҕа киирэ иликпинэ, убайдарбын кытта сарсыарда эрдэ турар этим. Кинилэр оскуолаҕа барбыттарын кэннэ, маспын, мууспун киллэрэн, ынахтарбын уулатыһан, үлэни-хамнаһы үмүрүтүһэн баран уһанарым.
Сэрии сэбин туһунан халыҥ кинигэ баара, онтон үтүктэн бэстилиэт оҥорорум. Сүрэҕэлдьээтэхпинэ, сылайдахпына эбэм оронугар олорон, кини хотонтон киирэрин кэтэһэ таарыйа, утуйан буккураан хааларым.
Сороҕор ыалларбытыгар аймахпыт уолга Сөрүөскэҕэ, эбэтэ Даайа эмээхсин хотоҥҥо таҕыстаҕына, доҕор буоларым. Оонньуу сылдьан сотору-сотору ойон кэлэн илин түннүгүнэн дьиэм оһоҕун буруотун кэтиирим. Эбэм хотонуттан киирэн оһоҕун отуннаҕына, кыһыҥҥы дьыбардаах сарсыарда буруота халлааҥҥа өрө тыргыйан тахсара дьикти үчүгэй көстүү этэ. Даайа эмээхсин хотонтон киирдэ да, мин таҥаспын сыыһа-халты кэтээт, дьиэбэр ыстанарым.
Билигин кыһын дойдубар дьыбардаах сарсыарда оһохтор буруоларын кэтээн көрөбүн да, эбэм оһоҕун буруотун курдук кэрэ, киһи сүрэҕиттэн-быарыттан сүппэт кэрэ көстүүнү көрө иликпин. Тоҕо оннуга эбитэ буолла? Оҕо барыны кэрэтитэн көрөрүттэн эбитэ дуу?
Биирдэ кыһын аҕам Тарааҥка өтөҕөр куобахха туһахтаа диэтэ. Тарааҥка өтөҕө диэн биһиги дьиэбититтэн көстөн турар тыаны этэллэр. Мин, бултуу барар киһи быһыытынан, айгыстыы бөҕө буоллум. Эбэм таҥаспын-саппын көрөн, тоҥмот гына таҥыннарда. Эбэм Ылдьаана уҥуоҕунан кыра эрээри, түргэн-тарҕан туттунуулаах, элбэх кэпсээннээх-ипсээннээх эмээхсин этэ. Кини эдэригэр Таатта улууһун Дьүлэй нэһилиэгиттэн сүктэн кэлбитэ үһү.
Мин өр гыныам дуо, көстөн турар сиргэ начаас ойон тиийдим. Куобах суола бөҕө, төттөрү-таары барбыттара-кэлбиттэрэ элбэх. (Тарааҥка өтөҕөр хайа да дьылга куобах баар буолааччы). Сөбүлүү көрбүт сирбэр туһахтарбын баайталаан истим. Син бодьуустаһан уонча туһаҕы ииттим. Күн аайы үлэбин-хамнаспын үмүрүтэн баран туһахпын көрө ыстанабын. Киэһэ утуйаары сытан хас куобах иҥнибитэ буолуой диэн толкуйдуубун, куобах туһахха иҥнэн олорорун төбөбөр оҥорон көрөбүн. Оннооҕор биир улахан да улахан муус маҥан куобах иҥнэн олорорун түһээн көрдүм. Дьэ хас да хонукка мэлийэн кураанаҕы куустум, маҥнайгы омунум-төлөнүм ааһан, санаам түһэн барда.
Аҕам биир күн барыста, туһахтарбын көрөн баран: «Маннык иитэн куобаҕы үйэҕэр ылыаҥ суоҕа», – диэн соһутта уонна туһахпын саҥалыы иитэн, көннөрөн биэрдэ. Сарсыныгар тиийбитим ойуур быыһыгар биир куобах хаары хаһар курдук мөхсөр. Мин маҥнай куобах хаары хаһан аһыы олорор диэх курдук санаатым, онтон өйдөөн-дьүүллээн, сыныйан көрбүтүм: туһахха иҥнэн мөхсөр эбит. Куобахпын туппутунан дьиэбэр көтөн түстүм. Эбэм олус үөрдэ, уотун аһатта, миигин алҕаата.
Ол кэмтэн ыла үйэ аҥаарын устата эбэм алгыһынан, аҕам сүбэтинэн сыл аайы туһахтыыбын. Куобах суох даҕаны дьылыгар Баай Байанай кыратык өлүүлээччи. Күһүҥҥү, кыһыҥҥы чэбдик салгыҥҥа көҥүл сүүрэ-көтө сылдьан бултууртан, сир-дойду кэрэтин көрөртөн ордук туох баар буолуой.
Аһымаҕа
Үрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран Горнай улууһугар Аһымаҕа учууталынан үлэлии сырыттым. Сандал саас эргийэн, саха эр дьонугар саамай күүтүүлээх – кус кэмэ тиийэн кэлбитэ. Мин уруокпун бүтэрэн баран, эбиэттэн киэһэ Чэкээ үрэҕин кэрийэбин. Саас эрдэ, күөлгэ уу тахса илигинэ, үрэххэ кус мустар. Үрэх кытыытыгар кыра ууга дурда туттубутум. Киэһэ дьиэм диэки төннөн иһэн, онно хонон ааһабын. Сарсыарда уруокпун биэрээт, күнүс кустуу ыстанабын. Оччолорго эдэрбин, бултуур баҕа баһаам.
Дьэ биир күн куолубунан үлэлээн баран, үрэҕи кэрийэн, Чэкээ муостатыгар тиийдим. Манна үрэх кэҥиир сирэ, үс кыра көлүччэлээх. Мин үөһээ сыыр быарыгар сынньана олордум. Арай элбэх кынат куһугураан тыаһаата. Үрдүк мэҥэ халлааны өрө хантайан көрбүтүм: отучча кус ортоку ууга түһэн барылаата. Мин аргыый аҕайдык үөмэн киирдим. Наһаа сымнаҕас кустар эбит. Барыта чыркымайдар. Арай от быыһыттан атыыр судьу төбөтө көһүннэ, ону хаптаччы ыттым. Онтон тыһыта дайан тахсыбытын охтордум.
Салгыы баран истим. Биир атыыр чыркымай иннибиттэн көтөн тахсан үрэх тоҕойугар тиийэн түстэ. Аргыый хааман киирдим. Арай көрбүтүм: атын чыркымайдар хороһон аҕай олороллор эбит. Маҥнай хаастар дуу дии санаатым, өр толкуйдуу барбакка, биир чугаһын ыттым. Көтөрдөрүм үрэх тоҕойун эргийэ дайдылар. Мин, ботуруон укта-укта, быһа сүүрдүм. Көҥүһү өҥөс гыммытым, хайа сах ааһан эрэллэр эбит. Кэнники куһу ыттым – умса кэлэн түстэ. Онтон инникини ыттым – тиэрэ кэлэн түстэ. Ылан көрбүтүм: хаас саҕа кустар. Мин «туох кустара буоллаҕай?» диэн толкуй бөҕөҕө түстүм. Онтон улуннар быһыылаах диэн сэрэйэ санаатым.